УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.59K subscribers
34.2K photos
3.13K videos
10 files
5.82K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

⭕️ Уус Алдаҥҥа саҥа үбүлүөйдээх сылга бастакы оҕо бүгүн, тохсунньу 9 күнүгэр, сарсыарда 10 чааһы 55 мүнүүтэ ааһыыта Бороҕоннооҕу төрүүр дьиэҕэ күн сирин көрдө.

⭕️ Бэлиэтээн эттэххэ, тохсунньу 9 күнүгэр 92 сыл анараа өттүгэр Уус Алдан улууһа төрүттэммитэ. Онон кырачаан киһи икки бэлиэ датаҕа төрөөтө.

⭕️ Төрөппүттэрэ Найахы нэһилиэгин олохтоохторо элбэх оҕолоох Арсентьевтар дьиэ кэргэн буолаллар.

⭕️ Түөрт оҕолоох ыал ийэтэ Мичийэ Владимировнаҕа бу иккис кыыһа этэҥҥэ төрөөн, аны оҕолорун кытары бүөбэйдэһиэ. Аҕалара Тарас Анатольевич Найахы орто оскуолатыгар эбии үөрэхтээһин педагогунан үлэлиир.

⭕️ Кырачаан кыыс уһуна 55 см., ыйааһына 4304,0 киилэ. Билигин иккиэн этэҥҥэлэр.

⭕️ Үүммүт үбүлүөйдээх сылга – Саха АССР төрүттэммитэ сүүс сылыгар улууспутугар бастакы "Үйэ оҕото" күн сирин көрбүтүнэн эдэр ыалга Арсентьевтарга эҕэрдэ буоллун.

⭕️ "Үйэ оҕото" СӨ Ил Дархана олохтообут 100 тыһ. суумалаах сэртипикээтинэн бэлиэтэниэ.

@murusahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үйэоҕото
#үбүлүөйдээхсылоҕолоро
https://www.instagram.com/p/CYfrLbGL9wr8xsjzliJ3h4s_VR73mpZA-vfeYU0/?utm_medium=share_sheet