📰📰📰
⭕ Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө Сахабыт сирин историятыгар улахан суолталаах саҥа кинигэ күн сирин көрдө.
Өрөспүүбүлүкэҕэ 2016 с. уһулуччулаах уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, XIX-XX үйэлэр кирбиилэригэр саха интеллигенциятын лидерэ, сырдатааччы Василий Никифоров – Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сыла киэҥник бэлиэтэммитэ. Дьоһун түгэҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, Күлүмнүүр үбүлүөйүн тэрийэн ыытар өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэти сүрүннээн үлэлэппит Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков этиитинэн «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Национальная интеллигенция и становление государственности народов Якутии» диэн кинигэ сиэрийэтэ олохтоммута.
⭕ Оттон «Национальная интеллигенция и становление государственности народов Якутии» серия иккис уонна үһүс кинигэлэрэ Саха өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө тахсыбыттара саха норуотугар бүттүүнүгэр анаабыт курдук дьоһуннаах бэлэх, биһиги үтүө өбүгэлэрбит ааттарын салгыы үйэтитиигэ өссө биир саҥа олук буолуохтара.
🖊️ Саргылана Данилова бу ыстатыйатын толору "Мүрү саһарҕата" хаһыат муус устар 23 күнүнээҕи 16-с нүөмэригэр эбэтэр хаһыат саайтыгар аах⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#саҥакинигэ
#өрөспүүбүлүкэкүнүнкөрсө
https://www.instagram.com/p/COHrZMGs-is/?igshid=14dgpvqhfpqq6

Instagram
📰📰📰
⭕ Улуус устуоруйатыгар “Дюпсинский род Афанасьевых в истории Якутии” диэн ааттаах өссө биир дьоһун, бэртээхэй кинигэ Уус Алдан улууһун дьаһалтатын үбүлээһининэн Владивосток куоракка “Дальпресс” типографияҕа бэчээттэнэн таҕыста.
📌 Ааптар Анна Альбертовна Моякунова архыып чахчыларыттан Уус Алдан улууһун ааттаах-суоллаах дьонноох Афанасьевтар, Неустроевтар уонна Белолюбскайдар төрүччүлэрин үйэтиттэ, сорох дьон биографияларын сөргүттэ.
📌 Кинигэ “Мүрү саһарҕата” хаһыат эрэдээксийэтин кассатыгар атыыга кэллэ, сыаната – 1800 солкуобай.
⭕ Бу үйэлээх кинигэ ахсаана аҕыйаҕынан, атыылаһарга тиэтэйиҥ!
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#саҥакинигэ
https://www.instagram.com/p/CTBayh4o6ja/?utm_medium=share_sheet

⭕ Суотту нэһилиэгэр Хоноҕордооҕу "Түһүлгэ" СК, олохтоох бибилэтиэкэ тэрээһиннэринэн, Суоттуга оҕо дьиэтигэр иитиллибит тулаайахтары үйэтитиигэ "Соттинский детский дом 1943-60 гг." кинигэ күн сирин көрөн сүрэхтэннэ.
⭕ Тэрээһиҥҥэ Дьокуускайтан детдом урукку иитиллээччилэрэ – ССРС култууратын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Юлия Титовна Сивцева, сэрии кэмин оҕото, үлэ бэтэрээнэ Татьяна Исаковна Данилова, СӨ ДьУоКХ-тын туйгуна, остуол тенниһигэр маастарга хандьыдаат, суоппар идэлээх Яков Миронович Старостин, үлэ бэтэрээнэ Надежда Васильевна Ли-Хан-Ди уонна салайааччылара, кинигэ ааптара – Ем. Ярославскай аат. мусуой үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, Татьяна Исаковна төрөппүт кыыһа Юлия Владимировна Илларионова ыалдьыттаатылар.
⭕ Юлия кыра эрдэҕиттэн оҕо дьиэтин туһунан ийэтиттэн истэн-билэн улаатан, бу кинигэни суруйарыгар олук буолбута саарбаҕа суох.
⭕ Бөлөх кыттыылаахтара детдом оҕолоругар анаммыт Мэҥэ тааска сүгүрүйэн, сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, оҕо сылдьан үөрэммит оскуолаларыгар сырыттылар, оҕо саастарын санаан, оскуола тэлгэһэтигэр күлэн, оонньоон ыллылар.
⭕ Хоноҕор сүрүн оскуолатын дириэктэрэ Таисия Дмитриевна Шамаева кэлбит ыалдьыттары истиҥник көрсөн, үйэлээх хаартыскаҕа түспүттэрин тута бэчээттэтэн биэрэн үөртэ.
⭕ Онтон бибилэтиэкэ саалатыгар сахалыы сандалы остуол тула иһирэх кэпсэтии буолла.
⭕ Кинигэ ааптара Юлия Илларионова: "Кинигэ хайдах да биир киһи эрэ үлэтинэн тахсыбат. Манна үгүс киһи көмөтө баар. Кинилэр ахтыылара,
хаартыскалара сүбэлэрэ-амалара, хаһыат, архыып, бибилэтиэкэ матырыйааллара көмө буолбуттара. Кэллиэгэм, наставнигым Дарья Попова историк быһыытынан дириҥ, киэҥ билиитэ сөптөөх хайысханы тутуһарга көмөлөстө", – диэн билиһиннэрдэ.
⭕ Оттон кинигэҕэ матырыйаалы, ахтыылары хомуйууга күүс-көмө буолбут дьоммут – нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Дмитрий Николаевич Пермяков, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Светлана Семеновна Степанова, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо, СӨ култууратын туйгуна, бэтэрээнэ Фаина Николаевна Ширяева, Найахыттан үлэ бэтэрээнэ Мария Александровна Исакова, о.д.а.
Салгыытын комментарийдарга аах эбэтэр мюрюгазета.рф саайтка көр⏬⏬⏬
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#саҥакинигэ
https://www.instagram.com/p/CUKVYPHsWvd/?utm_medium=share_sheet

📌 Бэчээт күнүн көрсө киһи астына, дуоһуйа ааҕар икки дьоһун кинигэ күн сирин көрдө. Бэҕэһээ, тохсунньу 14 күнүгэр, кинигэ биһирэмэ буолла.
📌 Тэрээһини суруналыыс, публицист, чинчийээччи, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ филология факультетын суруналыыстыка кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоров ыытта, ырытыыны тыл үөрэҕин кандидата, доцент, университет хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрэ Гаврил Торотоев оҥордо.
📌 Бастакы кинигэ 208 , иккиһэ 256 страницалаах таҕыстылар. Тирааһа — 300. Ааптар — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэчээтин туйгуна Филипп Петрович Пестряков. Киэҥ араҥаҕа ананар.
🖊️ СИА саайтыттан.
Ыстатыйаны сиһилии СИА саайтыгар ааҕыҥ, ссылкатын сторизка көрүҥ
✅ @muru.sahargata
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#саҥакинигэ
#биирдойдулаахтарбыт
#бэчээтэйгэтэ
https://www.instagram.com/p/CYvnvF9MQOCKkL94qSR_KWuorAAI5vZQJglBqg0/?utm_medium=share_sheet

💢 Данил Макеев саҥа кинигэтин сүрэхтэниитигэр ыҥыраллар
💬 Уус алданнар биир дойдулаахпыт билиҥҥи кэм биллэр прозаига, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ үтүөлээх суруналыыһа, «Чолбон» сурунаал сүрүн эрэдээктэрин солбуйааччыта Данил Макеев «Кыргыс толоонугар көрсүһүү» кинигэтин сүрэхтэниитигэр «Айар» кинигэ кыһата ыҥырар.
📚 Дьоро тэрээһин олунньу 6 күнүгэр күнүс 15.00 чаастан Платон Ойуунускай аатынан Литэрэтиирэ түмэлигэр буолар (Октябрьскай уул. 10).
«Айар» кинигэ кыһатын үлэһиттэрэ: «Билиҥҥи муунтуйуу кэмигэр «Кыргыс толоонугар көрсүһүү» кинигэҕэ киирбит айымньылар кытаанах санааланарга, дойдуга бэриниилээх, хорсун-хоодуот буоларга үтүө холобур буолаллар. Сөбүлээн ааҕар суруйааччыгын кытта ирэ-хоро кэпсэтэн, кинигэ атыылаһан, илии баттатан ыл. Барыгытын күүтэбит!» – дииллэр.
Бу кинигэ эрэдээксийэбит киоскатыгар атыыга баар, кэлиҥ, атыылаһыҥ, ааҕыҥ.
@murusahargata

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#саҥакинигэ
💢 “Ийэҕэ махтал” ырыа хомуурунньуга сүрэхтэннэ
Олунньу 18 күнүгэр Дьокуускайга В.Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэҕэ Ийэ тыл, сахалыы сурук-бичик нэдиэлэтин чэрчитинэн “Ийэҕэ махтал” диэн ырыа-хомуурунньук сүрэхтэниитэ үрдүк таһымҥа ааста. Бу ырыанньыгы хас да сыл мунньан, иитиэхтээн Уус Алдан Мындаабатыттан төрүттээх, билигин Дьокуускай куоракка олорор “СӨ уус-уран айымньытыгар киллэрбит кылаатын иһин”, “Мүрү нэһилиэгин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин” анал бэлиэлэр хаһаайыннара, СӨ үөрэҕириитин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Саха АССР 100 сыла” үбүлүөйдээх бэлиэ хаһаайына Макар Крылов Ийэ сылынан бэчээттэтэн таһаартарда.
Кинигэ «Айар» кинигэ кыһатыгар биир тыһыынча ахсаанынан тахсыбыта. Кинигэ 61 сирэйдээх, дьоҕус соҕус да буоллар, ийэлэр тустарынан барыта 43 ырыа киирбит, онтон үс: «Кыысчааммыт», «Сиэнчээним», «Уолчааным» диэн ырыалар Макар Романович бэйэтэ айбыт ырыалара уонна биир «Биһикчээн» диэн ырыа Макар Романович кийиитэ Айталина Крылова бэйэтэ айбыт ырыата киирбит. Аны ырыалар нуоталарын көмпүүтэргэ бары билэр, норуот сөбүлээн истэр ырыаһыттарбыт, композитордарбыта СӨ үтүөлээх ырыаһыттара Акулина Акимова, Кирилл Герасимов, Алексей Егоров, Георгий Сергучев таҥан оҥордулар.
✍️ Людмила Андросова, РСФСР уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо
✅ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/91003
Олунньу 18 күнүгэр Дьокуускайга В.Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэҕэ Ийэ тыл, сахалыы сурук-бичик нэдиэлэтин чэрчитинэн “Ийэҕэ махтал” диэн ырыа-хомуурунньук сүрэхтэниитэ үрдүк таһымҥа ааста. Бу ырыанньыгы хас да сыл мунньан, иитиэхтээн Уус Алдан Мындаабатыттан төрүттээх, билигин Дьокуускай куоракка олорор “СӨ уус-уран айымньытыгар киллэрбит кылаатын иһин”, “Мүрү нэһилиэгин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин” анал бэлиэлэр хаһаайыннара, СӨ үөрэҕириитин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Саха АССР 100 сыла” үбүлүөйдээх бэлиэ хаһаайына Макар Крылов Ийэ сылынан бэчээттэтэн таһаартарда.
Кинигэ «Айар» кинигэ кыһатыгар биир тыһыынча ахсаанынан тахсыбыта. Кинигэ 61 сирэйдээх, дьоҕус соҕус да буоллар, ийэлэр тустарынан барыта 43 ырыа киирбит, онтон үс: «Кыысчааммыт», «Сиэнчээним», «Уолчааным» диэн ырыалар Макар Романович бэйэтэ айбыт ырыалара уонна биир «Биһикчээн» диэн ырыа Макар Романович кийиитэ Айталина Крылова бэйэтэ айбыт ырыата киирбит. Аны ырыалар нуоталарын көмпүүтэргэ бары билэр, норуот сөбүлээн истэр ырыаһыттарбыт, композитордарбыта СӨ үтүөлээх ырыаһыттара Акулина Акимова, Кирилл Герасимов, Алексей Егоров, Георгий Сергучев таҥан оҥордулар.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#саҥакинигэ
📚 "Удьуор утум ситимэ. Уус Алдан" саҥа кинигэ күн сирин көрдө
Бу кинигэҕэ өбүгэ саҕаттан олохтонон хаалбыт төрүт үгэспит, сиэрбит-туоммут сэгэтиллэн кэпсэнэр, улууспут удьуор уустара, норуот маастардара өбүгэлэрбит оҥоһуктарын сөргүппүттэрэ, ону тэҥэ төрүт үгэскэ олоҕурбут айымньылаах үлэлэрэ көстөр. Улууспутугар олорон ааспыт сүдү талааннаах, ураты дьоҕурдаах маастардара, кинилэр эппит-тыыммыт тыллара, ыллыктаах санаалара киирдилэр.
Кинигэ ааптара СӨ норуотун маастара, Арассыыйа айар худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, улуустааҕы "Мындыр" түмсүү чилиэнэ, "Удьуор утум" түмсүү салайааччыта Мария Петрова–Лөгөй кыыһа.
Үйэлээх бэлэх Уус Алдан улууһун дьаһалтатын уонна Олоҥхо улуустааҕы ассоциациятын өйөбүллэринэн "Мүрү саһарҕата" хаһыат эрэдээксийэтигэр бэлэмнэнэн 155 экземплярынан бэчээттэннэ.
📹 Ольга Шепелева
✍️ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia