УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.46K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.72K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Мындаабаҕа көр-күлүү күнүгэр анаан икки түөлбэҕэ көрдөөх күрэһи тэрийэн, олохтоохтор сэргэхсийбиттэр.​

"Сэттэ түһүмэхтээх күрэс бэрт сэргэхтик ааста. Бу тэрээһини "Мындааба" сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта Ирина Иванова уонна олохтоох бибилэтиэкэрбит Наталья Портнягина иилээн-саҕалаан ыыттылар. "Эрчим" уонна "Үрдэл" түөлбэлэр күөн көрсөн, көрдөөх түһүмэхтэри туораатыбыт. "Смайлики" уонна "Смешарики" диэн ааттанан, хапытааннарынан Герман Анастатов ("Үрдэл"/"Смешарики") уонна мин ("Эрчим"/"Смайлики") буолбуппут.

Кыайыылааҕынан бэйэм хамаандам тахсан, үөрүүбүт баһаам. Тэрийээччилэргэ махтанабыт. Уһун олоруу кэнниттэн олохпут сыыйа сүнньүгэр түһэн эрэриттэн сэмээр астынабыт. Маннык көрсүһүүлэр өссө да баар буолалларыгар баҕарабыт", - диэн олохтоох Николай Стручков - Абыйаан бөһүөлэк биир сонунун сырдатта.

#уйгусирэуусалдан
#мүрүсаһарҕата
#мындааба
#көркүлүү
https://www.instagram.com/p/CNOElWBsL38/?igshid=1n233zivymgjn
📰📰📰
Гиирэ успуордугар СӨ бастакы маастара Иустин Кулачиков кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтэ Мындаабатааҕы спортивнай оскуола саалатыгар саҕаланна.

Күрэхтэһии кулун тутар 5-6 күннэригэр ыытыллыаҕа.

Уопсайа 21 хамаандаттан 156 кыттааччы күөн көрсө сылдьар.

Бастыҥнар Саха сирин норуоттарын VIII-c спортивнай Оонньууларыгар кыттар быраабы ылар путевканы тутуохтара.

🖋️Ольга Шепелева

#уйгусирэуусалдан #уусалданхаһыата #сахасиринноруоттарынVIIIспортивнайоонньууларынкөрсө #мындааба
https://www.instagram.com/p/CatRzVVtv2j/?utm_medium=share_sheet