УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.48K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#букүннэргэ

📚 Суотту агрооскуолатын базатыгар үлэнэн иитии саҥа соруктарын дьүүллэстилэр

Үлэ уопутун үллэстэр, санааны атастаһар мунньах Суотту агрооскуолатын базатыгар үрдүк таһымнаахтык буолла.

Оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэнэн иитии үтүө өрүттэрдээҕин урут уруккуттан бэркэ билэбит, өйдүүбүт.
Билиҥҥи аныгы дьалхааннаах, цифровизация үйэтигэр дьон, чуолаан оҕо аймах илиинэн үлэлиирэ аччаан турар.
Бу кыһалҕаны туоратан, оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэ үөрүйэҕэр сыһыарыы үөрэхтээһин ситимигэр киирбитэ хайҕаллаах.

Маныаха агрооскуола үөрэнээччилэрэ бу киириигэ толору бэлэмнээхтэрэ саарбахтаммат. Ол да иһин бастыҥ үлэлээх агрооскуолалар Ил Түмэн дьокутаата Александр Жирков этии киллэриитинэн, үлэлэрин уопутун тарҕатар сүбэ-мунньахтара тэриллэн, атын оскуолаларга холобур буолла.

✍️📹Ольга Шепелева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ

Түүлээх нэһилиэгин аартыгар саҥа стела турда

Бу бырайыагы нэһилиэк ППМИ программаҕа кыайан, «Рим» хампаанньа (ген.директор Копырин П.И.) ылсыһан, тупсаҕай көстүүлээх стела оҥоһулунна.

Стела оҥоруутугар бэйэбит уолаттарбыт М.А. Богдакумов, Н.А. Саввин, С.С. Пестряков үлэлэстилэр.

Нэһилэккэ киириини аныгы технологиянан оҥоһуллубут, нэһилиэк историятын билиһиннэрэр тупсаҕай көстүүлээх стела киэргэппитэ түүлээхтэри бэркэ үөртэ.

✍️Туяра Ушницкая, Түүлээх нэһилиэгэ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Күннээҕи гороскоп💫

Балаҕан ыйын 24 күнэ


Хой ♈️

Онно-манна тиэтэйимэ. Орун оннугар барыта баар буолуо

Оҕус ♉️

Бүгүн киэһэ болҕомтолоох буоларыҥ ирдэнэр - туох эрэ соһуччу түгэн күүтэр

Игирэлэр ♊️

Туох эрэ дьикти түгэн эйигин көһүтэр. Ол онтон эн сэттэ бүк дьоллонуоҥ

Рак ♋️

Рак бэлиэлээх хаһан да буоллун-хааллын диэн сыһыаннаспат. Ылсыбыт үлэтин тиһэҕэр диэри тириэрдэр

Хахай ♌️

Олох дьикти кэрэ түгэнин мүччү тутума

Кыыс ♍️

Элбэх дьону кытары бүгүн алтыспат ордук. Дьон эйигин сыыһатык өйдөөн өйдөспөт түгэн үүнүөн сөп

Ыйааһын ♎️

Дьон эйигин туһанаары эрэ кэпсэтэр дии санаама. Истиҥ санаалаах дьону бэйэҕиттэн тэйитимэ

Скорпион ♏️

Тапталлааххын кытары истиҥник кэпсэт, аһаҕастык кэпсэтэр элбэх боппуруоһу быһаарар

Охчут ♐️

Дьон алҕаһыырын өйдүөх тустааххын, ким баҕар хаһан баҕар сыыһа-халты үктэниэн сөп

Чубуку ♑️

Чугас доҕоргун кытары тэҥҥэ элбэх бириэмэни атаарарга күһэлин

Күрүлгэн ♒️

Эйигин сымыйанан туһанаары гынар дьону бэйэҕэр чугаһатыма, кинилэр албыннарыгар киирэн биэримэ

Балыктар ♓️

Эмискэччи кыһын буоларын баҕаран ылыаҥ. Кыһаллан үлэлиириҥ сыаналаныа
☁️ Болдьообут курдук бэҕэһээ эмиэ эбиэт кэнниттэн ардаата. Ол былыт түүнү быһа туран тоҥоруу да суох эбит.

☁️ Сарсыарда 6 чааска +2 кыраадыс сылаас этэ. Халлаан былытынан бүрүллэн турар.

☀️ Эбиэт кэннэ былыта дьайҕаран күн көрүө диэн билгэлииллэр. Салгын сылааһа +8 кыраадыс буолуо дииллэр.

🌬️ Тыала кыра, сөкүүндэҕэ 4 м. түргэннээхтик үрэр.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#ватсапситимиттэн

Усуйаана хаастара үөрүнэн соҕуруу айаннаатылар диэбиттэр😍👋


t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Дьокуускайга көмүс күһүн😍🌤️🍁🍂

Пааркаҕа кэрэтиэн😍🍂🍂🍂

Өрөбүл күҥҥүт үлэни үмүрүтэн, дьиэлээхтэри түмэн этэҥҥэ, ситиһиилээхтик аастын🙌

📸🎥 Сурутааччыбыт Люция Аммосова хаартыскаҕа түһэриилэрэ, видеоҕа устуулара

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM