УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.7K photos
3.1K videos
10 files
5.74K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Улууска муус устар 17 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ Михаил Сивцев кэлэ сырытта. “Михаил Петрович Курбуһахха уонна Бэрт Ууһугар үөрэх тэрилтэлэрин саҥа дьиэлэрин тутуу бастакы тирэхтэрин түһэрии үөрүүлээх тэрээһиннэрин сэргэ Мүрү алаас иһигэр тутулла турар уонна өрөмүөннэниэхтээх үөрэх тэрилтэлэрин эбийиэктэрин көрдө-иһиттэ”, – диэн улуус дьаһалтатын пресс -сулууспата иһитиннэрдэ.

Ол курдук, миниистир Майаҕас орто оскуолатын успуорт саалатын тиэхиньиичэскэй туругун билистэ. Бу оскуола саалатыгар 2022 сылга буолуохтаах Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар успуорт адаптивнай көрүҥнэригэр күрэхтэһиилэр ыытыллыахтаахтар. Бэлиэтиир буоллахха, успуорт саалата эһиил “Хас биирдии оҕо ситиһиитэ” федеральнай бырагыраамаҕа киирсиэхтээх. Бу бырагыраама оҕону эбии үөрэхтээһин ситимин инфраструктуратын сайыннарыыга туһуланар, онон бырайыак чэрчитинэн саалаҕа хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ ыытыллара былааннанар.

Салгыы Михаил Сивцев тутуута саҕаламмыт Мүрү 2№-дээх орто оскуолатыгар сырытта. Онно кэлэктииби кытта көрсөн кэпсэттэ. Туттууга 323 тирэхтэн номнуо 85-һэ түспүтүн, тутуу матырыйааллара таһылла сылдьалларын билиһиннэрдилэр. Оскуола үс этээстээх буолуохтаах, 450 үөрэнээччигэ ананыахтаах.

Миниистир оробуочай бөлөҕө Бороҕоҥҥо өссө урукку “Ньургуһун” оҕо саадын миэстэтигэр тутуллуохтаах успуорт былаһааккатын миэстэтин көрдө. Манна 2022 сылга диэри Мүрү 1№-дээх орто оскуолатыгар сыһыарыллар успуорт былаһааккатын тутуу былааннанар. Бу бырайыагы эмиэ “Хас биирдии оҕо ситиһиитэ” федеральнай бырагыраамаҕа сайаапкалыахтаахтар.

Салгыытын комментарийдарга эбэтэр хаһыат саайтыгар аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үөрэхэйгэтэ
#тутуулар
https://www.instagram.com/p/CN31k-usBBf/?igshid=1vy9nc73qm484
📰📰📰

Уус Алдан улууһугар Ил Түмэн бэрээсэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков кэлэ сырытта. Рабочай сырыы сыалынан-соругунан 2022 сылга ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын көрсө тутуллар эбийиэктэри көрүү буолла.

Ол курдук, тустаах үлэһиттэри кытта Мындааба бөһүөлэгэр "Демография" национальнай бырайыак успуорду сайыннарыыга регионнааҕы бырайыагынан үбүлэнэн тутуллар 32 миэстэлээх уопсайдаах тустуу көрүҥнэрин саалатын, 1000 миэстэлээх, ону кытта 3000 миэстэлээх көһөрүллэр трибуналаах стадиону, Бороҕоҥҥо тутулла турар элбэх функциялаах спортивнай комплексы, Күлүмнүүр аатынан культура киинин көрдүлэр.

Ону тэҥэ, Бороҕоҥҥо эмиэ "Демография" нацбырайыак үһүгэр диэри саастаах оҕолор оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин тэрилтэтинэн хабыллыыларын хааччыйар, оттон кинилэр ийэлэрэ үлэлээх буолууларыгар туһуланар федеральнай бырайыагын чэрчитинэн тутуллар 75 миэстэлээх оҕо саадын, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан тутулла турар 44 квартиралаах уопсай дьиэ уонна 450 миэстэлээх 2№-дээх орто оскуола тутууларыгар сырыттылар.

📌 Маныаха спортивнай эбийиэктэри тутуу бытаана бэлиэтэннэ. "Бу, биллэн турар, үп-ас кырыымчыгар сытар. Онуоха итэҕэстэри, хаалыылары ситэрэр туһугар үлэ тэтимирэригэр бары кыахпытын уурабыт уонна тутуулар кэмигэр киирэллэригэр эрэнэбит" – диэн бэйэтин санаатын Александр Жирков үллэһиннэ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#нацбырайыактар
#тутуулар
#Бороҕон2022
https://www.instagram.com/p/CPh7oA0snyH/?utm_medium=share_sheet