📰📰📰
⭕ Өр күүппүт баҕа санаабыт туолан, олох кылгас кэмҥэ хомуллан «Культура Усть-Алданского улуса: истоки и современность» диэн улууспут култууратын устуоруйата олохтоох «Мүрү саһарҕата» хаһыат эрэдээксийэтигэр 500 ахсаанынан бэчээттэнэн таҕыста.
⭕ Кинигэ ис-тас оҥоһуута олус тупсаҕай, бэлэххэ сөптөөх хахтаах, көмүс суругунан суруллубут халыҥ тастаах, иһинээҕи лиистэрэ 120 граммнаах матовай кумааҕыттан таҥыллыбыттар. Улууспут культуратыгар биллэр-көстөр суолу хаалларбыт дьоммутугар анаан коллаж оҥоһуллубута кинигэни олус киэргэтэр.
⭕ Бу таһаарыы 21 түһүмэхтээх, 448 сирэйдээх, олус элбэх культура тэрилтэлэрин архыыптарыттан, биирдиилээн дьонтон хаартыскалар киирбиттэр, ону тэҥэ архыып матырыйааллара, бирикээс кинигэлэриттэн суруктар бааллар.
⭕ Кинигэни култуура управлениетын салайааччытын солбуйааччы Л.С. Павлова, бэтэрээммит М.З. Сивцева, киин библиотека библиограба М.Н.Борисова, улуус историятын музейын сотруднига З.М. Белолюбская хомуйан оҥордулар, начальник И.И. Аммосов салайааччылаах алта киһиттэн састааптаах эрэдээксийэлиир сүбэ, матырыйааллары хомуйууга хас биирдии тэрилтэттэн ананан оробуочай бөлөх үлэлээтэ.
📌 Бу маннык саҕалаан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ үлэһитэ Галина Аммосова саҥа кинигэ туһунан сиһилии билиһиннэрэн ыыппыт ыстатыйата хаһыаппыт муус устар 2 күнүнээҕи 13-с нүөмэригэр тахсыбытын сэргээҥ😉
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусустуоруйата
#култуура
#кэрээйгэтэ
https://www.instagram.com/p/CNQ-r_Ps-Fr/?igshid=11xf1ns9gegc4

Instagram
📰📰📰
⭕ Уус Алдан улууһугар СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин Михаил Донской салайааччылаах ресурснай-бырайыактыыр киинэ ыалдьыттаан, культура үлэһиттэригэр көмө буолар маастар-кылаастары ыыттылар.
⭕ Ол курдук, биир бастыҥ кэпсэтии “Кэнчээри” ансаамбыл салайааччыта Василий Парников аатынан оҕо музыкальнай хоровой оскуолатын арыйыы туһунан буолла.
⭕ Маны таһынан киин үлэһиттэрэ араас тэрээһиннэри ситиһиилээхтик ыытар туһугар бэлэмнэнииттэн саҕалаан, сөпкө ыытыы хаамыыларын кэпсээтилэр. “Сайар Сарыал” айар лаборатория улуус айар куттаах дьонун кытта көрүстэ, театральнай туруоруулар, испэктээкиллэр режиссураларын туһунан Саргылана Адамова лиэксийэтэ интэриэһиргэттэ.
Оттон киин дириэктэрэ Михаил Донской үлэ каадырдарын иитэн-үөрэтэн таһаарыы туһунан сиһилии кэпсээтэ.
📌 "Маны сэргэ тыас-уус, музыкальнай аппаратура үлэтигэр, инструменнары сөпкө туттууга сүбэ-ама оҥоһуллубута инникитин эмиэ көдьүүстээх буолуоҕа. Маннык араас хабааннаах олус туһалаах маастар-кылаастарга сылдьан астынныбыт, элбэҕи биллибит, үлэбитигэр туһаныахпыт", – диэн бу күн тэрээһиҥҥэ кыттыбыт култуура эйгэтин үлэһиттэрэ бэлиэтээтилэр.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#кэрээйгэтэ
#култуура
https://www.instagram.com/p/CNmhHr7MnbZ/?igshid=no2snks3fipy

⭕ Биир дойдулаахпыт саха төрүт культуратын уһуйааччы, тарҕатааччы, алгысчыт Афанасий Федоров үбүлүөйдээх 80 сааһыгар аналлаах “Өбүгэ быстыбат ситимэ” фольклор көрүҥнэринэн улахан дьоҥҥо улуустааҕы күөн-күрэс кэтэхтэн ыытыллан, түмүк Афанасий Семенович төрөөбүт күнүгэр -- муус устар 7 күнүгэр -- тахсыбыта. Күөн-күрэскэ тойук, хомус, чабырҕах, дэгэрэҥ ырыа уонна оһуохай көрүҥнэригэр биирдиилээн толорууга 22 киһи, бөлөҕүнэн толорууга 54, барыта 76 киһи кыттыыны ылла.
📌 "Көрүҥнэринэн биирдиилээн толорууга кыайыылаахтар быйыл сайын Өлүөхүмэҕэ ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар улууспут чиэһин көмүскүөхтэрэ.
📌 Бу күөн-күрэскэ ордук бэлэмнэнэн Дүпсүн нэһилиэгэ кыттыбытын тэрийээччилэр ааттарыттан бэлиэтиэхпитин баҕарабыт. Ааспыт күһүн Дүпсүн кулуубугар үлэлии кэлбит эдэр специалист Ньургуйаана Никитина элбэх киһини бэлэмнээн кытыннарбыта хайҕаныан эрэ сөп. Ньургуйаана бэйэтэ эргиччи талааннаах. Ол курдук кини өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар фольклор куонкурустарыгар, Олоҥхо ыһыаҕын күрэстэригэр өрүү ситиһиилээхтик кыттар. Эдэр үлэһиккэ салгыы айымньылаах, таһаарыылаах үлэни баҕарабыт", -- диэн улуус култуураҕа управлениетын кылаабынай исписэлииһэ Анна Федорова иһитиннэрдэ.
Ыстатыйаны толору улуус хаһыатын саайтыгар аах⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#кэрээйгэтэ
#култуура
#фольклор
https://www.instagram.com/p/CN4SPjasedx/?igshid=btxot5z7nv63

⭕ И.И.Находкин аатынан Чараҥ сынньалаҥ киинин тэрийиитинэн, муус устар 19 күнүгэр Арассыыйаҕа Билим уонна технология, Саха сиригэр Доруобуйа, улууспутугар Сомоҕолоһуу уонна айымньылаах үлэ сылларынан I Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Герой ийэ, сцена бэтэрээнэ, чабырҕахсыт Мария Бурцева бирииһигэр 13-с төгүлүн ыытыллар “Чоргуй, чобуо чабырҕах” оскуола уонна уһуйаан оҕолоругар анаммыт күөн-күрэс кэтэхтэн көрүүтэ түмүктэнэн, кыайыылаахтар билиннилэр.
⭕ Күөн-күрэскэ Чурапчы, Нам, Амма улуустарыттан, Дьокуускай куораттан уонна бэйэбит улууспутуттан Чэриктэй, Уһун Күөл, Дүпсүн, Чараҥ, Бээрийэ, Тиит Арыы, Тулуна, Суотту, Өнөр, Бороҕоннооҕу оҕо искусство, Мүрү 2-с №-дээх, “Мүрүчээнэ” оҕо уһуйааннарыттан уонна оскуолаларыттан биирдиилээн 13 уонна бөлөҕүнэн 21 толорооччу, барыта 138 оҕо кыттыыны ылла. Күөн-күрэс үс бөлөҕүнэн ыытылынна.
⭕ Бастакы бөлөххө уһуйаан оҕолоругар биирдиилээн толорооччуларга лауреаттарынан Айаана Слепцова (Чэриктэй), Тимур Софронов (Чараҥ), Алик Заровняев (Нам) буоллулар. Бөлөҕүнэн толорууга: 1 лауреат – “Эрэлчээнэ” (Чэриктэй), 2 лауреат – “Чобуо чуораанчыктар” (Тиит Арыы), 3 лауреат – “Чугдаарар-чуопчаарар сир симэхтэрэ” (Уһун Күөл) оҕо уһуйааннарын иитиллээччилэрэ буоллулар.
⭕ Иккис бөлөххө алын сүһүөх кылаас оҕолоругар Милена Сивцева (Бороҕоннооҕу оҕо искусство оскуолата), Диана Мултусова (Дьокуускай), Дарина Васильева (Бээрийэ), бөлөхтөргө “Чаҕыл” (Уһун Күөл), “Чугдаарар чуорааннар” (Дүпсүн), “Сайдыы” (Тулуна) лауреаттарынан буоллулар.
⭕ Бэһистэн 11-с кылаас оҕолоругар Алина Васильева (Бээрийэ), Күннэй Смирникова (Чурапчы, Мугудай), Алеша Охлопков (Бээрийэ), “Мичик” (Мүрү 2-с №-дээх), “Дьүрүскэн” (Амма, Сатаҕай), “Тэбэнэт” (Мүрү 2-с №-дээх) оҕолоро лауреаттарынан буоллулар. Күөн-күрэс Муҥутуур кыайыылаахтарынан “Оһуор” (Дүпсүн), “Чоргуй, чобуо оҕолор” (Нам), “Ыллык” (Тулуна) бөлөхтөрө ааттаннылар уонна М.А. Бурцева оҕолоро туруорбут харчынан бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Салгыытын комментарийдарга эбэтэр хаһыат саайтыгар аах⏬⏫⏬
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#кэрээйгэтэ
#култуура
#чабырҕахсыттаркүрэстэрэ
https://www.instagram.com/p/CN4UldQMd6f/?igshid=1d1cdim9cihch

⭕ Улуус култуураҕа управлениетын тэрийиитинэн муус устар 28 күнүгэр улуус мелодистара кыттыылаах мунньах буолла. Управление салайааччыта Иннокентий Аммосов сүрүн болҕомтону Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, эһиил ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларыгар анаммыт ырыалар айыллыыларыгар, ол ырыаларга клип уһуллуутугар үлэ барыахтааҕар туһаайда.
⭕ Мунньахха үбүлүөйдээх сылларга уонна спортивнай оонньууларга сыһыаннаах култуура тэрээһиннэрин туһунан киэҥ ырытыылаах кэпсэтиилэр таҕыстылар.
📌 Бу туһунан сиһилии хаһыат саайтыгар анаан улуус култуураҕа управлениетын кылаабынай исписэлииһэ Анна Федорова ыстатыйатын аах⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#култуура
#кэрээйгэтэ
#тэрээһинмунньах
https://www.instagram.com/p/CONf_KaM-d0/?igshid=13nt3miew2cfg

⭕ Бэҕэһээ улуус киинигэр култуура эйгэтин үлэһиттэрин балаҕан ыйынааҕы сүбэ мунньахтара буолан ааста. Бу туһунан улуустааҕы култуура управлениета Инстаграмҥа @uakultura страницатыгар билиһиннэрдэ.
⭕ Мунньахха уопсайа 69 киһи кыттыыны ылла, тэрээһин үс сиэксийэнэн араарыллан ыытылынна.
⭕ Ол курдук, сынньалаҥ кииннэрин дириэктэрдэригэр уонна филиаллар салайааччыларыгар, бибилэтиэкэрдэргэ уонна мусуойдар үлэһиттэригэр тус-туһунан сэминээрдэр буоллулар.
⭕ Мунньах пленарнай чааһыгар Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов, баһылыгы солбуйааччы Михаил Борисов кыттыыны ыллылар. Манна култуура эйгэтин үлэтин сайыннарыыны, эһиил Бороҕоҥҥо ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларын кэмигэр ыытыллар култуурунай тэрээһиннэргэ бэлэмнэнии, улуус социальнай-экэнмиичэскэй сайдыытын уонна уоспастыбаннай хамсааһыннар, түмсүүлэр үлэлэрин торумнаатылар.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#култуура
#кэрээйгэтэ
#сүбэмунньах
https://www.instagram.com/p/CT6ROYgs2LP/?utm_medium=share_sheet

⭕ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар өрөспүүбүлүкэ биэс улууһугар автокулууптар ананнылар. Маннык массыыналар "Култуура" национальнай бырайыак чэрчитинэн култуурунай тэрээһиннэри ыытарга туһуланаллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ бу бырагырааманы олоххо киллэриигэ быйыл уопсайа 23,6 мөл. солк. үп көрүллүбүт, онуоха федеральнай бюджеттэн 99%, о.э. 23,4 мөл. солк. үбүлэммит.
⭕ Анаан биллэриллибит куонкуруһу ааһан, В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан "Тойон Мүрү" култуура уонна духуобунас киинигэр "Газель" массыына баазатыгар оҥоһуллубут кулууп бэриллэрин СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин пресс-киинэ иһитиннэрдэ.
Оттон "Тойон Мүрү" култуура киинин дириэктэрэ Максим Гоголев үөрүүтүн бу курдук үллэһиннэ:
– "Култуура" национальнай бырайыак чэрчитинэн куонкуруска кыайыылааҕынан тахсан, маныаха улуустан эмиэ утары үбүлээһиҥҥэ улуус дьаһалтатын, улуустааҕы култуура управлениетын өйөбүллэринэн автокулууп тиэхиньикэни ылар үрдүк үөрүүлэннибит. Бу массыына аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттииринэн миэстэтигэр тиийэн култуурунай тэрээһиннэри оҥорорго төһүү күүс буолуоҕа. Холобур, сайын ыһыахтары тэрийиигэ, гастроллуур биригээдэлэр айаннарыгар, аһаҕас халлаан анныгар киинэни көрдөрүүгэ, о.д.а. туттуллуон сөп. Онон массыынабыт аны сайын кэлэрин долгуйа күүтэбит.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#култуура
#нацбырайыактар
#сахаасср100сылыгар
https://www.instagram.com/p/CZwOCNCMEbk/?utm_medium=share_sheet

🎊🎊🎊
🔻 Култуура уонна искусство уус-уран үлэһиттэрин Сойуун бэрэссэдээтэлэ, А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжын дириэктэрэ Захар Никитин Уус Алдан улууһун олохтоохторун, култуура үлэһиттэрин Бороҕоҥҥо В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан "Тойон Мүрү" култуура дыбарыаһа аһыллыбытынан эҕэрдэлиир.
@zakhar_nikitin78
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#култуура
https://www.instagram.com/tv/CaRFtcQgp92/?utm_medium=share_sheet