УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.46K subscribers
33.4K photos
3.06K videos
10 files
5.71K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#нэһилиэктэргэ

💠 Окоемовка олохтоохторо бу күннэргэ ырааһырдыы үлэтин чэрчитинэн балай да субуотунньуктаатылар. Бүгүн "Үрдэл" түөлбэ олохтоохторо тахсан бөһүөлэк арҕаа өттүн ыраастаатылар.

Окоемовкаҕа үс түөлбэ баар, олохтоохтор оҕолуун-улаханныын күргүөмүнэн үлэлииллэр.

✍️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#бассаап

💠 Уус Алдан оройуонугар Кыайыы ыһыаҕын тэрээһинин мунньаҕын уурааҕынан Мүрү алааһыгар Кыайыы ыһыаҕа 1945 сыл бэс ыйын 20-21 күннэригэр ыһыллыбыт.

Ыһыах бэлэмигэр 10628 киһи мустан оонньоон, көрүлээн атаарбыттар. 52 сүөһү этин, 750 киилэ арыыны, 189.89 центнер кымыһы аһаабыттар. Илии-атах оонньуутугар эр киһилиин, дьахтардыын уонна оҕолуун 670 киһи кыттыбыт. Барыта 75 ат, биэ, атыыр сүүрбүт.

Кыайыы ыһыаҕын Иркутскайдааҕы киинэ хроникатын устуудьуйата үйэтиппит. Киинэ ааптара уонна режиссера – В. Стрельцов, оператор – В. Громоздинскай, тиэкиһи Н. Тенганьев аахпыт. Киинэ 1946 сыллаахха тахсыбыт. Бу документальнай киинэ оччотооҕу ыһыах туһунан суос- соҕотох киинэ эбит.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Күннээҕи гороскоп

Бэс ыйын 19 күнэ


Хой ♈️

Биир тыл элбэҕи быһаарар, тыл көттө да туппаккын

Оҕус ♉️

Саҥа уларыйыылар эн олоххор буолаары тураллар

Игирэлэр ♊️

Сирдээҕи олох кэрэтин тулалыыр дьоҥҥор көрүөн, үс бүк дьоллонуоҥ

Рак ♋️

Бастакы хардыыны оҥорор ыарахан буолбатах

Хахай ♌️

Сүрүн суолталаах быһаарыыны ылыныаҥ иннинэ сэттэтэ толкуйдаан көр

Кыыс ♍️

Киһи баҕарар буоллаҕына бириэмэ көстөр

Ыйааһын ♎️

Тапталлааххын кытары бүгүҥҥү күнү атаар

Скорпион ♏️

Эн толкуйуҥ сөпкө баран иһэр, ситиһии кэлэрин туһугар туруорус, туруулас

Охчут ♐️

Таптал хараҕа суох дииллэр, ол кырдьык, кими таптыыргын сүрэҕин эрэ билэр

Чубуку ♑️

Эйигин хомолто тулалыыр буоллаҕына,ханнык да кэмҥэ мичээрдииргин көрдөр

Күрүлгэн ♒️

Чугас киһиҥ аттыгар баара, кини кууһара эйиэхэ бу күн өйөбүл буолуо

Балыктар ♓️

Дьон ис туругун өйдөөн көр, ким дууһата кураанаҕа, ким дууһата баайа хараҕын байҕалыгар көстөр
💠 Уус Алдан улуустааҕы ИДьО-гар нэдиэлэ устатыгар (12.06. – 19.06.) араас хайысхалаах 39 сайабылыанньа киирбит. Ол иһигэр эт-хаан эчэйиитин ылан "Суһал көмөҕө" көрдөрүү – 15, арыгылааһын, дьиэҕэ айдаарыы туһунан – 7, уоруу, түөкүннээһин, сүтэрии туһунан – 3, ГАИ линиятынан рапорт – 1, полиция сотруднигар утарылаһыы туһунан – 1, тэрилтэ охраннай сигнализацията үлэлээбитин туһунан – 1, атын улуустан, куораттан кэлии иһитиннэриилэр, араас үҥсүүлэр – 9.

Нэдиэлэ устата 48 саалаах киһи бэрэбиэркэлэммит, биир саа ылыллыбыт.

Нэдиэлэ устата 60 араас хайысхалаах административнай боротокуол толоруллубут, онтон уопсастыбаннай сиргэ итирик туруктаах сылдьыы – 3. Төрөппүт эбээһинэһин ситэ толорбот буолуу – 1. Эт хаан эчэйиитин таһаарыы – 1.

📕Паспортнай линиянан 3 боротокуол толоруллубут.

🚔 ГАИ линиятынан 514 массыына бэрэбиэркэлэммит, онтон 50 суоппарга административнай боротокуол толоруллубут. Уруулга 4 суоппар итирик туруктаах олорон тутуллубут.

Нэдиэлэ устата холуобунай дьыала тэриллибэтэх.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💠 “Кэнчээрилэр” махтал ылан астынныбыт

«Кэнчээри» оҕо норуодунай, образцовай ансаамбыл
хоровой кэлэктиибэ Дьокуускайга оскуола оҕолоругар ыытыллыбыт “Юные якутяне” өрөспүүбүлүкэтээҕи
спартакиада үөрүүлээх арыллыытыгар ыҥырыллан кыттыыны ыллыбыт.

Биһиги олус үөрэн, долгуйан туран бэлэмнэммиппит. Бу манна кыттарбыт быыһыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 20-тэн тахса сыл Татьяна Афанасьевна Гоголева салайар «Хотугу сулус» оҕо Академиятын куонкуруһа буола турарыгар ”кэнчээрилэр” хайаатар да нүөмэр биэрэргитигэр” диэн ыҥыраннар, Оҕо айар дыбарыаһыгар тиийэммит үс хору ыллаатыбыт.

✍️ Анжелика Иванова,
Мүрү 1№-дээх орто
оскуолатын 9 «в» кылааһын үөрэнээччитэ, «Кэнчээри» ансаамбыл эдэр кэрэсп.

☑️ Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️

https://мюрюгазета.рф/article/100078

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
💠 Күөҕүнэн, сибэкки арааһынан симэнэн турар сайыҥҥы айылҕа көстүүтүттэн киһи санаалыын сымныыр🌿🌸🥰

Тохтуу түһэн кэрэни кэрэхсээтэххэ, күннээҕи түбүктэн аралдьыйан, сынньанан ылаҕын🙌💞🍃🌿🌾

Хаартыскаҕа: Мария Винокурова дойдутун Курбуһаҕын сайыҥҥы көстүүтүн дьүһүйүүтэ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM