УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.46K subscribers
33.4K photos
3.05K videos
10 files
5.71K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#кэпсиимэрэ

Үҥкүүһүт игирэ уолаттар

Саҥа сылга үктэнээт социальнай ситим устун Арыылаахтан игирэ уолаттар Яковлевтар Саҥа дьыл киэһэтигэр калмыцкай үҥкүүнү толорбут видеолара тарҕанан көрбүт эрэ кэрэхсэбилин ылбыта. Кинилэр тустарынан Өлтөх нэһилиэгин Арыылаах "Эйгэ" сынньалаҥ киинин уус-уран салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна, Өлтөх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Александра Саввина билиһиннэрдэ.

– Слава, Владик Яковлевтар 2005 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр икки уол оҕолоох Дария, Григорий Яковлевтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс, төрдүс оҕонон күн сирин көрбүттэр. Уолаттар ийэлэрэ П.П. Пестряков аатынан Орто Эбэ сүрүн оскуолатыгар асчытынан, аҕалара ДьУоКХ хачыгаарынан үлэлииллэр. Иккиэн бүгүрү үлэһит дьон. Икки улахан уолаттара оскуоланы бүтэрэн үлэһиттэр. Игирэлэр Славалаах Владик Дьокуускайга култуура колледжыгар хореография салаатыгар 2-с кууруска үөрэнэллэр.

✍️ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.

Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/85276 эбэтэр комментарийдарга
#кэпсиимэрэ

Олохтоохтук оҥостон, кэскиллээхтик дьаһанан олорор Готовцевтар

Киинтэн ыраах, суол-иис мөлтөх диэбэккэ, төрөөбүт дойдуларыгар силис-мутук тардан олорор эдэр дьону сэҥээрэ, хайҕыы санаатым.

Байаҕантай нэһилиэгин эдэр ыала Роман, Вероника Готовцевтар 2011 сыллаахха Бэйдиҥэ оскуолатыгар учууталлыы сылдьан ыал буолбуттара. Биэс сыллааҕыта Роман күнү көрбүт Тандатыгар көһөн кэлбиттэрэ. Роман Чурапчытааҕы физкультурнай институту бүтэрбитэ. Билигин олохтоох баһаарынай чааска караул начаалынньыга. Ньурба Күндээдэтин кыыһа Вероника химик-биолог идэлээх, билигин Танда орто оскуолатыгар дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы.

Кинилэр 2016 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи “Эдэр дьиэ кэргэн” бырагыраамаҕа хапсан субсидия ылан, икки сылынан толору хааччылыылаах дьиэни туттан киирбиттэрэ. Барыга көхтөөх, биир өйүнэн-санаанан олорор эдэр дьон араас тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ кытталлар.

✍️ Мария Макеева, уопсас. кэрэсп. Бороҕон

Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/86420
#кэпсиимэрэ

Парикмахер, асчыт Вера Олесова мусс десерт сатабылын баһылаата

😋 Мусс десерт – кондитерскай ускуустуба аныгы трендэ. Маннык минньигэс аһы киһи үс күнү быһа астыыр. Оттон түмүгэ көрүөхтэн эрэ кэрэ көстүүлээх, фрукта, отон, сакалаат уо.д.а. алтыһыылара чахчы да абылыыр амтаннаах буолаллар.

Биһиги улуус дьоно бу абылаҥнаах бүлүүдэни бүгүн да дуоһуйа-астына амсайар кыахтаахпыт. Сонун ас сатабылын Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо Вера Олесова баһылаата диэтэххэ, омуна суох. Кинини үгүс киһи билэр буолуохтаах. Парикмахер идэлээх Вера үгүс сыл устата кэрэ аҥаардар баттахтарын тупсаран үлэ бөҕөнү көрүстэҕэ.

Баттах маастарын быһыытынан "Палладиум" атыы-эргиэн киинин биир хоһугар үлэ үөһүгэр сылдьан, өссө биир сөбүлүүр дьарыктааҕа өтөн, евродесертары уонна корейскай бүлүүдэлэри астыырга үөрэнэр.

Талааннаах киһи барытыгар талааннаах дииллэринии, Вера өссө ыллыырын сөбүлүүр. Хайа эрэ кэмҥэ "Тик-ток" социальнай ситим нөҥүө ырыаларын устан таһааран дьон кэрэхсэбилин ылара.

✍️ Мария Аргунова

Сиһилии Вконтакте страницабытыгар киирэн аах https://clck.ru/33M4pt
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэпсиимэрэ

💢 Утум салҕанар

Бүгүн биир үтүөкэн наставник учуутал туһунан кэпсиибин. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри математика, информатика учууталынан үлэлээбит СӨ үөрэҕириитин туйгуна Дария Голикова 1948 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр Уус Алдан оройуонун Суоттутугар күн сирин көрбүтэ.

Бүгүн бэтэрээн учуутал өрөгөйдөөх 75 сааһын томточчу туолла😀😀😀

Үөрэппит оҕолорун махталын, бииргэ үлэлээбит дьонун, төрөппүттэр ытыктабылларын ылыан ылбыт учуутал Дария Николаевна өссө оҕо сылдьан математиканы сөбүлээбитэ.

Олоҕун математиканы үөрэтиигэ аныыр олугун Суотту аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэппит учууталлара уурбуттар, Алексей Тимофеевич Кондратьев математикаҕа, Василий Иванович Охлопков физикаҕа үөрэппит уруоктарыгар олус сөбүлээн үөрэммит.

✍️ Клара Троева

Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/89248
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэпсиимэрэ

💢 Учуутал Ксения Румянцева кэрэ эйгэни кытта сибээһэ быстыбатын

Мүрү 1 N-дээх орто оскуолатыгар 38 сыл педагогическай ыстаастаах химия, биология учуутала Ксения Румянцева киэҥ билиилээх, күүстээх ирдэбиллээх, үлэҕэ баай уопуттаах учуутал быһыытынан биллэр. Ксения Антоновна 1979 с. Мүрү орто оскуолатын физмат кылааһын, 1985 с. СГУ БГФ үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөрэммит оскуолатыгар учууталынан 1989 сылтан үлэлиир. Михаил Данилов дириэктэрдиир кэмигэр Зоя Татаринованы кытта үс үөрэх сылыгар дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан оскуола үөрэх-иитии үлэтин таһыма үрдүүрүгэр кыһаллан туран үлэлээбитэ. Учуутал айымньылаах үлэтин түмүгүнэн Сорос стипендиата буолбута. СӨ үөрэҕириитин туйгуна Ксения Румянцева оскуола 150 сыллаах үбүлүөйүн өрө көтөҕүллэн көрсөр, эдэр кэллиэгэлэригэр сүбэ-ама буолар.

✍️ Елена Сыроватская

Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/92674

@murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэпсиимэрэ

💢 Лөгөй сирин биир бастакы баяниһа Петр Нафанаилов айылҕаттан дьоҕур барыта бэриллибит киһитэ

Мин 1982 сыллаахха Кэптэнигэ кийиит буолан кэлбитим. Миигин оччотооҕу кииннэммит тыа сирин кулуубун дириэктэрэ Егор Заровняев: "Оройуоҥҥа АКБ-лар тэрилиннилэр, онон АКБ старшай мэтэдьииһинэн ананаҕын", – диэн саҥа тэриллибит штатка анаабыта. Дьэ, ол күннэртэн Петр Нафанаиловтыын алтыстым.

Киниэхэ айылҕаттан дьоҕур барыта бэриллибит. Байаанын көтөхпүтүнэн сылдьар, байаан кэрэ тыаһынан кэнсиэрдэри киэргэтэр нэһилиэк үрдүнэн соҕотох баянист этэ. Тарбаҕар талаанын, ууһун туһунан этэ да барыллыбат.

Бүөтүр соторутааҕыта Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот уус-уран оҥоһуктарын маастара буолла. Онон киниэхэ истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин.

✍️ Ульяна Бурнашева, суруналыыс

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94720

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэпсиимэрэ

💢 Халандаардары мунньар кырдьаҕас Мотрена Павлова

Бүгүн Арассыыйаҕа кылаабынай буҕаалтыр күнүгэр Курбуһахтааҕы интэринээт-дьиэ олохтооҕор, 26 сыл устата буҕаалтырынан үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыт "Коммунистическай үлэ ударнига", Тандаттан төрүттээх Мотрена Павловаҕа үтүө бэлэх оҥоһулунна.

Ол курдук Курбуһахтааҕы участковай балыыһаҕа өр сылларга акушерынан үлэлээбит СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Тамара Егорова истиэнэ халандаардарын уура сытыарарын Мотрена Александровна кэллиэксийэтигэр бэлэхтээтэ.

"Оруобуна кэллиэксийэбэр суох халандаардар кэлбиттэр, Тамара Ивановнаҕа, улахан махталбын биллэрэбин!" – диэн Мотрена ис сүрэҕиттэн үөрэн махтанар.

Мотрена Александровна истиэнэ халандаардарын 1961 сылтан саҕалаан мунньар. Билигин кэллиэксийэтигэр 130-тан тахса араас, хатыламмат истиэнэ халандаара баар.

«Аан маҥнай хонтуораҕа буҕаалтырынан үлэлии сырыттахпына, арай почтаҕа (урут ааҕыныстыба диир этибит) истиэнэ халандаара атыылана кэлбитэ. Онтон хонтуорабытыгар ыламмыт бэрэссэдээтэл, исписэлиис, буҕаалтыр хосторугар ыйаабыппыт. Сыл бүппүтүн кэннэ ол халандаардары быраҕыахпын харыһыйаммын ууран кэбиспитим.

Дьэ, онтон ыла сыыйа эбиллэн, кэлин атыылаһаммын, билэр дьонум биэрэннэр халандаардарым сыл аайы элбээн испиттэрэ. Кэмиттэн кэмигэр сыымайдааммын көрдөхпүнэ, урукку кэмнэрбин санааммын көнньүөрэн ылабын», –
диэн Мотрена сэһэргиир.

Интэринээт-дьиэҕэ кэлэригэр халандаардарын күндү малын тэҥэ тутан илдьэ кэлбитэ. Ону көрөммүт быыстапка тэрийбиппит. Улахан саалабытын биир гына тэлгээбиппитин үөлээннээхтэрэ, үлэһиттэр бары сэргии көрбүппүт.

✍️Мария Винокурова. Курбуһах


t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэпсиимэрэ

💠 Аҕам Суотчут Дьөгүөр туһунан

Үтүө киһи аата үйэлэргэ умнуллубат аналлаах. XX-с үйэҕэ Суотту нэһилиэгэр олорон ааспыт аҕам Васильев Егор Гаврильевич, норуокка биллибитинэн Суотчут Дьөгүөр туһунан сиэннэрэ, хос сиэннэрэ өйдүү, киэн тутта сырыттыннар диэн ахтан ааһыахпын баҕарабын.

Мин аҕам Суотту нэһилиэгин олохтоохторо Васильев Гаврил Федотович –Хабырыыска, Охлопкова Наталья Васильевна биэс уолаттарыттан кыралара эбит. 1900 сыл муус устар ыйыгар төрөөбүт.

✍️ Евдокия Егоровна Кылабысова, Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо

☑️ Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/100260

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэпсиимэрэ

💠 Түүлээх ууһа Алексей Пестряков күпсүүрү оҥорууну баһылаата

Түүлээх нэһилиэгэр тигээйи, көтөр арааһын иитиититтэн саҕалаан тыа хаһаайыстыбатыгар араас салаатынан дьарыктанар үлэһит дьон баар буоланнар, тэйиччи сытар уустук суоллаах-иистээх нэһилиэк дьоно мүөттэн саҕалаан сибиэһэй бэйэ аһынан хааччынан олороллорун туһунан сырдатан турардаахпыт. Хааччыйар эйгэҕэ үлэ үөһүгэр сылдьар дьон нэһилиэк сайдыытын, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамыытын кэрэһэлииллэр диэн туран, бүгүн мас ууһа Алексей Пестряков туһунан сырдатыым.

Кини төрөппүттэрин өттүттэн уус удьуордарын утумнаан, баар баара өтөн 2017 сыллаахтан уһанан саҕалаабыта. Нэһилиэгин иһигэр дьонтон сакаас ылан, оҕо оонньууруттан саҕалаан миэбэлгэ, музыкальнай инструмеҥҥа тиийэ уһанар. Онуоха кинини атаһа Уус Таатта удьуор ууһа Гаврил Бочкарев үөрэппит. Онон доҕоруттан сүбэлэтэн саҕалаан күпсүүрү оҥорууну баһылаата, билиҥҥи кэмҥэ биэс кэмпилиэги оҥорбуттарын көрдөрдө.

Алексей Пестряков былырыын «Уус Алдан уран уустарын түһүлгэтэ» улуустааҕы көрүү-күрэскэ маҥнайгы миэстэни ситиспитэ.

Ити курдук кини уһанар дьоҕус дьиэтигэр бэс мастан көрүөхтэн кэрэ оҥоһуктар чочуллан тахсан дьону-сэргэни үөрдэллэр, туланы тупсараллар.

✍️ Мария Аргунова

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/tyyleeh-uuha-aleksej-pestryakov/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэпсиимэрэ

💠 Сандаара Копырина – дэгиттэр дьоҕурдаах кыысчаан

Сэттэ саастаах Сандаара Копырина быйыл оскуолаҕа киирэр. Кини Кэптэни бөһүөлэгэр олорор элбэх оҕолоох Копыриннар дьиэ кэргэн 5-с оҕолоро.

Кыра кыысчаан холку, наҕыл майгылаах, билиигэ-көрүүгэ баҕалаах, олус дьоҕурдаах. Кини биир сэдэх дьоҕурунан олоҥхолуура буолар.

Оҕотун ситиһиитин туһунан ийэтэ Саргылаана Копырина сэмэйдик маннык кэпсиир: «Кыыспыт Сандаара быйыл ыытыллыбыт «Чөмчүүк Куо-2023» күрэскэ саастыылаахтарын ортотугар 18 кыыстан 2-с миэстэни ылбыта. Улуустааҕы «Олонхоҕо айан» күөн-күрэскэ былырыын 2-с үрдэли, быйыл 1-кы үрдэли ылбыта. Быйыл өссө “Остуоруйаһыт оҕолор» күрэхиэһиигэ 1-кы үктэл, республикатааҕы хоһоон күрэһигэр 1-кы миэстэ, 2021 сыллаахха «Кыһыммыт бэлэҕэ» ырыа күрэһигэр 2-с степеннээх лауреат,»Чугдаар-туой, күн оҕото!» фольклорнай фестивальга 2-с степеннээх дипломант буолан олус үөрдүбүтэ.

2022 сыллаахха биһиги дьиэ кэргэн «Олоҥхону бастыҥ толорооччулар» анал бэлиэ ылбыппыт. Сандаара эмиэ былырыын «Көмүс ыллык» ырыа күрэһигэр 3-с степеннээх лауреат, «Хаар көмөтүнэн салгын ырааһын быһаарыы» дакылаатынан 2-с миэстэ, оттон быйыл олоҥхолоон «Дьоһун этээччи» уонна “Лучшая выпускница детского сада-2023″ анал ааттары ылбыта.

Кыыһым олоҥхоҕо 4 сааһыттан дьарыктанан саҕалаан 5 сааһыттан кыттыбытынан барбыта.

Салайааччыта – Мотрена Ильинична Сысолятина. Кини утумнаахтык дьарыктаан кыыспыт араас күрэхтэһиилэргэ барытыгар кыттыбыта: сүүрүү, хоһоон, ырыа, үҥкүү, дакылаат, олоҥхо. Онон биһиги киниэхэ махталбыт муҥура суох».

Бу ситиһиилэриттэн көрдөххө, Сандаара олох кыра сааһыттан араас хайысхалаах күрэхтэһиилэргэ кыттыбыт уонна барытыгар ситиһиилэммит. Биһиги кини дэгиттэр дьоҕурдааҕыттан олус үөрэбит, киэн туттабыт уонна бу дьоҕурун салгыы сайыннаран үрдүк үрдэллэри дабайарыгар, дьоһун ситиһиилэнэригэр баҕарабыт!

✍️ Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.

☑️ https://мюрюгазета.рф/sandaara-kopyrina-degitter-do5urdaah-kyyschaan/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#кэпсиимэрэ

Баяным – быстыспат аргыһым

Мин 1960 сыллаахха Лөгөй орто оскуолатыгар 7 кылааска ­киирбит күһүммэр, арай биир күн Бороҕонтон хамыыһыйа кэлэн оҕолору музыкальнай оскуолаҕа тала сылдьар диэн буолла. Кылааһым салайааччыта Мария Николаевна Петухова ыҥыран ылан: “Дьэ, эн, Ваня Бурнашев, туттарсан көр», – диэтэ. Хамыыһыйа дириэктэр хоһугар үлэлиир эбит. Онно тиийдим. Бастаан муусуканы төһө истэрбин бэрэбиэркэлээтилэр. Бэрэс­сэдээтэлинэн музыкальнай оскуола преподавателэ Нелля Николаевна диэн нуучча дьахтара этэ. Истэрим соччото суоҕа биллэр этэ, онон «үскэ» туттардым. Ол да буоллар мунньахтаан, сүбэлэһэн баран ылыллар буолбуппун биллэрдилэр.

Кэптэнигэ да гармошкаҕа, баяҥҥа оонньуур дьон бааллара. Кинилэри сүрдээҕин сэргээн, сөбүлээн истэрим. Ол курдук гармошкаҕа учуутал Вячеслав Федорович Афанасьев уонна Семен Константинович Бурцев оонньууллара. Оттон баяҥҥа Иван Бурцев (киномеханик) оонньуура, ону тэҥэ Иннокентий Готовцев (ырыаһыт Анастасия Готовцева аҕата) музыкальнай училищеҕа үөрэнэ сылдьан тахсан оскуола оҕолоругар оонньоон көрдөрөрө, ыллыыра. Кэлин хормейстер идэтин баһылаан, баяҥҥа оонньоон, ыллаан Уус Алдаҥҥа биллэр-көстөр култуура үлэһитэ буолбута. Кэргэнинээн Февроньялыын Кэптэни кулуубун сыанатыгар дуэттыыллара харахпар бу баар курдук көстөр. Онон муусуканы оҕо эрдэхпиттэн сөбүлээн истэр этим уонна биир дойдулаахтарым курдук баяҥҥа оонньообут киһи диэн баҕа санаа баара.

✍️ Иван Бурнашев

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/45099-2/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM