УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.65K subscribers
34.6K photos
3.21K videos
10 files
5.86K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#фотофакт

Нэдиэлэ анараа өттүгэр эрэ тымныыбыт бүтүө суох дэспиппит, оттон бэҕэһээ, бүгүн – инчэҕэй хаар, ардах да түһүөх курдук😅

💬 “60-с сыллар бүтүүлэрин саҕана Бээрийэҕэ кыра кылааска үөрэнэ сырыттахпытына эмиэ эрдэ баҕайы ардаабыта. Син балачча күүскэ ардаабыта. Ол кэнниттэн 20-чэ кыраадыска диэри тымныйан инчэйбит хаар дөйө тоҥон хаалбыта. Ол саас колхоз сылгыта элбэх охтубута. Саһыл иитэр фермаларга илдьээри өлбүт сылгылары илии эрбиитинэн аҥаардаабыттара сыһыыларга хойукка диэри сыппыттара...” – диэн ааҕааччыбыт Александр Бочкарев суруйар.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#УусАлдаҥҥаСахатыйаатырынкүннэрэ

💢 Тапталлаах Саха тыйаатырбыт артыыстара ыалдьыттыыллар🎭

Кулун тутар 27 күнэ –
Тыйаатыр аан дойдутааҕы күнэ. Бу күнтэн саҕалаан кулун тутар 29 күнүгэр диэри улууспутугар Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын күннэрэ ыытылла тураллар.

Гастроллуур бөлөххө 50-ча артыыс, тыйаатыр үлэһиттэрэ, СӨ үтүөлээх артыыһа Иннокентий Луковцев салайыытынан үс күн испиктээкиллэри көрдөрүөхтэрэ.

Бастакы күн, бэҕэһээ Иван Алексеев айымньытынан Руслан Тараховскай туруоруутугар “Суоһалдьыйа Толбонноох” трагедияны Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһын саалатыгар толору көрөөччү кэлэн, улаханнык биһирээтэ, астынна.

Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️

✍️ Екатерина Захарова

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#УусАлдаҥҥаСахатыйаатырынкүннэрэ

СӨ үтүөлээх артыыската, биир дойдулаахпыт, Найахы нэһилиэгиттэн төрүттээх Надежда Петровна Ушницкая бэҕэһээ култуура дыбарыаһыгар турбут “Суоһалдьыйа Толбонноох” испэктээги дойдутун дьоно хайдах ылыммытын, саҥа култуура дыбарыаһыгар Саха тыйаатырын күннэрэ ситиһиилээхтик ыытылла туралларын туһунан бэйэтин санаатын үллэһиннэ уонна эҕэрдэтин, үтүө баҕатын тиэртэ💐

t.iss.one/murusahargata @uludmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#фотофакт

💢 Курбуһах олохтооҕо, хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Анна Винокурова: "Кулун тутарга дождевиктаах хаар күрдьээччи буоллум", – диэн сонньуйар🌧️🌨️🌧️🌨️🌧️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM