УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.6K photos
3.08K videos
10 files
5.74K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Уһун Күөл орто оскуолатыгар кытай тылын үөрэтиигэ норуоттар икки ардыларынааҕы бырайыагы саҕалыыр үөрүүлээх тэрээһин буолла.

Ол курдук, бу оскуола быйыл олунньуттан Арассыыйаҕа кытай тылын үөрэтэр ассоциированнай оскуолалар ситимнэригэр киирбитэ. Билиҥҥитэ бу ситимҥэ дойду 14 эрэ орто үөрэҕин кыһата баар.

🔻 Уһун Күөл оскуолата бу бырайыакка кыттыһыытын туһунан дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Наталья Турантаева билиһиннэрдэ:

– Биһиги оскуолабыт 2021 сылга полилингвальнай (хас да тылынан тэҥҥэ) үөрэхтээһини олоххо киллэриигэ Ил Дархан Гранын ылары ситиһэн, экспериментальнай былаһаакка статустанан, бу бырайыакка кыттыста. Онон үөрэнээччилэрбит үөрэх федеральнай стандартынан ирдэнэр иккис омук тылын үөрэтиигэ английскайы таһынан кытай тылын баһылыахтара, кинилэри Кытайтан Харбин куорат оскуолаларын учууталлара тэйиччиттэн көрүҥүнэн үөрэтиэхтэрэ.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Кытайтан быһа сибээһинэн Тыллары үөрэтиигэ хардарыта үлэлэһии киинин салайааччыта Чжао Гочэн, үөрэх уобаластааҕы управлениетын норуоттар икки ардыларынааҕы отделын салайааччыта Юй Цзычао, Харбин куорат үөрэҕин управлениетын салайар Инь Чжаолун, Харбин куорат 6N-дээх оскуолатын дириэктэрэ Чжан Сянчжоу уонна Кытай өрөспүүбүлүкэтин провинцияларын оскуолаларын бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар. Кинилэр бырайыак олоххо бигэтик киирэригэр үлэлэһэргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр, хас биирдии үөрэнээччигэ кытай тылын үөрэтиигэ ситиһиилэри баҕардылар. Ити курдук тэрээһин кэмигэр бииргэ үлэлэһии Декларациятыгар илии баттастыбыт, онон номнуо олунньу 21 күнүттэн кытай тылын үөрэтии куурустара саҕаланыахтара. Маныаха биһиэхэ күүс-көмө буолбут ассоциированнай оскуолалар ситимнэрин Арассыыйатааҕы секретариатын бэрэссэдээтэлэ Юлия Николаева уонна сэкирэтээр, координатор Алгыс Тимофеевка махталбыт улахан.

🖊️ Диана Седалищева

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үөрэхэйгэтэ
#илдархангрант
https://www.instagram.com/p/CaHYiAFsgd0/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан саҥа арыллыбыт култуура Дыбарыаһыгар аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир, толору хааччыллыылаах бибилэтиэкэ киэҥ-куоҥ саалалара арыллан, тустаах үлэһиттэр номнуо ааҕааччыларын көрсөн үлэ үөһүгэр сылдьаллар.

Бу күннэргэ оҕо бибилэтиэкэтин кырачаан ааҕааччылара күндү ыалдьыт буоланнар, сэргии, сэҥээрэ көрөллөрө үксээтэ. Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатын алын кылааһын үөрэнээччилэрэ Коля, Тимур Бочкаревтар – оҕо бибилэтиэкэтин эрэллээх доҕотторо, ыытыллар араас тэрээһиннэр актыыбынай кыттыылаахтара.

Коля биэс, Тимур үс саастааҕар ийэлэрэ Сардаана Романовна уолаттарын Бороҕоннооҕу бибилэтиэкэҕэ илдьэн, кинигэни ааҕыы умсугутуулаах дьарыгар угуйбута. Ийэлэрэ уолаттарыгар өссө кыра эрдэхтэриттэн бу үөрүйэҕи иҥэрэн, остуоруйа кэпсиирин сөбүлүүрэ.

🔻 “Кинигэни оҕону кытта тэҥҥэ аахтахха интэриэһиргиирэ күүһүрэр. Оннук санаанан салайтаран, күн бүгүнүгэр диэри бииргэ ааҕабыт. Ордук нууччалыы ааҕарбын сөбүлүүллэр, түргэнник өйдүүллэр. Ону тэҥэ оҕо саадыгар сылдьар эрдэхтэриттэн нууччалыы куонкурустарга кытыннарарбыт. Телевизор, телефон нөҥүө эмиэ нууччалыы информацияны ыларбыт үксээн, нууччалыыга охтубуттара.

Онон сахалыы тылбытын-өспүтүн сайыннарар баҕаттан, сахалыы кинигэлэри уларсан ааҕа сатыыбыт. Уолаттар саҥа бибилэтиэкэни көрөн олус сэргээтилэр. Кинигэтэ элбээбит, сырдык, ыраас буолбут диэн санааларын үллэстэллэр. Коля ордук фантастиканы сэҥээрэн ааҕар. Тимур мамоннаах, динозаврдаах энциклопедиялары сөбүлүүр.

Бибилэтиэкэ эрэллээх ааҕааччылара диэннэр үлэһиттэр үөрэ-көтө көрсөн, саҥа дьиэлэрин көрдөрөн, кинигэ бэлэхтээн ыыттылар. Оттон уолаттар ааҕар кинигэлэрин уларсан, иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атаарараллар”, – диэн кырачаан ааҕааччылар ийэлэрэ Сардаана Бочкарева кэпсиир.

🔻 “Маннык информацияны телефон нөҥүө куйаар ситиминэн эмиэ билиэххэ, ааҕыахха сөп. Ол эрээри, саҥа кинигэ сыттыын да, тутан-хабан олорон ааҕарга да астык”, – диэн убай киһи Коля санаатын сайа этэр.

Салгыытын комментарийдарга аах

🖊️ Ольга Шепелева

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
https://www.instagram.com/p/CaQdV4Gs5-v/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Оруобуна икки сыллааҕыта “Мүрү саһарҕата” хаһыакка “Уус Алдан соҕотох блогера Аркадий Охлопков YouTube ханаалыгар суруттарыҥ” диэн суруналыыс Екатерина Захарова ыстатыйата тахсыбыта.

Оччолорго Аркадий Семенович ханаалыгар 150-тан тахса видеолаах, 700-кэ сурутааччылаах эбит буоллаҕына, билигин видеотун ахсаана 380 буолбут, онтон 250 видеота аһаҕас – ким баҕарар көрөр, атынын анаан көҥүлүнэн көрүөххэ сөп. Оттон сурутааччытын ахсаана 1790 киһи буолбут, көрүү уопсай ахсаана 335750-ҥа тэҥнэспит. Онуоха YouTube платформа быраабылатынан, аҕыйаабыта 1000 сурутааччылаах, кэлиҥҥи 12 ый иһигэр 4000 чаас көрүүлээх ханааллаах киһи дохуот аахсыан сөп. Онон Аркадий Семенович ханаалын монетизациялыырга сайаапкалаан, көҥүлү ылбыт.

🔻 Бу туһунан 71 саастаах блогер инстаграмҥа @arkadyohlopkov страницатыгар бэҕэһээ пост таһаарда:

“Монетизация диэҥҥэ суруттарбытым, ол аата аны бэйэм көҥүллээбит видеоларбар реклама биэрэллэр, төһөнөн элбэх реклама биэрэллэр да, миэхэ Америкаттан (ютуб Америка бородууксуйата) харчы ааҕыллан, каартабар түһүөхтээх. Аҕыйах хонугунан (олунньу 25 күнүгэр) ханаалым аһыллыбыта үс сылын туолуохтаах. Киһи сааһыран арыый иллэҥ буоллаҕына, син онон-манан дьарыктанар эбит”.

🔻 Итини таһынан кини: “Кытайтан Fimi X8 SE 2020 диэн дрону сакаастаан ылбытым, 4-5 км ыраахха диэри көтөр, инструкциятыгар 8 км да тиийиэн сөп диэн. Халлаан сылыйдаҕына ону көтүтэн боруобалыам. Ити курдук, ханаалбын интэриэһинэй оҥорон, дьон сэҥээриитин тардар ньымалары толкуйдуубун”, – диэн этэр.

Аркадий Охлопков туһунан хаһыакка тахсыбыт ыстатыйа хаһыаппыт саайтыгар эмиэ тахсыбыта, ссылкатын сторизка көрүҥ.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусдьоносэргэтэ
https://www.instagram.com/p/CaQzVojoy_b/?utm_medium=share_sheet


🔻 Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын ааспыт 2021 сыллааҕы үлэтин отчуота улууспутугар олунньу 24 күнүгэр эмиэ бары улуустарга курдук ZOOM платформаҕа онлайн көрүҥүнэн ыытыллыаҕа. Отчуоту өрөспүүбүлүкэ успуорка уонна физическэй култуураҕа миниистирэ Леонид Спиридонов салайыаҕа.

🔻 Онон хас биирдии нэһилиэккэ онлайн трансляцияҕа холбонор туочукалары тэрийэн, улуус олохтоохторо толоруулаах былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэригэр быһа эфиринэн ыйытыылары биэриэхтэрэ. Ону таһынан ыйытыылары эрдэттэн олохтоох дьаһалталар нөҥүө биэриэххитин сөп. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

📌 Отчуот ыытыллар графига:

🔻 Сарсыарда 10.00 ч. – Байаҕантай, Бэрт Ууһун, Бээрийэ, Курбуһах, II-с Лөгөй, Өлтөх, I Өспөх, II-с Байаҕантай, Түүлээх, I-кы Хоро, Хоро нэһилиэктэрэ.

🔻 Күнүс 15.00 ч. – Баатаҕай, Бороҕон, Дүпсүн, Лөгөй, Найахы, Өнөр, Өспөх, Суотту, Чэриктэй, Мүрү нэһилиэктэрэ.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бырабыыталыстыбаотчуота
https://www.instagram.com/p/CaQ2yzMIdFp/?utm_medium=share_sheet
💥 Александр Жирков Бороҕоҥҥо Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһын арыллыытыгар олунньу 20 күнүгэр эппит этиититтэн 👆🏻

#новостиякутии
#улусмедиа
#устьалданскийулус
#мүрүсаһарҕата
#уусалданхаһыата
#уйгусирэуусалдан
https://www.instagram.com/tv/CaQ5Otco_6L/?utm_medium=share_sheet
🎊🎊🎊

🔻 Култуура уонна искусство уус-уран үлэһиттэрин Сойуун бэрэссэдээтэлэ, А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын дириэктэрэ Захар Никитин Уус Алдан улууһун олохтоохторун, култуура үлэһиттэрин Бороҕоҥҥо В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан "Тойон Мүрү" култуура дыбарыаһа аһыллыбытынан эҕэрдэлиир.

@zakhar_nikitin78

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#култуура
https://www.instagram.com/tv/CaRFtcQgp92/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

“Мүрү Ас” ТХПК ааспыт 2021 сылга алта арыы сыаҕын кытары үүтү тутар ү пууну уонна “Мүрү Ас” собуотун үлэлэттэ.

🔻 "Мүрү Ас" ТХПК оҥорон таһаарар салаатын сэбиэдиссэйэ Мария Федорова:

– Барыта 1943 туонна былааннаах субсидированнай үүтү уонна чааһынай ыалтан 16 туонна үүтү 15 солкуобайга тутан, ааспыт сыллааҕы үүт былаанын толордубут.

Үүт ас араас бородууксуйата, ол иһигэр 63 туонна ынах арыыта оҥоһуллан, нэһилиэнньэҕэ 600-650 солк. атыыланна. Бу арыы соҕотуопкатын 2020 сыллааҕы көрдөрүүтүн кытары араа-бараа.

Бүгүҥҥү күҥҥэ хаһаайыстыбаларга үүт харчыта толору төлөннө. Оҥорон таһаарааччы үүтү туттарар хаһаайыстыбаларга ынах арыытын 600 солк. ааспыт сыл бүтүөн иннинэ түҥэтэн олорор. Ынах арыыта ахсынньы саҥатыгар диэри “Мүрү Ас” ТХПК маҕаһыыннарыгар уонна нэһилиэктэринэн атыыланна.

🖊️ Екатерина Захарова

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#мүрүас
https://www.instagram.com/p/CaRQuTDMwbZ/?utm_medium=share_sheet
📺📺📺

🔻 Суруналыыс Лена Керемясова "Кэрэ кэпсээн" биэриитин кэлэр таһаарыытын "Кэнчээри" ансаамбыл үйэ аҥаардаах үбүлүөйүгэр анаата.

🔻 Ол курдук, ансаамбыл салайааччыта – Саха АССР, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун, Мүрү, Найахы нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Василий Парников, ансаамбыл балетмейстера Ульяна Ноговицына, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин отделын салайааччы Нюргуяна Илларионова, Геокултуурунай сайдыы институтун толорооччу дириэктэрэ Михаил Донской, “Юные якутяне” өрөспүүбүлүкэтээҕи ресурснай киин дириэктэрин солбуйааччы Данил Жирков, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Надежда Толбонова, ансаамбыл выпускниктара: улуустааҕы култуура салалтатын начаалынньыгын солбуйааччы Лена Павлова, Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччы Рея Охлопкова, Мындааба оскуолатын музыкаҕа учуутала Айталина Пантилова, о.д.а. кытыннылар. Маны сэргэ ансаамбыл солистката “Туймаада” вокальнай ансаамбыл солистката Акулина Акимова эҕэрдэ ырыатын толордо.

🔻 Биэриигэ "Кэнчээри" ансаамбыл 50 сыллаах ситиһиилээх айар суолун туһунан, урукку кэмҥэ үөрэммит оҕолор, инники үлэ туһунан киэҥ кэскиллээх кэпсэтии, сэргэх сэһэргэhии тэрилиннэ, үтүө баҕа санаалар этилиннилэр.

📌 Бу биэриини "Саха" НКИХ ханаалыгар олунньу 26 күнүгэр 12 чаас 15 мүнүүтэттэн куоттарбакка сэргээн көрүҥ.

🖊️ @uakultura

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#саханкихханаалыгар
#кэрэкэпсээнбиэрии
#кэнчээриансаамбыл
https://www.instagram.com/p/CaRWGKpsQUJ/?utm_medium=share_sheet
🎊🎊🎊

🔻 Күндү биир дойдулаахтарбыт!

В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар «2021 сыл түмүктэрэ» үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ сыл түмүгүнэн улууспут бастыҥнарын чиэстиир дьоро түгэни олунньу 25 күнүгэр күнүс 15:00 чаастан @uusaldan.ru инстаграм-страница нөҥүө быһа эфиргэ көрөргүтүгэр ыҥырабыт.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сылбастыҥнара
https://www.instagram.com/p/CaRZ1h6Mj8K/?utm_medium=share_sheet
🎊🎊🎊

🔻 Бүгүҥҥү "сиэркилэ" даатаҕа Уус Алдаҥҥа түөрт паара – үс Бороҕоҥҥо, биир Тандаҕа – регистрацияламмытын СӨ Гражданскай туругу аакталыыр суруктар Управлениеларын Уус Алданнааҕы салаатын начальнига Аксиния Бурнашева иһитиннэрдэ.

🔻 Эдэр ыалларга уостубат тапталы, дьоллоох олоҕу, баайы-дуолу, табыллыыны баҕарыаҕыҥ🤵‍♂️👰‍♀️👏👏👏

📸 Хаартыскаҕа: Ирина, Юраслав Сыроватскайдар, Евдокия, Андрей Ушницкайдар.

@muru.sahargata'

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#22022022
https://www.instagram.com/p/CaRlhFWMUlK/?utm_medium=share_sheet
🔻🔻🔻

Саха АССР төрүттэммитэ 50 сылын көрсө 1972 сыллаахха олунньу 22 күнүгэр Уус Алдан оройуонугар кыраайы үөрэтэр музей төрүттэммит күнүнэн биллэр. Тэрийээччи – энтузиаст, кыраайы үөрэтээччи Николай Саввич Пестряков.

Онтон Уус Алданнааҕы райисполком быһаарыытынан 1980 сылтан "народнай музей" диэн статустаммыт. Оччолорго, кырдьык, норуот, бар дьон күүһүнэн хомуллан, түмүллэн, музей пуондата 2500 тахса экспонаттаах эбит.

Салгыы 1987 сылтан Емельян Ярославскай аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи музей филиала буолбут, 1999 сылтан судаарыстыбаннай музейдар ситимнэригэр киирэн, улуус бүддьүөтүттэн үбүлэнэр. Оттон 2020 сыл от ыйын 17 күнүгэр Бороҕоннооҕу улуус устуоруйатын, кыраайы үөрэтэр музейга Сэһэн Ардьакыап аата иҥэриллибитэ.

Күн бүгүн улуус музейын фондатыгар уопсайа 10 000-тан тахса экспонат хараллар. Саха АССР төрүттэммитэ 100 үбүлүөйдээх сылыгар музей саҥардыллан өрөмүөннэммит киэҥ-куоҥ дьиэҕэ көһүөҕэ.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#СахаАССР100сыла
#бэлиэкүн
https://www.instagram.com/p/CaR8uU7MhKM/?utm_medium=share_sheet
🎊🎊🎊

Эрэдээксийэбит киоскатыгар саҥа кинигэлэр атыыга таҕыстылар👏👏👏

🔻 ТУОС оонньуу

🔻 Хабылык, хаамыска, тырыыҥка набора

🔻 кырачааннарга түөрт араас ойуу кинигэ

🔻 нууччалыы азбука кинигэтэ

🔻 1-4 кылаас оҕолоругар тылдьыт

🔻 "Нескучная литература. 500 оригинальных вопросов" – классическай литератураҕа сыһыаннаах араас боппуруостардаах бэрт интэриэһинэй кинигэ. Интеллектуальнай оонньууларга, викториналарга туһаныахха сөп

🔻 Николай Якутскай " Төлкө" романын "Айар" кинигэ кыһата 2-с таһаарыыта

🔻 "Урут бобуллубут айымньылар" (2019 с.)

🔻 Татьяна Поскачина. "ТабыллыбА/Ыт таптал: учуутал күннүгэ" – куйаар ситимигэр бестселлер буолбут айымньы

🔻 "Я выбираю жизнь" – Чурапчы асчыта Наталья Иванова олоҕуттан аһаҕас кэпсээннэрдээх, ас рецептэрдээх, хоһооннордоох кинигэтэ

🔻 "Күннэй кистэлэҥ олоҕо" кинигэ – өссө төгүл кэллэ, ону таһынан Күннэй ийэтин Любовь Васильева "Куйаартан кутуллар тыыннаах тыллар" сүбэ-соргу, ымыылаах санаалардаах хоһооннорун кинигэтэ

🔻"Мой дневник травника/Отоһут дневнигэ" – 1-кы таһаарыыта

🔻 "Иллюстрированная энциклопедия РС (Я): цифры, факты, карты"

📲 Билсэр төлөпүөҥҥүт 89627352327

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#мүрүсаһарҕатынкиоскатыгар
https://www.instagram.com/p/Caof8musuV5/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Дьокуускайдааҕы технологическай техникум базатыгар анал идэлээх кондитер-маастардар бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи "Вкус Севера" куонкурустара ыытылынна.

Куонкуруска орто анал үөрэх устудьуона уонна эдэр исписэлиис диэн категорияларга күрэхтэстилэр.

Манна биһиги улууспут техникумун повар, кондитер группатын иккис кууруһун устудьуона Сахаайа Петрова 2-с миэстэни ылары ситистэ. Сахаайа куонкуруска "Ленские столбы" диэн пирожнайы оҥорон биһирэннэ.

Оттон преподавателэ – производственнай үөрэхтээһин маастара Алена Стрекаловская эдэр исписэлиистэр ортолоругар 1-кы истиэпэннээх дипломунан наҕараадаланна. Кини үлэтэ "Краски Севера" диэн ааттанан, дьиҥ-чахчы кэрэ көстүүлээх, минньигэс ас астанан, үрдүктүк сыаналанна.

Кыайыылаахтары дьоһун ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит, өссө да таһаарыылаах үлэни баҕарабыт.

🖋️Ольга Шепелева

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата #уусалданнааҕытехникум
https://www.instagram.com/p/CarxCnHp8l7/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰
Гиирэ успуордугар СӨ бастакы маастара Иустин Кулачиков кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтэ Мындаабатааҕы спортивнай оскуола саалатыгар саҕаланна.

Күрэхтэһии кулун тутар 5-6 күннэригэр ыытыллыаҕа.

Уопсайа 21 хамаандаттан 156 кыттааччы күөн көрсө сылдьар.

Бастыҥнар Саха сирин норуоттарын VIII-c спортивнай Оонньууларыгар кыттар быраабы ылар путевканы тутуохтара.

🖋️Ольга Шепелева

#уйгусирэуусалдан #уусалданхаһыата #сахасиринноруоттарынVIIIспортивнайоонньууларынкөрсө #мындааба
https://www.instagram.com/p/CatRzVVtv2j/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

🌹 Аан дойду дьахталларын күнүн Кэптэнигэ эр дьон түмсүүтэ (сал. Владимир Прядезников, Петр Перевалов) эмиэ бэрт сэргэхтик, сонуннук тэрийдэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл Ийэ сыла биллэриллибитэ бу сааскы маҥнайгы бырааһынньык суолтатын ордук улаатыннарбыт курдук, онон эр дьон түмсүүтэ бөһүөлэк кэрэ аҥаардарын эҕэрдэлиир киэһэҕэ биллэр шоумены Александр Гоголевы ыҥыран биэчэри ыыттарда.

🌹 Александр кэпсээн-ипсээн, оонньотон, ыллаан ийэлэр сүрэхтэрин сылаанньытта, күннээҕи түбүктэртэн сынньатта. Маныаха киирии билиэтинэн лотерея оонньонон, мин – икки куһу, Мотрена Лыткина – суумканан собону, Галина Никифорова – тоҥ чыыр балыгы, Татьяна Бережнева куоракка босхо айан сертификатын тутан, онтон да атыттар араас барыанньаны, ынах иһин, этин сүүйэн үөрүүбүт үс төгүл үрдээтэ.

🌹 Умнуллубат куоластар Артур Новгородов, Ньургун Бурцев, Николай Сергеев, Артур Сокорутов, Андрей Никитин ырыаларын бэлэхтээн, биэчэр кыттыылаахтара дуоһуйа үҥкүүлээн тарҕастылар.

🖊️ Ульяна Бурнашева, уопсас. кэрэсп. Кэптэни

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#кэптэнисонуннара
https://www.instagram.com/p/Ca4NY2AMoUt/?utm_medium=share_sheet
Дьылбыт төһө да ыараатар олох салҕанар. Ол сиэринэн саҥа киһи күн сирин көрөр, ыалларга ынахтара төрүүллэр, аны сылгы төрүөҕэ саҕаланыа турдаҕа.

🔻 Курбуһахха өтөрүнэн ынах игирэ ньирэйи төрөппүтэ диэн иһиллэ илигэ. Онон бу күннэргэ Винокуровтар дьиэ кэргэн хаһаайыстыбаларыгар уонча саастаах ынахтара икки тыһы ньирэйи төрөппүтэ ыалтан ыалга сонун буолан үгүс киһини сэргэхситтэ.

🔻 Ийэ ынах, хаһаайыттара этэллэринэн, бу алтыс төрөөһүнэ үһү. Ынах уонна ньирэйдэр туруктара үчүгэй.

🖊️ Анна Винокурова, уопс. кэрэспэдьиэн. Курбуһах нэһилиэгэ

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#курбуһахсонуннара
#тыахаһаайыстыбата