УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.48K subscribers
33.6K photos
3.06K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Дьиэкэргэнсыла #Аҕасыла #Оҕоаймахсыла

👨‍👩‍👧‍👦"Тыа сиригэр олорор ордук!" - диэн Бээди бөһүөлэгин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнэ Мария, Альберт Павловтар бигэтик туоһулууллар.

Павловтар бастаан утаа Дьокуускай куорат олохтоохторо этилэр. Онтон дойдуларыгар тахсан дьиэ-уот туттан, кэтэх хаһаайыстыбаны, бэйэ дьыалатын тэринэн, сэттэ оҕону көрөн-истэн быр-бааччы олохтоммут сайдам ыал.

📹Ольга Шепелева

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Аҕасыла

Үлэ салҕанар аналлаах💪

Ааспыт нэдиэлэтээҕи нэһилиэктэргэ сырыыбар урукку сопхуос кэминээҕи күрээннээх үлэнэн чиэстэммит бастыҥ дьоннуун көрсүбүтүм. Ол кэмнэргэ кырдьык хара үлэһит сүөсүһүт, сылгыһыт, механизатор сыаналанар этилэр. Дойдуга бэриниилээх буолууга иитии күүскэ барара. Онон оскуоланы бүтэрэр оҕолор аҥаардара төрөөбүт дойдуларыгар айа-тута хаалаллара. Билигин хайыы-үйэ Бээди бөһүөлэгин кырдьаҕаһа дэнэр 71 саастаах Виктор Петрович Алексеев ол кэмнээҕи ыччат суолун батыспыттартан биирдэстэрэ буолар. Оскуола кэнниттэн ханна да, харыс да сири халбарыйбакка төрөөбүт нэһилиэгэр Дүпсүҥҥэ сопхуоска
үлэлии хаалбыта.


Оччолорго "Октябрь" хол­куос "Дүпсүн" диэн улахан сопхуоска кубулуйан үлэ-хамнас өссө кэҥээн, өссө күүрээннэнэн испитэ. Аны саҥа тиэхиньикэлэр кэлитэлээн барбыттара. Онно идэ­лээх киһи тиийбэккэ тиэхиньикэҕэ сыс­таҕас буолуон сөп диэбит ыччаттарын тыраахтардарга олордон барбыттара. Эдэркээн Бииктэр уол ол талыыга түбэһэн, биир үтүө күн тырахтарыыс буолан хаалбыта. Ол күнтэн ыла үлэттэн тохтуор диэри илии­тин тыраахтар уруулуттан араар­батаҕа. Бастакы олорбут тыраахтара "МТЗ-50" диэн этэ.

