УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.47K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
Мүрү 1-гы нүөмэрдээх орто оскуолатын дьаарбаҥкатыгар үгүс киһи сырытта🤩👍🌽

Оскуола бары кылаастара, учууталлар, төрөппүттэр өрүү саҥаттан саҥа идеялары булан, ярмарка астык көстүүлээх, элбэх астаах-үөллээх буолар, үрдүк таһымҥа тэриллэр.

Дьаарбаҥкаттан киирбит харчы сорох чааһа оскуола үөрэнээччитэ Евгений Тарскай эмтэнэригэр ананыаҕа🙌

Быйылгы дьаарбаҥкаҕа хаһыс кылаастар бастаабыттарын @myrysosh_1 страницатыгар билсиҥ.

📸 Ольга Шепелева
🎥 Михаил Давыдов


t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#илгэтөрдө

Бэйэ аһын-үөлүн оҥорон таһаарыы туруга хайдаҕый?

Мүрү Ас” тэрилтэ түөрт хайысханан үлэлиэҕэ

Биһиги тыйыс айылҕалаах өбүгэбит аһаан кэлбит аһа-үөлэ саха дьонугар олус туһалаах. Онон бу хайысханы хааччы­йар тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ-хамнаһа, сайдыыта биһиги олохпутугар улахан суол­талаах.

Улууспутугар эти-үүтү оҥорон таһаарар үс тэрилтэлээхпит. Кинилэр салайааччыларыттан үлэ-хамнас хайдах бара турарын сурастыбыт. “Мүрү Ас” тэрилтэ салайаач­чыта Владимир Колесов тэрилтэ үлэтин туһунан бу курдук үллэһиннэ.

✍️Мария Аргунова

Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/beje-ahyn-yelyn-onoron-tahaaryy-turuga-hajda5yj/
#илгэтөрдө

«Туйма» ТХПК эттэн оҥорон таһаарар бородууксуйатын кэҥэтиэҕэ


Суоттутааҕы “Туйма” ТХПК бэрэссэдээтэлэ Владислав Мухин иһитиннэрбитинэн, улуус дьаһалтатын өйөбүлүнэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 8 мөлү­йүөн суумалаах граны ылан эт сыаҕын тутан, атыр­дьах ыйын 30 күнүгэр үлэҕэ киирдэ.

Саҥа сыахха улахан кыамта­лаах элбэх оборудование турда.
Онон кэпэрэтиип саҥалыы тыынынан полуфабрикат астары: теф­тель, котлет, фрикадельки, фарш, пельмень оҥорон таһаарыыта күүһүрэн, атыыга таһааралларын таһынан улуус оскуолаларын хааччыйыахтара. Инникитин ыыһаммыт эти, халбаһыылары оҥорор былааннаах­тар.

Быйыл күһүн сэттэ туонна эти тутар былааннаахтар. Барыта 11 хаһаайыстыбаттан үүтү тутан былааннарын 70% бырыһыан толорбуттар. Үүт ас эгэлгэтин: суорат, йогурт, творог, сливки арааһын, арыы, быырпах оҥорон улууска, Дьокуускайга атыыга таһаараллар.
Өссө былырыын улуус дьаһалтатын көмөтүнэн ууну ыраастыыр станцияны үлэлэтэн, ыраас ууну оҥорон атыыга таһаарбыттара.

✍️ Мария Аргунова
#санааситимэ

Саҥа салалтаттан
тугу кэтэһэҕин?

Улууспутугар саҥа баһылыгы таллыбыт. Онон буоларын курдук, салалтаҕа да саҥа хамаанда кэлиитэ олохпут көстүүтэ. Оттон нэһилиэнньэ саҥа салалтаттан син биир тугу эрэ кэтэһэр үгэстээх.

Быыбар иннинээҕи бырагырааманы сүрүн өттүлэрин өйдөөн хааланнар, ол туолуутугар баҕа санааларын этээччилэр үгүс буо­луохтаахтар.

Анна ВИНОКУРОВА, Курбуһах нэһилиэгин олохтооҕо:
Былааска, салалтаҕа ким да кэллин, олох иннин диэки барыахтаах, сайдыахтаах. Салалтаҕа кэлбит киһи быыбарга оннук санаалаах да кыттар буоллаҕа. Нэһи­лиэкпит сүрүн кыһалҕата ­суолбут мөлтөҕө буолар. Улахан айан суолуттан 50-ча км ыраах олоробут. Кыһын тоҥ кэмҥэ эрэ кыһалҕата суох сылдьабыт. Онон суолбут-ииспит туп­суон баҕарабыт. Киинтэн ититиигэ холбонуу боппуруоһа билигин да кыайтарбат.

✍️
Мария Аргунова, Афанасий Копырин

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/sana-salaltattan-tugu-ketehe5in/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөйдэр

Дьоллоох киһи олоҕу туойар

«Киһи аҕыс кырыылаах буолуохтаах,
Кылыстыы кылбаҥныы оонньуохтаах,
Аралыйар кустук дьэрэкээнин ылыахтаах,
Үйэлэри үрдүнэн хардыылаан иһиэхтээх» –
суруйааччы Сергей Борогонскай киһи дьиҥ кыаҕын туһунан хайдахтаах чаҕылхайдык эппитэй?!

Бу айымньы бүгүҥҥү балаһабыт дьоруойун дьүһүйэн, киниэхэ анаммыт курдук иһиллэр. Биир дойдулаахпыт СӨ үөрэхтээһинин уонна култууратын туйгуна, физкультура уонна успуорт үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев «Во славу и пользу Республики» пуондатын лауреата Семен Ильич Черноградскай бу ый 20 күнүгэр 75 сааһын томточчу туолла.

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/dollooh-kihi-olo5u-tuojar/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Чэриктэйдэр оҕуруоту олордооччулары көҕүлээтилэр

Чэриктэйдээҕи “Сандалы” сынньалаҥ киинэ нэһилиэккэ “КҮҺҮН БЭЛЭҔЭ» диэн атыы-тутуу дьаарбаҥкатын бэрт сэргэхтик ыыттылар. Нэһилиэк оҕуруоччуттара кэлэн кыттыыны ыллылар, оҕуруот аһа, бурдук ас, тууһаммыт хаһааныылар, бэйэ аһа-үөлэ дэлэйдик атыыланна.

«Дьүөгэ» дьахталлар сэбиэттэрин түмсүүтэ (сал. Л.В. Дмитриева) ыалдьыттары оҕуруот аһыттан бэйэ борщтаах итии миининэн, соккуойунан күндүлээтилэр.

Биирдиилээн көрүҥ түмүгүнэн: “БААҺЫНА БООТУРА” саамай улахан хортуоска хаһаайынынан М.Г. Босикова, “СААМАЙ УЛАХАН КАБАЧОКТААХ” С.С. Сивцев, А.Н. Горохова, “СААМАЙ УЛАХАН СҮБҮӨКҮЛЭЛЭЭХ” М.Г. Босикова, “СААМАЙ УЛАХАН МОРКУОПТААХ” С.С. Сивцев буоллулар. Маны сэргэ “АЙЫЛҔА ДЬИКТИТЭ” күрэххэ Семен Сивцев кыайда. Оттон айылҕа, оҕуруот аһыттан композицияны оҥорууга кыайыылааҕынан А.Н. Горохова буолла.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM