This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#үтүөсанаа
👍Бэйдиҥэлэр үтүө санаанан салайтаран Женя Тарскайы өйүүллэр
А.Н. Жирков аатынан Бэйдиҥэ орто оскуолатыгар "Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн" быыстапка-дьаарбанка ыытылынна.
Тэрээһин чэрчитинэн кылаастарынан фотозонаҕа, "Сохраним пчелу – сохраним планету" уруһуйга, мүөттэн бүлүүдэҕэ, мультфильм тигээйи дьоруойдарынан косплейга, дьиэ кэргэнинэн "Бочонок для меда" оҥоһукка олус интэриэһинэй күрэхтэһиилэр ыытылыннылар.
Бары үөрэнээччилэр, төрөппүттэр, кылаас салайааччылара биир сомоҕо буолан көхтөөх кыттыыны ыллыллар. Атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыгар кылаастар кыһаллан туран ас арааһын астаан, күһүҥҥү хомууртан оҕуруот аһын эгэлгэтин атыылаатылар.
Дьаарбаҥка түмүгүнэн 38 635 солк. харчы киирдэ. Киирбит үп эдэркээн биир дойдулаахпыт, Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ, 16 саастаах Евгений Тарскай салгыы эмтэнэ барарыгар көмө быһыытынан туттарылынна.
“Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс” диэн санаанан салайтаран, тэрээһиҥҥэ кыттыбыт бары төрөппүттэргэ оскуола салалтата улахан махталын тириэрдэр.
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ
⏺ Чараҥнар Судаарыстыбаннас күнүн тэрээһиннээхтик бэлиэтээтибит
1-кы Хоро нэһилиэгэр Чараҥҥа Саха cирин Cудаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах Саха cирин судаарыстыбаннаһын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, улуу суруйааччы, учуонай П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын көрсө нэһилиэк «Улуу киһи суолунан» диэн ылыммыт бырайыагын чэрчитинэн «ОЙУУНУСКАЙ ЫҺЫАҔА» тэрээһин ыытылынна.
✍️ Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.
☑️ https://мюрюгазета.рф/charannar-sudaarystybannas-kynyn-tereehinneehtik-belieteetibit/
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
1-кы Хоро нэһилиэгэр Чараҥҥа Саха cирин Cудаарыстыбаннаһын күнүгэр аналлаах Саха cирин судаарыстыбаннаһын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, улуу суруйааччы, учуонай П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылын көрсө нэһилиэк «Улуу киһи суолунан» диэн ылыммыт бырайыагын чэрчитинэн «ОЙУУНУСКАЙ ЫҺЫАҔА» тэрээһин ыытылынна.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
👏 Өрөспүүбүлүкэ күнэ – биһиги оскуолабыт олоҕор
Балаҕан ыйын 27 күнэ саха норуотун историятыгар ураты суолталаах бэлиэ күн буоларын Саха сирин олохтоохторо бары бигэтик билэбит. Бу уһулуччу сүдү суолталаах күҥҥэ И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатыгар оҕолор, үлэһиттэр кыттыылаах араас тэттик тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Ол курдук, бу күн туһунан сарсыардаттан саҕалаан кылаас чаастара ыччаппытыгар, үүнэр көлүөнэҕэ төрөөбүт дойдубутунан киэн туттар, улуу дьоммут туһунан билиһиннэрэр, өйдөтөр, иҥэрэр сыаллаах-соруктаах ыытылыннылар.
✍Ньургуйаана Хорунова, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы

#история
🚞Сыырдаах үөрэнээччилэрэ «Кыайыы поеһа» быыстапка-түмэли олус сэргээтилэр
Балаҕан ыйын 26-28 күннэригэр Аллараа Бэстээххэ көһө сылдьар «Кыайыы поеһа» быыстапка-түмэл үлэлиир диэн истэн химия, биология учуутала, 8 кылаас салайааччыта Лариса Черкашина билиэт булан, төрөппүттэр өйөбүллэринэн массыына кэпсэтэн, үөрэнээччилэрин илдьэ баран илэ-бодо көрөн-истэн кэллилэр.
Бу «Кыайыы поезда» аан бастакытын Саха сиригэр кэлбит. Быыстапка-түмэл тимир суол вокзалыгар турбут. Араас тиэмэлэринэн арахсыбыт Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмнэрин кэрэһэлиир быыстапканы уон вагон устун көрөҕүн-истэҕин эбит.
Оҕолор кэпсииллэринэн, кыайыы поеһын бастакы вагонугар эйэлээх 1941 сыл бэс ыйын дьоллоох күннэрэ ойууланар, кэпсэнэр. Иккис вагоҥҥа саа-саадах туппут дьон уот кутаа ортотугар сэриилэһэ сылдьаллара көстөр.
Оҕолор сүрдээҕин сэргээн, кыайыы хайдах курдук ыараханнык кэлбитин илэ харахтарынан көрөн, итэҕэйэн кэлбиттэрэ кэпсээннэриттэн көстөр. Cалгыы өссө ыар көстүү арыллар, билиэҥҥэ түбэспит дьону биир вагон олоччу көрдөрбүт.
Ол курдук ырыган, кубархай дьүһүннээх-бодолоох дьон уобарастарын ыар-санньыар тыас-уус ситэрэн, көрөөччүлэри ордук итэҕэтэр турукка киллэрэр, ол иэдээн кэмнэри эргитэр диэн сонньуйбуттуу туттан олорон оҕолор кэпсииллэр уонна сэрии ыар кэмин көрдөрөр экспозициялары саас-сааһынан аттаран, аудио-кэпсээн ситэрэн биэрэр дииллэр.
Хас биирдии вагоҥҥа Аҕа дойду Улуу сэриитин кэрчик кэмнэрин көрдөрөр экспозициялардаах, ол курдук эпэрээссийэлии турар дьон, окуопалар, Ленинград блокадата уо.д.а. көстүү барыта баар.
Музейга түмүллүбүт экспозициялары И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатын 8 кылааһын оҕолоро сүрдээҕин диэн сэҥээрэн, хаан тохтуулаах сэрии хаалларбыт дьулаан суолун-ииһин курутуйа көрөн кэлбиттэр.
✍Ньургуйаана Хорунова, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы

#Үлэсыла
⏺ Александр Жирков: Оҕону үлэҕэ иитии туһунан
Балаҕан ыйын 20 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан Уус Алдан улууһун Суотту орто оскуолатын базатыгар өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэригэр оҕону үлэнэн иитии туһунан мунньах ыытылынна. Мунньахха Саха сирин 16 улууһуттан 65 сүнньүнэн агротехнологическай хайысхалаах үөрэх тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ, оскуола дириэктэрдэрэ, учууталлар, барыта 200-тэн тахса киһи кытынна.
Сүбэ мунньах дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин илии баттаабыт “Об образовании в Российской Федерации” сокуоҥҥа үлэнэн иитии туһунан уларыйыыларга уонна өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэригэр үлэнэн иитии эйгэтин тэрийиигэ туһуланна.
Мунньах кыттыылаахтарын улахан болҕомтотун Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Николаевич Жирков этиитэ тарта.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/aleksandr-zhirkov-o5onu-yle5e-iitii-tuhunan/

#үөрэхэйгэтэ
⏺ Уолаттар гимназияларыттан Өктөмҥө «Якутия, вперед!» форсайт-сессияҕа кытынныбыт
Тойон Мүрүтээҕи В.В. Алексеев аатынан уолаттар гимназияларын делегацията Михаил Ефимович Николаев дойдутугар Хаҥалас улууһун Өктөм сиригэр Николаев Ситимин оскуолаларын кытта тэрээһиҥҥэ кытынна.
Балаҕан ыйын 25-26 күннэригэр «Уолан» гимназия 6 үөрэнээччитэ уонна дириэктэр Федор Татаринов, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Уолан Колодезников уонна дириэктэри иитэр үлэҕэ итиэннэ оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүгэр сүбэһитэ Айыы Куо Троева «Якутия, вперед!» форсайт-сессияҕа кыттыыны ыллылар.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/uolattar-gimnaziyalaryttan-ektemne-yakutiya-vpered-forsajt-sessiya5a-kytynnybyt/