УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.7K photos
3.1K videos
10 files
5.74K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#бэлиэтүгэн

"Сомоҕолоһуу. Дьулуур. Өрөгөй" киинэ сүрэхтэннэ

Бүгүн улууспутугар эмиэ биир бэлиэ түгэн буолла. 2022 сылга Уус Алдаҥҥа ыытыллыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын VIII спортивнай оонньууларын туһунан улуус дьаһалтатын көҕүлээһининэн оҥоһуллубут "Сомоҕолоһуу. Дьулуур. Өрөгөй" документальнай киинэ сүрэхтэннэ.

Киинэ режиссера Екатерина Бочкарева Оонньуулар түгэннэрин хаартыскаҕа, видеоҕа тиспит көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ үлэһиттэригэр уонна киинэ монтаһын оҥорбут Иван Окоемовка, Нарыйа Бочкареваҕа, киинэ тиэкиһин суруйбут Ольга Шепелеваҕа махтанна итиэннэ киинэҕэ Оонньуулар тэрээһиннэригэр улууспут дьоно-сэргэтэ биир киһи курдук, биир сомоҕо буолбуттарын киэн тутта тиэрдэргэ кыһаллыбыттарын туһунан эттэ.

Чахчы да киинэ Аммаҕа буолбут VII спортивнай оонньууларга улууспут баһылыга Алексей Федотов VIII Оонньуулар биһиги улууспутугар буолалларын туоһулуур Оонньуу былааҕын туппутуттан саҕалаан улууспут дьоно хайдахтаах курдук түмсэн, бэлэмнэнэн барбыттарын, төһөлөөх түөн саҕа кыра боппуруостартан саҕалаан баараҕай тутууларга тиийэ улууспут киинэ уларыйан, киэркэйэн тахсыбыта, Оонньуулар буолар кэмнэригэр араас эйгэ үлэһиттэрэ анал эбээһинэстэрин эппиэтинэстээхтик толорбуттарын, Оонньуулар саҕаланар күннэрин эрэ иннинэ күүстээх буурҕа түһэн ытык курдук ытыйан ааспытын, ону чөлүгэр түһэрэ охсон Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын VIII спортивнай оонньуулара арыллар тэрээһиннэрэ үрдүктэн үрдүк таһымҥа ааспытын, күрэхтэһиилэр күүрээннээх түгэннэрэ, улууспут дьоно дьулуһан туран кыайыыны ситиспиттэрэ бу балтараа чаастаах киинэҕэ бүүс-бүтүнүү түмүллэн көһүннэ. Киинэни мустубут дьон уйадыйа, долгуйа, үөрэ дохсун ытыс тыаһынан сыаналаатылар.

✍️ Мария Аргунова

☑️ https://мюрюгазета.рф/article/98043

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэтүгэн

💠 Байаҕантай нэһилиэгэр архитектура пааматынньыгын сөргүтүү саҕаланна

Бу күннэргэ Байаҕантай нэһилиэгин Балаҕаннаах алааһыгар 1848-1852 сс. Байаҕантай улууһун баһылыга Савва Егоров олорбут дьиэтин сөргүтүүгэ үлэ саҕаланна. Бу үлэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев көҕүлээбит “Пааматынньыктары харыстыахха” (“Сохраним памятники”) бырайыагын чэрчтитинэн оҥоһуллар.

Былыргы дьиэ туруга сэнэх, ис бараанын улахан өттө баар. Дьиэ таһыгар туос ураһа биир тирэҕэ бу күҥҥэ диэри туран хаалбыта сэдэх көстүү буолар.

Сөргүтүүнү “Уран” дизайн-устуудьуйа” ХЭТ ыытар. Миэстэтигэр Владимир Чахов маастардаах биригээдэ үлэлиир. Сөргүтүү үлэтин быйыл бэс ыйын бүтүүтэ ситэрэр соруктаахтар.

Бу улахан суолталаах үлэни ыытарга үп былырыын муус устар 18 күнүгэр ыытыллыбыт телемарафон көмөтүнэн хомуллубута, уопсайа 1,1 мөл. солк. киирбитэ.

Санатар буоллахха, бырайыак координатора – СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников, телемарафону култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэктэрин хараанныыр департамент, устуоруйа пааматынньыктарын уонна култуураны хараанныыр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыба Саха сиринээҕи салаата уонна Уус Алдан улууһун дьаһалтата, “Саха” НКИХ тэрийбиттэрэ.

СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан

☑️ https://мюрюгазета.рф/article/98198

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэтүгэн

📚 Сыллата интэриэһинэй, туһалаах түгэни бэлэхтииллэр

"Библионочь" үгэс буолбут сыллата ыытыллар аахсыйа быйыл Бибилэтиэкэ күнүн көрсө ыытылынна.
С.С. Васильев - Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ бу күнү нэһилиэнньэҕэ интэриэһинэйдик, туһалаахтык оҥордулар. Бибилэтиэкэ салаалара кэлбит ыалдьыттар араас идэҕэ "умсан" ылалларын курдук, бу тэрилтэлэр үлэлэрин, устуоруйаларын билиһиннэрэр быыстапкалары, кэпсэтиилэри тэрийдилэр.
Улууска үөрэхтээһин, тыа хаһаайыстыбата, медицина, о.д.а эйгэ сайдыытын быыстапката, тустаах үлэһиттэр кэпсээннэрэ, итиэннэ сэбиэскэй кэмтэн бүгүҥҥү күҥҥэ диэри устуоруйата, оччолортон мунньуллубут интэриэһинэй кэлиэксийэлэр, үлэһит династиялары,билиһиннэрэр быыстапкалар турдулар.

📹Ольга Шепелева

⏬️⏬️⏬️
Салгыыта комментарийга

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
#бэлиэтүгэн

❇️Үс улуус табаарыстыы көрсүһүүтэ үгэс буолуоҕа

Үс улуус - Амма, Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Алдан улууһун истибэттэрин уопсастыбатын былырыыҥҥыттан сүбэлэһэн «Табаарыстыы көрсүһүү» оҥорорго былааннаммыппыт.
Ол чэрчитинэн 2022 сыллаахха Амма сэлиэнньэтигэр көрсөммүт волейболга уонна көрдөөх стартка күрэхтэспиппит. Амма өрүскэ киирэ сылдьыбыппыт.
Быйыл Уус Алдан улууһугар VIII спортивнай оонньуулар тутууларын көрүөхпүт этэ диэннэр, анал былаан ылынаммыт Минтруд тэрээһиммитин үбүлээбитэ.
Улуус дьаһалтатыгар «Табаарыстыы көрсүһүү» балаһыанньатын оҥороммун бигэргэттэрэн, тэрээһиммитигэр көмө көрдөөммүт өйөбүл ыламмыт этэҥҥэ ааһарыгар күүс-тирэх буолла.

Раиса Слепцова, Уус Алланнааҕы истибэттэр уопсастыбаларын салайааччыта

салгыыта комментарийга
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэтүгэн

📰 "Үрүйэчээммит" үһүс нүөмэрэ бэчээттэннэ

Бу нүөмэргэ улуус оҕолорун айымньыларын, талааннаах оҕолор тустарынан истиҥ кэпсээннэри, сайыҥҥы сынньалаҥы хайдах атааралларын, о.д.а. үгүһү билиэххит, сэргиэххит😍👍👏

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэтүгэн

🎉🎊 Николай Тарскай аатынан спорт дыбарыаһа арыллар үөрүүлээх күнэ үүннэ👏👏👏

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэтүгэн

Улуус киинигэр буойун уолаттарбытыгар аналлаах сквер баар буолла

Эйэлээх да кэмҥэ дойдуларын туһугар араас байыаннай дьайыыларга биһиги уолаттарбыт кыттыыны ылбыттара, хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Ол курдук Афганистан, Чечня, Сирия көҥүллэрин иһин дойдуларын иннигэр ытык иэстэрин толорбуттара. Аны билигин Украинаҕа буола турар анал байыаннай дьайыыга эмиэ кытта сылдьаллар. Онно саха буойуттара, Уус Алдан уолаттара мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьыбыттара, сылдьаллар даҕаны. Кинилэртэн биирдэстэрэ Алексей Неустроев хорсун быһыытын иһин Россия Дьоруойа буолла.

Бүгүн, балаҕан ыйын 6 күнүгэр, Бороҕоҥҥо араас кэмнэргэ анал байыаннай дьайыыларга кыттыбыт, онно сылдьан сырдык тыыннара быстыбыт биир дойдулаахтарбытыгар аналлаах сквер арыллыытын бэлиэ тэрээһинэ буолла.

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/uluus-kiiniger-buojun-uolattarbytygar-anallaah-skver-baar-buolla/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэтүгэн

👏 Өлтөх нэһилиэгин олохтоохторо саҥа тахсар киинэлэри быһа көрөр кыахтаннылар

А.П. Петров аатынан Бэйдиҥэтээҕи норуот айымньытын киинигэр киинэ саалата арыллар үөрүүлээх түгэнэ буолан ааста.

Саха сиригэр култуура уонна духуобунас сайдыытын министиэристибэтэ иккис сылын киинэ саалаларын арыйыыга граннары ыытар. Биһиги иккис сылбытын бу күрэххэ киирсэн, 1 мөл. солк. суумалаах граны ылары ситистибит. Бу күнтэн саҕалаан өрөспүүбүлүкэбит "Cinema" киинэ тыйаатырын нөҥүө көстөр киинэлэр тутатына көстөр кыахтаннылар.

Киинэбит саалатын үлэтин билигин Сахабыт сиригэр саҥа тахсан биһирэбили ылбыт "Лоокуут уонна Ньургуһун" киинэнэн арыйдыбыт.

Саала иһэ тобуус-толору кыра оҕотуттан, аҕам саастааҕар тиийэ муһунна. Үөрүүлээх арыллыы түгэнин үллэстэ, кэлбиттэрэ олус үөрүүлээх.

Ытык ыалдьыттарынан биһиги нэһилиэкпитигэр үлэлээн ааспыт киномеханиктар Тимофей Николаевич Степанов, Прасковья Петровна Попова, Андрей Константинович Бурнашев кэлэн тыл эттилэр. Урукку киинэ историятыттан сырдатан аастылар. Кинилэргэ махтал сурукпутун, ону тэҥэ Бэйдиҥэҕэ хомуллан оҥоһуллубут "Саха мүөт" хампаанньа быйылгы мүөтүн аан бастакынан бэлэх ууннубут.

✍️ Игнатий Слепцов, А.П. Петров аатынан норуот айымньытын киинин дириэктэрэ

🏃 t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэтүгэн

👏 “МедиаЛаб” оҕо креативнай кластерын лабораторията арылынна

Үүнэр көлүөнэ тус сыаллаах пуондата, сүрүн спонсор “Эльгауголь” ХЭТ тэрийэн ыытар оҕо инновационнай кииннэрин “ИННОСФЕРА-2023” куонкурсугар улуустааҕы “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин коллектива (дириэктэр Яков Колодезников) кыайыылаах үрдүк аатын ситиһэн 1 мөлүйүөн суумалаах граны ылбыта. Бу үбүнэн медиакоммуникация сайдыытыгар анаммыт “МедиаЛаб” оҕо креативнай кластерын лабораторията арылынна. Олус тупсаҕай, араас аныгы тиэхиньикэнэн хааччыллыылаах хос арыллан, оҕо аймах, аҕам да саастаах дьон аныгы үйэни кытта тэҥҥэ хардыылыыр үөрэхтээһини барар, сайдар усулуобуйалара баар буолла.

Эбии үөрэхтээһин педагога Евдокия Окоемова медиаиндустрия сайдыылаах кэмигэр улуус оҕолорун хаартыскаҕа түһэрии, видеоҕа устуу, радио, телесуруналыыстыкаҕа бастакы хардыылары оҥорорго, графическай дизайн, социальнай медиа, о.д.а. уһуйууга ылсан, бу туһуламмыт үлэни ыытарга толору бэлэм.

📹 Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэтүгэн

Ойуунускай аата дорҕоонноохтук ааттанна

Саха норуотун уһулуччулаах политическай уонна общественнай деятелэ, суруйааччы, учуонай-лингвист Платон Алексеевич Слепцов – Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Саха норуотун олоҕор сүдү суолталаах үлэни-хамнаһы оҥорон хаалларбыт чулуу киһибитин оҕо аймахха өссө төгүл билиһиннэрэр, өйдөтөр аналлаах тэрээһиҥҥэ үөрэнээччилэр кини айымньыларынан театрализованнай дьүһүйүүлэри, монтажтары көрдөрдүлэр.

✍️📹 Ольга Шепелева

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM