#үлэкиһитэ
Бэйдиҥэ орто оскуолатын 2-с кылааһын үөрэнээччитэ Нарияна Горохова төрөппүттэригэр көмөлөһөн, сылгыларын аһатар😍👍👏
@murusahargata

#Үлэкиһитэ
💢 Үлэ киһини киэргэтэр: Анна Ушницкая үлэһит киһи үтүө холобура
Өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сыла биллэриллибитин улуус олохтоохторо бары да үөрэ, астына, киэн тутта иһиттибит. "Үлэ киһини киэргэтэр" диэн өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэхтэрэ чахчы. Күүстээх хара үлэттэн толлубакка, илиитин араарбакка үлэлээн-хамсаан үгүс сыратын ууран туран, сэбиэскэй кэмҥэ сопхуос саҕана 17 сааһыттан ыанньыксытынан үлэлээбит Өнөр нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор мааны Далбар Хотун Анна Николаевна Ушницкая быйыл үбүлүөйдээх 65 сааһын томточчу туоларынан сырдатан ааһыахпын баҕардым.
✍️ Варвара Парникова – Үүйэ, уопсас. кэрэсп. Өнөр
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94451
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сыла биллэриллибитин улуус олохтоохторо бары да үөрэ, астына, киэн тутта иһиттибит. "Үлэ киһини киэргэтэр" диэн өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэхтэрэ чахчы. Күүстээх хара үлэттэн толлубакка, илиитин араарбакка үлэлээн-хамсаан үгүс сыратын ууран туран, сэбиэскэй кэмҥэ сопхуос саҕана 17 сааһыттан ыанньыксытынан үлэлээбит Өнөр нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор мааны Далбар Хотун Анна Николаевна Ушницкая быйыл үбүлүөйдээх 65 сааһын томточчу туоларынан сырдатан ааһыахпын баҕардым.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үлэкиһитэ
💢 Сахалар – промышленноска: Василий Олесов – бастакылартан биирдэстэрэ
Дүпсүн нэһилиэгиттэн төрүттээх биир дойдулаахпыт Василий Олесов саха биир ньургун эр бэрдэ. Василий эдэр сааһыгар дьылҕатын ыйыытынан дойдутуттан тэлэһийэн, ыраах сытар Ленскэй улууһугар күтүөт буолуоҕуттан ыла бу дойду сирин-уотун сөбүлээн, дьонун-сэргэтин кытары бииргэ алтыһан, алаас уола промышленнай оройуоҥҥа олохсуйбута 20-тэн тахса сыл буолла.
Бу сылларга ньиэби транспортировкалыыр аан дойдуга биир улахан “Транснефть” Арассыыйатааҕы тэрилтэ Ленскэйдээҕи салаатыгар чэпчэкитэ суох вахта үлэтигэр сылдьан, саха уолаттара промышленноска үлэлиир суолларын тэлбит бастакылартан биирдэстэрэ буолар.
✍️ Екатерина Захарова
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Сиһилии саайтка
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/94960

💬 Алексей Пестряков – дойдутун сураҕырдар үлэһит киһи💪
Ханнык да нэһилиэк тугунан эрэ сураҕырдар уратылаах буолааччы. Ол тэҥэ Курбуһах нэһилиэгэ кэлин сылларга күөлү туоруур муосталааҕынан биллэр буолла. Манна, нэһилиэк киин бөһүөлэгэр, Уус Күөлүгэр үс сыллааҕыта күөл уҥуор олорор түөлбэҕэ суххайдык тиийэргэ 200-тэн тахса миэтэрэ уһуннаах муоста тутуллан өрөспүүбүлүкэҕэ сураҕырбыта. Сахаларга былыр-былыргыттан улахан тутуулары баһылаан-көһүлээн эбэтэр, билиҥҥинэн эттэххэ, маастардаан туппут киһини умнубакка, уура сылдьан кэпсиир үгэстээхтэр. Алексей Пестряков күөлү туоруур муостаны маастардаан тутан, дойдутун сураҕырдар бэлиэ тутууну оҥорбута.
Алексей Пестряков билигин бирикээстээх үлэтэ ДьУоКХ хочуолунай оператора буолар. Ол эрээри дойдутугар тутааччы быһыытынан биллэн эрэр. Нэһилиэккэ улахан тутуу тутуллаары гыннар эрэ, “Алексей Васильевич, биригээдэҕин сүүмэрдээ” диэн буолар. Онон биир күн өрөөн олорбот киһи.
Кини тутууга дьоҕурдааҕа аҕатыттан бэриллибит диэххэ сөп. Баһылай Бэстирикиэп урут сопхуоска тутуу биригээдэтигэр үлэлэһэн, нэһилиэгэр тутуу бөҕөнү тутуспут киһи этэ, Алексей ол суолу батыһан аармыйаҕа ытык иэһин толорон кэлэн баран, Дьокуускайдааҕы 14 №-дээх ГПТУ-га болуотунньук идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Ону бүтэрэр дипломун ылар эксээмэнин дьиэ кырыыһатын стропилатын (атаҕын) оҥорон туйгуннук туттарбыт.
“Ити стропила миигин тутааччы быһыытынан олоҕум суолун оҥорбут эбит диэн саныыбын, ээ. Курбуһахха тутуллубут улахан таас тутуулар кырыыһаларын барытын туттум”, – диэн үөрэ-көтө кэпсиир.
✍️ Афанасий Сектяев
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/97194

💪 Мелиоратор, теннисчит династия баһылыга
Мин кинини теннис күрэхтэһиилэригэр мэлдьи көрөөччүбүн. Ону тэҥэ хаһыат сирэйигэр теннис сонуннарын туһунан элбэхтик суруйбутун билэбин. Быһата, успуорт бу көрүҥэ улууска сайдарын туһугар элбэх сыратын биэрбит киһи. Ол эрээри, бүгүн сүрүннээн кини туох үлэһит буоларын туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Иван Румянцев дьон ортотугар көстүбэт, харахха быраҕыллыбат үлэлээх киһи буоларынан, бэйэм да туох идэлээх буоларын таайа сатыырым. Алтыспыт дьоммуттан истибиппинэн агроном дии саныырым. Ол эрээри, үлэлиир сирэ улуустааҕы мелиорация управлениета буоларынан, идэтигэр чугас буолан онно үлэлээн эрдэҕэ диэн быһаарарым. Ону улаханнык сыыспатахпын, Иван Васильевич иккис идэтэ агроном эбит. Оттон бастакы идэтин 1981 сыллаахха Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн, инженер-гидротехник идэтин баһылаабыт. Ити кэмтэн ыла төрөөбүт улууһуттан харыс сири халбарыйбакка, илиитин үлэттэн араарбакка түбүгүрэ сылдьар.
Үлэтин хайдах саҕалаабытын туһунан маннык ахтар: ”Үөрэхпин бүтэрэн кэлээппин кытары “Найахы” сопхуоска мелиораторынан анаатылар. Үлэм диэн аҥаардас быһыттары көрүү, нүөлсүтүүнү тэрийии эрэ буолбакка, сири кытта үлэ эмиэ сүктэрилиннэ. Инньэ гынан эбии агроном идэтигэр үөрэнним. Онон мелиоратор, ол быыһыгар 9 сыл кылаабынай агроном быһыытынан дойдубуттан, Найахыттан тэйбэккэ үлэлээбитим. Ол быыһыгар атын сиргэ да ыҥырыылар бааллара. Онно сөбүлэспэтэҕим. Кэргэним бэтэринээринэн ананан Уус Маайаҕа үлэлии баран хаалла. Оччолорго онно райком бастакы сэкирэтээринэн Артур Алексеев үлэлиирэ. Дьэ, кини миигин ыҥырда. Олорор усулуобуйанан толору хааччыйабыт диир. Мин хара ааныттан дойдубуттан тэйэр санаам суох буолан, ыҥырыыны ылымматым”.
✍️ Афанасий Сектяев
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/97705

💠 Уоту уодьуганныыр тырахтарыыс Петр Исаков
Тырахтарыыс диэн буолла да от-мас, араас тиэйэр-таһар үлэҕэ сылдьар киһини харахпытыгар ойуулаан көрүөхпүт. Ол эрээри, мин бүгүн билиһиннэрэр тырахтарыыһым олох ураты үлэлээх, ойууру баһаартан харыстыыр, уоту уодьуганнааччы буолар. Петр Исаков улуустааҕы ойуур хаһаайыстыбатыгар тырахтарыыстаабыта быйыл 24-с сыла. Бу иннинэ дойдутугар Аммаҕа эмиэ ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитэ. Онон ойууру харыстыырга ананан кэлбит киһи кэриэтэ диэххэ сөп.
Ол курдук 1999 сыллаахха Бороҕоҥҥо көһөн кэлэн баран, үгүһү толкуйдуу барбакка, ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр тиийбит. Ол кэмтэн ыла ханна да харыс халбарыйбакка үлэлии-хамсыы сылдьар. Улахан уопуттаах тырахтарыыс буолан атын улуустарга эмиэ ыҥыраллар эбит. Инньэ гынан сорох сайын атын улуустарга баһаарга баран көмөлөспүт түгэннэрдээх. “Мин үлэм дьэ, бу кэмҥэ саамай үгэнэ буолар. Биллэрии кэллэр эрэ, тыраахтарбытын тиэйдибит да эппит сирдэригэр тиийэбит. Ойуур баһаара саамай элбиир кэмэ атырдьах ыйа буолааччы. Ол эрээри, сорох дьыл, ордук кураан сайыҥҥа баһаарга сайылаабыт да кэмнэрим бааллара”, – диэн Петр үлэтин туһунан кылгастык билиһиннэрэр.
Баһаарга сылдьар тырахтарыыс олох ураты буолуо, буруо, куйаас, суол-иис суох. Петртан ол туһунан ”бу киһи олоҕор да кутталлаах курдук үлэттэн толлубаккын, атын тэрилтэҕэ көһүөххүн баҕарбатаҕыҥ дуо?” диэн ыйыппыппар: “Мин тырахтарыыс буолар оҕо эрдэхпиттэн баҕа санаам этэ. Биһиги оскуолаҕа үөрэнэрбит саҕана тырахтарыыс кууруһугар үөрэтэллэр этэ. Мин онно үөрэнэммин, оскуоланы бүтэрэрбэр үһүс кылаастаах тырахтарыыс дастабырыанньалаах этим. Онтон ыла тыраахтартан тэйбэккэ сылдьабын. Оттон бу үлэ аналым быһыылаах, атыҥҥа көһүөхпүн баҕарбаппын. Араас кутталлаах түгэннэргэ түбэстэрбин да, үлэбин сөбүлүүбүн”, – диир.
✍️ Афанасий Сектяев
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/99057

💠 Лөгөй нэһилиэгэр 200-тэн тахса сүөһүлээх фермер Анатолий Бурнашев туһунан СИА (ЯСИА) "Из города в село: Фермер" медиабырайыагар ааҕыҥ. Быйыл Анатолий Семенович "Үлэ киһитэ" бириэмийэҕэ номинант этэ.
✅ t.iss.one/murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үлэкиһитэ
💠 Биир ньирэйтэн тэнийбит хаһаайыстыба
Светлана, Иван Захаровтар орто саастаах дьон кэккэтигэр киирэллэр. Кинилэр олох эдэр саастарыттан ыал буолан дьиэ кэргэн олоҕун оҥостон иһэннэр, өбүгэ сиэринэн сүөһү ииттэргэ санаммыттар.
Светлана оччолорго сопхуоска ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Ыччат сүөһүнү төлөһүтүүгэ бастыҥ көрдөрүүтүн уонна сайылыкка тахсыыга ылбыт ньирэйдэрин биири да энчирэппэккэ кыстыкка киллэрбитин иһин ньирэйинэн бириэмийэлээбиттэр. Ити 1990 сыллаахха этэ. Оччолорго кинилэр 25-26 саастаах эдэр дьон этилэр. Дьэ, ол ньирэйи ылан баран, кэтэх сүөһүлэнэргэ сананан ынах буолуор диэри иитэн сүөһүлэрин төрдө оҥостубуттар.
Билигин Захаровтар 19 сүөһүлээх бигэ хаһаайыстыба тэринэн олороллор. Сыл аайы хас эмит туонна үүтү туттараннар дохуот аахсаллар. Күн бүгүн түөрт ынахтара төрөөбүт, бэһистэрэ бу күннэргэ төрүүрүн кэтэһэллэр. Светлана бэйэтэ осеменатор идэлээх буолан, ынахтарын боруодата тупсарыгар улахан болҕомтотун уурар эбит.
✍️ Афанасий Сектяев
☑️ https://мюрюгазета.рф/article/99811

💠 Оҕо, төрөппүт билиниитин ылбыт иитээччи Екатерина Васильева
Бээрийэ нэһилиэгин олохтооҕо Екатерина Васильева Эдьигээн оруйуонун Баахынай (Лииндэ) бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. 1993 c. Бүлүү куоратын Н.Г. Чернышевскай аатынан орто үөрэххэ иитээччи идэтигэр туттарсан киирбитэ. Талан ылбыт идэтин 1995 c. бүтэрэн, Уус Алдан улууһун Бээрийэ нэһилиэгэр үс сылга ананан, кэнчээри ыччаты сырдыкка-кэрэҕэ, саҥаҕа-сонуҥҥа, билиигэ-үөрэххэ сирдиир иитээччинэн үлэлээн саҕалаабыта.
✍️ Ольга Шепелева
Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/100061
Бээрийэ нэһилиэгин олохтооҕо Екатерина Васильева Эдьигээн оруйуонун Баахынай (Лииндэ) бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. 1993 c. Бүлүү куоратын Н.Г. Чернышевскай аатынан орто үөрэххэ иитээччи идэтигэр туттарсан киирбитэ. Талан ылбыт идэтин 1995 c. бүтэрэн, Уус Алдан улууһун Бээрийэ нэһилиэгэр үс сылга ананан, кэнчээри ыччаты сырдыкка-кэрэҕэ, саҥаҕа-сонуҥҥа, билиигэ-үөрэххэ сирдиир иитээччинэн үлэлээн саҕалаабыта.
Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/100061
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үлэкиһитэ
💠 Эдэр тырахтарыыс Иннокентий Андросов нэһилиэк биир сүрүн үлэһитэ👍 👍 👍
Бэйдиҥэ бөһүөлэгиттэн төрүттээх Иннокентий Андросов чааһынайыгар үлэлииргэ быһаарынан, “Бороҕоҥҥо үлэ ордук көстүөҕэ” диэн икки сыллааҕыта улуус киинигэр көһөн киирбит.
Аҕатын кытары кыттыгас ылбыт тыраахтардарынан нэһилиэнньэҕэ өҥөнү оҥоруунан дьарыктанан барбыт. Маны таһынан уоту тардыыга, сыбааркаҕа быстах, судургу үлэлэри эмиэ сакааһынан, дьон көрдөһүүтүнэн оҥорор эбит.
– Күнү быһа иллэҥ буолбаппын. Сакаас олус элбэх киирэр. Ардыгар түүн хойукка диэри сылдьабын. Билигин аны нэһилиэк иһигэр араас субуотунньуктарга ыҥырар буоллулар, – диэн Иннокентий Андросов оруобуна сакааска үлэлии сылдьан, бэрт ыксалынан үлэтин-хамнаһын туһунан кылгастык кэпсээтэ:
– Таах олорорбун сөбүлээбэппин, киһи дьарыктаах буолуохтаах буоллаҕа. Биһигини тыа сирин эр киһитэ уоту тардыыттан саҕалаан сыбаарка үлэтигэр тиийэ барытыгар сыстаҕас буолуохтаах, сатыахтаах диэн үөрэппиттэрэ. Итиэннэ үлэлиир киһи ханнык да куһаҕан дьаллыкка, саарбах суолга-иискэ сыстыбат. Онон эдэр-сэнэх, үлэни кыайар эрдэххэ үлэлээн-хамсаан хаалыахха диэн санаалаахпын.
Мүрү нэһилиэгэр тыраахтарынан өҥөнү оҥорор киһи элбэҕэ суох. Тыа сиригэр олорорбут быһыытынан, маннык тиэхиньикэ үлэтигэр наадыйааччылар үгүс буоллахпыт. Маныаха Иннокентий Андросов курдук үлэһит, үлэни кыайа-хото тутар эдэр дьон баара киһини олус үөрдэр. Маны тэҥэ Иннокентий Андросов нэһилиэк үлэтиттэн эмиэ туора турбакка, барытыгар тэҥҥэ түсүһэн, көхтөөхтүк сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сылдьара атыттарга холобур буолуон сөптөөх.