📰📰📰
⭕ Быйыл "Дыгын оонньуулара" Н.Н. Тарскай аатынан стадиоҥҥа бэс ыйын 26-27 күннэригэр ыытыллыбыттарын "күөх экран" нөҥүө көрөн дуоһуйдубут. Уус Алдан олохтоохторо, чуолаан дүпсүннэр, бу икки күн устата "күөх экрантан" тэйбэтэх буолуохтаахпыт. Быйыл уолбут Никита – Геракл Новгородов иккиһин кытынна. Салгыы Никитаны кытта кэпсэтиибитин сэргээҥ:
📌 – Хас сааскыттан многоборьенан дьарыктанаҕын?
– Многоборьенан 16 сааспыттан дьарыктанабын.
📌– Дыгын оонньууларыгар иккитэ кыттыбытыҥ устата тугу бэлиэтээтиҥ?
– Дыгыҥҥа иккитэ кыттыбытым тухары бөҕөстөр көрдөрүүлэрэ (результат) сайда тураллар, онон дьарыгы быспакка, өйү-санааны барытын ууран туран эрчиллиэххэ, сайдыахха, эбиллиэххэ наада. Оччоҕо ситиһии кэлиэҕэ дии саныыбын.
📌 – Бэйэҥ көрдөрүүгүнэн дуоһуйдуҥ дуо? Туох түмүктэри оҥоһуннуҥ?
– Ыстаныыбын соччо астымматым, бэйэм чыпчаал көрдөрүүм 31,76 миэтэрэ этэ. Бу кыттыыбар 30-тан эрэ таһаардым, ыйааһыным эбиллибитэ таайбыта эбитэ дуу? Тутум эргиирбэр көрдөрүүм үчүгэй, былааннаабытым туолла – 62-тэ эргийдим. Маспар бэйэм ыйааһыннаахтарбын кытта үчүгэйдик тардыстым дии саныыбын. Оххо бастыыр иһин киирсиэм дии санаабытым, табыллыбата. Хапсаҕай мөлтөх өрүтүм буолла уонна тааһы көтөҕүүнү ыарырҕаттым, тааска эт-хаан, былчыҥ күүһэ наада эбит. Бу түмүктэрбин ырытан, туох тиийбэтин төрдүттэн көрөн, этим-хааным төһөнү тулуйарын үөрэтэн, дьарыкка былаан оҥостон, салгыы эрчиллиэхпин наада.
📌 – Ханнык көрүҥнэргин эбиэххэ наада дии санаатыҥ?
– Көрүҥнэргэ барыларыгар даҕаны эбиэхпин наада буоллаҕа. Холобур, ыстаныыбар тиэхиньикэбин туруоруох тустаахпын, тутуммар эргиирбин элбэтиэхтээхпин, мас тардыһыыга күүс-уох эбиниэхпин итиэннэ мас тардыһыытын күрэстэрин кэрийэн кыттан, уопутуруохпун наада. Хапсаҕайга эмиэ оннук, төрдүттэн барытын саҕалаан, тиэхиньикэни туруоран, элбэх күрэхтэһиигэ кыттыахха наада дии санаатым. Сүүрүүбүн чочуйа сылдьабын, элбэхтик араас дистанцияларга сүүрэр сыал-сорук турар. Ити эппит көрүҥнэрбин күүскэ чочуйдан дьарыктаннахпына, тааһым эмиэ эбиллиэхтээх.
📌 – Эһиилги "Дыгыҥҥа" кыттарга путевка иһин киирсэр былаан баар дуо?
– Бу "Дыгын оонньууларынан" бүппэппит, өссө даҕаны барыта иннибитигэр турдаҕа. Эппитим курдук, өссө салгыы дьарыктанан, кыттыам.
https://www.instagram.com/p/CQua5bqMqzG/?utm_medium=share_sheet

Instagram
📰📰📰
⭕ Улуус дьаһалтатын суһал ыстааба иһитиннэрбитинэн, Кэптэнигэ, Хоноҕорго, Дүпсүҥҥэ, Хомустаахха COVID-19 хамсык ыарыытынан ыалдьыы элбээбитинэн, Лөгөй, Хоноҕор, Дүпсүн, Мүрү 1-кы №-дээх оскуолаларын лааҕырдарын үлэтин үһүс сезоҥҥа көһөрөр быһаарыыны ылыннылар. Ону таһынан, үлэһиттэр вакцинациянан хабыллыыларын көрдөрүүтэ намыһах диэн, “Кэнчээри” күнүскү лааҕыр үлэтэ эмиэ көһөр.
⭕ Маныаха сайыҥҥы лааҕырдарга санитарнай-эпидемиологичэскэй нуормалары уонна быраабылалары тутуһууну, Роспортебнадзору кытта менюну оҥорууну, бигэргэтиини уонна үлэһиттэр быһыыны ылыыларын хонтуоруоллааһыны күүһүрдэргэ эттилэр.
⭕ Быһыыны доруобуйаларын туругунан быстах кэмҥэ тохтотуллубуттартан ураты дьон ылыахтаахтарын өйдөтөр үлэ күүскэ барыахтааҕа этилиннэ.
⭕ Баһаары утары сулууспа, “Арассыыйа почтата” тэрилтэ, ДьУоКХ филиалын салайааччылара кэлэктииптэригэр үлэһиттэр вакцинациянан хабыллыыларын хааччыйалларыгар сорудахтаатылар. Ону сэргэ бааһынай хаһаайыстыбалар, тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэрин үлэһиттэрэ эмиэ быһыыны ылыыларыгар үлэ ыытылларын иһитиннэрдилэр.
⭕ Нэһилиэктэр баһылыктарыгар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ, уопсастыбаннай миэстэлэргэ дезинфекция үлэтин күүһүрдэргэ, санитарнай миэрэлэри тутуһууну хонтуруоллаһыны эмиэ күүһүрдэллэригэр, атын сирдэртэн кэлээччилэр быһыы икки түһүмэҕин ааспыттарын-ааспатахтарын эмиэ хонтуруолга ылалларыгар биллэрдилэр.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#суһалыстаапиһитиннэрэр
https://www.instagram.com/p/CQvRfA7MRO0/?utm_medium=share_sheet

Россияне отправили более миллиона вопросов для президента. Какие темы интересуют граждан? Подробности в карточке 👇
#РФ #Россия #ВладимирПутин #ПрезидентРФ #ПрямаяЛиния
https://www.instagram.com/p/CQvYrcMMxGh/?utm_medium=share_sheet

⭕ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойду олохтоохторун ыйытыыларыгар хоруйдуур быһа эфирэ буола турар.
⭕ Онлайн көрдөрүү Бастакы, Россия-1, Россия-24, Мир, НТВ, ОТР ханаалларга холбонно.
⭕ Быһа эфир саҕаланыытыгар быһа холоон 1 мөлүйүөнтэн тахса ыйытыы киирбитин эппиттэрэ. Онуоха ыйытыылар баһыйар ахсааннара COVID-19 хамсык дьайын туһунан буолуохтара диэн сэрэйиллэр, ону таһынан чэпчэтиилээх ипотекаҕа хааччахтааһыннар, оҕолорго аналлаах төлөбүрдэр, суол-иис туругун, сыана үрдээһинин тустарынан диэн иһитиннэрбиттэрэ.
⭕ Быһа эфир саҕаланыаҕыттан чаастан ордук кэм ааста, онуоха Владимир Путин вакцинацияҕа, хамсык дьайын утары охсуһууга, тыа хаһаайыстыбатыгар баар кыһалҕалар, аска-үөлгэ, тутуу матырыйааларыгар сыана үрдээһинин, Украинаны кытта сыһыаннаһыылар, биисинэһи өйөөһүн о.д.а. ыйытыыларга хоруйдаата.
📌 Мантан салгыы бэрэсидьиэн хоруйдарыгар улууспут олохтоохторун санааларын таһаарыахпыт.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#прямойэфир
https://www.instagram.com/p/CQvaJvZMJxm/?utm_medium=share_sheet

Семьи с 6-летними детьми получат выплаты от государства, даже если дети не пойдут в этом году в первый класс. Об этом заявил Президент в ходе Прямой линии.
#РФ #Россия #ВладимирПутин #ПрезидентРФ #ПрямаяЛиния
https://www.instagram.com/p/CQvlpOTMJpv/?utm_medium=share_sheet

🎊🎊🎊
📌 Саха бэчээтигэр, саха суруналыыстыкатыгар былырыыҥҥыттан олохтоммут үтүөкэн күммүт – Национальнай бэчээт күнэ – тиийэн кэлбитинэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Биһиэхэ, «Сахабэчээт» үлэһиттэригэр, бу ордук күндү уонна долгутуулаах күн. Саха тылын күннээҕи харыстабылыгар, инники күөнүгэр туран киирсээччи, саха тылын туруулаһааччы бүгүн – сахалыы тыллаах бэчээт эйгэтэ. Ити өйдөбүл суолтата маннык: сахалыы тылынан тахсар кумааҕы хаһыаттарбыт бүгүн көмүс кэриэтэ күндү, норуот хараҕын дьүккэтин курдук суолталаахтар. Ааҕааччыларбыт, өскөтүн эһиги өйөөн, сурутан, ыччакка сыһыаран, илдьэ сырыттаххытына, сахабыт тылын сайдыытыгар улахан кылааты оҥороҕут, ол тус санааҕытыгар да ордук үчүгэй, кэрэхсэбиллээх. Оттон биһиги өрүү махтанабыт, эһиги тускутугар үлэлиибит.
📌 Эһигини Саха бэчээтин күнүнэн эҕэрдэлээн туран, биир сыл иһигэр биһиги тэрилтэбитигэр – «Сахабэчээккэ» – туох үлэ барбытын, ханнык былааннар торумнаналларын эһиэхэ анаан хайаан да кэпсиибит, тириэрдэбит.
📌 Аан дойду үрдүнэн турбут хамсык ыарыыта өссө саҕаланыан инниттэн, цифровой сайдыы балысханнык барбыта. Оттон билигин үөрэх онлайн, үлэ үксэ онлайн көстө, сыыппараҕа көһүү тэтимэ киэҥ арыттаах хардыыларынан баран иһэрин хас биирдии киһи эппитинэн-хааммытынан биллибит. Бу – олох хаамыыта.
📌 «Сахабэчээт» тэрилтэ саҥа сүүрээннэри киллэрэн, хас улуус аайы сонуну киэҥник тарҕатар сетевой таһаарыылаары (саайтары) олоххо киллэрдэ. Билигин улуус сонуннара тута интэриниэт ситимигэр тахсан иһэллэр, дьон-сэргэ наадыйар информацията кэтэһиннэриитэ суох, дэбигис тиийэн тарҕанан иһэр. Бу түргэн, суһал иһитиннэриилэргэ, элбэх хаартыскалаах, видеолаах, хаһыат балаһатыгар баппат, улахан матырыйаалларга олох үчүгэй көдьүүс буолла.
📌 Салгыы улуус, нэһилиэктэр устуоруйаларын, ытык дьонун-сэргэтин, бэтэрээннэрин тустарынан эбии хомуйан, киллэрэн иһиэхтээхпит. Улуус устуоруйата барыта хаһыатыгар буоллаҕа – ол билигин аны интэриниэт ситимигэр киириэҕэ, кэҥээн, төһө баҕарар хаартыскаланан, суруктанан-бичиктэнэн тахсыаҕа.
Салгыытын комментарийдарга аах эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар көр⏬⏫⏬
Ньургуйаана Стручкова, "Сахабэчээт" САТ генеральнай дириэктэрэ
#сахабэчээтинкүнэ
https://www.instagram.com/p/CQw0Ii4M4ZX/?utm_medium=share_sheet

📌 Ытыктабыллаах бэчээти уонна сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ! Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Национальнай бэчээт күнүнэн эҕэрдэлиибин!
📌 Элбэх омуктаах Олоҥхо дойдутугар төрөөбүт тылы чөл хаалларар, норуот духуобунай сыаннастарын хаҥатар туһугар үлэлиир дьону түмэр, суруналыыстыка уонна бэчээт үгэстэрин утумун сирэйдээн көрдөрөр бырааһынньык сыл анараа өттүгэр олохтоммута.
📌 1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр “Саха дойдута” диэн сахалыы хаһыат Саха сирин уһулуччулаах уопсастыбаннай, бэлитиичэскэй диэйэтэлэ, сырдатааччыта Василий Никифоров-Күлүмнүүр уонна кини биир санаалаахтарын көҕүлээһининэн күн сирин көрбүтэ. Бу бастакы уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна литературнай таһаарыы бэчээттэниитэ национальнай суруналыыстыка үөскээн, сайдан тахсарыгар, саха литературнай тылын киэҥник тарҕатыыга олук буолбута.
📌 Быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бэчээт дьыалатын уонна иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэни эрэ буолбакка, аныгы саха литературатын уонна тыл култууратын сайыннарыыга бөҕө акылааты уурбут “Манчаары” диэн бастакы дьиҥ таһымнаах сахалыы таһаарыы бэчээттэммитэ 100 сылын уонна бастакы типография төрүттэммитэ 160 сылын бэлиэтиибит. Бу үөрүүлээх кэрэ-бэлиэ түгэнинэн бэчээт бэтэрээннэригэр, суруналыыстарыгар, үлэһиттэригэр, полиграфистарыгар өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар айымньылаах үлэҕит иһин махталбын тиэрдэбин.
📌 Бүгүн, сыыппара үйэтигэр, аныгы технологиялар иһитиннэриини түргэнник уонна киэҥник тарҕатыы таһымын үрдэтэллэр, саҥа санаалары олоххо киллэрэр кыаҕы кэҥэтэллэр. Бу усулуобуйаҕа эһиги билиигит, сатабылгыт, бириинсипкит уонна эппиэтинэскит гражданскай уопсастыба санаатын үөскэтиигэ уонна түмүүгэ, төрөөбүт тылы киэҥник тарҕатыыга сүҥкэн суолталаах. Эһиги маастарыстыбаҕыт, идэҕэ бэриниигит, кыһамньыгыт инникитин даҕаны элбэх омуктаах Сахабыт сирин суруналыыстыкатын уонна бэчээтин нэһилиэстибэтин чөл хаалларыыга туһаайыллыаҕа диэн эрэнэбин.
📌 Саҥа сэргэх бырайыактары олоххо киллэриигэ ситиһиилэри, ааҕааччылар сэҥээриилэрин, эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн доруобуйаны, дьолу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
#сахабэчээтинкүнэ
https://www.instagram.com/p/CQw1mW7sPPt/?utm_medium=share_sheet

📌 Ытыктабыллаах сахам дьоно, суруйааччылар, суруналыыстар, бэчээт эйгэтин үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ! Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха национальнай бэчээтин күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
📌 Ааспыт үйэ саҥатыгар бастакы көлүөнэ интеллигеннэрбит, үөрэхтээхтэрбит омук быһыытынан сайдар суолбутун тобулаары, үөрэҕи, сырдык санааны норуокка тарҕатаары сахалыы бастакы хаһыаты төрүттээбиттэрэ. Ол курдук, 1907 сыл от ыйын 1 күнүгэр тахсыбыт «Саха дойдута», 1908 сыл олунньу 16 күнүгэр тахсыбыт «Саха олоҕо» хаһыаттар, 1912 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр тахсыбыт «Саха саҥата» сурунаал саха омуга бэйэтин төрөөбүт тылынан тахсар хаһыаттаммытын, сурунаалламмытын ким да сатаан мэлдьэспэт кэрэһитэ, туоһута буолбуттара, сахалыы сурук-бичик, тыл-өс сайдарыгар, суругунан литературабыт үөскүүрүгэр олук уурбуттара. Сахалыы бэчээт төрүттэниитэ саха норуотун үөрэҕириитигэр, сахалыы суруналыыстыка, литература төрүттэниитигэр, сахалыы литературнай тыл үөскүүрүгэр тугунан да кэмнэммэт улахан быһаарар суолталаммыта.
📌 Оччотооҕу саха интеллигенциятын тумус туттар киһитэ, уопсастыбаннай диэйэтэл, учуонай, суруналыыс, суруйааччы Василий Васильевич Никифоров-Күлүмнүүр көҕүлээн, Россия киин куоратыттан бэчээттиир массыына атыылаһыллан, анал сахалыы шрифт кутуллан, төрөөбүт тылбытынан тахсар бастакы хаһыаппыт күн сирин көрбүтэ.
📌 Урукку кэмҥэ уһуннук омнуолана, умнулла сылдьыбыт история кырдьыгын Ил Дархаммыт Айсен Николаев былырыын от ыйын 1 күнүн национальнай бэчээт күнүнэн биллэрэр туһунан ыйаахха илии баттаан чөлүгэр түһэрдэ.
📌 Норуот туһа диэн тахсыбыт сахалыы бастакы хаһыаттар үтүө үгэстэрин өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн тэриллибит, быйыл төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиир «Манчаары» – «Кыым» уонна бу хаһыаттары утумнааччы «Саха сирэ», улуус хаһыаттара салҕаабыттара, туспа судаарыстыбаннай бэчээт суолун тэлбиттэрэ.
Салгыытын комментарийдарга аах эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар көр⏫⏬⏫
#сахабэчээтинкүнэ
https://www.instagram.com/p/CQw2wR3Mlcg/?utm_medium=share_sheet

⭕️ Быйыл сайын Мүрүтээҕи юннатскай станция үлэтэ эмиэ күргүөмнээхтик саҕаланна.
Естественнэй, научнай хайысхалаах эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр уопсайа 16 киһи үлэлиир (дириэктэр Надежда Георгиевна Прокопьева).
⭕️ Оҕолор сылын аайы сайыҥҥы кэмҥэ экологическай, чэбдигирдэр лааҕырга үс сезоҥҥа оҕуруот аһын көрөллөр, сибэккини үүннэрэллэр, үлэҕэ үөрэнэллэр.
⭕️ Маны таһынан, улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинин кытта бииргэ үлэлэһэн, 14-17 диэри саастаах оҕолору сайыҥҥы кэмҥэ дуогабарынан ылан, үлэнэн хааччыйаллар.
⭕️ Бу туһунан Юннаттар станцияларын мэтэдьииһэ Саина ПОРТНЯГИНА билиһиннэрдэ:
📌 –Быйыл сайын дуогабарынан үлэҕэ 14-17 диэри саастаах уопсайа 15 оҕо икки сезоҥҥа үлэлиэхтээх. Бастакы сезоҥҥа 8 оҕо, түөрт кыыс, түөрт уол үлэлии сылдьар.
📌 Учаастакпытыгар, киин болуоссакка, балаҕан дьиэтигэр, сибэккигэ ууну кутууга, сыыһы ыраастааһыҥҥа сылдьаллар, оҕуруоту көрүүгэ көмөлөһөллөр.
📌 Иккис сезоҥҥа 7 оҕо үлэлиэҕэ. Оҕолорбут бары үлэлэригэр кыһамньылаахтар, эппиэтинэстээхтэр.
📌 Маны таһынан бэйэбит испитинэн сылын аайы тэриллэр экологическай, чэбдигирдэр лааҕыр иккис сезонтан 30 оҕону хабан үлэлиирэ былааннанар.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сайыҥҥылааҕырдар
#юннатскайстанция
https://www.instagram.com/p/CQw_N3XMw6i/?utm_medium=share_sheet

Владимир Путин поддержит Единую Россию на предстоящих сентябрьских выборах. Об этом он заявил в ходе прямой линии. «Я был автором, создателем Единой России. Я естественным образом ее поддерживаю», - сказал Президент. По его словам, Единая Россия создает прочный фундамент российской государственности и не боится принимать непопулярные решения, если они необходимы стране.
#ер14
https://www.instagram.com/p/CQxFAbHMvb1/?utm_medium=share_sheet
#ер14
https://www.instagram.com/p/CQxFAbHMvb1/?utm_medium=share_sheet
Instagram
🔺Вчера в ходе прямого эфира Владимир Путин затронул тему поддержки сельского хозяйства в регионах и решение проблемы самообеспечения продуктами. Об этом прокомментировал министр сельского хозяйства республики Александр Атласов.
"В Якутии с учетом неблагоприятных природно-климатических условий доля местного производства в обороте розничной торговли пищевыми продуктами на территории республики составляет порядка 9 процентов", - сказал министр сельского хозяйства республики Александр Атласов.
В то же время, как отметил министр, по отдельным видам сельхозпродукции уровень самообеспеченности республики является существенным, благодаря самоотверженному труду более 300 сельхозорганизаций, 2 тыс. фермерских хозяйств и 90 тыс. личных подсобных хозяйств граждан. По расчетам Росстата, уровень самообеспеченности республики в картофеле за 2019 год составил 67 %, в молоке и яйцах – 57 %, в овощах – 38 %, мясе – 26 %.
☑️ Подробно читайте на сайте Ulus Media
#улусмедиа #ulusmedia #прямаялинияспутиным
https://www.instagram.com/p/CQxZSgRs70d/?utm_medium=share_sheet

⭕ От ыйа үүннэ, сайыммыт оройо буолла. Сүөһү кыстыгын быһаарар эппиэттээх күннэр үүннүлэр, ходуһаҕа киирэр кэм кэллэ. Ити эрээри, быйыл эмиэ кураан сайын, куйаас сатыылаата. Баччаҕа диэри илгэлээх ардах диэн суох. Онон от-мас хатан эрэр. Ыраата барбакка, тэлгэһэ иһин да көрдөххө, кубус-кураанах. Бастаан хонуу көҕөрөн чэлгийбитэ көрүөххэ үчүгэйэ сүр этэ. Ол ардах суоҕуттан, өҥүрүк куйаастан хатта. Аны аһыҥа хаптайа быһыытыйан баран, олох ыһан кэбистэ.
⭕ Икки хонуктааҕыта Сыырдаахтан Василий Копырин ходуһаны устубутун ватсапка таһаарбыта тарҕанна. Ону чопчулаары төлөпүөнүнэн кэпсэтэ сырыттым:
📌 – Ити биһиги Чирэпчибит уонна Курбуһах нэһилиэгин бөһүөлэктэрэ олорор үрэхтэрэ (Оттоохой үрэҕэ). Чопчулаан эттэххэ, Нэлэгэр сайылык. Бэрт Ууһун сиригэр-уотугар эмиэ итинник хартыына. Аһыҥаны эмтээммит, хаптайбыт курдук буолбута. Ону бу уһун курааннар иэдэттилэр, аһыҥа көбөн кэллэ, күөҕү мэлитэн эрэр. Бэйэм сиргэ-уокка сылдьыбыппынан түмүк таһааран эттэхпинэ, Бэрт Ууһун нэһилиэгэ ходуһатын 30% эрэ оттуур туруктаах балаһыанньата үөскээбит. Аатырар Кыыс Хаҥа алааспытыгар быйыл кус түһэр уута да тахсыбатаҕа, хаар уута көтөн хаалбыта. Инньэ гынан, ол дойдубут эмиэ куурда-хатта.
Мин бэйэм хаһаайыстыбалаахпын, ынах, сылгы иитэбин. Ол иһин курааҥҥа бэлэмнэнэн, судаан отун ыһарга былааннаммытын. Ону баара, отум сиэмэтэ саҥа кэллэ, онон эһиилгигэ көһөрдүм. Сирбин эрдэ бэлэмнээбитим – сиигэ көтөн хаалла.
Салгыытын комментарийдарга аах эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар көр⏬⏫⏬
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#кураандьыл
https://www.instagram.com/p/CQxknOaM83-/?utm_medium=share_sheet

⭕️ Бэс ыйыгар “Радиотумул” түөлбэ олохтоохторугар сайыҥҥы уу ситимэ тардыллан, уулара кэлэн үөрүүлэрэ үрдээбитэ.
⭕ Түөлбэ салайааччыта Лариса ЖИРКОВА: “Ууга эрэйдэммиппит ыраатта, скважинаттан кэлэр уу Радиотумул ыалын барытын кыайан хааччыйбат этэ. Онон эрэй бөҕөнү көрбүппүт, оҕуруот, сибэкки үүммэт, киһи оҕуруот, теплицэ сатаан тэриммэт усулуобуйата этэ. Этэргэ дылы, суунаргар да ууҥ суох буолан, улаханнык кыһалҕатыйан олорбуппут", – диир.
⭕ Бэс ыйын 9 күнүттэн олохтоохтор кэтэһиилээх сайыҥҥы ууларын ситимэ үлэлээн, быйыл оҕуруот аһын хото үүннэрэр кыахтаннылар.
⭕ Дьон кыһалҕатын быһаарыыга быһаччы үлэлэспит Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатан исписэлииһэ Прокопий Румянцевтан бу үлэ хайдах барбытын туһунан ыйыталастыбыт.
📌 – Мүрү нэһилиэгэр сайыҥҥы турбалары пластиковайга уларытыы 2019 сыллаахха ыытыллыбыта. Ити сыл Радиотумул турбаларын улуустааҕы ДьУоКХ скважиналарыгар холбоон үлэлэтэ сылдьыбыппыт. Ол гынан баран, скважина хааччыйар эбийиэктэрэ, салаалара үгүс буолан, сайыҥҥы өттүгэр уунан хааччыйыы кыайтарбатаҕа.
📌 Ол иһин Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата, баһылык Василий Аммосов сүбэлэһэн, туспа емкоһы туруоран, ууну эбэттэн быһааччы бырахтарарга быһаарыммыппыт. Онон 2020 сылга 50 куубтаах емкость турбута, быйыл икки насоһу ылан, ууну хачайдаттыбыт.
⭕ Онон күн аайы киэһэ 7 чаастаан 10 диэри ИП Ньургун Петрович Афанасьев көрүүтүнэн Радиотумул олохтоохторугар уулара кэллэ.
⭕ Уу – олох төрдө, онон нэһилиэнньэ биир сүрүн кыһалҕата быһаарыллан, самаан сайын уйгутун туһанар үөрүүлэннилэр.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#радиотумултүөлбэ
https://www.instagram.com/p/CQxocWHs-Ak/?utm_medium=share_sheet