УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.58K subscribers
33.9K photos
3.12K videos
10 files
5.78K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#фотофакт

🐟🐟🐟 Тохсунньу тымныытыгар кытта муҥхалыыр нэһилиэгинэн биллэр баатаҕайдар Күөх Маай бырааһынньыгын көрсө күөстэнээри муҥхалаатылар.

Хомустаах Эбэлэрэ күндүлээн, 4-түү күрдьэх балыкка тиксэн үөрүүлэрэ үксээтэ😋👍

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#фотофакт

🌼 "Доҕордоһуу" мусуойун халдьаайытыгар ньургуһун тыллыбыт. Бу үс хорсун сибэкки, арааһа, улууска бастакы тыллыбыт ньургуһуннар.

📸 Надежда Новоприезжая түһэриитэ

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#фотофакт

🫣Өспөххө бүгүн сарсыарда

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ФОТОФАКТ

☀️ Бүгүн Баатаҕай нэһилиэгэр киэн туттар биир дойдулаахпыт төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыах Николай Тарскай бюһун арыйыыттан саҕаланна👏👏👏

Бюст ааптара – Геннадий Оллонов.

📸 Алексей Троев

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#фотофакт📸

🤩В Офисном центре с. Борогонцы появилась вывеска пункта выдачи Wildberries

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#фотофакт

🌿 Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээхтик арыйыы сиэрин-туомун чааһыгар хас биирдии ыалдьыкка аммалар олбох, үтэһэлээх эт, быырпах, уу бэлэмнээбиттэр👍

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#фотофакт

🤩 Улууспут маастардара Олоҥхо ыһыаҕар 6 киилэ көмүһүнэн киэргэтиллибит ат симэҕин көрдөрөн биһирэбили ыллылар👏👏👏

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#фотофакт

🌿 Туймаада ыһыаҕын көрсө Үс Хатыҥҥа Уус Алдан улууһун түһүлгэтигэр үлэ бөҕө бара турар. Улуус баһылыга Василий Аммосов, "Дойдум миэнэ – Уус Алдан" түмсүү салайааччыта Егор Неустроев өйөбүллэринэн киин куоракка олорор биир дойдулаахтарбыт бэйэлэрэ оҥордулар. Бүгүн хомуйуу, кырааска үлэтэ салҕанар.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#фотофакт

💪😍Уһун Күөл бөһүөлэгин олохтооҕо, үһүс кылааһы бүтэрбит Айсен Копырин кыра эрдэҕиттэн Дыгын оонньууларын фаната.

Айсеҥҥа эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдан, Дыгын оонньууларыгар киирсэр киэн туттар киһибит буола улаатарыгар баҕарабыт

Итиэннэ оонньуулары кэтии олорор буолуохтаах👏 көрөн-истэн күүстээх убайдарыттан үөрэниэ диэн эрэнэбит👍

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#фотофакт

👍 Бороҕон – Танда хайысхаҕа суол хапытаалынай өрөмүөнүн матырыйаалын таһыы саҕаламмыт, Бороҕон илин өттүгэр бааһынаҕа накопитель оҥоро сылдьаллар.

Быйыл бу хайысхаҕа 4 км суол оҥоһуллуохтаах, ол эбэтэр Сиэллээх аартыгар диэри өрөмүөннэнэр.

Өссө Ньамырҕатта быһытыгар диэри учаастакка дьаамалары бүөлүүр, толорор өрөмүөн оҥоһулла сылдьар. Манна Алексей Местников биригээдэтин уолаттара үлэлииллэр, Тиит Арыы патриота Алексей Саввин үлэлэһэ сылдьар.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM