Бастакы күн Суотту народнай тыйаатыра, сэтинньи 17-с күнүгэр Тумул “Айыллан” народнай тыйаатыра ыалдьыттыахтара, испэктээктэрин көрдөрүөхтэрэ. Сэтинньи 23-с күнүгэр Бээрийэ нэһилиэгиттэн “Кэскил” студия, 24-с чыыһылаҕа Түүлээхтэн “Аргыс” эр дьон вокальнай ансаамбыла, ахсынньы 2 күнүгэр Тандаттан “Дьиэрэй” эр дьон вокальнай ансаамбыла, 12-с чыыһылаҕа Бороҕоннооҕу ырыа-үҥкүү норуодунай кэлэктиип Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар айар кэнсиэрдэрин көрдөрүөхтэрэ, быыстапкаларын туруоруохтара.
Итини таһынан ити күннэргэ кэлэктииптэр хаһан хайдах тэриллибиттэрин, кимнээх тэрийбиттэрин, кимнээх кыттыбыттарын, ситиһиилэрин олохтоох “Дуораан” араадьыйа нөҥүө билиһиннэриэхтэрэ, биэриилэр күнүс 13.00 чаастан тахсыахтара.
Саха сиригэр күн бүгүн 207 народнай кэлэктиип баарыттан Уус Алдан улууһугар 9 народнай кэлэктиип айымньылаахтык үлэлиир, айар-тутар. Бу кэлэктииптэргэ нэһилиэктэр олохтоохторо, учууталлар, үөрэнээччилэр, медицина, тыа хаһаайыстыбатын, дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын, сибээс, култуура үлэһиттэрэ, дьиэ хаһаайкалара, пенсионердар бэйэлэрин иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атааран, талааннарын арыйан, нэһилиэккэ ыытыллар араас култуурунай-маассабай тэрээһиннэргэ кытталлар, тэрийсэллэр, улуус, өрөспүүбүлүкэ, Россия, аан дойду таһымнаах куонкурустарга, фестивалларга кыттан улууспут аатын ааттаталлар.
Уус Алдан улууһун култуураҕа управлениетын матырыйаалынан
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Улууспут үлэтин-хамнаһын, туруу үлэһит, талба талааннаах дьонун сырдатан сурукка-бичиккэ тиһэн устуоруйаҕа хаалларар уонна улууспут сахалыы сайдам тылынан суругу-бичиги тарҕатар соҕотох хаһыатыгар кэлэр сылга сурутууну күннэтэ ыытабыт.
Бүгүн үөрэх улуустааҕы салалтатын кэлэктиибэ хаһыакка 100% суруйтарда, ону таһынан үөрэх салалтатын начаалынньыга Степан Литвинцев түөрт бэтэрээнигэр сурутууну бэлэхтээтэ. Үөрэхтээһин эйгэтин үлэһиттэрэ эмиэ ис санааларыттан бэтэрээннэригэр суруттардылар.
Ону сэргэ култуура улуустааҕы салалтатын үлэһиттэрэ эмиэ 100% суруйтардылар. Салайааччынан саҥа үлэлээн эрэр эдэр киһи Сергей Нафанаилов хаһыат суолтатын өйдөөн, бары үлэһиттэрин сурутууга ыҥырар.
Ити курдук, улууспут олоҕун-дьаһаҕын кэскилин тэлсэр төһүү эйгэлэр үлэһиттэрэ улуустарын хаһыатын ааҕалларын, өйүүллэрин өссө төгүл биллэрдилэр.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
АЙАРГА саҥа дьыллааҕы БЭЛЭХТЭР🎉 🎅🏼🎄
🌟 🌟 🌟 «АЙАР» кыһа аптаах кинигэлэрдээх, оонньуулардаах, Twix, Snickers, Mars, Oreo, Alpen Gold, Kinder курдук бэчиэнньэлээх-сакалааттаах минньигэс бэлэхтэри бэлэмнээтэ.
🎄 Кырачааннарбыт саамай кэтэһэр бырааһынньыктарыгар эрдэттэн бэлэмнэниҥ – "Айартан" бэлэхтэ ылыҥ!🤗
🌟 15000 солкуобайтан үөһээ сууммаҕа кэлэктиибинэн сакааска 10% чэпчэтии көрүллэр.
🚗 Дьокуускай куорат иһинэн босхо тиэрдэн биэрэбит.
📲 Сакаастары +7 914 278-08-70 төлөпүөнүнэн үлэ чааһын кэмигэр ылабыт эбэтэр "Айар" маҕаһыыныгар кэлэн сакаастыаххытын сөп.
Аадырыспыт: Бороҕон, Ленин аатынан уулусса 38/1, "Палладиум" атыы-эргиэн дьиэтэ.
"Айар" ватсап бөлөҕө https://chat.whatsapp.com/EfqBCb5LjXX1R8DBakiRIt
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Аадырыспыт: Бороҕон, Ленин аатынан уулусса 38/1, "Палладиум" атыы-эргиэн дьиэтэ.
"Айар" ватсап бөлөҕө https://chat.whatsapp.com/EfqBCb5LjXX1R8DBakiRIt
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
С 20 ноября по 7 декабря 2023 г. в нашем улусе пройдет муниципальный отборочный этап чемпионата по профессиональному мастерству "Профессионалы" Усть-Алданского улуса.👨🏻💻👨🏻🔧👩🏻🔬👩🏻🎨👩🏻🚒👩🏻🍳 Это один из самых популярных конкурсов в России, основной миссией которого является - дать детям возможность осознанно выбрать профессию в быстро меняющемся мире, определиться с образовательной траекторией и в будущем без проблем найти свое место на рынке труда.
✅Центр дополнительного образования детей ежегодно является организатором проведения муниципального этапа.
В этом году муниципальном этапе проводится 36 компетенций. Принимаем заявки по ссылке: https://docs.google.com/forms/d/e/1FAIpQLSeNKRw3ZX_jUvU2MQFH_OaMlneZDfmkc33ApyQHst-2d6Y2wg/viewform?usp=sharing до 20 ноября 2023 г. Положение опубликовано на сайте ЦДОД https://ua-sdod.obr.sakha.gov.ru/professionaly/kompetentsii 📲Справки по тел.: 89141001525 (Евгения Климентьевна) 89618675278 (Екатерина Петровна), 89681623026 (Анна Михайловна)

Прокуратура Усть-Алданского улуса
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэтүгэн
✊ Ойуунускай аата дорҕоонноохтук ааттанна
Саха норуотун уһулуччулаах политическай уонна общественнай деятелэ, суруйааччы, учуонай-лингвист Платон Алексеевич Слепцов – Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Саха норуотун олоҕор сүдү суолталаах үлэни-хамнаһы оҥорон хаалларбыт чулуу киһибитин оҕо аймахха өссө төгүл билиһиннэрэр, өйдөтөр аналлаах тэрээһиҥҥэ үөрэнээччилэр кини айымньыларынан театрализованнай дьүһүйүүлэри, монтажтары көрдөрдүлэр.
✍️📹 Ольга Шепелева