📰📰📰
⭕ Быйыл тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһин схематыгар уларыйыылар киирэннэр, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сорох боломуочуйата улууска бэриллибитэ. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулары өйөөһүн саҥа механизмын биир көрүҥүнэн кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал сүөһү иитэрин иһин ыанар ынах төбөтүгэр 35 000 солкуобай көрүллүүтэ буолар.
⭕ Бу саҥа уларыйыылар ирдэбиллэригэр олоҕуран, улууска хас биирдии ыанар ынахтаах кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал бу субсидияҕа хапсарын курдук бэрээдэктиир үлэ ыытылынна. Онуоха биир сүрүн ирдэбилинэн субсидияҕа хапсыан баҕалаах кэтэх хаһаайыстыбалаах дьону Биир кэлим реестргэ киллэрии буолар. Бу реестргэ, билиҥҥи туругунан, 916 киһи киирдэ.
📌 “Улууска кулун тутар 31 күнүттэн муус устар 29 күнүгэр диэри сайаапкалары тутуу биллэриллэн, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар уопсайа 893 кэтэх хаһаайыстыбаттан 3165 ыанар ынах төбөтүгэр сайаапка киирдэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үбүлээһин харчытын ыыттаҕына, хаһаайыстыбаларга субсидияны ыытарга улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета бэлэм олорор”, – диэн тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениетын иһитиннэриитин улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата Инстаграмҥа @uusaldan.ru страницатыгар таһаарда.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#ынахтөбөтүгэрсубсидия
https://www.instagram.com/p/COwX5hxsbiI/?igshid=s6j1i55puxjg

Instagram
📰📰📰
⭕ Урбаанньыт Петр Копырин 18 гаа сиргэ күөх маассаҕа анаан эбиэс ыһарга бэлэмнэнэр. Ыам ыйын 9 күнүттэн саҕалаан бааһынатын сиигин саптара сылдьар. Улахан аҥаарын бүтэрэн, күн бүгүн түмүктүүр былааннаах.
⭕ Петр Николаевич төрдүс сылын бу бааһынаҕа үлэлиир. Бастакы сылыгар сирин аҥаарыттан 200-тэн тахса рулону ылбыта. Оттон былырыын, кураан буолан, үүнүүнү ылбатаҕын кэриэтэ.
⭕ Онуоха быйыл сир быдан сииктээх диэн үөрэр. Аны сиэмэтэ кэллэ эрэ, ыһыыны 15 хонугунан саҕалыыр былааннаах. Ыһыыга анаан бэйэ күүһүнэн, онтон-мантан быраҕыллыбыт, туһаттан тахсыбыт саппаастары булан, өрөмүөннээн, иһигэр уулаах тимир катогу, сири көбүтэр ыарахан диискэни оҥостубута үлэтигэр төһүү күүһүнэн буолар.
⭕ Онон улахан эрэл – өҥ дьыл туруутугар.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#ыһыыхампаанньата
https://www.instagram.com/p/COzmG7cMhf0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Бу күннэргэ улууска оҕуруот аһын уонна бурдугу ыһыы хампаанньата түмүктэнэн эрэр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс сулууспата @uusaldan.ru Инстаграм социальнай ситимҥэ сирэйигэр иһитиннэрдэ. Ол курдук, бэҕэһээ улуус дьаһалтатын баһылыгын 1-кы солбуйааччы Петр Попов, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Степан Бочкарев, улуус кылаабынай агронома Прокопий Белолюбскай оҕуруот аһын үүннэрэр хаһаайыстыбаларга үлэни-хамнаһы билсэ сырыттылар.
⭕ Элэһиҥҥэ Петр Алексеев фермерскэй хаһаайыстыбатыгар 12 гектар бааһынаҕа хортуоппуйу олордубут. Кини быйыл анаан хортуоппуйу олордор тиэхиньикэни ылынан, үлэтэ биллэрдик чэпчээбитин кэпсээбит. Оттон эмиэ Элэһин оҕуруоччута Афанасий Алексеев хортуппуйун 7 гектарга ыспыт, ону таһынан 2,5 гектар иэннээх сиргэ хаппыыстатын олордон саҕалаабыт.
⭕ Суоттуга Алексей Васильев уонна Семен Мордовской хортуоппуйдарын ыһан бүтэрбиттэр. Владислав Семенович быйыл былаанын аһара баран, 25 гектар оннугар 30 гектарга олордубут. Онуоха уопуттаах оҕруоччут уу кыһалҕата баарын уонна ону быһаарарга эбии турба сакаастаабытын кэтэһэрин эттэ.
⭕ Саһылыкааҥҥа Иннокентий Портнягин бурдугу үүннэрэр хаһаайыстыбатыгар ыам ыйын 20 күнүгэр “Приленская” уонна “Талисман” супер-элита суортаах сэлиэһинэйи ыспытын билиһиннэрдэ.
⭕ Оттон Бороҕон нэһилиэгэр оробуочай бөлөх Владимир Барашков, Сардана Бурцева бааһыналарыгар сырытта. Владимир Иванович хаһаайытыбатыгар аҕыс гектарга хортуоппуйу уонна 4 гектарга хаппыыстаны олордорго бэлэмнии сылдьаллар.
📌 Улуус кылаабынай агронома Прокопий Белолюбскай күн-дьыл туруга үчүгэйин, онон үүнээйилэр хойутааһына суох тахсыахтарын бэлиэтиир. Оттон тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Степан Бочкарев быйыл ыһыы хаамыыта даҕаны, иэнэ даҕаны былырыыҥҥы көрдөрүүлэри куоһарбытын этэр.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#ыһыыхампаанньата
#тыахаһаайыстыбата
https://www.instagram.com/p/CP5gi7VsJaE/?utm_medium=share_sheet

⭕ Былырыыҥҥыттан курааммыт кэллэ. Билигин куйаас, кураан күннэр тураннар, ходуһаҕа аһыҥа күүскэ ыста. Бу туһунан улуустааҕы Россельхозцентр исписэлииһэ Виктория Нафанаилова маннык кэпсээтэ:
📌 – Быйыл сааскыттан хас да нэһилиэги кэрийэн көрдүбүт. Ол курдук, Өлтөх, Бэрт Ууһа, Хоро, I Хоро Суотту, Бороҕон, Лөгөй, II Лөгөй нэһилиэктэрин ходуһаларыгар сылдьыы түмүгүнэн, аһыҥа күүскэ ыспыта быһаарылынна. Аһыҥа бастаан тахсыытын сыныйан көрүүнэн 1 кв.м. сиргэ 37,3 аһыҥа баара билиннэ. Бу аата эпидемиологическэй кэрдиис буолбутун бэлиэтэ.
📌 Билигин аһыҥаны эмтээһин күүскэ бара турар. Уопсайа 10 нэһилиэк ходуһаларыгар эмтээһин ыытылынна. Олортон Өлтөх, Бэрт Ууһун, Хоро, Лөгөй, Суотту нэһилиэктэрин ходуһаларын эмтээһин улахан көдьүүһү биэрбитин этэллэр. Баларга 300-түү гаа сир эмтэннэ. Ол аата уопсайа 1500 гаа ходуһа эмтэннэ диэн олоробут. Нэһилиэктэрдээҕи тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрэ олус үчүгэйдик бииргэ үлэлэһэллэр. Аһыҥа эмин дьонноругар тиэрдэн, эмтээһин хайдах барбытын, түмүгэ хайдаҕын биллэрэ олороллор.
📌 Быйыл аһыҥа эмин ылыыга тыа хаһаайыстыбатын управлениета 480 тыһ. солк үбүлээн 220 л. “Лукосил” диэн эми атыыластыбыт. Бу эмп 5 л. 50 гаа сири эмтииргэ тиийэр.
📌 Эмтэммит сир аҕыйах күн турбутун кэннэ ардах түһэрэ буоллар, ото олох өрө анньан кэбиһиэ этэ. Ол эрээри куйаас, кураан күннэр уһуннук турар чинчилээхтэр. Онон билиҥҥитэ от өнүйбэккэ турар.
✴️ Хаартыска интернет ситимиттэн ылылынна.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#кураандьыл
https://www.instagram.com/p/CQiJ2isMu81/?utm_medium=share_sheet

⭕ От ыйа үүннэ, сайыммыт оройо буолла. Сүөһү кыстыгын быһаарар эппиэттээх күннэр үүннүлэр, ходуһаҕа киирэр кэм кэллэ. Ити эрээри, быйыл эмиэ кураан сайын, куйаас сатыылаата. Баччаҕа диэри илгэлээх ардах диэн суох. Онон от-мас хатан эрэр. Ыраата барбакка, тэлгэһэ иһин да көрдөххө, кубус-кураанах. Бастаан хонуу көҕөрөн чэлгийбитэ көрүөххэ үчүгэйэ сүр этэ. Ол ардах суоҕуттан, өҥүрүк куйаастан хатта. Аны аһыҥа хаптайа быһыытыйан баран, олох ыһан кэбистэ.
⭕ Икки хонуктааҕыта Сыырдаахтан Василий Копырин ходуһаны устубутун ватсапка таһаарбыта тарҕанна. Ону чопчулаары төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сырыттым:
📌 – Ити биһиги Чирэпчибит уонна Курбуһах нэһилиэгин бөһүөлэктэрэ олорор үрэхтэрэ (Оттоохой үрэҕэ). Чопчулаан эттэххэ, Нэлэгэр сайылык. Бэрт Ууһун сиригэр-уотугар эмиэ итинник хартыына. Аһыҥаны эмтээммит, хаптайбыт курдук буолбута. Ону бу уһун курааннар иэдэттилэр, аһыҥа көбөн кэллэ, күөҕү мэлитэн эрэр. Бэйэм сиргэ-уокка сылдьыбыппынан түмүк таһааран эттэхпинэ, Бэрт Ууһун нэһилиэгэ ходуһатын 30% эрэ оттуур туруктаах балаһыанньата үөскээбит. Аатырар Кыыс Хаҥа алааспытыгар быйыл кус түһэр уута да тахсыбатаҕа, хаар уута көтөн хаалбыта. Инньэ гынан, ол дойдубут эмиэ куурда-хатта.
Мин бэйэм хаһаайыстыбалаахпын, ынах, сылгы иитэбин. Ол иһин курааҥҥа бэлэмнэнэн, судаан отун ыһарга былааннаммытын. Ону баара, отум сиэмэтэ саҥа кэллэ, онон эһиилгигэ көһөрдүм. Сирбин эрдэ бэлэмнээбитим – сиигэ көтөн хаалла.
Салгыытын комментарийдарга аах эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар көр⏬⏫⏬
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#кураандьыл
https://www.instagram.com/p/CQxknOaM83-/?utm_medium=share_sheet

⭕ Тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр-хамнаһыгар, чуолаан ынах сүөһүнү, сылгыны иитиигэ эбии аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ, оттооһуҥҥа үгүс кыһалҕаны үөскэппит кураан сайын содула хайдаҕын билэ-көрө, истэ сылдьабыт. Ол эрээри, сатабыллаах салайааччылардаах, хаһаайыстыбалаах дьоммут тиһигин быспакка түүннэри-күнүстэри үлэлээбиттэрин түмүгэр, кыстыкка киириигэ бэлэмнэнии бэркэ ыытыллар. Маныаха олохтоох хаһаайыстыбаларбыт – туораахтаах култуураны үүннэрээччилэр – быйылгы сайын үүнүү хайдаҕын, хомуур үлэтэ саҕаламмытын маннык билиһиннэрэллэр.
⭕ Дмитрий Илларионов, “Д.В. Илларионов ИП” КФХ салайааччыта, Дүпсүн нэһилиэгин олохтооҕо:
📌 – Күһүҥҥү хомуур үлэтэ өрөбүлтэн саҕаламмыта. Сайыммыт барахсан уот абытай куйаас буолан уонна кэмигэр ардах түспэккэ, курааннаатыбыт. Ол эрээри, сааскы өттүгэр хаары типтэрии, сииги саптарыы үлэтин ыыппыт буоламмыт, былааммытын толоруохпут диэн эрэллээхпит. Быйыл 510 гааҕа туораахтаах култуураны ыспыппыт, ол иһигэр 358 гаа эбиэс, 152 гаа сэлиэһинэй. Билиҥҥи үлэбитин этэҥҥэ түмүктүүрбүт туһугар, кылаабынайа, халлаан туран биэрэрэ буоллар диэн баҕалаахпын.
⭕ Василий Сивцев, “Биэттэ-агро” ХЭТ салайааччыта, Баатаҕай нэһилиэгин олохтооҕо:
📌 – Олус кураан. Үүнүү нэһиилэ орто. Хомуур саҥа саҕаланна. Ол эрээри, кыл-мүччү былааммытын толоробут. Фуражка атыылыахпыт, эһиил сааскы ыһыыга үчүгэй сиэмэлэрбититтэн ыраастаан уурунуохпут. Оройуоннаммыт 106 гаа сэлиэһинэйи, о.и. 18 гаа “Туймааданы”, 88 гаа “Приленскэйи”, уонна “Покровскай” эбиэһи 445 гааны ыспыппыт. Саас хаары типтэриини 400 гааҕа оҥорбуппут. Ыһыы барыта паардааһын уонна күһүҥҥү хорутуу ыытыллыбыт бааһыналарыгар олордуллубута.
Салгыытын комментарийдарга аах эбэтэр "МС" хаһыат балаҕан ыйын 10 күнүнээҕи 36-с N-гэр, мюрюгазета.рф саайтка "Мнение" түһүмэххэ көр⏬⏬⏬
🖊️ Ольга Шепелева
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#санааситимэ
#тыахаһаайыстыбата
#хомуурхампаанньата
https://www.instagram.com/p/CTn0SW6oNIU/?utm_medium=share_sheet

⭕ Лөгөй нэһилиэгин Даалы бөһүөлэгин олохтооҕо Николай Борисов «Агростартап» диэн тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар бэйэ дьыалатын тэриниигэ туһуламмыт граны ылары ситиһиигэ биисинэс-былааны көмүскээн, ыра санаата туолар чинчилэннэ.
⭕ Бу куонкуруска кыттарга Николай Николаевичка Лөгөй нэһилиэгин КПФХ салайааччыта Анатолий Бурнашев сүбэлээбит. Итиэннэ кэргэнэ туох баар докумуоннары бэлэмнииргэ күүс-көмө буолбут. Ону тэҥэ биирдиилээн дьон эмиэ сүбэ-ама, көмө буолан, эдэр киһи баҕа санаата олоххо киирэригэр төһүү буолбуттар.
⭕ Онон Николай Борисов барыларыгар улахан махталлаах уонна санаатын маннык үллэстэр:
📌 – Тыа сирин сайыннарыыга кыра дэриэбинэбитигэр хамсааһыны таһаарар итиэннэ ынах сүөһүнү иитэн дьарыктаах буолар баҕаттан бу куонкуруска кыттыбытым. Кэпсэтиһии кэтэхтэн көрүү быһыытынан ыытыллыбыта, ыйытыыларга хоруйдаабытым, бэйэ дьыалатын сайыннарыыга көрдөөбүт суумам - 2 мөлүйүөн 436 тыһыынча солкуобай. Итиннэ, ирдэбил быһыытынан, ити үптэн 10%-нын бэйэм укпутум. Быйыл саҥа хотону тутан, үлэҕэ киллэрэн эрэбин. Билиҥҥи туругунан, сэттэ сүөһүлээхпин, онтон иккитэ ыанар. Биэс сылынан уопсайа 15 ыанар ынахха тиэрдэр, үлэ миэстэтин таһаарар, бэйэ бородууксуйатын дэлэтэр соруктаахпын. Бу бырайыакка кыттаары эбии сири арендаласпытым. Бу иннинэ ДВ гектарынан ылбыт сирбэр оттуубун. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаммытым син ыраатта. Кыра эрдэхпиттэн төрөппүттэрбин кытта тыа сирин олоҕор, эр киһи быһыытынан хаһаайыстыбаҕа сыстан, үлэ-хамнас үөһүгэр тэҥҥэ сылдьыспытым. Ону таһынан, Лөгөй нэһилиэгин Анатолий Бурнашев КПФХ-гар үлэлиибин. Онон сүөһүнү көрүүнү, хаһаайыстыба үлэтин-хамнаһын эппинэн-хааммынан билэбин.
⭕ Тыа сиригэр маннык инникилээх өйдөөх-санаалаах ыччат баара хайҕаллаах. Николай Борисов бу ылыммыт дьыалатын сайыннаран, киэн тутта кэпсиир хаһаайыстыбалаах улууспут бастыҥ үлэһитэ буоларыгар баҕарыаҕыҥ.
🖊️ Ольга Шепелева
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#агростартап2021
#тыахаһаайыстыбата
https://www.instagram.com/p/CT1QkVXs5kw/?utm_medium=share_sheet

⭕ Быйыл сайын улуус үрдүнэн арыыны оҥорор алта сыах, үүтү тутар үс пуун уонна “Мүрү Ас” ТХПК собуота үрүҥ аһы дэлэтиигэ, атыыга хамаҕатык таһаарыыга былааннаахтык үлэлээн кэллилэр. Барыта 15 сайылыктан, сэттэ нэһилиэктэн үүт таһыллан, оҥорон таһаарыы сыаҕар туттарылынна.
⭕ Билиҥҥи туругунан, чугас нэһилиэктэргэ күн аайы, ыраахтарга нэдиэлэҕэ иккитэ үүтү таһар массыына сүүрэр. Онон, күн бүгүн барыта 2 312, 769 туонна үүт тутуллан, сыллааҕы былаан 85,61 бырыһыана туолла.
📌 "Мүрү-Ас" ТХПК оҥорон таһаарар салаатын сэбиэдиссэйэ Мария Федорова:
– Үрүҥ астан: арыы – 50 туонна, чөчөгөй – 15 туонна, үүт – 30 туонна, суорат, йогурт – 90-ча туонна, сыр – 1,5 туонна, иэдьэгэй – 3 туонна, быырпах 3 туонна астанан, атыыга тахсан, нэһилиэнньэҕэ тиэрдилиннэ.
Сыл бүтүөр диэри үүтү, суораты, йогурт арааһын, арыыны, чөчөгөйү, иэдьэгэйи оҥорон, нэһилиэнньэҕэ атыыга таһаарар былааннаахпыт, – диэн билиһиннэрдэ.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#илгэтөрдө
https://www.instagram.com/p/CUlosYZIaac/?utm_medium=share_sheet

⭕️ Улуус кылаабынай агронома Прокопий Алексеевич Белолюбскай:
– Аан дойду үрдүнэн бүрүкээбит хамсык ыарыы олохпут бары эйгэтигэр улаханнык оҕуста, ол да быһыытынан, кэтэх хаһаайыстыбалары тутан олорор дьон үлэтин эмиэ атахтаата.
⭕️ Урукку өттүгэр оҕуруот аһын хомуйууга оскуола оҕолоро, олохтоохтор күргүөмүнэн тахсан, хамнас аахсаллара хаһаайыстыба үлэтигэр эмиэ көмөлөөх буолара. Билигин хааччахтааһын кэмигэр бытаарыы таҕыста.
⭕️ Маны тэҥэ сүрүн боппуруос – бородууксуйаны батарыы үлэтигэр улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ тэриллэр улахан атыы дьаарбаҥкалара, дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустан, биир сиртэн кыһыҥҥы хаһаастарын булуналлара тэриллибэт буолла. Бу, биллэн турар, хаһаайыстыбалар үлэлэригэр бытаарыыны, охсууну таһаарда.
⭕️ Маныаха СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ оҥорон таһаарар бородууксуйаны батарыыга субсидияны көрөн, улууспут иһинэн “Мүрү-Агро” ТХПК тэриллэн, салайааччынан Айуран Березкин ананан, кэлэр сылтан дьыала, докумуон өттө ситэн, үлэлиэҕэ.
⭕️ Оччотугар хаһаайыстыбалар да бородууксуйаларын батарыыга көмө буолуо итиэннэ чааһынай дьоҥҥо атыыны да тэрийии көдьүүстээхтик барыаҕа.
📌 Хаартыскаларга: Суотту нэһилиэгэр Алексей Васильев ИП “Васильев” оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктанар хаһаайыстыбата.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#мүрүагро
https://www.instagram.com/p/CUq8JrtojCG/?utm_medium=share_sheet

⭕ “Мүрү Ас” ТХПК ааспыт 2021 сылга алта арыы сыаҕын кытары үүтү тутар ү пууну уонна “Мүрү Ас” собуотун үлэлэттэ.
🔻 "Мүрү Ас" ТХПК оҥорон таһаарар салаатын сэбиэдиссэйэ Мария Федорова:
– Барыта 1943 туонна былааннаах субсидированнай үүтү уонна чааһынай ыалтан 16 туонна үүтү 15 солкуобайга тутан, ааспыт сыллааҕы үүт былаанын толордубут.
Үүт ас араас бородууксуйата, ол иһигэр 63 туонна ынах арыыта оҥоһуллан, нэһилиэнньэҕэ 600-650 солк. атыыланна. Бу арыы соҕотуопкатын 2020 сыллааҕы көрдөрүүтүн кытары араа-бараа.
Бүгүҥҥү күҥҥэ хаһаайыстыбаларга үүт харчыта толору төлөннө. Оҥорон таһаарааччы үүтү туттарар хаһаайыстыбаларга ынах арыытын 600 солк. ааспыт сыл бүтүөн иннинэ түҥэтэн олорор. Ынах арыыта ахсынньы саҥатыгар диэри “Мүрү Ас” ТХПК маҕаһыыннарыгар уонна нэһилиэктэринэн атыыланна.
🖊️ Екатерина Захарова
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#мүрүас
https://www.instagram.com/p/CaRQuTDMwbZ/?utm_medium=share_sheet

⭕ Дьылбыт төһө да ыараатар олох салҕанар. Ол сиэринэн саҥа киһи күн сирин көрөр, ыалларга ынахтара төрүүллэр, аны сылгы төрүөҕэ саҕаланыа турдаҕа.
🔻 Курбуһахха өтөрүнэн ынах игирэ ньирэйи төрөппүтэ диэн иһиллэ илигэ. Онон бу күннэргэ Винокуровтар дьиэ кэргэн хаһаайыстыбаларыгар уонча саастаах ынахтара икки тыһы ньирэйи төрөппүтэ ыалтан ыалга сонун буолан үгүс киһини сэргэхситтэ.
🔻 Ийэ ынах, хаһаайыттара этэллэринэн, бу алтыс төрөөһүнэ үһү. Ынах уонна ньирэйдэр туруктара үчүгэй.
🖊️ Анна Винокурова, уопс. кэрэспэдьиэн. Курбуһах нэһилиэгэ
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#курбуһахсонуннара

⏺ Аны балбаахпыт сокуон хараҕар "киирдэ"
Икки сыллааҕыта ынах сааҕын балбаахтаан баран анал сиргэ харайыллыахтааҕын туһунан сокуон олоххо киирээри турарын туһунан аймалҕан күөрэс гынан иһэн, хамсык ыарыыта туран, ол эрэ туһунан санаабат буолбуппут.
Дьэ, ол айдааннаах сокуоммут быйыл кулун тутар 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр буолла. Ол аата үлэлээбитинэн барар.
✍️ Афанасий Копырин
@murusahargata
Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/90512

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тыахаһаайыстыбата
⏺ Сүөһү, сылгы төрүөҕэ үксүөҕэ, үрүҥ илгэ үрүлүйэ сүүрүөҕэ
Тыа сирин дьоно-сэргэтэ аспыт-таҥаспыт тахсар, киһи-хара буолар баайбыт-дуолбут хороҕор муостаахпыт, сыспай сиэллээхпит буолара чахчы. Сорох дьон, баҕарбаталлар да, кыһалҕаттан хаһаайыстыбаларын эһэллэригэр тиийэллэр. Оттон атыттар кыахтара баарынан тутан хаалаллара, өссө утум-ситим быһыытынан сайыннараллара хайҕаллаах. Онуоха араас судаарыстыбаннай көмөлөр олук буолаллар.
Билигин оруобуна сүөһү-сылгы төрүөҕүн үгэнэ. Хас биирдии кэтэх, коллективнай хаһаайыстыба хаҥыыр кэмэ.
Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын дааннайынан, билиҥҥи туругунан, улуус үрдүнэн уопсайа 14 146 сүөһү, бу иһигэр 5 869 төбө ынах баара биллэр. Оттон төрүөх ахсаана 876 тэҥнэспит. Бу, ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, намыһах көрдөрүү. Ол эбэтэр 2022 сылга баччаларга төрүөх 1 163 төбөҕө тэҥнэһэр эбит. Сылгы уопсай ахсаана 12 501 төбөҕө тэҥнэһэр, биэтэ – 9325. Мантан сылгы төрүөҕүн ахсаана чуолкайа биллибэт.
Байаҕантай нэһилиэгэр “Танда” ТХПК, аҕыс ИП, 40-ча кэтэх хаһаайыстыба ынах сүөһүнү иитэн, көрөн-харайан олороллор. Билиҥҥи туругунан, манна кэтэх хаһаайыстыбаҕа – 40, кэпэрэтиипкэ – 50, чааһынай предпринимателлэргэ 50 төбө ньирэй төрөөтө.
Киэн туттар биир дойдулаахпыт Арассыыйа Үлэҕэ Дьоруойа Михаил Готовцев бааһынай хаһаайыстыбата кыстыкка 128 сүөһүлээх киирбитэ. Үлэһиттэр сылы эргиччи сүөһүнү төрөтөр буоланнар, эбии 11 ынах ыана сылдьар. Билигин 38 ынах төрөөн, үрүҥ илгэ үрүлүйэ сүүрэр.
Уопсай ылан көрдөххө, нэһилиэк үрдүнэн төрүөх эрдэлээбитэ, итиэннэ былырыыҥҥы дьылы кытта тэҥнээтэххэ, элбэҕэ бэлиэтэнэр.
✍️ Ольга Шепелева
☑️ https://мюрюгазета.рф/article/94336
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

⏺ Михаил Готовцев от үүннэриитинэн дьарыктанар соруктаах
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэбит киинигэр Дьокуускайга Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан табаары оҥорон таһаарааччылар сийиэстэрэ буолла. Сийиэскэ ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан Арассыыйа Үлэҕэ Дьоруойа биир дойдулаахпыт Михаил Готовцев сылдьыахтааҕа эрээри, доруобуйатын туругунан кыаллыбакка, кини балтыта Анастасия Готовцева кытынна. Кини сийиэс туһунан санаатын бу курдук үллэһиннэ: «Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьоҥҥо наһаа туһалаах сийиэс буолла. Биир интэриэстээх дьон түмсэн уопут атастастыбыт, эдэр фермердэр араас хайысхаларга консультация ыллылар. Мин грантовиктар сэминээрдэригэр сырыттым. Отчуот оҥоруу, тиэхиньикэни хайдах атыылаһыы туһунан үгүһү кэпсээтилэр. Тыа хаһаайыстыбата саҥа хайысхаларынан сайдан эрэрин сэргии көрүм. Ыҥырыа иитииттэн саҕалаан от-мас үүннэриитигэр тиийэ үлэлэһэн эрэллэр эбит».
Арассыыйа Үлэҕэ Дьоруойа Михаил Готовцев тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар сыаллаах «Семейная ферма» граны ылла. Кини граны туохха туһанар соруктааҕын бу курдук эттэ: «Кураан сыллар кэлэннэр, сүөһү аһылыгын булар уустугурда. От үүммэт. Аһылык баазата суох хайдах сүөһүнү иитиэхпитий? Маннык кыһалҕа тирээн, бу кыстыкка сүөһүбүт ахсаанын аҕыйаппыппыт. Маннык буоллаҕына, олох да эстэр куттал баар. Ол иһин от үүннэриитинэн дьарыктанаары от сиэмэтин ыһар, уу ыстарар массыына, бааһынаҕа үлэлиир улахан тыраахтар, сенаж пресс-подборщигын ылыахпыт уонна Убаһалаах алааспытыгар “Газгольдер” диэнинэн гаас киллэттэриэхпит».
✍️ Мария Аргунова
☑️ https://мюрюгазета.рф/article/94401

«Көмүс күһүн-2023» Бүтүн Арассыыйатааҕы агропромышленнай быыстапкаҕа «Дүпсүн» ТХПК оҥорон таһаарар арыыта кыһыл көмүс мэтээлинэн бэлиэтэннэ👏 🥇
Биир дойдулаахтарбытын үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит.
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
«Көмүс күһүн-2023» Бүтүн Арассыыйатааҕы агропромышленнай быыстапкаҕа «Дүпсүн» ТХПК оҥорон таһаарар арыыта кыһыл көмүс мэтээлинэн бэлиэтэннэ