📰📰📰
⭕ Ыарыы турда диэн олох тохтоон хаалбат. Аныгы үйэ хардыытынан, салгын устун үлэлиибит-хамсыыбыт, сонуннары истэ-билэ олоробут, саҥаны айабыт-тутабыт.
⭕ Курбуһахтааҕы “Чуораанчык” уһуйаан иитиллээччилэрэ – “Кустук” бөлөх оҕолорун “Дьэргэлгэн” ансаамбыллара (салайааччы О.И. Бурнашева, иитээччи М.Н. Стручкова) Кыайыы 76 сылыгар анаммыт хоһоону ааҕыы өрөспүүбүлүкэ таһымнаах кэтэхтэн күрэһигэр биир дойдулаахпыт – лирик-бэйиэт Баал Хабырыыс “Доҕордуулар туһунан номох” диэн айымньытын ааҕан, 1-кы истиэпэннээх дипломунан наҕараадаланнылар.
⭕ Улуу Кыайыы элбэх харах уулаах кэлбитин бука бары билэбит. Биһиги төһө да ыраах Саха сиригэр олордорбут, норуоппут кыайыы туһугар оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ сэрии кэмигэр, кэнниттэн даҕаны эйэлээх, бигэ туруктаах олоҕу уһансан, күн бүгүн бары дьоллоохпут.
⭕ Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат! Ол сиэринэн, араас хабааннаах ырыа, хоһоон күрэстэрэ ыытыллаллар. Бу күннэргэ Арыылаахтааҕы “Эйгэ” сынньалаҥ киинин көҕүлээһининэн, олохтоох буойун суруйааччы Иннокентий Артамонов ырыа буолбут айымньыларынан ырыа күрэһэ эмиэ кэтэхтэн буолан ааста. Онно Курбуһахтан Августина Горохова ситиһиилээхтик кыттан, 2-с истиэпэннээх диплому тутта.
⭕ Августина Тимофеевна барыга көхтөөх киһи, көҕүлээччи, салайааччы, сүбэһит,эрэллээх доҕор, атас быһыытынан биллэр. Биир дойдулаахтара бу тэтимин ыһыктыбатыгар, доруобуйаны баҕарабыт!
🖊️ Анна Винокурова, уопс. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#курбуһахтансонуннар
https://www.instagram.com/p/CPSNHn-sXAG/?utm_medium=share_sheet

Instagram
📰📰📰
⭕ Сөбүлээн ааҕар «Мүрү саһарҕата» улууһум хаһыатын нөҥүө үөрүүбүн, махталбын үллэстээри суруйабын. Баатаҕайдааҕы «Түмэн» сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Людмила Готовцеваҕа уонна олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Августина Пермяковаҕа, кэлэктиип үлэһиттэригэр истиҥ махталбын тиэрдэбин.
⭕ Эйэлээх, түмсүүлээх үлэһиттэр бэтэрээннэригэр мэлдьи болҕомтолоохтук сыһыаннаһаллар, өрүүтүн көмөлөһөллөр, үөрэ-көтө кэпсэтэллэр, кыһалҕабытын ыйыталаһаллар. Нэһилиэккэ, улууска ыытыллар тэрээһиннэргэ илдьэ сылдьаллар, Сааһырбыттар күннэригэр ыҥыран эҕэрдэлииллэр.
⭕ Кырдьаҕас киһи икки атаҕым сүһүөхтэрэ ыалдьан, Дьокуускайга көрдөрүнэн, эпэрээссийэлэнэн кыстаатым. Ол тухары кулуубум кыргыттара өрүүтүн төлөпүөннээн доруобуйабын сураһан, сонуннарын кэпсээн, санаабын сүрдээҕин көтөхтүлэр, ыарыым да түргэнник оһор курдук этэ.
⭕ Куоракка кыстаан олорор кэммэр кулууп үлэһиттэрэ дьиэм таһын ыраастаан, харбаан-хомуйан сайылыы кэлэрбэр бэлэмнээн тоһуйаллара наһаа абыраллаах көмө. Хамсык ыарыы бүрүүкээн, ордук саастаах дьон дьиэҕэ олорор кэммитигэр нэһилиэк волонтёрдары сыһыараннар, Леонид Готовцев бородуукта атыылаһан, култуура үлэһитэ Василий Садовников оттук маспын хайытан-саһааннаан биэрэн, күүс-көмө буолбуттарыгар ис сүрэхпиттэн махтанабын.
⭕ Түгэнинэн туһанан, Уус Алдан култуураҕа управлениетын начаалынньыгар Иннокентий Аммосовка, кини салайар кэлэктиибигэр, өр сылларга кэтэспит «Культура Усть-Алданского улуса: истоки и современность» диэн дириҥ ис хоһоонноох, баай матырыйааллаах, улууспут култууратын үйэтитэр дьоһун кинигэни таһаарбыккытын бэлэх тутан үөрдүм, уйадыйдым.
⭕ Түбүктээх үлэҕит үрдүктүк сыаналаммытынан үлэлэспит Л.С. Павловаҕа, М.З. Сивцеваҕа, М.Н. Борисоваҕа, З.М. Белолюбскаяҕа махталбын, эҕэрдэбин тиэрдэбин. Өр сылларга үлэлээбит култуурам тэрилтэтигэр сырдыгы, үтүөнү-кэрэни тарҕатааччыларга ситиһиилээх үлэлэринэн, култуура салаата тэриллибитэ 75 сылын үрдүк тэрээһиннээхтик ыыппыккытынан үөрэн туран эҕэрдэлиибин. Барыгытыгар дьолу-соргуну, чэгиэн туругу, айар үлэҕитигэр үрдүктэн-үрдүк дабайыылары баҕарабын.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#махтал
#баатаҕай
#кэрээйгэтэ
https://www.instagram.com/p/CPSPv8zsYyQ/?utm_medium=share_sheet

⭕ Уопсай үөрэхтээһиҥҥэ ФГОС биир уратытынан оҕо киһи быһыытынан сайдарыгар, билиитэ-көрүүтэ элбииригэр уруок таһынан үлэ күүскэ киириитэ буолар. Онуоха 10-с кылаас үөрэнээччилэригэр бэйэ (индивидуальнай) үөрэхтээһин бырайыактарын бэлэмнээн көмүскээһин үөрэх бырагырааматынан ирдэнэр.
⭕ Мүрү 1-кы №-дээх орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччилэрэ – 47 оҕо – маннык бырайыактарын ыам ыйын 22-24 күннэригэр көмүскээтилэр. Оттон бу үлэлэрин бэлэмнээһин үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан эбиэт кэнниттэн уруок быһыытынан киллэриллибитэ, онон хас биирдии оҕо тус бырайыактаах.
⭕ Икки кылаас – 10 “а” уонна 10 “б” – үөрэнээччилэрэ экспердэргэ араас бырайыактары көрдөрдүлэр. Бэлиэтээн эттэххэ, 10 “б” кылаас оҕолоро (кыл. сал. М.Я. Никифорова) салайааччыларын кытта бэйэлэрэ интэриэһиргиир тиэмэлэрин талыыга, онно матырыйааллары хомуйууга, практическай чааһын толкуйдааһыҥҥа күһүҥҥүттэн балай да үлэлэстилэр. Оттон оҕолорго учууталлар, социальнай педагогтар, психологтар, оҕону эбии үөрэхтээһин киинин педагогтара, төрөппүттэр көмөлөстүлэр.
⭕ Экспердэр үлэлэри хайҕаан, интэриэһинэй бырайыактары бэлиэтээтилэр. Ол курдук, Рустам Тарскай «Разработка мобильных приложений в MITAppinventor» бырайыагар Иркутскай куорат «Robodo» онлайн оскуола программированиетыгар үөрэммитин туһанан, саҥа приложениены оҥорбутун кэпсээтэ. Анюта Габышева оҕону эбии үөрэхтээһин киинин иһинэн үлэлиир «Национальное шитье» куруһуокка дьарыктаммыт. Кини бу үөрэҕин туһанан, салайааччытынаан Изабелла Саввиновалыын Аҕа дойду сэриитин кэминээҕи байыаннай формалар историяларын ырытан, үөрэтэн, тигэн, бырайыак быьыытынан көмүскээбитэ уратытык көһүннэ уонна туспа суолталаах үлэ буолан таҕыста. Оттон Дуня Сивцева 7-с кылаастан суруналыыстыка куруһуогар сылдьар, быйыл элбэх өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах НПК-ларга кыттан, сыл түмүгүнэн оскуолаҕа «Бастыҥ чинчийээччи» аатын ылбыта. Онон кини салайааччытынаан Мария Аммосовалыын бэлэмнээбит «Происхождение фамилий в Усть-Алданском улусе» диэн үлэтин ситиһиилээхтик көмүскээтэ.
Салгыытын комментарийдарга эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар аах⏬⏫⏬
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үөрэх
#мүрү1оскуолата
https://www.instagram.com/p/CPUUb_QsAX_/?utm_medium=share_sheet

⭕ Мин иллээх дьиэ кэргэним диэн ийэм, улуустааҕы пенсионнай управление кылаабынай буҕаалтыра Людмила Андреевна, аҕам, айылҕа харыстабылын министиэристибэтин ураты харыстанар сирдэр биологическай ресурсаларын госиниспиэктэрэ Вячеслав Николаевич Прудецкайдар буолаллар. Бииргэ төрөөбүт эдьиийим Варвара – ХИФУ юридическэй факультетын 4-с кууруһун устудьуона, кыра балтым Вероника – Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ.
⭕ Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар, Бороҕоннооҕу оҕо музыкальнай оскуолатын хореографияҕа салаатын туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитим. Онно 2016 сыллаахха "Мечта" үҥкүү ансаамбылынан Санкт-Петербург куоракка "Магия танца" күрэскэ кыттан, Гран-при хаһаайыттара буолан кэлбиппит.
⭕ Эдьиийбин Варяны батыһан, байыаннай-патриотическай кулуупка ситиһиилээхтик дьарыктанабын. Ол курдук, хамаанданан улуус, өрөспүүбүлүкэ "Снежный барс", “Победа", "Защитники Отечества" күрэстэригэр хас да төгүл кыайбыппыт, призер буолбуппут. Ити күрэхтэһиилэргэ сыалы ытыыга хас да төгүллээх анал бириис хаһаайката буолбутум. Казань куоракка 2018, 2019 сылларга "Союз – Наследники Победы" күрэскэ ситиһиилээхтик кыттан кэлбиппит. "Визитка", "Защита баннеров – мой прадед Победитель" түһүмэхтэргэ кылаан бирииһи ылбыппыт. Онтон 2018 сыллаахха Ил Дархан харыйатыгар ыҥырыллан сылдьыбытым, 2019 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи "Снежный барс" күрэскэ 3-с миэстэ буолан, Санкт-Петербург куоракка "Золотое кольцо России" күүлэйдээн кэлбиппит.
⭕ Мин ситиһиилэрим дьиэ кэргэним өйөбүллэринэн, ийэм, аҕам быһаччы иитиилэринэн, үөрэтиилэринэн кэллилэр диэн саныыбын уонна дьиэ кэргэммэр махталым улахан. Биһиги дьиэ кэргэммит үтүө үгэстэрдээх: бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһүү, айылҕаҕа сылдьыы, сир астааһына, бултааһын-балыктааһын, өбүгэ үтүө үгэстэрин тутуһуу. Бары дьиэ кэргэнинэн сыалы ытыынан ордук сөбүлээн дьарыктанабыт, араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттыыны ылбыппыт.
🖊️ Мүрү 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Вика Прудецкая бу ыстатыйатын салгыытын комментарийдарга аах эбэтэр "МС" хаһыат ыам ыйын 21 күнүнээҕи 20-с нүөмэригэр уонна мюрюгазета.рф саайтка "Спецпроекты: семья" түһүмэххэ көр⏫⏬⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#оҕолорсуруйаллар
#дьиэкэргэн
https://www.instagram.com/p/CPUc6zgMBRi/?utm_medium=share_sheet

⭕ Билиҥҥи кэмҥэ мусуойдар пуондаларыгар араас кэминээҕи тиэхиньикэ көрүҥнэрэ киһи аймах тиэхиньиичэскэй сайдыытын туоһулара буолан хараллан тураллар. Танда мусуойугар алта суруйар машинка баар. Олортон саамай былыргылара уонна остуоруйалаахтара “Образцовая Ундервуд” диэн сахалыы клавиатуралаах суруйар машинка эбэтэр дьон үксэ билэринэн бэчээттиир машинка буолар.
⭕ Персональнай көмпүүтэр киэҥник тарҕаммытын кэннэ үөскээбит көлүөнэ дьон, ордук оҕолор бэчээттиир машинкалары дьиктиргии, сонургуу көрөөччүлэр.
⭕ Аан дойдуга бастакы бэчээттиир машинка 1714 сыллаахха айыллан патент ылбыт эбит. Оттон аан бастаан 1876 сыллаахха бэчээттиир машинкаҕа бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэнэн үгүс көлүөнэ дьон оҕо сылдьан умсугуйан аахпыт кинигэбит Марк Твен “Том Сойер мүччүргэннээх сырыылара” кинигэтэ буолар.
⭕ Өр сыллар устатыгар Арассыыйаҕа бэчээттиир машинкалары Америкаттан уонна Германияттан атыылаһан олорбуттар. Онтон 1929 сыллаахха эрэ Казаҥҥа “Татязмаш” диэн бэчээттиир машинкалары оҥорон таһаарар собуот аһыллыбыт. Бастакы “Яналиф” диэн латиница клавиатуралаах (оччотооҕуга ССРС түүрдүү тыллаах омуктара латиница алфавикка киирбит кэмнэрэ этэ) машинка оҥоһуллан тахсыбыт. Салгыы 1930 сыллаахха Ленинград куоракка бэчээттиир машинкалары оҥорор судаарыстыбаннай собуот аһыллыбыт.
⭕ Оттон биһиги кэпсиэхпитин баҕарар "Ундервуд" бэчээттиир машинкабытын 1895 сыллаахха Франц Ксавер Вагнер диэн инженер айан патент ылбыт. Кини патенын Джон Томас Ундервуд предпринимательгэ атыылаабыт. Дьэ, ити кэмтэн 1959 сылга диэри бу маннык мааркалаах машинка саамай аныгы уонна тарҕаммыт бэчээттиир машинка быһыытынан сыаналанар. Российскай империяҕа “Образцовая Ундервуд” машинканы Г. Герлях фирмата тарҕатар эбит. Оттон Саха уобалаһыгар Н.А. Аверинскай курдук улахан атыыһыттар маҕаһыыннарыгар эҥин эгэлгэ табаар атыыланара биллэр.
🖊️ Музеевед, суруналыыс Ефросиния Колодезникова бу суруйуутун салгыытын комментарийдарга аах эбэтэр "МС" хаһыат ыам ыйын 21 күнүнээҕи 20-с нүөмэригэр уонна мюрюгазета.рф саайтка "Актуально" түһүмэххэ көр⏬⏫⏬
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#мусуойэкспонатынкистэлэҥэ
https://www.instagram.com/p/CPUghaNsIlY/?utm_medium=share_sheet

⭕ Майаҕас бөһүөлэгин илин өттүгэр быйыл күһүн үлэҕэ киириэхтээх саҥа хочуолунай тутуута саҕаланна. Бу үлэҕэ нэһилиэк дьаһалтата «Юпитер» диэн ХЭТ-ни кытта сөбүлэҥ түһэрсибитэ. Билигин сэндвич-панелларынан оҥоһуллубут хочуолунай дьиэтэ үрдэтиллибит сиргэ таныллан бэлэмнэннэ. Хочуолунай 9х27 миэтэрэ иэннээх, 5 мегаватт кыамталаах буолуохтаах. Оттон хочуоллар Барнаул куоракка сакаастаммыттара.
⭕ Бэлиэтээн эттэххэ, бөһүөлэк илин түөлбэтигэр 31 дьиэ эрдэттэн ититиигэ холбонон олорор. Онон мантан күһүн саҥа хочуолунай өссө эбии 43 чааһынай дьиэни, орто уонна алын кылаас оскуолаларын, спортивнай сааланы ититиинэн хааччыйыахтаах.
⭕ Ититии ситимин тардыыга олохтоох ыччаттар ылсаннар, эмиэ үлэни-хамнаһы тэҥинэн саҕалаатылар. Уопсайа 4 км уһуннаах ситим тардыллыахтаах. Онуоха сүрүн үлэлэринэн турбаны уурар атахтары оҥоруу буолар. Холобур, 1 км тахса усталаах турба быһыллан, 500-тэн тахса атах бэлэмнэннэҕинэ, үлэ тэтимирэрэ, чэпчиирэ да күүтүллэр.
⭕ Бу үлэни уолаттар атырдьах ыйыгар бүтэриэхтэрэ. Оттон үлэ этэҥҥэ түмүктэннэҕинэ, быйыл нэһилиэк 80%-на ититиинэн хааччыллыаҕыттан олохтоохтор олуһун үөрэллэр, долгуйа күүтэллэр.
📌 «Ханнык баҕарар нэһилиэккэ киин ититэр ситимҥэ холбонуу – тыын кыһалҕа. Онуоха кэнники сылларга бу үлэни сүрүн сыал-сорук оҥостон, чааһынай ыаллары ититиинэн хааччыйыыга күүскэ ылыстыбыт. Эһиил аны нэһилиэк арҕаа өттүгэр эмиэ саҥа хочуолунай тутуутугар бу тэрилтэни кытта салгыы үлэлэһэр баҕалаахпыт”, – диэн Хоро нэһилиэгин баһылыга Алексей Ушницкай санаатын үллэстэр.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#ДьУоКХ
#киинтэнититиигэхолбонуу
https://www.instagram.com/p/CPVQsQkMlwQ/?utm_medium=share_sheet

⭕ Бу күннэргэ хайа даҕаны нэһилиэккэ ырааһырдыы субуотунньуктара тэриллэн, олохтоохтор түөлбэлэринэн, үлэһиттэр тэрилтэлэринэн сыһыарыылаах сирдэригэр тахсаллар. Ону кытта олорор түөлбэм туһа диэн бэйэлэрин баҕаларынан, ис сүрэхтэриттэн кыһаллан хомуйа-ыраастыы сылдьар биирдиилээн дьон эмиэ бааллар.
⭕ Кэптэни бөһүөлэгин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ – элбэх оҕо ийэтэ, эбэтэ, хос эбэтэ Анна Прокопьевна Стручкова 74 саастаах. Кини сарсыарда эрдэ Чагдаҕа тахсар суолу, эбэ кытылын ыраастыы сылдьарын төрдүс күммүн көрдүм. Бу курдук нэһилиэк биир көхтөөх эбэтэ олорор бөһүөлэгэ ыраас, тас көстүүтэ тупсаҕай буоларын туһугар бэйэтин сэмэй кылаатын күннэтэ киллэрэр.
🖊️ Ульяна Бурнашева, уопс. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#кэптэни
#ырааһырдыыүсыйа
https://www.instagram.com/p/CPW7m-pM4SC/?utm_medium=share_sheet

⭕ Улуус санитарнай сулууспатын тэрилтэлэрин – Роспортебнадзор улуустааҕы салаатын уонна гигиена, эпидемиология киинин кэлэктииптэрэ ырааһырдыы субуотунньугар таҕыстылар.
⭕ Сулууспа үлэһиттэрэ бэлиэтээбиттэринэн, кинилэр сыһыарыылаах сирдэригэр – СЭС хонтуоратыттан арҕаа заправкаҕа диэри – бөх сыллата аҕыйаабат. Ордук чааһынай дьиэлэр тастара кирдээҕин, сорох тэрилтэлэр эмиэ улахан бөхтөрө сытарын этэллэр.
📌 Маныаха: “Табах тобоҕо, чипсы хаата, кэмпиэт суута, гаастах утах бытыылкалара бөх буолан сыталлар. Онон ыччаты, оҕолору кытта үлэ барыан наада”, – дииллэр.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#ырааһырдыыүсыйа
#субуотунньук
#мүрүнэһилиэгэ
https://www.instagram.com/p/CPaPyDhsPN7/?utm_medium=share_sheet

⭕ Оҕо көмүскэлин күнүн көрсө Бороҕоннооҕу РЭС кэлэктиибэ улуус киинигэр Энергетиктэр кыбаарталларыгар баар оҕо оонньуур былаһааккатын өрөмүөннээтилэр, кырааскалаан саҥардан биэрдилэр.
⭕ Ол курдук, ыскамыайкалары сыбааркалаан, олорор, өйөнөр сирдэрин хаптаһыннарын саҥардан, хачыаллар сыаптарын уларытан, эргийэр хачыалы эмиэ олорор, өйөнөр сирдэрин өрөмүөннээн, бэл кумахха оонньуур сиргэ саҥа кумаҕы кутан, былаһааккаҕа киирии ааны сыбааркалаан оҥордулар, олбуору таһыттан кырааскалаан сэргэхситтилэр.
📌 "Тэрилтэ салайааччыта Николай Седалищев бэйэтэ кэлэн былаһаакканы көрөн-истэн, ыйан-кэрдэн уолаттарын үлэлэппитин бэлиэтиибит. Түөлбэбит олохтоохторо – эмиэ РЭС үлэһиттэрэ Константин Алексеевка, Наталья Константиноваҕа, Анна Сыроватскаяҕа көмөлөрүн, эмиэ түөлбэ олохтооҕо Владимир Алексеев хаптаһын биэрбитин иһин олохтоохтор ааттарыттан махтанабыт, хаалбыт өттүн бэйэбит күүспүтүнэн кырааскалаан ситэриэхпит", – диэн түөлбэ салайааччыта Марианна Никифорова уот ситимин тэрилтэтин үлэһиттэригэр махталын тиэрдэр.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#Оҕокөмүскэлинкүнүнкөрсө
#БороҕоннооҕуРЭС
https://www.instagram.com/p/CPafz3KMz55/?utm_medium=share_sheet

⭕ Уус Алдан улууһугар Ил Түмэн бэрээсэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков кэлэ сырытта. Рабочай сырыы сыалынан-соругунан 2022 сылга ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларын көрсө тутуллар эбийиэктэри көрүү буолла.
⭕ Ол курдук, тустаах үлэһиттэри кытта Мындааба бөһүөлэгэр "Демография" национальнай бырайыак успуорду сайыннарыыга регионнааҕы бырайыагынан үбүлэнэн тутуллар 32 миэстэлээх уопсайдаах тустуу көрүҥнэрин саалатын, 1000 миэстэлээх, ону кытта 3000 миэстэлээх көһөрүллэр трибуналаах стадиону, Бороҕоҥҥо тутулла турар элбэх функциялаах спортивнай комплексы, Күлүмнүүр аатынан культура киинин көрдүлэр.
⭕ Ону тэҥэ, Бороҕоҥҥо эмиэ "Демография" нацбырайыак үһүгэр диэри саастаах оҕолор оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин тэрилтэтинэн хабыллыыларын хааччыйар, оттон кинилэр ийэлэрэ үлэлээх буолууларыгар туһуланар федеральнай бырайыагын чэрчитинэн тутуллар 75 миэстэлээх оҕо саадын, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан тутулла турар 44 квартиралаах уопсай дьиэ уонна 450 миэстэлээх 2№-дээх орто оскуола тутууларыгар сырыттылар.
📌 Маныаха спортивнай эбийиэктэри тутуу бытаана бэлиэтэннэ. "Бу, биллэн турар, үп-ас кырыымчыгар сытар. Онуоха итэҕэстэри, хаалыылары ситэрэр туһугар үлэ тэтимирэригэр бары кыахпытын уурабыт уонна тутуулар кэмигэр киирэллэригэр эрэнэбит" – диэн бэйэтин санаатын Александр Жирков үллэһиннэ.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#нацбырайыактар
#тутуулар
#Бороҕон2022
https://www.instagram.com/p/CPh7oA0snyH/?utm_medium=share_sheet

👧👦 О чем мечтают дети?
🌈В самый детский праздник мы решили узнать что же радует наших малышей и что делает их счастливыми. О чем мечтают виновники сегодняшнего торжества.
✅ Смотрите наше самое милое видео!
#ulusmedia #новостиякутска #новостиякутии #сахасирэ
https://www.instagram.com/p/CPkcgv8nVq3/?utm_medium=share_sheet

⭕ Уус Күөлүн түөлбэлэрин икки ардыларыгар ыытыллыбыт ГТО нормативтарын көрүҥнэринэн ыытыллыбыт күрэхтэһии кыайыылаахтарын наҕараадалааһын тэрээһинэ буолан ааста. Ол курдук, бастакы миэстэ “Аргыс” түөлбэ ылла, иккис-үһүс миэстэлэри “Сайдыы”, “Кырдал” түөлбэлэр үллэһиннилэр, оттон “көмүөллэр” төрдүс буоллулар.
⭕ Көрүҥнэринэн биирдиилээн түмүккэ скакалкаҕа Саная Барашкова, Саная Курилкина кыайдылар, турникка тардыныыга Василий Тимофеев, Егор Аммосов, Илья Шишигин бастаатылар, пресс хачайдааһыныгар Нарыйаана Барашкова, Дуня Аммосова, Лена Неустроева, Татьяна Черноградская, Екатерина Оконешникова кыайыылаахтарынан буоллулар, сиртэн анньыныыга Петя Татаринов, Сережа Прядезников, Гаврил Аммосов, Сергей Татаринов, Иннокентий Местников чемпион үрдүк аатын ыллылар.
📌 “Бу курдук көхтөөхтүк кыттыбыт дьоммутугар, хамаандалары түмпүт сүөлбэлэр салайааччыларга махталбытын тиэрдэбит”, – диэн тэрийээччилэр бэлиэтээтилэр.
🖊️ Мария Аммосова, уопс. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#курбуһахсонуннара
#гто
#успуорт
https://www.instagram.com/p/CPrbwgmMxCb/?utm_medium=share_sheet

⭕ Улууспут биллэр-көстөр олоҥхоһута Н.П.Бурнашев - Боодьоҕос быйыл үбүлүөйдээх сыла. Икки үйэлээх "Кыыс Дэбилийэ" олоҥхотуттан бастакы үйэтэ учуутал, фольклорист С.Дьяконов суруйуутунан үйэтитиллэн, 1983 с. олоҥхо-кинигэ Новосибирскайга бэчээттэммитэ. 21-с үйэни көрсө Олоҥхо театрын тэрийэр сыаллаах аатырбыт режиссербыт А.С.Борисов "Кыыс Дэбилийэ" олоҥхо-спектаклы туруоран аар-саарга аатырдыбыта. Россия суруналыыстарын "Кыһыл көмүс мааска" номинациятынан наҕараадаламмыта. 400-тэн тахса сылы уҥуордаан сайдан кэлбит, дириҥ силистээх-мутуктаах "Кабуки", "Ноо" театрдардаах Дьоппуон сирин көрөөччүлэрэ биһирээбиттэрэ. Аан дойду ханнык да аатырбыт театрдарын киллэрбэтэх "Ноо" театрдарын көҥүллээн Саха театрын артыыстара саха олоҥхотун былыргы театр сценатыгар көрдөрөн биһирэппиттэрэ.
⭕ Маннык аатырбыт айымньылаах олоҥхоһуппут быйыл үбүлүөйдээх сылынан төрөөбүт-өлбүт дааталарын чуолкайдааһын үлэтэ бара турар. Аймаҕа – сиэн быраата П.Г.Борисов олоҥхо-кинигэҕэ бэчээттэппит ахтыытыгар олоҥхоһут 1846 с. төрөөбүт, 1950 с. өлбүт диэн суруллар. Ол аата кини 104 сааһыгар диэри олорбут. 2021 с. С.Алексеев таһааттарбыт "Сыҥаах Бороҕоттор" диэн 2020 с. бэчээттэммит кинигэтигэр төрүччүгэ 1876 - 1953 сс. диэн бэлиэтэммит, оччотугар 77-гэр өлбүт.
⭕ Ону чуолкайдыыр сыаллаах Боодьоҕос бииргэ төрөөбүт эдьиийин Кэтириис сиэнэ билигин Хомустаах бөһүөлэгэр олорор 72 саастаах Гоголева Ольга Григорьевнаны кытта кэпсэтэн туоһуластыбыт.
📌 Кини кэпсииринэн таайа кэнники сылларга эдьиийигэр Кэтириискэ олорон өлбүт. "Наар олоҥхолуу баран хаалан эбэбиттэн мөҥүллэр этэ" - диэн ахтар. Сиэн балта өйдүүрүнэн кыра уҥуохтаах киппэ көрүҥнээх оҕонньор үһү. Кыра кыыһы ньилбэгэр олордон көмүлүөк оһох иннигэр ыллыырын өйдүүр. Аны санаатаҕына, олоҥхолуур эбит. Өлбүт сылын 1956 сыл диэн чуолкай өйдүүр. Ол сыл Ольга аҕыстаах кыыс, биир сыл хойутаан "0" кылааска үөрэнэ киирбит.
Салгыытын комментарийдарга аах эбэтэр хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар көр⏬⏫⏬
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#боодьоҕосолоҥхоһут
https://www.instagram.com/p/CPrfiL-MrSn/?utm_medium=share_sheet

⭕ Сүүрүүгэ улууспут сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ Изабелла Борисова 100 километры сүүрүү Арассыйатааҕы чөмпүйэнээтигэр кыттан, 7:32:40 бириэмэнэн биэтэккэ кэлэн, чөмпүйүөн үрдүк аатын ситистэ. Итиэннэ бу көрдөрүүтүнэн, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастар нуорматын толордо. Изабелланы бу үрдүк ситиһиитинэн эҕэрдэлиибит!
⭕ Изабелла Ньурба улууһуттан төрүттээх. Ол эрээри, 2000 сыллаахха дьиэ кэргэнинэн көһөн кэлэннэр, Суотту орто оскуолатыгар 7-9 кылааска диэри үөрэммитэ. Манна кинини бастакы тириэньэрэ Иван Иванов сүүрүүгэ угуйан, спорт аартыгар сирдээбитигэр олус улахан махталлаах. Мантан салгыы Дьокуускай куоракка спортивнай оскуолаҕа сүүрүүнэн утумнаахтык дьарыктанар сыаллаах көһөн киирбитэ.
⭕ Изабелла Борисова Кисловодск куоракка улуус сүүмэрдэммит хамаандатын састаабынан “Манчаары оонньууларыгар” бэлэмнэниини ааста. Кини манна 3, 5 км дистанцияларга күрэхтэһэрэ күүтүллэр.
⭕ Бу утумнаах дьарыгар күүс-көмө, өйөбүл буолбуттарыгар, эрэммиттэригэр, кэргэнигэр Артур Борисовка, тириэньэригэр Татьяна Жирковаҕа, ийэтигэр Светлана Аржаковаҕа, улуус дьаһалтатын баһылыга Алексей Федотовка, улуус дьаһалтатын успуорка управлениетын салайаччыта Константин Давыдовка, старшай тириэньэр Серафим Татариновка, чэпчэки атлетика бэдэрээссийэтин бэрэссэдээтэлэ Евгений Дедюкиҥҥа барҕа махталын биллэрэр.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#арассыыйатаһымыгар
#успуорт
#бэртхара
https://www.instagram.com/p/CPzDkxzMnfW/?utm_medium=share_sheet

⭕ Самаан сайыммыт салаллан, куйаас күннэрбит кэлэн эрэллэр. Аҕыс ыйдаах кыһыммытын аһаран, холкутуйуу кэмигэр үктэннибит. Ити эрээри, дьыл кэмин солбуһар аналынан сайыммыт ааһар күнэ-дьыла кэлиэ. Онон сайыммыт барахсан эмиэ да, былыыр-былыргыттан кыстыкка бэлэмнэнии түбүгэ аргыстаах буоллаҕа. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ олохпут тутула араас салааларынан, хайысхаларынан чэчириир. Биир оннук ураты салаанан – ДьУоКХ тэрилтэтэ буолар.
⭕ Тымныы кыһыны сылаастык туорууру хааччыйыыга бу тэрилтэ үлэлэһэр. Онон оттуу кэмин түмүктээн, тыын ыла түһээт, аны кэлэр кыстыкка бэлэмнэнии түбүгэр түстүлэр. Ол үлэ-хамнас туһунан билсээри ДьУоКХ ГУТ Уус Алданнааҕы филиалын дириэктэрин Евгений ЦОЙУ кытары көрүстүм:
📌 – Евгений Иванович, эмиэ биир түбүктээх кыстык түмүктэннэ. Хайдах кыһын ааста?
📌 – Дьэ, быйыл ураты кыһыны аһардыбыт. Маннык уһун бытархан тымныылаах кыһын хастыы эрэ сыл буола-буола эргийэн кэлэр буоллаҕа. Ол эрээри, биһиги үлэлиирбит устатыгар суоҕа. Ону этэҥҥэ аһардыбыт, биир даҕаны саахал тахсыбата. Ити, биллэн турар, кыстыкка эрдэттэн бэлэмнээх киирии түмүгэр ситиһилиннэҕэ. Бары салаалар биир өйгө-санааҕа киирэммит, тэҥҥэ үлэлэһиибит түмүгэ: РЭС, “Туймаада-нефть” сапыраапката, учаастактарбыт хас биирдии үлэһитигэр тиийэ. Чоҕу аһара оттуу эмиэ баара. Биллэрин курдук, биһиги чохпутун сүрүннээн Кангаласстан ылабыт. Ол чохпут бэтэрээ кытылга таһыллыбыт саппааһа кыһыҥҥы мууһунан сырыы төһө да хойутаан аһылыннар, онуоха диэри тиийдэ. Биһиги үөрүүбүтүгэр электрическэй уот моһуоктаабата. Арай, илин эҥээргэ бүтүннүүтүгэр тахсыбыт саахал кэмигэр маннааҕы РЭС ПАЭС-ката харгыһа суох үлэлээн, ону улаханнык билбэтибит даҕаны. Онон ааспыт кыһын биһигини элбэххэ тургутта. Ити барыта биир санаанан үлэлээтэххэ эрэ ситиһиллэр. Оттуу кэмэ түмүктэннэр эрэ, кэлэр кыһыммытыгар бэлэмнэммитинэн барабыт. Биллэрин курдук, Сахабыт сирин кыһына уһун уонна тыйыс. Бу кэм устатыгар араас буолуон сөп. Онно барытыгар бэлэмнээх буоларбыт наада.
🖊️ Салгыытын комментарийдарга эбэтэр интервьюну толору "МС хаһыат бэс ыйын 4 к. 22-с нүөмэригэр, хаһыат мюрюгазета.рф сайтка көр
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#дьуокх
#кыстыккабэлэмнэнии
https://www.instagram.com/p/CPzNPSwMhNJ/?utm_medium=share_sheet

⭕ Окоемовка бөһүөлэгин саҥа оборудованиелаах арыы сыаҕар быйыл үлэтин ыам ыйыттан саҕалаабыта. Бөһүөлэк кыһалҕатын өйдөөн, улуус дьаһалтатын баһылыга Алексей Федотов 100 киилэ үүтү эрийэр саҥа сэппэрээтэр, 1 тонна үүккэ уонна 250 кг сүөгэйгэ пастеризатордар кэлэллэрин туруорсан, таһааттарбыта. Онон барыта саҥа уонна түргэн буолан, үлэһиттэр да, үүт туттарааччылар да абыраннылар. Арай арыы сыаҕын дьиэтэ эргэтэ бэрт.
⭕ Манна сэбиэдиссэйинэн хаһыс да сылын Анна Ушницкая үтүө суобастаахтык үлэлиир. Быйылгы сезоҥҥа лаборанынан Агафья Бочкарева, оробуочайынан Наталья Тимофеева үлэлээн эрэллэр.
⭕ Билиҥҥи туругунан, 17 кэтэх уонна бааһынай хаһаайыстыба күн аайы 800 киилэ үүтү туттарар. Ол иһигэр Нь.А. Местникова, Г.Н. Бурнашев, Е.К. Аммосова, Е.Е. Аммосов, С.И. Иванов, Н.К. Ховров бааһынай хаһаайыстыбалара дуогабардаспыттар. Окоемовкалар сайыҥҥы кэмҥэ үүтү туттарыыны 1 тоннаҕа тиэрдэр былааннаахтар.
⭕ Кыра бөһүөлэк олохтоохторо арыы сыаҕар саҥа дьиэни туруорсубуттара син ыраатта уонна сыах үлэһиттэрин хамнастара үрдүүрүгэр баҕалаахтар.
🖊️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үүтсоҕотуопката
#курбуһахсонуннара
https://www.instagram.com/p/CPzq1QasKm9/?utm_medium=share_sheet

⭕ Мин 1956 сыллаахха төрөөбүтүм, Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыгар алын сүһүөх кылаастарга учууталлыы сылдьан доруобуйам туругунан, 1994 сыллаахха “Ревматоидный артрит” диэн диагнозтаах II-с группалаах инбэлииккэ таһаарбыттара.
⭕ Биһиэхэ Туйаара Николаевна Старостина социальнай үлэһитинэн 2008 сылтан ананан, онтон ыла билсэн үлэлэһэр.
⭕ Бастакы сылларга Туйаара үксүн араас докумуону ситиһиигэ, коммунальнай, уот, төлөпүөн, ититии өҥөлөрүн төлөөһүҥҥэ тэрилтэлэргэ сылдьара, күннээҕи аһы, наадалаах хаһаайыстыбаннай табаардары, хаһыат ылан аҕалара. Кэлин поликлиникаҕа, балыыһаҕа элбэхтик көрдөрө барарбар арыаллыыр, эмпин ылан аҕалар буолбута.
⭕ Ол курдук, 2014 с. путевка кэпсэтэн, Дьокуускайга ыарыһахтары реабилитациялыыр кииҥҥэ 20-чэ күн сынньанан кэлбитим. 2017 с. оройуон балыыһатыгар миэстэ кэпсэтэн, терапия салаатыгар 10 күн эмтэнэн тахсыбытым. Сылга үстэ-түөртэ дьиэбин олоччу сууйар-сотор, өрөмүөн үлэтигэр кырааскалыыр, түннүктэри сууйар. Кэлин биэс сыл иһигэр дьиэм миэбэлэ саҥардылынна. Туйаара маҕаһыыҥҥа сылдьан көрөн атыылаһан, дьиэҕэ аҕалтарар. Ол курдук, утуйар орон, саалаҕа мини-стенка, прихожай, сиэркилэ, олоппостору ыллыбыт.
⭕ Салгыҥҥа сылдьаары 2014 сылтан дойдубар Чэриктэйгэ сайылыыр буолбутум. Онно кыралаан оҕуруот аһын, сибэкки олордуутунан дьарыктанабын. Ону үүннэрэрбэр эмиэ Туйаара сиэмэ, буор, иһит аҕалан олордорго көмөлөһөр. Сайын дьиэҕэ хаалбыт сибэккилэри көрөр-истэр, араас наадалаах сакаастарбын булан ыытар, сибээстэһэ олоробут. Күһүн кэлэрбэр дьиэбин-уоппун сууйан, быыллаан бэлэмниир, онон мин Туйаарабар махталым улахан.
⭕ Маны таһынан Туйаара олус үчүгэйдик баттах кырыйар. Ас астыыр, иистэнэр. Мин бу өҥөлөрүнэн элбэхтик туһанабын. Былырыын “Мои подопечные” диэн көрөр, сылдьар дьонугар батсаап ситимигэр бөлөх аспыта. Онон өрөспүүбүлүкэ, оройуон, нэһилиэк сонуннарын, араас докумуоннарга уларыйыылары, кимиэхэ туох ситиһиилээҕин, кыһалҕалааҕын билсэ олоробут.
🖊️ Галина Шадрина, Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо
Салгыытын комментарийдарга аах эбэтэр "МС" хаһыат бэс ыйын 4 к. 22-с нүөмэригэр, хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар "Мнения" түһүмэххэ көр⏬⏫⏬
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#социальнайэйгэ
#туссанаа
https://www.instagram.com/p/CP16BbuM89c/?utm_medium=share_sheet

Депутат Государственной Думы РФ @gosduma_rf Галина Данчикова тепло поздравила социальных работников республики с профессиональным праздником! Фото из архива.
🇷🇺 Сегодня, 8 июня, отмечается профессиональный праздник работников сферы социальной защиты населения России.
❤️ Работа сотрудника социальной сферы очень важна, благодаря их доброте, профессионализму и отзывчивости, тысячи людей, оказавшихся в трудной жизненной ситуации, получают помощь и поддержку.
ℹ️ В Якутии насчитывается 92 социальных учреждения, созданных при Министерстве труда и социального развития @mintrud_yakutia. Также действуют 7 негосударственных организаций, оказывающих социальные услуги.
В 2020 году в сеть учреждений социального обслуживания министерства вошли 8 центров помощи детям-сиротам и детям, оставшимся без попечения родителей.
Всего в стационарных учреждениях социального обслуживания проживают около 2 800 человек, нуждающихся в постоянном уходе и заботе, из них более 450 – несовершеннолетних.
Социальная защита в республике представляет собой многофункциональную и многопрофильную отрасль, которая развивается в соответствии с принятыми госпрограммой о социальной поддержке граждан и Концепцией развития социального обслуживания населения Якутии.
✅ Подписывайтесь на аккаунт народной группы поддержки:
@za_danchikova
⠀
#Якутия #ЗаГалинуДанчикову
@er_novosti @er_yakutia14 @er_yakutsk
https://www.instagram.com/p/CP1-v7NoNlv/?utm_medium=share_sheet

⭕ Бэс ыйын 9 күнүгэр 0,4кВ күүрүүлээх уот ситимин хааччыйар 10/0,4кВ күүрүүлээх Л-АТС “Айхал” КТП-га былааны таһынан үлэ ыытылларынан, күнүс 13.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска диэри Бороҕон сэлиэнньэтигэр Ленин аатынан уулусса 13, 13/1, 24, 26, 28/1, 28 дьиэлэригэр (СЭС, МФЦ, социальнай көмсүкэл управлениета, Ростелеком) уоту араарыахтара.
⭕ Эмиэ сарсын Майаҕас 10кВ күүрүүлээх ситимигэр былааны таһынан үлэ ыытылларынан, күнүс 13.00-тэн киэһэ 17.00 чааска диэри Бороҕон сэлиэнньэтин илин өттүгэр: гимназия тепловой пуунугар, “Уолан” гимназияҕа, Оллонов аатынан уулуссаҕа, Аржаков аатынан уулусса 22-36№№-гэр, Дальняя уулусса 27-38№№-гэр, Ленин аатынан уулусса 141-171№№-гэр, Аммосов аатынан уулусса 17-54№№-гэр, Кыайыы 40 сыла уулусса 21-57 №№-гэр, Федоров – Мунду аатынан уулусса 18-29№№-гэр, Хоринская уулусса 9-15№№-гэр, Чараҥҥа “Киин” хочуолунайга, оҕо саадыгар, Майаҕас бөһүлэгэр “Киин” хочуолунайга, оскуолаҕа, Росгеология учаастагар уоту араарыахтара.
⭕ Ону таһынан Төҥүлү – Бороҕон хайысханан 35кВ күүрүүлээх уот ситимин таһыгар сууллаары турар мастары кэрдиигэ Майатааҕы РЭС былааны таһынан үлэни ыытарынан, бэс ыйын 23 күнүгэр сарсыарда 09.00-ка уонна киэһэ 17.00 чааска Сыырдаах, Арыылаах, Бэйдиҥэ, Окоемовка, Уус Күөлэ, Балаҕаннаах, Тумул, Арыы Тиит, Хоноҕор, Оҕуруоттаах бөһүлэктэригэр кылгас кэмҥэ (10-15 мүн.) уоту ылыахтара, оттон Саһылыкааҥҥа 09.00 чаастан 17.00 чааска диэри уот суох буолуоҕа диэн Бороҕоннооҕу РЭС иһитиннэрэр.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бороҕоннооҕурэсиһитиннэрэр
https://www.instagram.com/p/CP2CuKVs_ZH/?utm_medium=share_sheet

⭕ Түүлээх нэһилиэгин Туйаара, Федот Ушницкайдар дьиэ кэргэннэрин кэтэх хаһаайыстыбатыгар төбөлөөҕүнэн 14 сүөһүлээхтэр. Быйыл 6 ынах төрөөн, үрүҥ илгэни үрүлүтэ сүүрдэллэр. Сүөгэй, арыы өрүү быспакка сииллэр, бэйэ үрүҥ аһынан хааччыналлар. Ньирэйдэр бары бэлиэ кэмнэргэ төрөөбүт уратылаахтар. Онно сөп түбэһэр ураты ааттаахтар-суоллаахтар.
⭕ Холобур, Христа тохсунньу 7 күнүгэр Иисус Христос төрөөбүт күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Чөрөс оҕото. Оттон Дархаана тохсунньу 22 күнүгэр төрөөбүтэ.
📌 «Оруобуна араадьыйаҕа Ил Дархан төрөөбүт күнэ диэн кэпсии тураллар этэ. Ол иһин Дархаана буолбута. Дыгыыска оҕото», – диэн Туйаара Ушницкая кэпсиир.
⭕ Айылҕа – олунньу 16 күнүгэр күн сирин көрбүт, Кутурук ынах оҕото айылҕа уларыйар кэмигэр төрөөн, оннук диэн ааттаммыт. Оттон Фердинанд ыам ыйын 5 күнүгэр төрөөбүт. Мультфильм дьоруойун аатын ылбыта, Выборина оҕото. Пятёрка – бэһис ньирэй, биэс сыана диэн Пятёрка буолбут. Бу – Туора Муос оҕото. Алтыс ньирэй – Пушкин. Улуу нуучча суруйааччыта Александр Пушкин төрөөбүтэ 222 сылыгар сөп түбэһэн, Кыракый Пушкин диэн сүрэхтэммит, Праймериз оҕото. Бу курдук ыал ийэтэ Туйаара Михайловна уолунаан Дималыын сүбэлэһэн, ньирэйдэрин интэриэһинэйдик ааттыылар.
⭕ Бэл былырыын Алла Пугачева төрөөбүт күнүгэр төрөөбүт ньирэй Алла диэн буолбута. Тапталлаахтар күннэригэр олунньуга төрөөбүт ньирэй – Валентинка. Кулун тутар 10 күнүгэр – Марта, 11 чыыһылаҕа – Мартин төрөөбүттэр. Урукку өттүгэр биир ньирэй Ленин төрөөбүт күнүгэр күн сирин көрбүтэ, өссө Пионерия күнүн баттаһа Пионер баар буолбута. Тиһэх чуораан күнүгэр – Чуораанчык. Конституция күнүгэр – Добун.
⭕ Итиэннэ бу ыал ньирэйдэрин ким оҕото буоларын, хаһан төрөөбүтүн бэлиэтэнэн иһэр үгэстээхтэр. Онон бэрт дьикти сөп түбэһии буоларыттан, хаһаайыттар да сөҕөллөр-махтайаллар.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыасиригэр
#дьикти
https://www.instagram.com/p/CP2a5mxMtx6/?utm_medium=share_sheet

🔉 Начальник Управления технологического присоединения ПАО «Якутскэнерго» Боков Игорь Александрович 9 июня 2021 г. проведет прямой эфир на официальных страницах Администрации Главы и Правительства республики SakhaGov в социальных сетях «Одноклассники» и «ВКонтакте».
🔺Игорь Боков расскажет о способах и процедуре технологического присоединения потребителей к электрическим сетям, а также ответит на вопросы, которые поступят в ходе прямого эфира.
❗️Начало – в 15 час.00 мин.
🔺Ссылки на эфир:
Одноклассники - https://ok.ru/group/56131284041904/topic/153615139483056
Вконтакте - https://vk.com/wall-187580720_14696
#ulusmedia #прямойэфир #новостиякутии
https://www.instagram.com/p/CP4W_ihsbPT/?utm_medium=share_sheet

OK.RU
Завтра, 9 июня в 15:00, начальник Управления технологического... | Интересный контент в группе Республика Саха
Завтра, 9 июня в 15:00, начальник Управления технологического присоединения ПАО «Якутскэнерго» Боков Игорь Александрович проведет прямой эфир на официальной странице Администрации... | Вступай в группу Республика Саха в Одноклассниках