УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.46K subscribers
33.4K photos
3.06K videos
10 files
5.71K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
💐💐💐Уважаемые работники и ветераны здравоохранения
Усть -Алданского района! 💐💐💐

От всей души поздравляю вас с Днем медицинского работника! Профессия медицинского работника – одна из самых сложных, нужных и благородных. Каждый день вы стоите на страже здоровья, спасаете жизни людей. Это подвиг, достойный признания и уважения. Работать в медицине могут только люди с большим и добрым сердцем, высоким профессионализмом и глубокими знаниями. Примите слова искренней благодарности за ваш гуманизм, милосердие и самопожертвование. Отдельное спасибо сегодня хочется сказать ветеранам здравоохранения, которые всю жизнь оставались преданными своей профессии, передавали свой бесценный опыт молодым коллегам, воспитали достойную смену, формировали традиции региональной медицины. От имени коллектива Усть-Алданской центральной районной больницы желаю вам счастья, крепкого здоровья, профессиональных успехов и оптимизма!

Анна Саввична Петрова, главный врач ГБУ РС(Я) «Усть-Алданская центральная районная больница»
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#видеофакт

💠 Уол оҕото, мохсоҕол!😄💪

Кыра хапсаҕайдьыт утарылаһааччытын уон албаһыттан мүччү-хаччы түһэн, сытыы, тыҥааһыннаах киирсиигэ хайдах кыайыылаах тахсыбытын көрүҥ!

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үлэкиһитэ

💠 Оҕо, төрөппүт билиниитин ылбыт иитээччи Екатерина Васильева

Бээрийэ нэһилиэгин олохтооҕо Екатерина Васильева Эдьигээн оруйуонун Баахынай (Лииндэ) бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. 1993 c. Бүлүү куоратын Н.Г. Чернышевскай аатынан орто үөрэххэ иитээччи идэтигэр туттарсан киирбитэ. Талан ылбыт идэтин 1995 c. бүтэрэн, Уус Алдан улууһун Бээрийэ нэһилиэгэр үс сылга ананан, кэнчээри ыччаты сырдыкка-кэрэҕэ, саҥаҕа-сонуҥҥа, билиигэ-үөрэххэ сирдиир иитээччинэн үлэлээн саҕалаабыта.

✍️ Ольга Шепелева

Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/100061
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Олоҥхоһут Дмитрий Михайлович Говоров төрөөбүтэ 175 сыла

💠 Ойуунускай биһирээбит олоҥхоһута

XIX-с үйэ иккис аҥаарыттан XX-с үйэ бастакы аҥаарыгар тиийэ олорон ааспыт Бороҕон улууһун аар-саарга аатырбыт олоҥхоһута Д.М. Говоров – олоҥхоһут Миитэрэй быйыл 2023 сылга дьоһун аата ааттанар бэлиэ кэмэ, төрөөбүтэ 175 сыла. Дмитрий Михайлович Говоров – олоҥхоһут Миитэрэй Бороҕон улууһун олоҥхоһуттарыттан барыларыттан ордук киэҥник биллибит, эдэр сааһыттан олоҥхоҕо уһуйуллан, киэҥ сирдэринэн тэлэһийэн сылдьыбыт киһи. Тыыннааҕар үс олоҥхото суруллан, онтон иккитэ бэчээттэнэн, ССРС суруйааччыларын Сойууһугар чилиэнинэн ылыллан (1939с.), Саха сирин суруйааччыларын кэмпириэнсийэтигэр ыҥырыллан олоҥхолоон уран тылынан умсугуппут (1934, 1938 сс.) улуу Ойуунускай биһирээбит олоҥхоһута буолар.


✍️ Мария Сивцева,
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун олоҥхоһуттарын чинчийээччи


Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/99996
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ыллык

💠 Эбии үөрэхтээһин педагогтарын форума ситиһиилээхтик ааста

Бэс ыйын 14-15 күннэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр Хотун Бүлүү өрүс үрдүгэр Түгэхтэй алааска педагог уонна уһуйааччы сылыгар аналлаах эбии үөрэхтээһин педагогтарын бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи форума "Педагог дополнительного образования: профессиональные вызовы – необходимые
компетенции" тиэмэнэн ыытылынна.

Улуустан Мүрүтээҕи эдэр натуралистар станцияларыттан, "Өркөн" оҕону эбии үөрэхтээһин кииниттэн, Бороҕоннооҕу оҕо искусствотын уонна спортивнай оскуолаларыттан барыта 13 педагог баран кыттыыны ылан кэллилэр.

Ону сэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи "Юные якутяне" ресурснай киин филиалыттан – В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Дүпсүннээҕи технопааркатыттан 5 педагог ресурснай киин үлэһиттэрин кытта биир делегацияҕа киирэн бара сырыттылар.

Форум туһунан улууска иитии үлэтигэр дириэктэрдэр сүбэһиттэрин куратора Мария Винокурова билиһиннэрэр.

✍️ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.

Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from uusaldan.ru
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Майаҕатта Бэрт Хара аатынан стадиоҥҥа буола турар саха төрүт оҕунан ытыыга республикаҕа бастыыр иһин чемпионатка 10 улуустан 152 күрэхтэһээччи кыттыыны ылар.

Бастакы күн түмүктэрэ🏆

Оҕолорго:

🥇Анна Мондоева Дьокуускай 🏃
🥈Нария Сотникова Мэҥэ-Хаҥалас🏃
🥉Дженнифер Дарбасова Томпо 🏃

🥇Айтал Баишев Чурапчы 🏃
🥈Адам Захаров Томпо 🏃
🥉Николай Шадрин Дьокуускай🏃

Улахан дьоҥҥо:

🥇Клара Спиридонова Бүлүү 🏃
🥈Ольга Белоусова Нам 🏃
🥉Марияна Кусатова Таатта 🏃

🥇Александр Юмшанов Томпо 🏃
🥈Барыс Баишев Чурапчы 🏃
🥉Филипп Соловьев Бүлүү 🏃

Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#астык

💠 "Бэс ыйыгар битэмииннээх ньээм оту, тиит туорааҕын хомуйан туһаныҥ", –🌸🍃🌞

диэн Тулуна бөһүөлэгин олохтооҕо Матрена Терентьева сүбэлиир.

Кини быйыл эмиэ ньээм сибэккитин, туораахтары уонна дөлүһүөн сибэккитин эминньэҕин бу күннэргэ хомуйда🌿🌸

“Бу бэйэбит үүнээйилэрбититтэн олус туһалаах мүөт оҥоһуллар. Холобур, 500 устуука ньээм сибэккитин үргээн сууйан баран, 1 лиитэрэ ууга 20 мүнүүтэ оргутабын уонна биир суукка туруорабын. Ол кэннэ сиидэлээн баран уутугар 1,5 киилэ саахары кутан 1,5 чаас курдук оргутабын. Буһан истэҕинэ бүтэһигин диэки (араарыам 10 мүн. иннинэ) биир чайнай луоска лимон кислотатын кутабын. Бу маннык туораахтан уонна эминньэхтэн эмиэ мүөт, барыанньа оҥоробун”, – диэн Матрена ырысыабын үллэстэр🙌

Кини өссө дойдутун хаптаҕаһын, моонньоҕонун сэбирдэҕин, дөлүһүөн сибэккитин хатаран чэй эмиэ оҥостор🤩👍

Онон субу курдук хомуйан, хаһаанан айылҕа мүөтүн сөтөлгө, тымныйыыга, уопсай бэйэ туругун бөҕөргөтөргө тускутугар туһаныҥ. Чэгиэн буолуҥ!👍

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM