#сахатыла
💢 Уус Алдан улууһугар "Ийэ тыл" уопсастыбаннай хамсааһын салаата тэриллиэҕэ
Бүгүн Сергей Васильев-Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэҕэ "Ийэ тыл" түмсүү сүрүннүүр Сүбэтин көҕүлээһининэн сүбэ мунньах буолла. Мунньахха "Ийэ тыл" уопсастыбаннай түмсүүнү кэҥэтэн тэрийэр соругу дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдии, Уус Алдан улууһугар "Ийэ тыл" уопсастыбаннай хамсааһын салаатын тэрийии боппуруоһун дьүүллэстилэр.
Мунньахха сүрүннүүр Сүбэттэн төрөөбүт тылы сайыннарыыга үлэлэһэ сылдьар дьоммут Иван Шамаев уонна Егор Жирков кытыннылар.
Мунньаҕы улуустааҕы Ийэ тылы сайыннарар хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Мария Заболоцкая, улуустааҕы "Кэскил түһэ" ийэ тыл түмсүүтүн салайааччы Светлана Бурцева салайан ыыттылар.
✍️ Мария Аргунова
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/95094
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Бүгүн Сергей Васильев-Борогонскай аатынан киин бибилэтиэкэҕэ "Ийэ тыл" түмсүү сүрүннүүр Сүбэтин көҕүлээһининэн сүбэ мунньах буолла. Мунньахха "Ийэ тыл" уопсастыбаннай түмсүүнү кэҥэтэн тэрийэр соругу дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдии, Уус Алдан улууһугар "Ийэ тыл" уопсастыбаннай хамсааһын салаатын тэрийии боппуруоһун дьүүллэстилэр.
Мунньахха сүрүннүүр Сүбэттэн төрөөбүт тылы сайыннарыыга үлэлэһэ сылдьар дьоммут Иван Шамаев уонна Егор Жирков кытыннылар.
Мунньаҕы улуустааҕы Ийэ тылы сайыннарар хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Мария Заболоцкая, улуустааҕы "Кэскил түһэ" ийэ тыл түмсүүтүн салайааччы Светлана Бурцева салайан ыыттылар.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
❇️ Сэтинньи — Баай Байанай ыйа. Күүтүүлээх идэһэ кэмэ кэллэ. Саха былыр-былыргыттан биир сүрүн дарыгынан сылгы иитиитэ буолар.
🐴 Дьөһөгөй оҕотун этэ, үүтэ саамай ытыктыыр, сөбүлүүр аһылыкпытыттан биирдэстэрэ.
❓ Онтон сылгы этин, иһин туспа ааттарын төһө билэбитий, табатык туттабытый? 👆🏻
#сахатыла
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
🎄 Сотору күүтүүлээх Саҥа дьыл үүнүө. Хаһаайкалар номнуо бырааһынньыкка анаан тугу астыыбыт, дьоммутун тугунан үөрдэбит диэн толкуйга түһэллэр.
🥙🧇 Биллэн турар, саха маанылаах сандалыта төрүт аһа-үөлэ суох сатаммат. Өбүгэлэрбит урут-уруккуттан харыстаан илдьэ кэлбит астарын ырысыаптара, ыалдьытымсах буолуу үгэстэрэ бу күҥҥэ диэри умнуллубакка тиийэн, өссө тупсарыллан кэллилэр.
#сахатыла
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM