🎊🎊🎊
🔻 Тохсунньу 13 күнүгэр олохтоммут Арассыыйа Бэчээтин күнүн көрсө улуустааҕы “Мүрү саһарҕата” хаһыат үлэтигэр сыл ахсын актыыбынайдык кыттар, улуус тэрээһинин сырдатар уопсастыбаннай, эдэр кэрэспэдьиэннэргэ уонна суруналыыстарга,ону таһынан хаһыат сурутуутун тэрийээччилэргэ бастыҥнары бэлиэтиир үгэстээхпит. Быйыл бу түөрт номинацияҕа лауреаттарбытын быһааран, үөрэн уонна инникитин да бу курдук таһаарыылаах, биир ситимнээх үлэни баҕаран туран билиһиннэрэбит.
🎉 "Сыл бастыҥ суруналыыһа" – Ульяна Бурнашева-Уйана
🎉 "Сыл бастыҥ уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ" – Туяра Ушницкая
🎉 "Бастыҥ сурутууну тэрийээччи" – Лена Павлова
🎉 "Сыл бастыҥ эдэр кэрэспэдьиэнэ" – Нарияна Саввина
🔻 Лауреаттарбытыгар истиҥ эҕэрдэ👏👏👏 Кинилэр тустарынан сиһилии мюрюгазета.рф саайтпытыгар уонна хаһыаппыт быйылгы бастакы нүөмэригэр ааҕаарыҥ😉
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#хаһыатүлэтэ
#бастыҥнар
https://www.instagram.com/p/CYpu3RuI4BBktXvjPTxEuMCaz3L48yl76XEOms0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Өссө 2020 сыл түмүгүнэн “Сыл бастыҥ уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ” ааты сүкпүт хаһыат лауреата, “Дойдум дьоно” диэн ааҕааччы биһирэбилин ылбыт анал балаһа ааптара, дьиэ кэргэни уонна оҕону реабилитациялыыр улуустааҕы киин директорын солбуйааччы Светлана БУРЦЕВА Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнинэн ылыллыбытынан истиҥник эҕэрдэлиибит.
⭕ Светлана Михайловна 2000 сылтан улуус хаһыатын кытары эҥэрдэһэн, оҕону иитиигэ, социальнай боппуруостарга, дьиэ кэргэн туруктаах буолуутугар, о.д.а. тиэмэлэргэ үгүс ыстатыйата бэчээттэнэр. Оттон 2020 сылтан бэйэтин ааптарыскай балаһатын тиһигин быспакка сырдатан, төрөөбүт дойдутун Чараҥ бөһүөлэгин үлэһит дьонун үлэлээн-хамсаан хаалларбыт суолларын холобур буолар үйэлээх сурукка киллэрдэ.
⭕ Таһаарыылаах айар үлэтин иһин Светлана Михайловна суруналыыс аатын сүгэн, Сойууска киирбитэ – айар үлэ саҥа түһүмэххэ үктэнэр киэҥ аартыга буоллун!
⭕ Манна бэлиэтээн эттэххэ, улууспутугар суруналыыс ааттаах, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһугар чилиэн 31 киһи баар буолла. Ити курдук суруйар, айар-тутар аармыйа кэккэтэ сыллата хаҥыыр.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕат
#суруналыыс
https://www.instagram.com/p/CYqIJ23NjM_Ljt53wmaDVSc_0H7_d22nBKWr9s0/?utm_medium=share_sheet

⭕ "Мүрү саһарҕата" хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ – Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Наталья Попова Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин туйгуна буолла👏👏👏
⭕ Наталья Гаврильевнаны сыралаах үлэҥ сыаналаммытынан кэлэктииппит аатыттан истиҥник эҕэрдэлиибит уонна айар үлэҕэр, төрөөбүт улууһуҥ хаһыатын сайыннарар, тэрилтэни салайар күнүстэри-түүннэри түбүктээх үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт🎉🎉🎉
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бэчээткүнэ
#хаһыатүлэтэ
https://www.instagram.com/p/CYqOmtuM0DDyEOSM2ueBZtamkouFb2FADEZiaY0/?utm_medium=share_sheet

📰📰📰
⭕ Улуус дьаһалтатыгар – бу күннэргэ:
🔻 - тохсунньу 11 күнүгэр улууска Рязань уобалаһыттан К.Э. Циолковскай аатынан түмэл дириэктэрэ Николай Медведков уонна өрөспүүбүлүкэҕэ киһи быраабын боломуочуйалааҕа Сардаана Гурьева кэлэ сырыттылар. Оробуочай сырыы сыалынан-соругунан Уус Алдан улууһа уонна Циолковскай аатынан түмэл хардарыта үлэлэһиигэ сибээһи олохтуурга сөбүлэҥи түһэрсиилэрэ буолла. Маныаха Николай Медведков ирбэт тоҥноох ыраах Саха сиригэр Космонавтика түмэлэ баарын истэн олус интэриэһиргээн, анаан ону билсэ кэлбитин эттэ. Онон кини Дүпсүҥҥэ И.Д. Жирков аатынан Космонавтика уонна авиация түмэлигэр сылдьан, тыа сирин учууталлара элбэх сэдэх экспонаты мунньубуттарын көрөн дьиктиргээтэ, кэрэхсээтэ уонна бииргэ үлэлэһэргэ бэлэмин биллэрдэ;
🔻 - эмиэ бу күн Ньурба улууһун делегацията ыалдьыттаата. Кинилэр сыаллара – Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнии. Сайын Оонньуулар кэмнэригэр Ньурба улууһун делегациятын Ньурба оройуонун сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит биир дойдулаахпыт – поэт, публицист, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Сергей Васильев-Борогонскай төрөөбүт-үөскээбит Суотту нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ көрсүөҕэ. “Ону таһынан, кэлэр IX-с Оонньуулар Ньурбаҕа ыытыллаллара былааннанарынан, тэрээһин өттүгэр элбэх сүбэни ыланнар, улуус баһылыга Андрей Иннокентьев махталын биллэрдэ”, – диэн Уус Алдан улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр;
🔻 - тохсунньу 12 күнүгэр улууска тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаараар кэпэрэтииптэр – “Мүрү-Ас”, “Туйма”, “Дүпсүн” ТХПК салайааччылара, үлэһиттэрэ улуус баһылыгын Алексей Федотовы кытта сүбэ мунньахтара буолла. Кэпсэтиигэ ааспыт сылга үүт, эт аһы оҥоруу былаана туолбутун бэлиэтээтилэр, саҥа сыл былаанын сабаҕалаан ырыттылар. Онуоха бородууксуйа арааһын элбэтэри уонна ону атыылыырга саҥа туочукалары арыйыыны торумнаатылар. Бэлиэтээн эттэххэ, 2021 сыл устата 2751,4 туонна үүт астаммыт, оттон быйылгы сабаҕалааһын 2854,9 туоннанан быһыллыбыт. Итини таһынан, ынах этин 22 туоннаны, сылгы этин 3 туоннаны соҕотуопкалыыр былаан баар;
⏬⏬⏬
✅ @muru.sahargata
🖊️ Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспатын матырыйаалларынан.
https://www.instagram.com/p/CYqS_1QMi5RpDqG6HQY_ErGlLZRBzthUi3wbuc0/?utm_medium=share_sheet

🔻 Ситиһии эбиллэн иһэр👏👏👏
🎉 Саха Өрөспүүбүлүкэтин инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэтэ эмиэ сыл ахсын ыытар “Сыл таһаарааччыта-2021” уонна “Сыл полиграфиһа-2021” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарыгар эрэдээксийэбит “Сыл таһаарааччыта” бириэмийэ ДИПЛОМАНА буолла👏👏👏
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#хаһыатүлэтэ
#бастыҥнар
https://www.instagram.com/p/CYqbzssMqOTez7Ex8yNhiRWNQOonbtSaOr_pOk0/?utm_medium=share_sheet

🔻 Өссө үөрүүбүтүн үллэстэбит🎉🎉🎉
🔻 "Сахабэчээт" судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ улуустар хаһыаттарын уонна сетевой таһаарыыларын үлэлэринэн сыл түмүгүн таһаарар "Медиа-лидер" профессиональнай куонкуруһугар биһиги хаһыаппыт киин улуустарга бастакы миэстэ буолла👏👏👏
🔻 Оттон кылаабынай эрэдээктэр Наталья Попова "Медиа-лидер" иккис миэстэлээх дипломун тутта🎉🎉🎉
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бэчээткүнэ
#бастыҥнар
#хаһыатүлэтэ
https://www.instagram.com/p/CYqr_2TMRAwjlzlkpZJoe-18UIwEKcOhM22WuA0/?utm_medium=share_sheet

⭕️ Үүммүт үбүлүөйдээх сыл бастакы оҕото, ийэтэ Найахы нэһилиэгиттэн төрүттээх Мичийэ Арсентьева бүгүн, тохсунньу 14 күнүгэр, Бороҕоннооҕу төрүүр дьиэттэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга выпискаланан таҕыстылар.
⭕️ «Үйэ оҕотун» эҕэрдэлээн, улуус баһылыгын солбуйааччы Михаил Борисов улуус дьаһалтатын аатыттан 100 тыһ. сертификаты итиэннэ Ил Дархан олохтообут эмиэ 100 тыһ. солк. сертификатын туттарда.
⭕️ Маны тэҥэ төрдүс оҕолорун төрөппүт Арсентьевтар дьиэ кэргэннэригэр олорор нэһилиэктэрин баһылыга Петр Слепцов эҕэрдэ суругун кытары 20 тыһ. суумалаах сертификаты туттарда.
⭕️ Мустубут дьон, төрөтөр отделение үлэһиттэрэ кырачаан киһиэхэ, төрөппүттэригэр бары үтүөнү, этэҥҥэ буолууну баҕардылар.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сахаасср100сылыгар
#үйэоҕото
https://www.instagram.com/p/CYsZn2VoC6-RPnjTDRuU-t9WKQRI7EnCAB57TU0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Биир идэлээхпитигэр, кэллиэгэбитигэр – суруналыыс Ольга Шепелеваҕа сулустаах сыл ааста. Ол курдук, кини Саха сирин суруналыыстарын сойууһун “Түмүктээх үлэтин иһин” бириэмийэ лауреатынан ааттаммытын таһынан “Якутскэнерго” хампаанньа @yakutskenergo_official көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ үлэһиттэрин икки ардыларыгар сэттис сылын ыытар “Энергия слова” бириэмийэтин “Пульс района” номинациятын лауреата буолла.
⭕ Ольга Шепелеваны биһиги улууспутугар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ билбэт киһи суоҕун кэриэтэ буолуо. Кини улуус хаһыатыгар 2006 сылтан кэрэспэдьиэнинэн, онтон 2013 сылтан 2021 сылга диэри “Саха” НКИХ Уус Алданнааҕы филиалыгар кэрэспэдьиэнинэн үлэлээбитэ. Салгыы бэчээт эйгэтигэр төннөн, ааспыт сыл күһүнүттэн тапталлаах “Мүрү саһарҕата” хаһыатыгар отдел эрэдээктэринэн таһаарыылаахтык үлэлиир эргиччи талааннаах суруналыыспыт буолар.
⭕ Онон телевидениеҕа уонна хаһыакка Бороҕоннооҕу РЭС үлэтин тиһигин быспакка сырдаппыт үлэтэ сыаналанан, быйыл өрөспүүбүлүкэ уотун хаһаайыстыбатын сүрүннүүр улахан хампаанньа бириэмийэтин тутта.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бэлиэтүгэн
#уусалдантанчулууларбыт
#бастыҥнар
https://www.instagram.com/p/CYsd_HTILa6VIdSfgx5_KYsBeoo_yMydFTRihg0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Бүгүн Суоттуга – үтүмэн үөрүү күнэ. Саҥа саҕахтары арыйар, кэскилгэ, сайдыыга сирдиир саҥа, билиҥҥи ирдэбилгэ толору сөп түбэһэр, 220 миэстэлээх оскуола аанын тэлэччи арыйда. Улуус, нэһилиэк олоҕор бэлиэ түгэн буолла.
⭕ Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков уо.д.а үрдүк сололоох ыалдьыттар сырыттылар.
⭕ Бу бэлиэ күн Саха АССР өрөгөйдөөх 100 сыллаах үбүлүөйүгэр сөп түбэспитинэн ордук уратылаах. Оннук үрдүк итэҕэли тутан хааллылар Суотту оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#суоттунэһилиэгэ
#үөрэх
#бэлиэтүгэн
https://www.instagram.com/p/CYsfgQzooPJP-N9crfrlCaURsXiS0R7TBIeklY0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, өрөспүүбүлүкэ Ытык сүбэтин бочуоттаах кырдьаҕаһа, 44 сыл педстажтаах учууталлар Учууталлара, Слепцовтар педагогическай династияларын баһылыга, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Матрена Семеновна Гоголева сүүс сааһын томточчу туолла.
⭕ Матрена Семеновна эдэр сааһа Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар сылларыгар ааспыта. Кини сэрии саҕаланыан биир сыл иннинэ Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа үөрэнэ киирбит эбит, онон 1941-42 үөрэх дьылыгар иккис куурустан үөрэҕиттэн тохтоон, дойдутугар төннөн тахсан, райОНО сорудаҕынан Хороҕо алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэтин саҕалаабыт, онтон салгыы Тандаҕа уонна олоҕун 42 сылын билиҥҥинэн Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатыгар учууталлаабыта.
⭕ Кэргэнинээн – сэрии бэтэрээнэ, эмиэ 43 сыл педстажтаах Алексей Николаевич Слепцовтуун түөрт оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Кинилэр бары үөрэхтээх, үлэһит дьон, Швейцарияҕа тиийэ олороллор. Онон Матрена Семеновна билигин 40-тан тахса сиэн, хос, хос-хос сиэн тапталлаах эбэтэ.
⭕ Сүүс сааһын туолбут ытык кырдьаҕас сэрии сылларыгар төһөлөөх эрэйи-муҥу, аччыктааһыны, тоҥууну-хатыыны көрсүбүтүн санаан кэлэн уйадыйар. Манна бэлиэтээн эттэххэ, Матрена Семеновна оройуон киинигэр буолбут бастакы Кыайыы ыһыаҕын кыттыылааҕа, оччолорго 23 саастаах эдэркээн кыыс салама ыйыы турара Иркутскайдааҕы киинэ-хроника устуудьуйата устубут документальнай киинэтигэр хабыллыбыт эбит.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үйэсаас
#ытыксаас
#улуусдьоносэргэтэ
https://www.instagram.com/p/CYu7KNpoAx8LKnPxYM8P3OW5rpnM_oqGDc6l_M0/?utm_medium=share_sheet

📌 Бэчээт күнүн көрсө киһи астына, дуоһуйа ааҕар икки дьоһун кинигэ күн сирин көрдө. Бэҕэһээ, тохсунньу 14 күнүгэр, кинигэ биһирэмэ буолла.
📌 Тэрээһини суруналыыс, публицист, чинчийээччи, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ филология факультетын суруналыыстыка кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоров ыытта, ырытыыны тыл үөрэҕин кандидата, доцент, университет хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрэ Гаврил Торотоев оҥордо.
📌 Бастакы кинигэ 208 , иккиһэ 256 страницалаах таҕыстылар. Тирааһа — 300. Ааптар — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэчээтин туйгуна Филипп Петрович Пестряков. Киэҥ араҥаҕа ананар.
🖊️ СИА саайтыттан.
Ыстатыйаны сиһилии СИА саайтыгар ааҕыҥ, ссылкатын сторизка көрүҥ
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#саҥакинигэ
#биирдойдулаахтарбыт
#бэчээтэйгэтэ
https://www.instagram.com/p/CYvnvF9MQOCKkL94qSR_KWuorAAI5vZQJglBqg0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Быйыл, өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын бэлиэтиир ураты үбүлүөйдээх сылга, саха норуотун биир бөдөҥ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй үлэһитэ Николай Окоемов төрөөбүтэ 125 сыла сөп түбэстэ. Биир дойдулаахпыт бу улахан үбүлүөйүн өрөспүүбүлүкэ таһымыгар бэлиэтииргэ анаан Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 15 күнүгэр ыйаахха илии баттаабыта. Өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр хамыыһыйа тэриллэн, бэрэссэдээтэлинэн бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников анаммыта.
⭕ Сергей Васильевич бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Николай Николаевич Окоемов төрөөбүт нэһилиэгэр тахсан, тэрийэр хамыыһыйа мунньаҕын ыытта. Кинини кытары улуус салайааччылара сырыттылар.
⭕ Үбүлүөй тэрээһиннэрин ыытыы биэс пууннаах. Онно ХИФУ, гуманитарнай чинчийиилэр институттарын, өрөспүүбүлүкэ, улуус таһымнаах научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр, тутуу, үөрүүлээх мунньахтары тэрийии, ыһыаҕы ыһыы, о.д.а. үйэтитии үлэлэрэ киирбиттэр.
⭕ Олохтоохтор далааһыннаах уонна Николай Окоемов аата салгыы ахтылла турарыгар сөптөөх былаан оҥоһуллубутуттан астыналларын биллэрдилэр. Көрсүһүү түмүгэр Сергей Васильевич: "Олохтоохтор, чулуу киһигит үбүлүөйүгэр тирэҕирэн тутуу, ититии о.д.а. инфраструктура боппуруостарын туруорсубуккут саамай сөптөөх. Ол эрээри бу үлэлэр анал быраагыраама быһыытынан олоххо син биир киириэхтэрэ. Биһиги саамай улахан сорукпут – бөдөҥ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй үлэһит Николай Окоемов мэлдьи ахтылларын туһугар үйэтитэр үлэни ыытыахтаахпыт”, – диэтэ.
⭕ Үйэтитиигэ аналлаах үлэлэртэн сороҕун билиһиннэрэр буоллахха: Н.Н. Окоемов аатын сүгэр Окоемовка бөһүөлэгэр киниэхэ аналлаах сквер оҥоһуллуоҕа, онно туруоҕа. Оттон улуус киинигэр Н.Н. Окоемов аатынан “Сынньалаҥ кытыла” бастакы уочарата тутуллуоҕа.
📌 Сиһилии хаһыат кэлэр нэдиэлэтээҕи нүөмэригэр ааҕаарыҥ.
🖊️ Афанасий Копырин
✅ @muru.sahargata
📸 Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспатын хаартыскалара
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сүбэмунньах
#үбүлүөйдэр
#курбуһахнэһилиэгэ
https://www.instagram.com/p/CYv1fA7sViaOVI4P8Z8Y631f1pdTcNht5MoksE0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Бүгүн улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи планеркатыгар дьаһалта үпкэ управлениетын салайааччыта Петр Бурнашеву өрөспүүбүлүкэ тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтигэр тас экэниэмикэҕэ үлэлэһии отделын салайааччытынан анаммытын атаардылар.
⭕ Петр Бурнашев дьаһалта үпкэ управлениетын салайааччынан 2018 сыл алтынньытыттан үлэлээтэ. Өссө кини былырыын алтынньыга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыччат Бырабыыталыстыбатын салайааччынан анаммыта.
⭕ Эдэр кэскиллээх үлэһиккэ улуус баһылыга Алексей Федотов, бары тэрилтэлэр салайааччылара ситиһиини, таһаарыылаах үлэни баҕардылар.
⭕ Оттон Петр Петрович кэллиэгэлэригэр, доҕотторугар, улууска үлэлиир кэмигэр алтыспыт дьонугар барыларыгар махталын биллэрдэ.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусдьаһалтатыгарбукүннэргэ
https://www.instagram.com/p/CYz82Urob_lhVkn7AeMiaiRMNcX_1y2Z_IBMbw0/?utm_medium=share_sheet

⭕⭕⭕
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суһал ыстааба иһитиннэрбитинэн, тохсунньу 17 күнүгэр 405 киһи COVID-19 коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыта билиннэ.
⭕ Дьокуускайга – 303 киһи, Мэҥэ Хаҥаласка – 23, Алдан улууһугар – 15, Горнайга, Хаҥаласка – 9-туу, Нерюнгри оройуонугар – 8, Намҥа, Уус Алдаҥҥа – 6-лыы, Мииринэй, Өймөкөөн – 5-тии, Үөһээ Бүлүүгэ – 3, Ньурбаҕа, Тааттаҕа, Уус Маайаҕа, Чурапчыга – 2-лии, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Муомаҕа, Сунтаарга – 1-дии киһи.
⭕ Суукка устата өрөспүүбүлүкэ лабораторияларыгар 2181 анаалыс оҥоһуллубут, оттон пандемия саҕаланыаҕыттан – 1 842 318 тест.
🌐 @YakutiaOpershtab
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#доруобуйахарыстабыла
#коронавирус
#COVID19
https://www.instagram.com/p/CYz_kmRod8-X30uoqPkJg_v2xO6p_iV72BeV9A0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Кэптэнитээҕи "Аал уот" бэтэрээннэр түмсүүлэрэ ааспыт сылы түмүктүүр, саҥа сылга этэҥҥэ үктэммит үөрүүлэрин дьоро тэрээһинин ыалдьыттарынан Байаҕантай нэһилиэгин "Ситим" аҕам саастаахтар түмсүүлэрэ буолла (дэлэгээссийэ салайааччыта – бэрэссэдээтэл Степан Федоров, Тандатааҕы “Үһүс саас оскуолатын” дириэктэрэ Вера Бурнашева).
⭕ “Аал уоттар” ыалдьыттарын Алааппыйа алгыһынан, Өкүлүүнэ уохтаах кымыһынан, кыракый спонсордара Арчылаан Николаев бэс туорааҕыттан мүөтүнэн, баһылык Марк Местников эҕэдэ суругун туттаран көрүстүлэр.
⭕ Оҥоһуктары көрүү быыстапкатыгар Танда фермерскэй хаһаайыстыбатын Далбар Хотуна Людмила Готовцева кылынан, сиэлинэн, хабаҕынан оҥоһуктара уонна айар, суруйар биллэр ааптар – "Танда уоттарын" салайар Наталья Андросова кыбытыгынан оҥорбут бэйэтин, кэлэктиибинэн үлэлэрэ болҕомтону тартылар. Кэптэниттэн нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Ульяна Белолюбская оҥорбут Баабыр сымнаҕас оонньуура, кириэстии быысапката оҥоһук күрэһин кыайыылааҕынан буолла.
⭕ Тэрээһин музыкальнай эҕэрдэлэһиитин чааһыгар Наталья Андросова "Баабыр" хоһооно болҕомтону ылла, Танда “Дьиэрэй" ансаамбылын солиһа Иван Готовцев ырыата сөхтөрдө. Оттон лөгөйдөртөн Варвара Федорова, Андрей Никитин, быраактыкалана сылдьар Настя Васильева попуррита, чабырҕаҕа, Нария Миронова, Анна Сысолятина эрчимнээх үҥкүүлэрэ астыннардылар.
⭕ Итини таһынан, үгэс быһыытынан “аал уоттар” сыл бастыҥнарын ааттаатылар. Ол курдук, “Уран тарбах” аат – Мария Алексееваҕа, “Айылҕа доҕоро” аат – Анна Стручковаҕа, “Сканди Хотун Эбэ” – Екатерина Белолюбскаяҕа, “Сүбэ Эбэ Хотун” – Агафья Переваловаҕа, “Алгыстаах асчыт” – Акулина Колесоваҕа, “Мин сааһым – мин баайым” аат – Иван Колодезниковка, “Хоһоон куттаах Эбэ Хотун” –Екатерина Шаринаҕа, “Кыһыл көмүс Таптал” аат – Варвара, Василий Максимовтарга, Мария, Николай Алексеевтарга, Мария, Виктор Александровтарга, “Сыл бастыҥ бэтэрээнэ” аат Мотрена Нафанаиловаҕа ананнылар.
🖊️ Ульяна Бурнашева, уопсас. кэрэсп. Кэптэни
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#лөгөйнэһилиэгэ
#байаҕантайнэһилиэгэ
https://www.instagram.com/p/CY0C4lmoo6zJZtDNrMaURRPANMly9lsMswFkfA0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Өнөр нэһилиэгэр тохсунньу 13 күнүгэр "Саҥа дьылынан!" диэн аҕам саастаахтарга көрсүһүү киэһэтэ буолан ааста. Өрүү буоларын курдук, итии чэйдээх, минньигэс астаах сандалы тула олорон ирэ-хоро кэпсэтии, көрдөөх оонньуулар, ырыа-тойук, викторина, ону тэҥэ хоһоону айыы күрэһэ буолла.
⭕ Нэһилиэк баһылыга Николай Лукачевскай дьаһалта, дьокутааттар ааттарыттан эҕэрдэ тыл эттэ, 2021 сылга ыыппыт үлэлэрин, 2022 сылга оскуола тутуутун туруорсарга үлэ барыахтааҕын, онон да атын былааннары билиһиннэрдэ.
⭕ Маныаха үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ аҕам саастаахтар – нэһилиэк ытыктанар дьоно тыл, эҕэрдэ этэллэригэр быйыл Саха автономиятын үбүлүөйдээх 100 сылыгар Арассыыйа Дьоруойа Михаил Стрекаловскай аатынан Өнөр оскуолатын эмиэ 100 сыла бэлиэтэнэринэн оскуолаҕа саҥа дьиэни тутууну туруорсуу оруннааҕын бэлиэтээтилэр.
Ити курдук, хардарыта эҕэрдэлэһэн, сэмэй бэлэхтэри туттарсан, көрсүһүү киэһэтэ бэрт сэргэхтик ааста.
🖊️ Варвара Парникова – Үүйэ, уопсас. кэрэсп. Өнөр
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#өнөрнэһилиэгэ
https://www.instagram.com/p/CY0HTgeIuNC6JVPSf1J9WmnYZqYbLhw3zZDw1U0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Сарсыҥҥыттан тохсунньу 21 күнүгэр диэри улуус баһылыгын отчуота саҕаланар. Олохтоммутун курдук, баһылык отчуота бастаан нэһилиэктэринэн, онтон бүтэһик күҥҥэ улуус киин нэһилиэгэр Мындаабаҕа уонна Бороҕоҥҥо ыытыллыаҕа.
⭕ Маныаха түөрт оробуочай бөлөх тэриллэн, бастакы бөлөҕү улуус баһылыга Алексей Федотов бэйэтэ салайыаҕа уонна баһылыгы бастакы солбуйааччы Петр Попов, баһылыгы солбуйааччылар Михаил Борисов уонна Петр Сивцев салайааччынан ананнылар.
📌 Отчуот графига маннык оҥоһуллубут:
🔻 1 бөлөх: тохсунньу 18 күнүгэр – Окоемовкаҕа (10.00 ч.), Балаҕаннаахха (14.00 ч.), Уус Күөлүгэр (17.00 ч.); тохсунньу 19 күнүгэр – Бээдигэ (11.00 ч.), Дүпсүҥҥэ (14.00 ч.), Кэптэнигэ (18.00 ч.); тохсунньу 20 күнүгэр – Эһэлээххэ (14.00 ч.), Тумулга (17.00 ч.); тохсунньу 21 күнүгэр – Мындаабаҕа (11.00 ч.), Бороҕоҥҥо (15.00 ч.).
🔻 2 бөлөх: тохсунньу 18 күнүгэр – Кылаайыга (11.00 ч.), Бээрийэҕэ (15.00 ч.), Тиит Арыыга (18.00 ч.); тохсунньу 19 күнүгэр – Даалыга (11.00 ч.), Хомустаахха (14.00 ч.); тохсунньу 20 күнүгэр – Майаҕаска (11.00 ч.), Чараҥҥа (14.00 ч.), Тандаҕа (18.00 ч.); тохсунньу 21 күнүгэр – Бороҕоҥҥо (15.00 ч.).
🔻 3 бөлөх: тохсунньу 18 күнүгэр – Чэриктэйгэ (11.00 ч.), Дыгдаалга (15.00 ч.), Балыктаахха (18.00 ч.); тохсунньу 19 күнүгэр – Биэттэҕэ (11.00 ч.), Уһун Күөлгэ (14.00 ч.), Тулунаҕа (18.00 ч.); тохсунньу 21 күнүгэр – Бороҕоҥҥо (15.00 ч.).
🔻 4 бөлөх: тохсунньу 18 күнүгэр – Арыылаахха (11.00 ч.), Бэйдиҥэҕэ (14.00 ч.), Сыырдаахха (17.00 ч.); тохсунньу 19 күнүгэр – Саһылыкааҥҥа (11.00 ч.), Хоноҕорго (14.00 ч.), Оҕуруоттаахха (17.00 ч.); тохсунньу 20 күнүгэр – Тиит Арыыга (11.00 ч.), Элэһиҥҥэ (14.00 ч.); тохсунньу 21 күнүгэр – Бороҕоҥҥо (15.00 ч.).
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусбаһылыгынотчуота
https://www.instagram.com/p/CY0Tk4joKG6A1vNS-trv9CdV75VlMCuHhCjjFU0/?utm_medium=share_sheet

⭕ 2021 сыл уон бастыҥ спортсмена ⭕
🔻 Арыйаан Тютрин (көҥүл тустуу) – Аан дойду чөмпүйэнээтин үһүс миэстэлээҕэ (Осло, 2021 с.), “Иван Ярыгин”, “Александр Медведь” Гран-при түһүлгэлэр кыайыылааҕа
🔻 Изабелла Борисова (чэпчэки атлетика) – 100 км сүүрүүгэ Арассыыйа чөмпүйүөнэ, “Манчаары оонньуулара” спартакиада иккис миэстэлээҕэ
🔻 Виктор Крылов (мас тардыһыыта) – Аан дойду Куубагын хаһаайына, Азия, Европа чөмпүйүөнэ
🔻 Тимофей Сивцев (кик-боксинг) – Арассыйа чөмпүйүөнэ
🔻 Евгений Алексеев (хапсаҕай) – СӨ муҥутуур кыайыылааҕа, “Манчаары оонньуулара” спартакиада кыайыылааҕа, “Хаҥалас хапсаҕайа”, “Эҥсиэли хапсаҕайа”, И.А.Халдеев кэриэһигэр өрөспүүбүлүтэтээҕи түһүлгэлэр муҥутуур кыайыылааҕа
🔻 Руслан Лугинов (гиирэ успуорда) – Аан дойду Куубагын иккис миэстэлээҕэ, “Манчаары оонньуулара” спартакиада кыайыылааҕа, СӨ чөмпүйүөнэ, федерация Куубагын чөмпүйүөнэ
🔻 Ариан Аммосов (спортинг) – Арассыыйа Куубагын иккис миэстэлээҕэ
🔻 Эрхан Бысыин (скайраннинг) – Арассыыйа Куубагын хаһаайына, “DAB Vetical Sammer” Куубагын иккис миэстэлээҕэ, “Caspian Rum Fest” бүтүн Арассыыйааҕы бэстибээл чөмпүйүөнэ, призера
🔻 Тимур Стручков (буокса) – Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук чөмпүйүөнэ, СӨ бастыыр иһин күрэхтэһии чөмпүйүөнэ, бүтүн Арассыыйатааҕы турнир иккис миэстэлээҕэ
🔻 Мичийэ Калининская (волейбол) – Арассыыйа ыччатын сайыҥҥы Спартакиадатын иккис этээбин үһүс миэстэлээҕэ, СӨ чөмпүйэнээтин I лигатын төрдүс миэстэлээҕэ, студеннар волейболларын Арассыыйатааҕы лигатын чөмпүйэнээтин кыттыылаа5а
🔻 “Бастыҥ тренер” – Иван Дмитриев, көҥүл тустуу
🔻 “Бастыҥ федерация” – көҥүл тустуу федерацията, бэрэссэдээтэл Алексей Федотов
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сылуонбастыҥспортсмена
https://www.instagram.com/tv/CY0cx1hB7u8JlvZZfGlGVlgEd0wBoNM-BGlWZA0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар өрөспүүбүлүкэ биэс улууһугар автокулууптар ананнылар. Маннык массыыналар "Култуура" национальнай бырайыак чэрчитинэн култуурунай тэрээһиннэри ыытарга туһуланаллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ бу бырагырааманы олоххо киллэриигэ быйыл уопсайа 23,6 мөл. солк. үп көрүллүбүт, онуоха федеральнай бюджеттэн 99%, о.э. 23,4 мөл. солк. үбүлэммит.
⭕ Анаан биллэриллибит куонкуруһу ааһан, В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан "Тойон Мүрү" култуура уонна духуобунас киинигэр "Газель" массыына баазатыгар оҥоһуллубут кулууп бэриллэрин СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин пресс-киинэ иһитиннэрдэ.
Оттон "Тойон Мүрү" култуура киинин дириэктэрэ Максим Гоголев үөрүүтүн бу курдук үллэһиннэ:
– "Култуура" национальнай бырайыак чэрчитинэн куонкуруска кыайыылааҕынан тахсан, маныаха улуустан эмиэ утары үбүлээһиҥҥэ улуус дьаһалтатын, улуустааҕы култуура управлениетын өйөбүллэринэн автокулууп тиэхиньикэни ылар үрдүк үөрүүлэннибит. Бу массыына аныгы ирдэбилгэ толору эппиэттииринэн миэстэтигэр тиийэн култуурунай тэрээһиннэри оҥорорго төһүү күүс буолуоҕа. Холобур, сайын ыһыахтары тэрийиигэ, гастроллуур биригээдэлэр айаннарыгар, аһаҕас халлаан анныгар киинэни көрдөрүүгэ, о.д.а. туттуллуон сөп. Онон массыынабыт аны сайын кэлэрин долгуйа күүтэбит.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#култуура
#нацбырайыактар
#сахаасср100сылыгар
https://www.instagram.com/p/CZwOCNCMEbk/?utm_medium=share_sheet

⭕ Тулалыыр эйгэбит, айылҕабыт, кэлиҥҥи кэмнэргэ тупсан, чэлгийэн, сайдан иһэр диирбит кыаллыбат буолан иһэр. Ордук айылҕабытыгар киһи өттүттэн хоромньулар тахсаллара аҕыйыахтааҕар сэтэрээн иһэллэрэ дьиксиннэрэр. Сыл аайы өрүстэри промышленность өттүттэн киртитиилэр тахсаллар, салгыммыт промышленноһы таһынан, массыыналар элбээбиттэриттэн киртийэр, аны былырыыҥҥы тыа баһаардарыттан сүүһүнэн тыһыынча гектар тыабыт умайда. Биллэринэн, айылҕаҕа куһаҕан дьайыылар аччыылларын туһугар ыытыллар үлэлэр уруккуттан экологтарынан, учуонайдарынан, биирдиилээн да дьон көмөлөрүнэн балай да күүстээхтик бара турар да, ол сырдатар күүс өссө да кэҥиирэ, улаатара наадата көстөр. Онон экологическай сырдатыы үлэтэ элбиирэ, көдьүүһэ биллэ улаатарын туһугар дьону оҕо саастарыттан айылҕаны үөрэтиигэ, харыстыырга, сайыннарарга үлэ ыытыллара кэрэхсэниэн эрэ сөп.
⭕ Манна сыһыаран, 2011 сылтан Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын кэлэктиибин көҕүлээһининэн, Мүрү юннаттар станцияларын үлэһиттэрэ тэрийэр үлэҕэ кыттыылаах Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үтүөлээх учуутал, краевед, ССРС географическай уопсастыбатын чилиэнэ, Саха сирин олохтоохторун успуорка бастакы уонна иккис спартакиадаларын (1930-с сс.) атах оонньууларыгар призера Г.В. Данилов сырдык кэриэһигэр оскуола үөрэнээччилэрин ортотугар “Данилов ааҕыылара” ыытыллаллар. Барыта 4 сиэксийэнэн (“Наука о Земле”, “Экология”, “Сельское хозяйство”, “Краеведение”, “Отходы в доходы”), айылҕаны дьүһүйэр хаартыска, видео-күрэстэр барбыттара.
Салгыытын комментарийдарга аах⏬⏬⏬
🖊️ А.Г. Емельянова, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын наукатын хандьыдаата
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#мүрү1нүөмэрдээхортооскуолата
#даниловскайааҕыылар
https://www.instagram.com/p/CZx3yyVtlFx/?utm_medium=share_sheet

⭕ I Хоро нэһилиэгэр Чараҥҥа Ылдьаа Нохуоккун аатынан култуура киинигэр өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Ийэ сылын үөрүүлээх аһыллыыта онлайн-тэрээһин көрүҥүнэн буолан ааста. Тэрээһини киин уус-уран салайааччыта Екатерина Свинобоева кыайа-хото тутан иилээн-саҕалаан ыытта.
⭕ Нэһилиэк баһылыга Василий Бурцев, дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Светлана Бурцева эҕэрдэлэрин тиэртилэр. Ол кэнниттэн сыана бэтэрээнэ Николай Бурцев толоруутугар А. Никифоров тылларыгар уонна мелодиятыгар «Мин ийэм», Иван Карпов толоруутугар Е. Свинобоева тылларыгар уонна мелодиятыгар «Ийэккээм» ырыалары урукку устууттан киллэрэн көрдөрдүлэр.
⭕ Салгыы 70-с сылларга Дьоруой ийэ үрдүк аатын ылбыт Мария Афанасьевна Бурцева уонна Александра Гаврильевна Свинобоева олохторун киэҥник сырдатан, оҕолорун ахтыыларын ааҕан иһитиннэрдилэр.
⭕ Кыраайы үөрэтээччи Клара Бурцева нэһилиэкпититтэн ыҥырыллыбыт саллааттар ийэлэрин чинчийэн үөрэтиитинэн Кулантай аатынан литературнай түмэл (сал. Клара Крылова) 2020 сыллаахха «Атаарбыттара сэриигэ сүрэхтэрин ыга туттан» диэн брошюраны таһааттарбытын көрдөрөн, устуоруйа быыһын «Ийэлэр бааллар өрүү» диэн ааттаан сэгэппиттэрэ сонун көстүү буолла.
⭕ Нэһилиэкпит биэстэн элбэх оҕолоох ийэлэрин В.А. Самсонова, А.А. Макеева, С.В. Стручкова, Т.Г. Федорова, Т.А. Румянцева дьиэ кэргэттэрин медиапрезентациялара нэһилиэкпит инники кэскилин түстүүр, эдэр ыччакка холобур буолар сыаллаах көрдөрүлүннүлэр.
⭕ Онлайн тэрээһин «Туругурдуннар Ийэ, Олох уонна Эйэ» тылларынан түмүктэннэ.
🖊️ Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#ийэсыла
https://www.instagram.com/p/CZ073iPMoTb/?utm_medium=share_sheet