Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#ыһыах2023
🤼♂ Халбас харата – хапсаҕай сытыы түгэннэрин сэргээҥ👍
📹Ольга Шепелева
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
🤼♂ Халбас харата – хапсаҕай сытыы түгэннэрин сэргээҥ
📹Ольга Шепелева
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ыһыах2023
❇️Ыһыах түһүлгэтэ махталынан арыалланар
Педагог уонна Аҕа сүбэһит, Саха сиригэр Үлэ сылыгар аналлаах Элэһин учаастагар Үрүҥ тунах ыһыах ыһылынна. Ыһыахха араас улууска олорор Элэһинтэн төрүүттэхтэр, чугас нэһилиэктэр олохтоохторо ыалдьыттаатылар, тоҕуоруһа муһуннулар.
Ыһыах аһыллыытын сиэрин-туомун Сардаана Стрекаловская уот эһэккэни уохтаах кымыһынан, үрүҥ сылгы сиэлинэн, арыылаах алаадьынан айах тутан алҕаан арыйда.
В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан ,,Тойон Мүрү" култуура дыбарыаһын дириэктэрэ Максим Гоголев улуус култууратын управлениетын аатыттан ыһыаҕынан эҕэрдэтин тиэртэ. Бороҕон нэһилиэгин Аҕа баһылыга Василий Алексеев олохтоохтору эҕэрдэлээтэ уонна үтүө үлэһит дьоҥҥо махтал суруктары туттартаата.
✍Ион Соловьев, Элэһин сынньалаҥ киинин салайааччыта.

💪 Арыы Тиит мохсоҕоллоро күүстэрин тургутустулар
Бороҕон нэһилиэгин Арыы Тиит учаастагар өтөрүнэн буолбатах улахан сэргэхсийии таҕыста.
Ол курдук, учаастак үрүҥ тунах ыһыаҕар Арыы Тииттэн төрүттээх Гаврил Шепелев 15-18 саастаах биир дойдулаахтарыгар анаан «Модун мохсоҕоллор» диэн күрэһи тэрийдэ. Маныаха тэрийээччи күрэхтэһии улахан суолталааҕын, ылыммыт соруга силигин сиппитин үөрэ кэпсиир:
“Билигин уолаттары успуорка көҕүлүүр, өй-санаа, эт-сиин өттүнэн иитии хаһааҥҥытааҕар да суолталаах. Бэйэм Арыы Тииккэ улааппыт буоламмын, кыра бөһүөлэккэ оҕо баҕатын хоту успуордунан эбэтэр төрүт көрүҥүнэн дьарыктанар усулуобуйата суоҕун өйдүүбүн. Учаастак оҕолор оскуолаларын алын сүһүөҕүн бүтэрдэхтэринэ атын сиргэ баран үөрэнэллэр. Бөһүөлэги халаан уута ылар буолан, улахан тутуу барбат. Онон уолаттары успуорка угуйар, арыгы-абааһы суолуттан куоттарар туһугар бу күрэҕи тэрийэргэ санаммыппыт. Балаһыанньанан Арыы Тииттэн төрүттээх эрэ оҕолор кытыннылар.
⏬⏬⏬
Салгыыта комментарийга
✍️ Ольга Шепелева