Бүгүн Дьокуускайга "Туймаада" стадиоҥҥа I өрөспүүбүлүкэтээҕи дьиэ кэргэн патриотическай «ОТОН.фест» бэстибээлигэр Уус Алдан бибилэтиэкэтин тиһигин Суоттутааҕы салаата кыттыыны ылла.
✍🏻 Наталья Попова
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍👏Молодым учителям в Якутии повысят зарплату с 1 сентября
https://ysia.ru/molodym-uchitelyam-v-yakutii-povysyat-zarplatu-s-1-sentyabrya/

Новости Якутии и Якутска — свежие новости онлайн на сайте ysia.ru — ЯСИА
Молодым учителям в Якутии повысят зарплату с 1 сентября — Новости Якутии и Якутска — свежие новости онлайн на сайте ysia.ru — ЯСИА
Педагоги со стажем до трех лет начнут получать надбавку к окладу в размере 75%
Күүстэ, сэниэтэ ылыҥ, минньигэстик утуйуҥ
@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
📸 Туйаара Ушницкая, Түүлээх.
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Дьиэҥ-уотуҥ эн сылаас илиигэр наадыйбыт. Онон аҕыйах чааһы анаан, хомун, суун-тараан, бэрээдэктэн. Итиэннэ уруккуттан өйдөспөт түгэҥҥин көннөрөргө тоҕоостоох күн, эйэлэһиҥ уонна хом санааҕытын тохтотуҥ.
Бу күҥҥэ дьиэҕиттэн тахсан аралдьыйарыҥ ордук. Сынньалаҥ киэһэлэригэр эбэтэр пикникка сырыт. Общественнай сиргэ сылдьаҥҥын билбэт дьоҥҥун кытта өйдөспөт буолууттан туттун. Көрсүө-сэмэй да көрүҥнээх киһи кутталлаах.
Үтүө күн. Туруоруммут сыалгын ситиһэргэр кыра моһоллор олох мэһэдээбэттэр. Дьыалаҕар эрэ ситиһиилээх буолбакка, дьону кытта кэпсэтэҥҥин эмиэ үгүс үчүгэй эмоцияны ылыаҥ.
Бу күн кэпсэтиигэр-ипсэтиигэр ыарахаттары көрсүөҥ. Ол иһин дьону кытта алтыһыыттан туора сырыт. Ханна эрэ айанныыр, сиргин-уоккун уларытар түгэн көһүннэҕинэ аккаастаныма – туһалаах буолуоҕа.
Эйиэхэ киллэрэр барыстаах этиилэрэ олус интэриэһинэй буолуоҕа. Ол эрээри төһө да саҥа идея киирдэр, бүүс-бүтүннүү онно умса түһүмэ. Бастаан барытын ырыҥалаан көр. Күн иккис аҥаарыгар үтүө соһуччу түгэн буолуо.
Үлэҕэр настройкаланарыҥ ыарахаттардаах. Дьыалабыай боппуруостары атын күҥҥэ көһөрөр ордук. Бу күнүҥ айар үлэнэн дьарыктанаргар, сынньанаргар уонна аралдьыйаргар тоҕоостоох буолбут.
Инвестициялыырга, уһун болдьохтоох уурунууну арыйарга сөптөөх күн. Дьиэ кэргэниҥ иһигэр кэргэҥҥин, төрөппүттэргин эбэтэр оҕолоргун кытта өйдөспөт буолуу үөскүөн сөп.
Олоҕун эн баҕарбытыҥ курдук барбат. Онуоха биричиинэтин бэйэҕэр, өйгөр-санааҕар, тугу оҥороргор көрдөө. Суолталаах дьыаланы күн иккис аҥаарыгар оҥорор ордук.
Эн тылыҥ-өһүҥ олус баай, сытыы, оҥорор дьыалаҥ табыллар. Ону ким эрэ кыһалҕатын быһаарарыгар эйигин туһаныан баҕарар. Онно олох бэринимэ. Эйигин буруйдаах оҥорон таһаарыа.
Эйигин тус кыһалҕаларынан аралдьытааччы барыта тыытыаҕа, ньиэрбэҕин тыытыахтара. Онуоха түргэнник куотун, истибиккин, көрбүккүн барытын өйгүттэн быраҕа сатаа.
Сулустар айдааннаах-куйдааннаах киһини кытта көрсүһүүнү түстүүллэр. Кинини сэргээмэ. Кыһаллыбаккын көрдөҕүнэ түргэнник арахсыа.
Өйгөр ханнык эрэ идеяны иитиэхтээн сылдьар буоллаххына, ол санааҕын үллэстэр кэмин кэлбит. Эн толкуйдаргын үөрүүнү кытта ылыныахтара. Гардеробкун саҥардаргар, миэбэл уонна бэлэх-туһах атыылаһаргар тоҕоостоох күн.
@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Санааситимэ
Уочараттаах сынньалаҥҥын төһө туһалаахтык атаардыҥ?
🏊♂️🌊🌼 Сыллааҕы үлэ кэнниттэн үлэттэн илистибит киһини сынньатан, уоппускаҕа ыытар – сокуон ирдэбилэ. Бу кэмҥэ ким эрэ сынньанар, сири-дойдуну көрө айанныыр, атыттар харчы эбинээри быстах үлэлииллэр, кыстыкка бэлэмнэнэн тус хаһаайыстыбаҕа үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Онуоха улууспут олохтоохторо сынньалаҥнарын хайдах, төһө туһалаахтык
атаарбыттарын сэргии ааҕыахха.

Быйылгы сайыммыт оттуурга бэртээхэй күннэри бэлэхтээтэ. Ходуһа хоһууннарыгар мэһэйдиир уһун ардахтар суохтар. От үүнүүтэ нэһилиэктэринэн араастаах. Онон орто үүнүүлээх сайын ааһан эрэр диэн буолар. Ол да буоллар, хаһаайыстыбалар, сүөһүлээх ыаллар окко хоннохтоохтук үлэлээбиттэрин түмүгэр атырдьах ыйын 21 күнүнээҕи туругунан, улууска тиэрдиллибит от былаана 88,45 % туолла. Ол аата оттонуохтаах 30,000 тн оттон 26537 тн күрүөлэннэ.
Сиһилии
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
*Республикаҕа үс иһигэр*
_Аҕыйах хонуктааҕыта Уус Алдан улууһуттан 8 киһилээх хамаанда тэринэн, республикатааҕы үһүс төгүлүн ыытыллар пенсионердар сойуустарын күрэхтэһиитигэр кыттан кэллибит._
Сиһилии манна аах 👉🏻https://xn--80aahjj1a2au6hb.xn--p1ai/respublika5a-ys-ihiger/

#Аҕасыла
Үлэ салҕанар аналлаах💪
Ааспыт нэдиэлэтээҕи нэһилиэктэргэ сырыыбар урукку сопхуос кэминээҕи күрээннээх үлэнэн чиэстэммит бастыҥ дьоннуун көрсүбүтүм. Ол кэмнэргэ кырдьык хара үлэһит сүөсүһүт, сылгыһыт, механизатор сыаналанар этилэр. Дойдуга бэриниилээх буолууга иитии күүскэ барара. Онон оскуоланы бүтэрэр оҕолор аҥаардара төрөөбүт дойдуларыгар айа-тута хаалаллара. Билигин хайыы-үйэ Бээди бөһүөлэгин кырдьаҕаһа дэнэр 71 саастаах Виктор Петрович Алексеев ол кэмнээҕи ыччат суолун батыспыттартан биирдэстэрэ буолар. Оскуола кэнниттэн ханна да, харыс да сири халбарыйбакка төрөөбүт нэһилиэгэр Дүпсүҥҥэ сопхуоска
үлэлии хаалбыта.
Оччолорго "Октябрь" холкуос "Дүпсүн" диэн улахан сопхуоска кубулуйан үлэ-хамнас өссө кэҥээн, өссө күүрээннэнэн испитэ. Аны саҥа тиэхиньикэлэр кэлитэлээн барбыттара. Онно идэлээх киһи тиийбэккэ тиэхиньикэҕэ сыстаҕас буолуон сөп диэбит ыччаттарын тыраахтардарга олордон барбыттара. Эдэркээн Бииктэр уол ол талыыга түбэһэн, биир үтүө күн тырахтарыыс буолан хаалбыта. Ол күнтэн ыла үлэттэн тохтуор диэри илиитин тыраахтар уруулуттан араарбатаҕа. Бастакы олорбут тыраахтара "МТЗ-50" диэн этэ.
Тиэхиньикэ төһө да күүстээҕин иһин, бу тыраахтар илин көлүөһэтэ эрийбэт буолан, баҕарар үлэҥ кээмэйин толорор кыаҕа суоҕа. Онно Виктор бэрт албаһы булбут. Тиһиликтээх тыраахтар быраҕыллыбыт тиһилигин бэйэтин "Беларуһун" кэлин көлүөһэтигэр тас өттүгэр олордон туохтан да иҥнибэт оҥорбут.
Кини үлэтэ диэн мас кэрдээччи эбит. Ол туһунан маннык ахтар: "Мин мас кэрдээччи тырахтарыыс дэнэрим. Ол аата хочуолунайдарга оттук мас таһарым. Онон атын тырахтарыыстары кытары куоталаһыыга киллэрбэттэр этэ, килэмиэтирин кээмэйэ атын диэн. Наар тыаҕа сылдьарым. Оччолорго билиҥҥи курдук "Дружба" диэн эрбии олох суоҕа. Ол иһин маспытын сүгэнэн охторорбут. Дьэ, ыарахан үлэ этэ да, эдэр буоламмыт кыһаммат этибит. Тоҥуу хаары кэһэ сылдьан мас кэрдэрбит. Онно көмөлөһөөччү диэн суох, барытын бэйэҥ оҥороҕун. Кэлин албаһын сатаан күҥҥэ 40-чаҕа тиийэ маһы охторорум. Наар үлэҕэ тиэтэйэ сылдьар, күн былдьаһыга буолан бэйэбит туспутугар кыһаллыбат да этибит", – диэн урукку үлэлээбит кэмин астына ахтар.
Сопхуостар кыаҕыран, олох сайдан истэҕин аайы саҥаттан-саҥа үчүгэй, күүстээх тиэхиньикэлэр кэлэн испиттэрэ. Ону кытта Виктор эмиэ сайдан ханнык да күүстээх тиэхиньикэни "муоһалыырга" бэлэм буобута. Ол иһин сопхуоска кэлбит биир бастакы "Т-150" диэн улахан көлүөһэлээх, модун күүстээх тыраахтары киниэхэ эрэнэн туттарбыттара. Бу тыраахтар айана түргэнин, ыраах айаҥҥа олус табыгастааҕын, сынньалаҥын иһин тырахтарыыстар "Волга" массыынаҕа холууллар эбит. Виктор бу тыраахтарынан уотурба, чох, ыраах улуустартан от таһыытыгар сылдьыбыт.
Виктор Петрович олоҕун аргыһынаан, эмиэ сопхуоска өр сылларга ыанньыксыттаабыт Мария Сергеевналыын түөрт оҕолоохтор. Кыргыттар үөрэхтэрин бүтэрэн идэлэринэн үлэлии сылдьаллар. Онтон уолаттарын Виктор кыраларыттан батыһыннара сылдьан тиэхиньикэҕэ сыһыаран, эмиэ бэйэтин курдук механизатор идэтин баһылаабыттар. Виктор онтон сүрдээҕин астынарын билэрэр: "Уолаттарбын кыраларыттан үлэҕэ үөрэтэммин, олох тутула уларыйан барбытыгар ханнык баҕарар үлэни сатыырга бэлэмнээх этилэр. Биир уолум кыра кылааска үөрэнэ сылдьан соҕотоҕун алааска тыраахтарынан от мустара сылдьарын биригэдьиир көрөн соһуйбуттаах. Билигин бэйэлэрэ туһунан ыаллар, иккиэн тыраахтардаахтар. Онон бөһүөлэккэ от-мас тиэйиитигэр тутаах дьон буоллулар".
Кырдьык, аҕалара үлэҕэ уһуйан Валерий, Виктор Алексеевтар билигин сүөһү, сылгы ииттэн Бээди бөһүөлэгин биир сэниэ ыаллара буолбуттар. От үлэтэ буоллар эрэ бэйэлэрин сирдэрин бүтэрэ охсон, дьоҥҥо көмөлөһөннөр, үгүс махталы ылаллар. Бу буоллаҕа аҕа үтүө холобура, тыа сирин байылыат олоҕун кэскиллээччилэри иитии үгэһэ. Маннык дьон баалларын тухары тыа сирэ үүнэ-чэчирии туруо, инникигэ эрэллээх буолуо.
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Үлэ салҕанар аналлаах

Лучшие школы Республики Саха (Якутия). Конкурентоспособность выпускников. 2024 год https://raex-rr.com/education/schools_by_compete/Republic_Sakha_by_compete/2024/
Топ 20 школ РС(Я)🤩
2024 сылга республика 20 бастыҥ оскуолата ааттанна👍
1. В.П. Ларионов аатынан Дьокуускайдааҕы физико-техническай лицей
2. Н.А. Алексеева аатынан Дьокуускайдааҕы техническэй лицей
3. Республикатааҕы лицей-интернат (Дьокуускай к.)
4. Дьокуускайдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы арктическай оскуола
5. Специализированнай үөрэтэр-научный киин – ХИФУ лицейэ (Дьокуускай куорат)
6. Дьокуускай куорат лицейэ
7. В.В. Филиппов аатынан Бэрдьигэстээхтээҕи улуус гимназията
8. И.Г. Тимофеев аатынан Майа лицейэ
9. Дьокуускайдааҕы 1№-дээх оскуола
10. Өлүөхүмэтээҕи "Эврика" улуус гимназията
11. Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин
12. А.Н. Чусовской аатынан Ньурбатааҕы техническэй лицей
13. Дьокуускай куорат классическай гимназията
14. В.В. Алексеев аатынан Мүрүтээҕи уолаттар гимназиялара❤️
15. Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лицей
16. И.Л. Кондаков аатынан Бүлүүтээҕи гимназия
17. “Айыы Кыhата” национальнай гимназия
18. Н.С. Охлопков аатынан Намнааҕы улуус гимназията
19. А. Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей (Ытык Күөл с.)
20. Саха политехническай лицей (Дьокуускай куорат)
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Топ 20 школ РС(Я)
2024 сылга республика 20 бастыҥ оскуолата ааттанна
1. В.П. Ларионов аатынан Дьокуускайдааҕы физико-техническай лицей
2. Н.А. Алексеева аатынан Дьокуускайдааҕы техническэй лицей
3. Республикатааҕы лицей-интернат (Дьокуускай к.)
4. Дьокуускайдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы арктическай оскуола
5. Специализированнай үөрэтэр-научный киин – ХИФУ лицейэ (Дьокуускай куорат)
6. Дьокуускай куорат лицейэ
7. В.В. Филиппов аатынан Бэрдьигэстээхтээҕи улуус гимназията
8. И.Г. Тимофеев аатынан Майа лицейэ
9. Дьокуускайдааҕы 1№-дээх оскуола
10. Өлүөхүмэтээҕи "Эврика" улуус гимназията
11. Өктөмнөөҕү научнай-үөрэтэр киин
12. А.Н. Чусовской аатынан Ньурбатааҕы техническэй лицей
13. Дьокуускай куорат классическай гимназията
14. В.В. Алексеев аатынан Мүрүтээҕи уолаттар гимназиялара
15. Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лицей
16. И.Л. Кондаков аатынан Бүлүүтээҕи гимназия
17. “Айыы Кыhата” национальнай гимназия
18. Н.С. Охлопков аатынан Намнааҕы улуус гимназията
19. А. Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лицей (Ытык Күөл с.)
20. Саха политехническай лицей (Дьокуускай куорат)
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
🇷🇺✍🏻 В преддверии выборов в Якутске состоялось подписание соглашения о сотрудничестве и взаимодействии между Общественной палатой Якутии, Центральной избирательной комиссией РС(Я), Федерацией профсоюзов и молодежным парламентом республики.
Соглашение подписано с целью обеспечения наблюдения за проведением голосования на выборах 8 сентября.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🚒👨🚒 Уус Алдан улууһун баһаарынайдара идэлэрин тургутар XX республикатааҕы спартакиадаҕа кыайыылааҕынан буоллулар👏
Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллыбыт илин эҥээр уонна киин улуустар баһаарынай сулууспаларын икки ардыгар ыытыллыбыт спартакиадаҕа 8 хамаанданан 100 кэриҥэ спортсмен уон көрүҥҥэ илин-кэлин түһүстүлэр.
Үс күннээх тыҥааһыннаах күрэхтэһии түмүгүнэн, Уус Алданнааҕы 34 нүөмэрдээх ОГСП бастыыр үөрүүнү биллэ💖 Иккис — 23 нүөмэрдээх Намнааҕы ОГПС, үһүс — Тааттатааҕы 32 нүөмэрдээх ОГПС.
🌟 Бу үс хамаанда балаҕан ыйыгар эмиэ спартакиада финалыгар күөн көрсүөхтэрэ. Кинилэри кытта Бүлүү бөлөх улуустар кыайыылаахтара киирсиэхтэрэ.
✅ @uanurusahargata @ulusmedia
Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллыбыт илин эҥээр уонна киин улуустар баһаарынай сулууспаларын икки ардыгар ыытыллыбыт спартакиадаҕа 8 хамаанданан 100 кэриҥэ спортсмен уон көрүҥҥэ илин-кэлин түһүстүлэр.
Үс күннээх тыҥааһыннаах күрэхтэһии түмүгүнэн, Уус Алданнааҕы 34 нүөмэрдээх ОГСП бастыыр үөрүүнү биллэ
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM