УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.48K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram


🔻 Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын ааспыт 2021 сыллааҕы үлэтин отчуота улууспутугар олунньу 24 күнүгэр эмиэ бары улуустарга курдук ZOOM платформаҕа онлайн көрүҥүнэн ыытыллыаҕа. Отчуоту өрөспүүбүлүкэ успуорка уонна физическэй култуураҕа миниистирэ Леонид Спиридонов салайыаҕа.

🔻 Онон хас биирдии нэһилиэккэ онлайн трансляцияҕа холбонор туочукалары тэрийэн, улуус олохтоохторо толоруулаах былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэригэр быһа эфиринэн ыйытыылары биэриэхтэрэ. Ону таһынан ыйытыылары эрдэттэн олохтоох дьаһалталар нөҥүө биэриэххитин сөп. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

📌 Отчуот ыытыллар графига:

🔻 Сарсыарда 10.00 ч. – Байаҕантай, Бэрт Ууһун, Бээрийэ, Курбуһах, II-с Лөгөй, Өлтөх, I Өспөх, II-с Байаҕантай, Түүлээх, I-кы Хоро, Хоро нэһилиэктэрэ.

🔻 Күнүс 15.00 ч. – Баатаҕай, Бороҕон, Дүпсүн, Лөгөй, Найахы, Өнөр, Өспөх, Суотту, Чэриктэй, Мүрү нэһилиэктэрэ.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бырабыыталыстыбаотчуота
https://www.instagram.com/p/CaQ2yzMIdFp/?utm_medium=share_sheet
🔟🔟🔟🔟

#бырабыыталыстыбаотчуота

☑️ Улууска СӨ ситэриилээх былааһын отчуота саҕаланна

Бу күннэргэ улуус үрдүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын отчуота салҕанар.

Улууспутугар бырабыыталыстыба маҥнайгы бөлөҕө бүгүҥҥү үлэтин Суоттуттан саҕалаата.

Иккис бөлөх Бэйдиҥэҕэ, Сыырдаахха, Уус Күөлүгэр сылдьыаҕа.

Үһүс бөлөх Баатаҕай, Уһун Күөл, Кэптэни олохтоохторун кытта көрсүөҕэ.

@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🔟🔟🔟🔟

#бырабыыталыстыбаотчуота

☑️ Үс нэһилиэккэ сырыы түмүгүнэн тыын кыһалҕа уларыйбат

Тулунаҕа эмиэ киин ититиигэ холбонууну, суол-иис өрөмүөнүн туруорсаллар.

Маны сэргэ гаастааһын боппуруоһа ханна тиийбитин, уматык сыаната тоҕо үрдүүрүн туоһуластылар.

Дьокуускайга диэри айан төлөбүрүн чэпчэтии, эбэтэр Бороҕон – Дьокуускай хайысханан автобус сырыытын тэрийии кыалларын-суоҕун ыйыталлар. Айан суолун өрөмүөнүн туруорсаллар.
Тырааныспарга гаас уматыгы туһаныыны, уотунан ититиниини үөрэтэн көрөргө этии киллэрдилэр.

Оҕо нууччалыы саҥарара үксээбитэ кутталы үөскэтэрин бэлиэтээтилэр. Онуоха бу үлэҕэ күүскэ ылсан, үбүлээһин үрдээбитин уонна оҕоҕо аналлаах 400-тэн тахса мультфильм тылбаастаммытын билиһиннэрдилэр.

@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🔟🔟🔟🔟

#бырабыыталыстыбаотчуота

Кытыы бөһүөлэк кыһалҕата үгүс

Бүгүн СӨ Бырабыыталыстыбатын үлэтин отчуоттуур иккис бөлөҕө үлэтин Чэриктэй нэһилиэгиттэн саҕалаата. Кытыы сытар Чэриктэй нэһилиэгэ билигин да кыһалҕата үгүс.

Урут бастаан нэһилиэнньэ эдэр араҥата үгүс ыйытыыны биэрдэ, кыһалҕатын этиннэ. Кинилэргэ саамай тыын боппуруостара – успуорт саалатын тутуута буолла, “2018 сылтан успуорт саалата суох олоробут” дэстилэр. Итиэннэ киин ититиигэ 19 ыал холбонон олорор эбит, маныаха: “Эбии 57 ыал холбоноругар хочуолунай оһоҕун саҥардыыга субсидия көрүллэрэ буоллар”, – диэн баҕа санаалаахтарын өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар тиэртилэр.

Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар отчуттар арыыга киирэн оттуур буолан, үгүс эрэйи көрсөллөрө, күнү-дьылы куоттараллара эмиэ бөһүөлэк биир сүрүн кыһалҕата буолар эбит. Онон олохтоохтор “тиэхиньикэни туоратарга понтон (ууга устар олбохтоох) муоста тутуллара кыаллыа дуо?” диэн сураһаллар.

Салгыыта комментарийдарга
⏬️⏬️⏬️

✍️ Мария АРГУНОВА

@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🔟🔟🔟🔟

#бырабыыталыстыбаотчуота

Дүпсүҥҥэ уонна Өнөргө успуорт саала тутулларын туруорустулар

СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов уонна Уус алдан дьаһалтатын баһылыгын 1-кы солбуйааччы Петр Сивцев салайааччылаах бырабыыталыстыба үлэтин отчуоттуур иккис бөлөх үлэтин Чэриктэй нэһилиэгиттэн саҕалаан Дүпсүҥҥэ, Өнөргө үлэлээтэ.

Дүпсүн нэһилиэгэр тыын боппуруоһунан – успуорт саалатын тутуута буолла. Ону кэккэ айан суолун-ииһин оҥоһуллуута, маһы кэрдэн айан суолун кэҥэтэргэ көрдөстүлэр. Итиэннэ, нэһилиэккэ медпуун тутулларын туруорустулар.

Оскуола үөрэнээччилэрэ Дайаана, Карина Сивцевалар эдэр исписэлиистэр, учууталлар кэлэллэригэр баҕаларын биллэрдилэр, онуоха: “Уопсай олорор дьиэ тутуллара буоллар кэлиэ этилэр, сайдыы барыа этэ”, – дэстилэр. Ону ситэрэн олохтоох кырдьаҕас Егор Афанасьев култуура дьиэтигэр баянист, оскуолаҕа ырыа фонограмматын оҥорор киһи суоҕун, ВИА-ҕа үөрэтэр педагог баара буоллар диэн баҕатын эттэ.

✍️ Мария Аргунова

Салгыытын комментарийга аах
⏬️⏬️⏬️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🔟🔟🔟🔟

#бырабыыталыстыбаотчуота

Оскуола баар – нэһилиэк баар

СӨ Бырабыыталыстыбатын үлэтин отчуотун истии кэнниттэн улууспут биир саамай уһук, Алдан өрүс кытылыгар олорор Өспөх нэһилиэгэр уонна улуус киинини Бороҕону кытта Мүрү Эбэҕэ сыттана сытар Майаҕаска оскуола тутуутун саамай ыалдьар, сытыы кыһалҕаларын быһыытынан туруорустулар.

Ол курдук өспөхтөр оскуолаларыгар оҕо ахсаана олус аҕыйаҕынан, ханнык да бырагыраамаҕа кыайан хапсыбаппыт дииллэр. Оскуолаларыгар 23 оҕолоохтор. Атын сирдэргэ да барыы элбээбитин этэллэр. Онно сүрүн сылтаҕынан саҥа, үчүгэй хааччыллыылаах оскуолалар тутуллаллара буоларын бэлиэтээтилэр. Онон итинник кыра нэһилиэнньэлээх пууннарга оскуолалары тутууга Саха сиригэр бэйэтигэр анал бырагыраама баар буоларын туруорустулар. “Ыччаппыт төрөөбүт дойдубутугар, үөрэммит оскуолабытыгар үлэлиэхпит диэн ананан сыал-сорук оҥостон кэлэллэр, онон каадыр боппуруоһугар иникилээхпит”, – диэн эрэл санааларын эттилэр.

Майаҕаска кэнники сылларга ыччат олохсуйуута элбээн эрэринэн, нэһилиэнньэ ахсаана эбиллибитин эттилэр. Бүтэһик биэрэпис түмүгүнэн нэһилиэнньэ ахсаана 600-тэн тахсыбыт. Урукку өттүгэр 500 иһинэн халбаҥныыр эбит. Оскуолаларыгар күн бүгүн 74 оҕо үөрэнэр эбит. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕо үгүс, сыл аайы бастакы кылааска киирэр оҕо ахсаана 10-тан түспэт буолбут. Ону таһынан, Бороҕон чугас буолан, онно баран үөрэнээччи эмиэ элбэх дииллэр. Холобур, уолаттар гимназияларыгар 7 уол киирэн үөрэнэ сылдьара үөрэх чааһыгар үчүгэй өрүттээх үлэ барарын мэктиэлиирин бэлиэтээтилэр.

Манна оскуолалара 50 сыл анараа өттүгэр тутуллуоҕуттан үлэлии турар, улууска соҕотох мас оскуола. Онон саҥа оскуола тутуутун сыл аайы туруорсаллрын этэн туран, олус баараҕай тутууларга охтубакка, тэттик оскуолалары тутууга болҕомто ууран, бэйэлэригэр сөптөөх оскуола тутулларыгар баҕа санааларын эттилэр.

Бу икки нэһилиэккэ оскуола тутуутун боппуруоһун туруорсуу туһунан этиилэрэ мунньах боротокуолугар киллэрилиннэ.

✍️ Афанасий Сэктээйэп

@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бырабыыталыстыбаотчуота

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников саҥа оскуола тутуутун билистэ

Уус Алдан улууһугар СӨ Бырабыыталыстыбатын сыллааҕы үлэтин отчуоттуур тэрээһиннэрин иһинэн СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын 450 миэстэлээх тутулла турар саҥа эбийиэгэр сылдьан, үлэ хаамыытын билистэ.

Санатан эттэххэ, оскуола тутуута ааспыт сыл муус устар ыйыттан “Русстрой-89” ХЭТ сүрүн бэдэрээччиттээх саҕаланан, билигин ис үлэтигэр кырааскалааһын, миэбэли таҥыы, уопсай хомуйуу үлэтэ бара турар.

Сергей Местников тутуу хайдах түмүктэнэн иһэрин тус бэйэтэ кэлэн хонтуруоллаан, хас биирдии кэбиниэти, аактабай, успуорт саалалары сирийэн көрөн, хаачыстыба өттүгэр хонтуруолу күүскэ туруорарга, кыра итэҕэстэр баалларын көннөрөргө эттэ.

Салгыытын комментарийга аах
✍️ Екатерина Захарова

@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🔟🔟🔟🔟

#бырабыыталыстыбаотчуота

СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуота – Мүрү нэһилиэгэр

Улуус култуураҕа управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Лена Павлова улуус уопсастыбаннай түмсүүлэрин координационнай сэбиэтин аатыттан Украинаҕа анал байыаннай эпэрээссийэҕэ хорсун быһыыны көрдөрбүт Бороҕон сэлиэнньэтин бастыҥ ыччата, Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын выпускнига, 2010 сылтан Уссурийскайга ВДВ биригээдэтигэр, 2013 сылтан илин байыаннай уокурукка спецназка, 2015 сылтан спецназка 5-с ротаҕа хамандыырынан сылдьан, былырыын Донецкай уобаласка Павловка анныгар дэлби тэптэриигэ суорума суолламмыт гвардия старшай сержана, Жуков мэтээллээх, “Эр санааланыы” уордьанынан (өлбүтүн кэннэ) наҕараадаламмыт Василий Даниловы бойобуой хорсун сырыытын, бааһырбыт байыастарга суһал көмөнү оҥорон дьоруойдуу быһыыны көрдөрбүтүн иһин Арассыыйа Дьоруойугар түһэрэр туһунан этиитин мустан олорооччулар ытыс тыаһынан өйөөтүлэр.
Манна анал туруорсар үлэ ыытыллыаҕын туһунан сырдатта.  

✍️ Светлана Сивцева

Ольга Шепелева хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🔟🔟🔟🔟

#бырабыыталыстыбаотчуота

Улууска СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бөлөҕө үс күн үлэлээтэ

Олунньу 20 күнүттэн 22 күнүгэр диэри улууспутугар СӨ Бырабыыталыстыбатын 2022 сыллааҕы үлэтин отчуота түмүктэннэ.

Барыта үс бөлөҕүнэн, улуус нэһилиэктэрэ бары хабыллан, тирээн турар кыһалҕалары дьүүллэстилэр, инники үлэни торумнастылар.

Ол курдук, нэһилиэктэр ордук кыһалҕатыйар боппуруостарынан – ититии уонна суол-иис өрөмүөнэ буолла. Тулунаҕа, Чэриктэйгэ, Өнөргө, Суоттуга уонна Бороҕон сэлиэнньэтин радиотумул түөлбэтин олохтоохторо ититии боппуруоһугар эбии үрдүк кыамталаах оһохтору тэҥэ, саҥа котельнай тутулларын туруорустулар.

Куһаҕан суоллаах-иистээх Танда эҥээр бөһүөлэктэри сэргэ, Чэриктэй – Дүпсүн суолун-ииһин өрөмүөннүүрү, Чэриктэйгэ айан суолугар Мыла үрэҕи туоруур эргэрбит далаһаны саҥардан тутууну, Дүпсүҥҥэ айан суолун-ииһин оҥоһуллуутун, маһы кэрдэн айан суолун кэҥэтэри көрдөстүлэр.

Салгыыта комментарийдарга


✍️ Екатерина Захарова
#бырабыыталыстыбаотчуота

☑️ СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуота саҕаланна

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын отчуота Уус Алдаҥҥа үс хайысханан бүгүн саҕаланна.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайар бөлөҕө бүгүн Баатаҕай нэһилиэгиттэн отчуоту туруорууну саҕалаата. Өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын бэрэстэбиитэллэрин бастакы бөлөҕүн Уус Алдан улууһун баһылыга Василий Аммосов арыаллыыр. Бу бөлөх салгыы Уһун Күөлгэ уонна Кэптэнигэ үлэлиэҕэ.

СӨ ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистирин солбуйааччы Надежда Мохначевская салайааччылаах иккис бөлөх Суоттуга, Тумулга уонна Тулунаҕа үлэлиир. Бу бөлөҕү улуустан баһылык бастакы солбуйааччыта Илья Артамонов арыаллыыр.

СӨ экономика миниистирин бастакы солбуйааччы Мария Аргунова салайааччылаах бөлөх Бэйдиҥэ, Сыырдаах, Уус Күөлэ бөһүөлэктэргэ отчуоту туруорар. Үһүс бөлөҕү улуустан баһылык солбуйааччыта Анатолий Сторожев арыаллыыр.

мюрюгазета.рф👈

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM