УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.6K photos
3.07K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
Бүгүн Уус Алдан улууһун Олоҥхо ассоциациятын ыҥырыылаах мунньаҕа тэрилиннэ. Мунньахха Олоҥхо ассоциациятын сүбэтин саҥа састааба талылынна. Бэрэссэдээтэлинэн Уус Алдан улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Анатолий Сторожев бигэргэннэ.

Уус Алдан улууһун Олоҥхо Ассоциациятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыларынан култуура улуустааҕы салалтатын салайааччы Сергей Нафанаилов, үөрэх улуустааҕы салалтатын салайааччы Степан Литвинцев, чилиэннэринэн “Олоҥхо дьиэтэ” этнокултуурунай киин дириэктэрэ Марфа Алексеева, үөрэх салалтатын иитии уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ салаатын салайааччыта Ирина Сивцева, Тулуна орто оскуолатыттан алын сүһүөх кылаас учуутала, “Түһүлгэ”, “Ыллык” фольклорнай бөлөхтөрү салайар Татьяна Дегтярева хомус ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Лена Павлова, “Кэскил түһэ” ийэ тыл түмсүүтүн салайар Светлана Бурцева талылыннылар.

Олоҥхо ассоциацията 2023 сылга ыыппыт үлэтин, Олоҥхо декадатын тэрээһиннэрин, 2024 сыллааҕы үлэ былаанын “Олоҥхо дьиэтэ” этнокултуурунай киин уус-уран салайааччыта Елизавета Данилова иһитиннэрдэ.

2023 сыл түмүгүнэн «Олоҥхоҕо бастыҥ уһуйааччы», «Олоҥхону бастыҥ тарҕатааччы» анал бириэмийэни аныыр туһунан иһитиннэриини “Олоҥхо Дьиэтэ” этнокултуурунай киин олоҥхоҕо специалиһа Александра Местникова оҥордо. “Олоҥхо дьиэтэ” этнокултуурунай киин үлэтин концепциятын “Олоҥхо дьиэтэ” этнокултуурунай киин дириэктэрэ Марфа Алексеева билиһиннэрдэ.

Мунньах кыттыылаахтара инники үлэҕэ этиилэри киллэрдилэр, санааларын атастылар.

@uamurusahargata @UAkultura
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍 Мүрү нэһилиэгин Радиотумул түөлбэтигэр олорор Уйбаан Маппыайап дьиэтэ куруук сибэккинэн толору🌺🌸🌼

Кини иристэн саҕалаан декабрист, драцена, замиакулькас курдук сибэккилэргэ тиийэ бэйэтэ көрөн-истэн, бүөбэйдээн үүннэрэр.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🧿 Общественная премия “Алампа”: в Якутске назвали имена лучших представителей творческой сферы 2023 года

🪶 В день рождения выдающегося якутского писателя, видного общественного деятеля Анемподиста Софронова-Алампа стали известны имена обладателей общественной премии.

🎭В зале Саха академического театра собралась вся творческая интеллигенция Якутии, а также номинанты прошлых лет и нынешние. Лучших представителей выявили в 10-ти номинациях.

↪️ Подробнее

❤️ @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#кэрээйгэтэ

🎶 "Мүрү" куонкурус өрөспүүбүлүкэ ыччатын күүтэр

Ылбаҕай ырыа үгэс буолбут түһүлгэтэ "Мүрү" куонкурус ыытыллан кэлбитэ быйыл 45 сыла. Онон сэтинньи 30 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ ырыа куттаах талааннаах дьонун Бороҕон сэлиэнньэтигэр аһаҕас куонкуруска күүтэбит.

Билигин бэлэмнэнии үгэннээн турар кэмэ. Улуус имиджин оҥорууга туһуламмыт бөлөх, "Тойон Мүрү" култуура дыбарыаһын үлэһиттэрэ, ырыа куттаах ыччат мустан куонкуруска ыҥырар угуйугу уһуллулар.

Маныаха устууга көмө буолар видеоспиннер оҥорор баҕалара туолла. Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо Василий Савельев санааларын хоту чугастан устарга аналлаах штативы оҥорон биэрдэ.

Онон угуйук уһуллуута ураты каaдырдарынан киэркэйэр буолла.

✍️ Ольга Шепелева

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Күннээҕи гороскоп💫

Сэтинньи 15 күнэ


Хой ♈️

Үлэҕэ-хамнаска уонна дьиэ кэргэҥҥэ кыра иирсээн тахсыан сөп. Үлэҕэр аһары көхтөөх буолар наадата суох, биир идэлээхтэргиттэн ким эрэ ордуҕургуур

Оҕус

Күүстээх иэйиигэ наһаа ылларыма, бу күн буола турар түгэннэргэ көхтөөх буол, үлэттэн толлума

Игирэлэр

Бу күн эйигин тургутан көрүө. Эр дьон араас албастар көмөлөрүнэн дьылҕаларыгар дьайа сатыахтара. Дьахталларга олус сыаналаах малы-салы атыылаһыы үлүскэнэ баар буолуо

Рак

Дьиэ кэргэн тэрээһиннэрин оҥорорго табыгастаах күн. Омук ыалдьыттарын кытта билсэр кыах үөскүөн сөп. Айар дьоҕурдаах дьон концерга эбэтэр фестивальга сылдьаргыт тоҕоостоох

Хахай

Туһата, наадата суоҕунан дьарыгырыма, омуннанан үлүһүйүмэ. Туһалаах атыылаһыыны дьүккүөрдээх дьоҥҥо "сэттэ төгүл кээмэйдээ, онтон биирдэ быс" диэн өс хоһоонун тутуһарга сулустар сүбэлииллэр

Кыыс

Бэйэҥ эппиэтинэскин атын киһиэхэ сүктэрэ сатыыргыттан күн иккис аҥаарыгар тус уонна дьыалабыай сыһыаннарга ыарахаттар баар буолуохтарын сөп

Ыйааһын

Бүгүн дьиэлээхтэргин кытары күҥҥүн атаарарыҥ ордук. Дьиэҕэ бэрээдэги олохтооҥ

Скорпион

Эйиэхэ итэҕэйэр дьоҥҥун кэлэтимэ. Бүттүүн болҕомто киинигэр кииримэ. Тулалыыр дьону кытта иирсииттэн куотуна сатаа

Охчут

Атын дьон санаатыгар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыҥ. Үгүс уустук быһыыга-майгыга аймахтаргытын, чугас дьоҥҥутун өйөбүл-тирэх буолуоххун наада

Чубуку

Кэпсэтиилэр этэҥҥэ ааһыахтара. Ситиһии уонна табыллыы бүгүн эһиги диэки. Тус олоххор баар кыһалҕалары быһаарарга табыгастаах күн. Кэлэр кэскили былаанныыр кэм

Күрүлгэн

Баҕа санааҕын хааччахтыаххын уонна сиэри-туому тутуһуоххун наада. Күнүһүн саҥа дьыалаттан, кэпсэтииттэн туттунуҥ. Билиҥҥи балаһыанньаны уустугуруохтарын сөп

Балыктар

Күн саҥа кыахтары уонна интэриэһинэй этиилэри бэлэхтиэҕэ. Бу барыта эһиги талааннаргытын, сатабылгытын арыйан биэриэҕэ
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
❄️ Илинтэн үрэр тыал тымныыны сымнатта быһыылаах. Киэһэ киһи сирэйин быһыта биэрэрдии сытыырхайбыт этэ.

☀️ Сарсыарда 6 чааска 19 кыраадыс тымныы этэ. Күнүс 16-17 кыраадыс тымныы буолуо диэн билгэлииллэр. Тыала син биир илинтэн, сөкүүндэҕэ 3 м түргэннээхтик үрэр.

❄️ Кыһыны тымныытынан ордук билээччибит. Онон сылаас кыһын буолсу диэн налыйар табыллыбат. Ахсынньы аам-даам, тохсунньу томороон тымныылаахтарын умнумуоҕуҥ.

📸 Ольга Шепелева

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👏 Күндү оҕолор, учууталлар, төрөппүттэр! "Мүрү саһарҕата" хаһыат редакцията, Уус Алдан улууһун үөрэҕин управлениета уонна оҕону эбии үөрэхтээһин "Өркөн" киинэ куонкурус биллэрэллэр👍

Хоһоон суруйуутугар “Төрөөбүт дойдум” улуустааҕы күрэс балаһыанньата


Тэрийээччилэр:
- Уус Алдан улууһун үөрэҕин управлениета;
- “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ;
- “Мүрү саһарҕата” хаһыат редакцията.

Сыала:

- суруйар дьоҕурдаах оҕолору түмүү;
- төрөөбүт тылбытын харыстааһын, сайыннарыы.

Соруктара:
- оҕо төрөөбүт тылынан айар дьоҕурун сайыннарыы;
- төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии.


Кыттааччылар
1 бөлөх – 1–4 кылаастар;
2 бөлөх – 5–8 кылаастар;
3 бөлөх – 9–11 кылаастар.

Күрэх болдьоҕо
Сайаапкалары уонна үлэлэри 2023 сыл сэтинньи 27 күнүгэр диэри [email protected] эл.почтаҕа күүтэбит. Билсэр төлөпүөҥҥүт 89142317043 (Мария Аргунова)

Күрэх ирдэбилэ
Хоһоону оҕо сахалыы тылынан төрөөбүт дойдутун туһунан, төрөөбүт дойдутугар тапталын хоһуйан суруйуохтаах. Бэйэтэ айбыт айымньыта буолуохтаах.

Сыанабыла:
- айымньы сюжета;
- туох эмэ уратыта;
- ис хоһооно;
- грамматическай сыыһалары учуоттааһын;
- дорҕооннор дьүөрэлэһиилэрэ, тэтимэ;
- тылы сөпкө туттуу;
- тылын баайа.

Түмүк
Кыайыылаахтарга бөлөх аайы 1-кы, 2-с, 3-с үктэл, “Бастыҥ хоһоон” анал аат иҥэриллиэҕэ уонна харчынан бириэмийэ ананыаҕа. Кыайыылаах хоһооннор “Мүрү саһарҕата” хаһыат оҕолорго аналлаах “Үрүйэчээн” сыһыарыытыгар бэчээттэниэхтэрэ. Бары кыттыбыттарга туоһу сурук ыытыллыаҕа.

Тэрийэр бөлөх

@uamurusahargata @uuobor_uusaldan @erkensdod
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Сайаапка.docx
16.9 KB
"Төрөөбүт дойдум" улуустааҕы күрэскэ сайаапка киэбэ
🏐 Түүлээх оскуолатын уолаттара волейбол улуустааҕы күрэхтэһиитигэр кыттан 13 хамаандаттан чөмпүйүөн үрдүк аатын ылары ситистилэр (тренер В.В. Бочкарев, физкультура учуутала М.П. Степанов). Күрэхтэһии сэтинньи 13, 14 күннэригэр Мындаабаҕа ыытыллыбыта, турнирга иккис миэстэни бэйдиҥэлэр, үсүһү сыырдаахтар ылбыттара.

Бу – өр сылларга ситиһиллибэтэх үөрүү: 21 сыл буолан баран Түүлээх үөрэнээччилэригэр чөмпүйүөннэр күөрэйэн, саҥа ааттар ааттаммыттара тренер Владимир Бочкарев сыралаах үлэтин түмүгэ буолар.

Күрэхтэһии түмүгүнэн Степа Кузьмиҥҥа «Бастыҥ оонньооччу», Платон Неустроевка «Бастыҥ кимээччи» анал ааттар туттарылыннылар. Хамаанда састаабыгар Степа Кузьмин, Ариан Бережнев, Платон Неустроев, Эрэл Бочкарев, Айтал Захаров, Ньургун, Эрчим, Артем Винокуровтар кыайыыны турууластылар.

Быйыл саҥа анал таҥас кэтэн, чахчы да миэстэлэһэргэ оҥостон, кыайыыга эрэллээхтик сананан кытыннылар. Дьарык да күүстээх, күннэтэ эбиллиигэ сыраластылар.

Кыайыыны аҕалсыбыт, көмөлөспүт, оонньуур формаларыгар спонсордаабыт дьоммутугар: Ил Түмэн депутатыгар Геннадий Васильевка, биир дойдулаахтарбытыгар Иннокентий Бочкарёвка, Юрий Афанасьевка, Семен Ивановка, Семен Петуховка, Петр Неустроевка, Степан Жирковка, Түүлээх бэтэрээн волейболистарыгар, эскиһин уруһуйдаабыт Июлия Охлопковаҕа, саҥа форманы бэлэх ууммут төрөппүттэргэ барҕа махтал тылларын тиэрдэбит. Оҕолорбутугар өссө да ситиһиилэри, мээччиккит үөһэ кыырайа көттүн!

✍️ Агафья Афанасьева, Түүлээх орто оскуолатын учуутала

🏃 Саайтка👈

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM