УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.52K subscribers
33.8K photos
3.11K videos
10 files
5.76K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#улуускиинигэр

💫 Түбүктээх сыл үтүө түмүктэрэ

💢 Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын 2022 сылы түмүктүүр тэрээһиниттэн (фоторепортаж)

@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
🔟🔟🔟🔟

#улуускиинигэр

🤩 Бороҕон хаар оҥоһуктарынан киэркэйиэ❄️☃️

Бүгүн, «Мүрү кытыла» хаар пааркаҕа «Хаар – айар абылаҥмыт» күрэс арыллыыта буолла. Күрэскэ барыта аҕыс хамаанда кыттара бэлиэтэннэ.

Аҕа уолунаан эбэтэр эһэ сиэнинээн кытталлара көҕүлэнэр эрээри, биирдиилээн кыттааччылар эмиэ бааллар.

Кыттааччылар үс миэтирэ үрдүктээх эрдэ кутуллубут хаартан көҥүл тиэмэҕэ тугу толкуйдаабыттарынан айа-тута үлэлээн оҥоһуктарын номнуо өйүүн түмүктүөхтээхтэр.

Кинилэр санааларын билсиэҕиҥ.

🗣 Максим Саввин, Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо:

– Маҥнайгыбын кыттабын. Үлэбин буола турар Анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр аныам. Дойдубут чиэһин көмүскүү барбыт уолун көһүтэр ийэ ис туругун көрдөрө сатыам. Кинилэр этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрэ барыбыт баҕа санаата буоллаҕа.

🗣 Ян Стрекаловскай, I Өспөх нэһилиэгин олохтооҕо:

– Сиэним Эрхан, Дьокуускай куорат оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччитэ, анаан көмөлөһө кэллэ. Үлэбит «Омурҕаҥҥа» диэн ааттаах. Эһээ сиэнин кытта отууга кэпсэтэ олороллорун хоһуйуохпут.

Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️

✍️ Мария Аргунова
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#улуускиинигэр

💬 Бороҕоҥҥо “Дьыалабыай Саха сирэ” анал бырайыагынан биисинэс-миссия үлэтэ ыытыллар

Бүгүн улууска өрөспүүбүлүкэ атыы-эргиэн, промышленнай палататын “Дьыалабыай Саха сирэ” анал бырайыагынан биисинэс-миссия тэрээһиннэрэ ыытылла туралларын туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Уус Алдан улууһун дьаһалтатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын иһинэн Урбааны координациялыыр сэбиэтин бэрэстэбиитэллэрэ уонна улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Петр Сивцев көрсүһүүлэрэ буолла.

Ону таһынан “Народнай фронт” бэрэстэбиитэллэрэ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар буойуттар дьиэ кэргэттэрин кытта көрсүөхтэрэ, өрөспүүбүлүкэ социальнай тэрилтэлэрин ассоциацияларын дириэктэрэ Анна Слепцова социальнай көмүскэл управлениетын кэлэктиибин кытта көрсүһүүтэ тэриллиэҕэ.

“Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинигэр оскуола үөрэнээччилэригэр финансовай грамотность үөрэҕэ, АГАТУ үлэтин билиһиннэрии о.д.а. интэриэһинэй көрсүһүүлэр буолаллар.

Оттон урбааньыттарга биисинэһи сайыннарыыга үөрэх, маастар кылаастар ыытыллыахтара уонна ыалдьыттар Бороҕон сэлиэнньэтин урбаанньыттарын үлэлэрин билсиэхтэрэ. Сарсыардаттан Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар олохтоох оҥорон таһаарааччылар атыы-тутуу быыстапка-дьаарбаҥкалара буола турар.

@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#улуускиинигэр

💢 Наталья Протопопова "Кэрэни үйэлиир күлүм түгэн" айар быыстапката арылынна📸😍👏

В.В. Никифоров–Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһыгар күлүм түгэни үйэлээх бэлэх оҥорон таһаарар, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр фотограф Наталья Протопопова айар үлэтин быыстапкатын арыйда.

Арыылаахтан төрүттээх биир дойдулаахпыт Наталья "Айар сэһэн" диэн биллэр-көстөр дьону кытта атах тэпсэн олорон истиҥник сэһэргэһэр бэһис бырайыак чэрчитинэн "Олоҥхо" этно-култуурунай киин үлэһиттэрин ыҥырыытынан ыалдьыттаата.

Наталья айар үлэҕэ хайдах ылларбытыттан саҕалаан фотограф быһыытынан хаартыскаҕа түһэрии кистэлэҥнэригэр тиийэ олус интэриэһинэй кэпсээнин иһиттибит.

Айар үлэ быыстапката кулун тутар 10 күнүгэр диэри дьон-сэргэ дьүүлүгэр туруоҕа.

✍️ Ольга Шепелева

@murusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#улуускиинигэр

🎬🎬🎬 Бүгүн, кулун тутар 7 күнүгэр, Бороҕон сэлиэнньэтигэр "Өркөн" киинэ театрыгар Хабырылла Дьөгүөрэп аатын сүгэр Мүрү 1 N-дээх орто оскуолатын 150 сыллаах үбүлүөйүн көрсө уһуллубут "Мүрүбүт маҥнайгы үөрэҕин кыһата" киинэ сүрэхтэниитэ буолла.

Төһө да бүгүн тэрилтэлэргэ бырааһынньыктар буола туралларынан, саала иһэ оҕолуун, улахан киһилиин толору буолла. Киинэ сүрэхтэниитигэр улуус баһылыгын солбуйааччы Михаил Борисов, үөрэх управлениетын салайааччы Гаврил Тимофеев, оҕону эбии үөрэхтээһин киинин салайааччыта Яков Колодезников сырыттылар.

Киинэни уһулбут творческай бөлөх үлэтин көрөөччүлэргэ билиһиннэрдэ. Творческай бөлөх киинэни уһулууга көмөлөспүт тэрилтэлэргэ, сүбэлээн-амалаан биэрбит бэтэрээн учууталларга махтанна. Киинэни көрбүт аҕа да, эдэр да саастаах дьон биһирээбиттэрин, астыммыттарын биллэрдилэр, махтал тылларын эттилэр 👏🏻👏🏻👏🏻

✍️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.

https://t.iss.one/murusahargata/12308?single
#улуускиинигэр

💬 Социальнай көмөлөр тустарынан семинарга кыттыбыттар элбэҕи биллилэр

Билигин оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ болҕомто саамай күүһүрэн турар кэмэ. Государство элбэх хайысхаҕа болҕомтону туһаайан үгүс көмөнү оҥорор. Тэтимнээх олохпутугар уларыйыы киириитэ түргэн уонна элбэх. Төрөппүт маны барытын ситэн өйдүүрүгэр да уустук, туһанарыгар да ыарахаттары көрсөр.

Онон көмөлөөх буоллун диэн,
кулун тутар 14 күнүгэр Уус Алданнааҕы социальнай- реабилитационнай киин (дир. Иннокентий Сергеев) "Социальная мера по поддержке семей с детьми" улуустааҕы семинары төрөппүттэргэ анаан тэрийэн ыытта.

Семинар улуус дьаһалтатын мунньахтыыр кыра саалатыгар буолла, барыта 42 киһи кыттыыны ылла.

Государство оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ аналлаах көмөлөрүн туһунан тустаах тэрилтэлэртэн кэлэн билиһиннэрдилэр.

1. Сеанна Сивцева, Социальнай фонда Уус Алданнааҕы отделениетын клиеннэри кытары үлэлиир сулууспатын салайааччытын солбуйааччы.
2. Ирина Беркина, Айна Бурнашева, нэһилиэнньэ социальнай харалтаҕа уонна үлэҕэ управлениетын сүрүннүүр специалистара.
3. Мария Крылова, нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин сүрүн инспектора.
4. Саргылаана Никитина, ыччакка уонна дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах социальнай-психологическай көмө киинин Уус-Алданнааҕы филиалын сэбиэдиссэйэ.
5. Анатолий Кириллин, "Мои Локументы" элбэх функцияны оҥорор киин сүрүн специалиһа.
6. Мария Готовцева, реабилитациялыыр киин специалиһа.

Иһитиннэриилэр кэннилэриттэн кыттааччылартан чуолкайдаһан барыта 60 ыйытыы киирдэ. Ол курдук төрөппүттэри саамай долгутар көрүҥнэринэн оҕо пособиета, социальнай контракт, СВО, бэйэ дьарыктаах буолуута эбиттэр.

Семинар кыттыылаахтара туһааннаах специалистар хардаларын астыннылар, олус туһалаах семинар буолбутун бэлиэтээтилэр.

✍️ Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.

https://t.iss.one/murusahargata/12675?single
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#улуускиинигэр

ДьУоКХ үбүлүөйдээх 20 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр улууспутугар саҕаланнылар

"Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбата" ГУТ тэриллибитэ 20 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһиннэр улууспутугар бүгүн бу салаа үлэһиттэрин икки ардыларыгар идэтийии маастарыстыбатын күрэхтэһиититтэн саҕаланнылар. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ол курдук учаастактарынан күрэхтэһиигэ ДьУоКХ үлэһиттэрэ түөрт бөлөххө арахсан теория чааһыгар билиилэрин тургутуохтара, онтон сыбаарка үлэтигэр бастыҥы быһаарыахтара. Салгыы чоҕу ыраах быраҕыыга күрэхтэһиэхтэрэ.

Күнүс 12 чаастан улуус дьаһалтатыгар Уус Алданнааҕы филиал учаастактарын салайааччылара улуус баһылыгын Алексей Федотовы уонна филиал салайааччыта Евгений Цойу кытта көрсүһүү мунньахха кыттыахтара.

Онтон салгыы Күлүмнүүр аатынан култуура дыбарыаһыгар үөрүүлээх тэрээһин буолуоҕа. Онно эҕэрдэлэр этиллиэхтэрэ, наҕараадалар туттарыллыахтара, бүгүҥҥү күрэхтэһии кыайыылаахтарын чиэстиэхтэрэ.

☑️ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
#улуускиинигэр

Бу күннэргэ Мүрү нэһилиэгэр хаар уута дьиэлэргэ киирэн ыксаллаах быһыыны үөскэппитэ. Бүгүн эбиэт кэннэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дмитрий Садовников кэлэн балаһыанньаны билистэ.

Күн бүгүн улуустааҕы диспетчерскэй сулууспаҕа барыта 70 ыал уһаайбатыгар уу киирбитин туһунан иһитиннэрии киирбитэ бэлиэтэнэр. Олортон икки дьиэ иһигэр муостаны 20 см сабыар диэри уу киирэ сылдьыбыта биллэр.

Бүгүн оробуочай бөлөх Ленин аатынан уулусса 92-гэр уонна Мигалкин аатынан уулусса 20-гэр сылдьан дьаһалта үлэһитттэрин кытта көрдүлэр-иһиттилэр.

Онуоха олохтоохтор дьиэлэрэ сыл аайы ууга барарын кэпсээтилэр. Дмитрий Садовников нэһилиэк дьаһалтатын өттүттэн хоруу үлэтин эрдэ ыытан, мотопомпаны хаһаана атыылаһан бэлэмнэнии үлэтин эрдэттэн тэрийэргэ, маннык быһылааҥҥа бэлэм буоларга уонна бэйэ күүһүнэн туоратарга сүбэлээтэ, инникитин маннык хартыына хатыланыа суохтааҕын туһунан эттэ.

✍️ Мария Аргунова

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
#улуускиинигэр

💢 Оҕолорго «Мин төрөөбүт түөлбэм» өйтөн суруйууну «Маяк» түөлбэ көҕүлээтэ

«Маяк» түөлбэ актыыба «түөлбэбит оҕолоро бэйэлэрин олорор нэһилиэктэрин, түөлбэлэрин билэ үөрэнниннэр» диэн бастакы саҕалааһын тэрээһиннэрин – өйтөн суруйуу күрэҕин ыыттылар.

«Мин төрөөбүт төрүт түөлбэм» диэн өйтөн суруйууга алта оҕо кытынна. Бастыҥ айымньы ааптарынан 10 кылаас үөрэнээччитэ Светлана Пермякова ааттанна. Кинини сэргэ 5 кылаас үөрэнээччилэрэ Айыллаана Лыткина уонна Кира Дамаскина үлэлэрэ бэлиэтэннилэр. Бары оҕолорго сэртипикээттэр туттарылыннылар.

Оҕолор төрүт түөлбэлэригэр, дойдуларыгар бэриниилээх буола улааталларыгар маннык тэрээһиннэр төһүү буолуохтара.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#улуускиинигэр

💠 Бороҕоҥҥо рассада дьаарбаҥката буолла

Мүрү нэһилиэгин киин болуоссатыгар оҕуруот аһын, сибэкки рассадатын дьаарбаҥката буолла.

Хаппыыста араас көрүҥүттэн саҕалаан тыква рассадатыгар тиийэ оҕуруот аһын рассадатын эгэлгэтэ атыыланна. Сибэкки рассадата быйыл аҕыйах курдук этэ, ол эрээри Бэйдиҥэ бөһүөлэгиттэн анал оҕуруоччут идэлээх Юлия Охлопкова номнуо ситэн-хотон сириэдийбит сибэккилэрин аҕалбытын көрбүт эрэ сөҕө-махтайда, хамаҕатык атыыластылар.

Оттон мас үүнээйилэртэн рябина, өрүс талаҕа атыыланна.

✍️ Мария Аргунова

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#улуускиинигэр

💠 Уус Алдаҥҥа икки күн устата «Гражданские выходные» тэрээһин ыытылынна

Атырдьах ыйын 17-18 күннэригэр улууспутугар «Гражданские выходные» диэн икки күннээх тэрээһин «Өркөн» киинигэр буолан ааста.

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/uus-aldanna-grazhdanskie-vyhodnye-tereehin-ikki-kyn-ustata-yytylynna/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#улуускиинигэр

Улуус бастакы медигэр бүүс турда

Бүгүн, алтынньы 2 күнүгэр, улуустааҕы киин балыыһа тэлгэһэтигэр Уус Алдан улууһугар (урукку Бороҕон улууһугар) медицинаны төрүттээбит нуучча биэлсэрэ Илья Сухониҥҥа анаммыт бүүс туруорулунна. Кини 125 сыл анараа өттүгэр Мүрү Томторугар кэлэн бастакы медпууну арыйан улууспутугар медицина баар буолуутугар олугу уурбута. Бүүһү сэргэ улуустааҕы балыыһаҕа үлэлээбит уордьаннаахтарга, мэтээллээхтэргэ, бочуоттаах ааттаахтарга аналлаах Бочуот дуоската турда.

Улуус доруобуйа харыстабылыгар салатата тэрилтэ инник историятыгар болҕомтотун ууран сквер бырайыагар үлэлэһэн саҕалаан эрэр. Ол бастакы уочаратын арыллыыта бүгүн буолла. Онно анаан бүүс оҥоһуутун ороскуотун Илья Михайлович сиэннэрэ уйуннулар.

Тэрээһиҥҥэ улуус, балыыһа салатата, Дьокуускайга, Бороҕоҥҥо, Тумулга, Курбуһахха олорор сиэннэрэ кыттыыны ыллылар.

✍️ Афанасий Сектяев

🏃 https://мюрюгазета.рф/uluus-bastaky-mediger-byys-turda/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM