УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.7K photos
3.09K videos
10 files
5.74K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#бэлиэтүгэн

Ойуунускай аата дорҕоонноохтук ааттанна

Саха норуотун уһулуччулаах политическай уонна общественнай деятелэ, суруйааччы, учуонай-лингвист Платон Алексеевич Слепцов – Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Саха норуотун олоҕор сүдү суолталаах үлэни-хамнаһы оҥорон хаалларбыт чулуу киһибитин оҕо аймахха өссө төгүл билиһиннэрэр, өйдөтөр аналлаах тэрээһиҥҥэ үөрэнээччилэр кини айымньыларынан театрализованнай дьүһүйүүлэри, монтажтары көрдөрдүлэр.

✍️📹 Ольга Шепелева

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн Уус Алдан улууһун Олоҥхо ассоциациятын ыҥырыылаах мунньаҕа тэрилиннэ. Мунньахха Олоҥхо ассоциациятын сүбэтин саҥа састааба талылынна. Бэрэссэдээтэлинэн Уус Алдан улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Анатолий Сторожев бигэргэннэ.

Уус Алдан улууһун Олоҥхо Ассоциациятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыларынан култуура улуустааҕы салалтатын салайааччы Сергей Нафанаилов, үөрэх улуустааҕы салалтатын салайааччы Степан Литвинцев, чилиэннэринэн “Олоҥхо дьиэтэ” этнокултуурунай киин дириэктэрэ Марфа Алексеева, үөрэх салалтатын иитии уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ салаатын салайааччыта Ирина Сивцева, Тулуна орто оскуолатыттан алын сүһүөх кылаас учуутала, “Түһүлгэ”, “Ыллык” фольклорнай бөлөхтөрү салайар Татьяна Дегтярева хомус ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Лена Павлова, “Кэскил түһэ” ийэ тыл түмсүүтүн салайар Светлана Бурцева талылыннылар.

Олоҥхо ассоциацията 2023 сылга ыыппыт үлэтин, Олоҥхо декадатын тэрээһиннэрин, 2024 сыллааҕы үлэ былаанын “Олоҥхо дьиэтэ” этнокултуурунай киин уус-уран салайааччыта Елизавета Данилова иһитиннэрдэ.

2023 сыл түмүгүнэн «Олоҥхоҕо бастыҥ уһуйааччы», «Олоҥхону бастыҥ тарҕатааччы» анал бириэмийэни аныыр туһунан иһитиннэриини “Олоҥхо Дьиэтэ” этнокултуурунай киин олоҥхоҕо специалиһа Александра Местникова оҥордо. “Олоҥхо дьиэтэ” этнокултуурунай киин үлэтин концепциятын “Олоҥхо дьиэтэ” этнокултуурунай киин дириэктэрэ Марфа Алексеева билиһиннэрдэ.

Мунньах кыттыылаахтара инники үлэҕэ этиилэри киллэрдилэр, санааларын атастылар.

@uamurusahargata @UAkultura
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
👍 Мүрү нэһилиэгин Радиотумул түөлбэтигэр олорор Уйбаан Маппыайап дьиэтэ куруук сибэккинэн толору🌺🌸🌼

Кини иристэн саҕалаан декабрист, драцена, замиакулькас курдук сибэккилэргэ тиийэ бэйэтэ көрөн-истэн, бүөбэйдээн үүннэрэр.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM