УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.6K photos
3.07K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

⭕️ Быйыл сайын Мүрүтээҕи юннатскай станция үлэтэ эмиэ күргүөмнээхтик саҕаланна.
Естественнэй, научнай хайысхалаах эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр уопсайа 16 киһи үлэлиир (дириэктэр Надежда Георгиевна Прокопьева).

⭕️ Оҕолор сылын аайы сайыҥҥы кэмҥэ экологическай, чэбдигирдэр лааҕырга үс сезоҥҥа оҕуруот аһын көрөллөр, сибэккини үүннэрэллэр, үлэҕэ үөрэнэллэр.

⭕️ Маны таһынан, улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинин кытта бииргэ үлэлэһэн, 14-17 диэри саастаах оҕолору сайыҥҥы кэмҥэ дуогабарынан ылан, үлэнэн хааччыйаллар.

⭕️ Бу туһунан Юннаттар станцияларын мэтэдьииһэ Саина ПОРТНЯГИНА билиһиннэрдэ:

📌 –Быйыл сайын дуогабарынан үлэҕэ 14-17 диэри саастаах уопсайа 15 оҕо икки сезоҥҥа үлэлиэхтээх. Бастакы сезоҥҥа 8 оҕо, түөрт кыыс, түөрт уол үлэлии сылдьар.

📌 Учаастакпытыгар, киин болуоссакка, балаҕан дьиэтигэр, сибэккигэ ууну кутууга, сыыһы ыраастааһыҥҥа сылдьаллар, оҕуруоту көрүүгэ көмөлөһөллөр.

📌 Иккис сезоҥҥа 7 оҕо үлэлиэҕэ. Оҕолорбут бары үлэлэригэр кыһамньылаахтар, эппиэтинэстээхтэр.

📌 Маны таһынан бэйэбит испитинэн сылын аайы тэриллэр экологическай, чэбдигирдэр лааҕыр иккис сезонтан 30 оҕону хабан үлэлиирэ былааннанар.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сайыҥҥылааҕырдар
#юннатскайстанция
https://www.instagram.com/p/CQw_N3XMw6i/?utm_medium=share_sheet