Тиэхиньикэ төһө да күүс­тээ­ҕин иһин, бу тыраахтар илин көлүөһэтэ эрийбэт буолан, баҕарар үлэҥ кээмэйин толорор кыа­ҕа суоҕа. Онно Виктор бэрт албаһы булбут. Тиһиликтээх тыраахтар быраҕыллыбыт тиһилигин бэйэтин "Беларуһун" кэлин көлүөһэтигэр тас өттүгэр олордон туохтан да иҥнибэт оҥорбут.
Кини үлэтэ диэн мас кэрдээччи эбит. Ол туһунан маннык ах­­­тар: "Мин мас кэрдээччи тырахтарыыс дэнэрим. Ол аата хочуо­лунайдарга оттук мас таһарым. Онон атын тырахтарыыстары кытары куоталаһыыга киллэрбэт­тэр этэ, килэмиэтирин кээмэйэ атын диэн. Наар тыаҕа сылдьарым. Оччолорго билиҥҥи курдук "Дружба" диэн эрбии олох суоҕа. Ол иһин маспытын сүгэнэн охторорбут. Дьэ, ыара­хан үлэ этэ да, эдэр буоламмыт кыһаммат этибит. Тоҥуу хаары кэһэ сылдьан мас кэрдэрбит. Онно көмөлөһөөччү диэн суох, барытын бэйэҥ оҥороҕун. Кэлин албаһын сатаан күҥҥэ 40-чаҕа тиийэ маһы охторорум. Наар үлэҕэ тиэтэйэ сылдьар, күн былдьаһыга буо­лан бэйэбит туспутугар кыһаллыбат да этибит", – диэн урукку үлэ­лээбит кэмин астына ахтар.
Сопхуостар кыаҕыран, олох сай­дан истэҕин аайы саҥаттан-­саҥа үчүгэй, күүстээх тиэхиньи­кэ­лэр кэлэн испиттэрэ. Ону кыт­та Виктор эмиэ сайдан хан­нык да күүстээх тиэхиньикэни "муоһалыырга" бэлэм буобута. Ол иһин сопхуоска кэлбит биир бастакы "Т-150" диэн улахан кө­лүөһэлээх, модун күүстээх тыраахтары киниэхэ эрэнэн туттарбыттара. Бу тыраахтар айана түргэнин, ыраах айаҥҥа олус табыгастааҕын, сынньалаҥын иһин тырахтарыыстар "Волга" массыынаҕа холууллар эбит. Виктор бу тыраахтарынан уотур­ба, чох, ыраах улуустартан от та­һыытыгар сылдьыбыт.
Виктор Петрович олоҕун аргыһынаан, эмиэ сопхуоска өр сылларга ыанньыксыттаабыт Мария Сергеевналыын түөрт оҕолоохтор. Кыргыттар үөрэхтэрин бүтэрэн идэлэринэн үлэлии сылдьаллар. Онтон уолаттарын Виктор кыраларыттан батыһыннара сылдьан тиэхиньикэҕэ сыһыаран, эмиэ бэйэтин курдук механизатор идэтин баһылаабыттар. Виктор онтон сүрдээҕин астынарын билэрэр: "Уолаттарбын кыраларыттан үлэҕэ үөрэтэммин, олох тутула уларыйан барбытыгар ханнык баҕарар үлэни сатыырга бэлэмнээх этилэр. Биир уолум кыра кылааска үөрэнэ сылдьан соҕотоҕун алааска тыраахтарынан от мустара сылдьарын биригэдьиир көрөн соһуйбуттаах. Билигин бэйэлэрэ туһунан ыаллар, иккиэн тыраахтардаахтар. Онон бөһүөлэккэ от-мас тиэйиитигэр тутаах дьон буоллулар".
Кырдьык, аҕалара үлэҕэ уһуйан Валерий, Виктор Алексеевтар билигин сүөһү, сылгы ииттэн Бээди бөһүөлэгин биир сэниэ ыаллара буолбуттар. От үлэтэ буоллар эрэ бэйэлэрин сирдэрин бүтэрэ охсон, дьоҥҥо көмөлөһөннөр, үгүс махталы ылаллар. Бу буоллаҕа аҕа үтүө холобура, тыа сирин байылыат олоҕун кэскиллээччилэри иитии үгэһэ. Маннык дьон баалларын тухары тыа сирэ үүнэ-чэчирии туруо, инникигэ эрэллээх буолуо.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Аҕасыла

Дэгиттэр киһи Николай Свешников✌️

Саха сирин тыатыгар чахчы мындыр, туохтан да толлубат, сатабыллаах дьон олороллор. Өбүгэлэрбит барахсаттар алааһынан тарҕанан олорор кэмнэригэр кыһыҥҥы бытархан тымныыны биир сыарҕа маһынан туорууллара эбитэ үһү. Дьэ, ону булунарга кытаанах санаа, сатабыл эрэйиллэрэ чахчы.

Ол билигин да тиийэн кэлэн, тыа дьоно оттук мастарын син биир бэйэлэрэ булуналлар. Ити тыа сиригэр олоруу биир холобурун аҕаллым. Дьиҥэр бары даҕаны тыа сириттэн силистээх-мутуктаах да буолларбыт, сорохтор дьылҕабыт туһаайыытынан атын салааларга үлэлии сырыттахпыт. Онон урукку олохпутун туораттан, атын харахпытынан көрөн тыа сирин дьонуттан сөҕөн-махта­йан эрдэхпит.

Чэриктэй нэһилиэгин олохтооҕун Николай Свешниковы биһиги биир биллэр өрүтүнэн, бөрөһүт эрэ быһыытынан билэр эбиппит. Оттон ис-иһигэр киир­дэххэ, үөһээ ахтан аһарбытым курдук, чахчы хоһуун киһи. Аҥаардас бөрөһүт да буолбута ону туоһулуур.

Бары билэрбит курдук, 1998 сыллаахха Чэриктэйгэ улахан алдьатыылаах халаан уута кэ­лэн ааспыта. Бөһүөлэк олоччу ууга барбыта. Онно кинилэри таас оскуолалара абыраабыта. Бөһүөлэккэ хаалбыттар киһилиин-сүөһүлүүн бары оскуолаҕа дьиэлэммиттэрэ. Билигин улахан тутуулар барыта анал куон­курус быһыытынан ы­ытыл­ланнар, биригээдэҕэ кэлии дьоннор үлэлииллэр. Сүрүннээн Кавказ, Орто Азия омуктара кэлэллэр. Оттон Чэриктэй оскуолата тастан ханнык да көмөтө суох, нэһи­лиэк, оро­йуон олохтоохторун күүһүнэн тутуллубут оскуола буолар. Тутуу биригээдэтин Николай Свешников салайбыт. Анал үөрэҕэ суох эрээри, сахалыы мындыр толку­йунан таас тутууга ылсыбыта туһугар хорсун быһыы буоллаҕа.

Ол туһунан Николай Васильевич маннык кэп­сиир: "Оччолорго оро­йуоҥҥа тутуунан дьарыктанар "Агропромстрой" диэн тэрилтэ баара. Онно салайааччынан үлэлии олорор, биир дойдулаахпыт Федор Босиков кэлэн миигин биригээдэтэ тэринэн оскуо­ла тутуутун саҕалыа этигит диэтэ. Мас тутууларга үлэлээбит да буолларбын, таас тутууга чугаһаан көрбөтөх киһиэ­хэ соһуччу этии этэ. Оскуолабыт сыбаа­йата эрэ түһэн турара. Сэбиэс­кэй сойуус ыһыллан тастан "шабашниктар" диэн кэлбэт кэмнэрэ этэ. Төһө да салыннарбын, дойдум туһа диэн баран ылыннаҕым. Ити 1991 сыл этэ. Бе­­тонун эҥин барытын бэйэ­бит кутан саҕалаатыбыт. Бороҕонтон кэлэн сүбэ-ама буолаллар. Каменщиктар эмиэ Бороҕонтон кэлбиттэрэ. Аны ол быыһыгар бэйэм крановщик буоллум. Дьэ, ити кур­дук тутан ортолоон истэхпити­нэ харчы суох буолан үлэ тох­тоон хаалла, кыһын үлэлээбэтибит. Онтон саас бэйэм "Запорожец" массыынабынан киирэн "Агропромстрой" саҥа салайааччытын Игорь Кривошапкины көрсөммүн кэпсэттим. Киһим харчы баар, тутууну салгыы ыытабыт диэн үөртэ. Инньэ гынан 1994 сыллаахха оскуоланы үлэҕэ киллэрбиппит”.

Николай Свешников чахчы Чэриктэйин туһугар олорор ки­­һи. Бөһүөлэгин дьылҕатын иннигэр хорсун быһыыны оҥорбут да түгэннэрдээх. Ол курдук, 80-с сыллар бүтүүлэригэр биир олохтоох киһи манна үлэлии кэлбит нууччалары саанан ытыа­лаан икки киһини өлөрөн, түөрдү бааһырдан улахан айдаан­наах быһылаан буолан турардаах. Ол киһи салгыы атын киһини өлөрөр соруктаах баран истэҕинэ Николай утары көрсөн саатын былдьаан, өссө хас киһини өлө­рүөҕүн тохтоппута буолуой? Он­тон 2018 сыллаахха КСК ума­йыытыгар ол ыксатыгар турар ба­лаҕан уонна үс ыал дьиэтэ уокка былдьаныаҕын эмиэ кини быыһаабыт эбит. Тыраахтарыгар соһор цистернатын уу ыһар гына помпалаан оҥостубута манна туһалаабыт. Дүпсүн баһаарынай депотуттан этэрээт кэлиэр диэри онон ыстаран уот атын тутуулары былдьыаҕын быыһаабыт.
Мындыр киһи барытыгар мындыр, сыстаҕас буолар. Николай Васильевич 60 сааһыттан аны чулуу бөрөһүт буолан сураҕыра сылдьар. Быйыл 70 сааһын туоларыгар 38-с бөрөтүн бултаата. Уон сыл иһигэр сорсуннаах бултааһын буолбат дуо? Бу эҥээр 2014 сылтан бөрө биллэн, сылгыны тардан барбытыгар, бастаан элбэх буолан бултаабыттар.

Сиһилии хаһыат саҥа 33-с №-гэр аах. ("Мүрү саһарҕата" хаһыат почта отделениетыгар, Бороҕоҥҥо "Илин", "Мүрү", "Саһарҕа", "Туйгун", о.д.а. маҕаһыыннарга атыыга баар.

✍️ Афанасий Копырин.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM