УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.6K photos
3.07K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#Кыайыыкүнэ

💢 Түүлээх нэһилиэгэр Улуу Кыайыы күнүнэн тыыл бэтэрээнэ, сэрии кэмин оҕолоро 5 киһи Афанасий Неустроев дьиэ кэргэниттэн "Өбүгэ аһа" (сылгы хаттата, хаана, үөрэлэммит ынах иһэ, сүөгэй) кэһиини тутан үөрдүлэр-көттүлэр.

Итини сэргэ "Айаана" эдэр ийэлэр түмсүүлэрэ алта бэтэрээммитигэр минньигэс торт кэһиилээх, ырыа-тойук аргыстаах дьиэлэригэр тиийэн эҕэрдэлээтилэр

✍️ Туяра Ушницкая, уопсас. кэрэсп. Түүлээх

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
#нэһилиэктэргэ

💢 Баатаҕай нэһилиэгэр куруһуоктар, түмсүүлэр 2022-2023 сс. үлэлэрин отчуоттуур “Сырдыгы, кэрэни түстэһэн" тэрээһин Улуу Кыайыы 78 сылын көрсө иккис төгүлүн ыытылынна.

Кэнсиэр иннинэ Аҕа дойду сэриитин кэмигэр биир дойдулаахтарбыт Булуҥҥа балыкка үлэлэрин туһунан үтүөлээх учуутал, сэрии сылын оҕото Вера Троева иһитиннэрии оҥордо.

Үөрүүлээх чааска дириэктэр Людмила Готовцева куруһуоктар, түмсүүлэр быйылгы үлэлэрин, ситиһиилэрин туһунан иһитиннэрдэ уонна махтанан, эҕэрдэлээн туран бастыҥнарга анал бэлиэлэри туттарда. Ол курдук “Лучший руководитель клубного формирования” ааты “Танцы-манцы” көр-күлүү бөлөҕө ылла (сал. Александр Белолюбскай), “Лучший активист клубного формирования” – Н.Н. Тарскай аатынан Баатаҕай орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ Сайаана Рожина уонна “Сандаар” ансаамбыл (сал. Марта Ушницкая Марта), “Лучший активист любительского объединения” – Марфа Готовцева, Вероника Сивцева, Василий Егоров уонна “Сардаҥа” түмсүү (сал. Евдокия Гоголева), “Активист сезона” – Николай Ушницкай.

Маны таһынан түмсүү, куруһуок салайааччыларыгар сынньалаҥ киинин үлэтигэр күүс-көмө буолар сүбэһиттэрбитигэр, наставниктарбытыгар В.И. Троеваҕа, Н.А. Николаевка, Н.В. Готовцеваҕа, А.Н. Копыринаҕа, М.М. Белолюбскайга, Марк Карповка, Алексан Лугиновка махтал суруктарбытын туттардыбыт.
Наҕараадалааһын кэнниттэн “Сырдыгы, кэрэни түстэһэн” отчуоттур кэнсиэр элбэх киһини түмтэ.

Бука бары түмсэммит, санаабытын холбооммут, үлүһүйэн үлэлиэххэ! Үүнэ-сайда туруохха! Тапталлаах төрөөбүт Биэттэбит бар дьонун, кэнэҕэски ыччатын ыҥырабыт!

Кулууп официальнай сайтыгар https://www.ekctymen.ru ссылканы баттаан ыытыллар үлэлэри көрүҥ-истиҥ.

✍️ Людмила Готовцева, Баатаҕайдааҕы С.Ф. Сивцев аатынан “Түмэн” НАК дириэктэрэ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🐎🐎🐎 барахсаттар күөххэ үктэннилэр👍😀👏 Быйыл төрүөх куһаҕана суох дуу?😀 Оттон эһиги туох дии саныыгыт? Үөргэ икки кулунчугу бэлиэтии көрдүм👍

📹 Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БороҕоннооҕуРЭСиһитиннэрэр

⚡️ Ыам ыйын 11 күнүгэр Бороҕон сэлиэнньэтигэр 10/0.4 кВ күүрүүлээх "Балыыһа" трансформаторнай подстанцияҕа трансформаторы уларытыыга былааны таһынан үлэ оҥоһулларынан күнүс 13:00 чаастан 16:00 чааска диэри Алданская, Западная, Ленская, Мюрюнская, Крылов аатынан уулуссаларга, Ветстанцияҕа, «Дьол», Сахаспецтрансервис хочуолунайдарга, буойунаҕа, улуустааҕы киин балыыһа төрөтөр дьиэтигэр, стоматологиятыгар, куукунатыгар, Мүрү 2-с N-дээх орто оскуолатыгар, оскуола хочуолунайыгар, киин хочуолунайга, прокуратураҕа, Мүрү 1-гы N-дээх орто оскуолатыгар, поликлиникаҕа, оҕо поликлиникатыгар, офиснай кииҥҥэ, "Палладиум", "Мүрү" атыы-эргиэн кииннэригэр, редакцияҕа, Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатыгар, "Мин Докумуоннарым" кииҥҥэ, Сбербааҥҥа, Россельхозбааҥҥа, улуус устуоруйатын музейыгар, "Кэнчээри" ДЭЦ дьиэтигэр, социальнай көмүскэл управлениетыгар, "Кэскил", РАПО хочуолунайдарыгар, почтаҕа, Энергосбыкка, Бороҕон сэл. арҕаа өттүгэр барытыгар: Ленин аат. уул. 1-57 NN-гэр, Лонгинов аат. уул. 1-72 NN-гэр, Герой Егоров, Проф. Егоров аат. уулуссаларга, Окоемов аат. уул. 1-67 NN-гэр уоту араарыахтара.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM