УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.7K photos
3.1K videos
10 files
5.75K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Өймөкөөн улууһуттан Европаҕа тиийэр сыал-сорук туруорунан ыраах айаҥҥа саха атынан туруммут Дугуйдаан Винокуров, Мичил Неустроев Суотту нэһилиэгэр таарыйан ааспыттара. Хорсун айанньыттары Мэҥэ Хаҥалас улууһун кыраныыссатыгар Суотту нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Василий Иванов салалталаах дэлэгээссийэ, Суотту сылгыһыттара үс атынан көрсөн, арыаллаан кэлбиттэрэ. Кинилэри олохтоохтор сахалыы сиэринэн арыылаах алаадьынан, саламаатынан уруйдаабыттара.

Бэлиэтиир буоллахха, Мичил Неустроев – Суотту төрүт олохтоохторун ыччата, СӨ үтүөлээх артыыһа Прокопий Неустроев төрөппүт уола, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Сталинград кыргыһыытын кыттыылааҕа, Германия Ретиборг куоратыгар Улуу Кыайыыны көрсүбүт Д.С. Неустроев сиэнэ уонна Дугуйдаан Винокуров дьиэ кэргэнигэр күтүөт буолар.

📌 Саха атынан Лондоҥҥа тиийиэхтээх айанньыттар, араас харгыстар үөскээннэр, Берлиҥҥэ тиийэр буолбуттарын туһунан бука бары иһиттибит. Оттон кинилэри Суотту нэһилиэгинэн ааһалларыгар хайдах көрсүбүттэрин туһунан уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн Раиса Черкашина биһиэхэ ыыппыт ыстатыйатын хаһыаппыт муус устар 2 күнүнээҕи 13 нүөмэригэр ааҕаарыҥ🤗

#уйгусирэуусалдан
#мүрүсаһарҕата
#сахаатынанберлиҥҥэ
#биирдойдулаахтарбыт
https://www.instagram.com/p/CNL3MSwMz-y/?igshid=1h3w3vxmafez
📰📰📰

📌 Кэптэни ыччата – бу иннинэ өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо хамсааһынын лидеринэн, Саха КВН салайааччытынан үлэлээбит Геннадий Охлопков Саха академическай тыйаатырыгар дириэктэри солбуйааччынан үлэтин саҕалаабытын бэйэтин страницатыгар таһаарбыт.

@gennadii_okhlopkov
🔻🔻🔻

"Я В САХА ТЕАТРЕ. ТРЕТИЙ ЗАХОД. ВСЕ СЕРЬЕЗНО 👨🏻‍💼🏛🎭

Я всегда есть и был человеком понимающим культуру, духовность, ценности... Тесно связан со сценической культурой, языком и литературой, публицистикой и творчеством. В тоже время имею опыт организовывать и продюсировать креативные проекты, быть коммуникабельным и собрать вокруг себя различные сообщества. Всегда стараюсь делать свое дело со смыслом, со вкусом и грамотно с эстетической точки зрения.

Теперь у меня основное место работы с декабря 2021 года – Саха академический театр имени П.А. Ойунского. Занимаю должность заместителя директора, фронт работы – стратегия развития и продвижение театра. В начале работы прошел различные инстанции согласования и одобрения. Таким образом, новый 2022 год начинается с новой страницы в новой отрасли. Теперь я служу и посвящаю себя культуре, миру искусства и духовности!"

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#уусалдантанчулууларбыт
#биирдойдулаахтарбыт
https://www.instagram.com/p/CYchfVKsiEkFX1cdQVakOjTx6gLpvm63M0oCzg0/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

📌 Бэчээт күнүн көрсө киһи астына, дуоһуйа ааҕар икки дьоһун кинигэ күн сирин көрдө. Бэҕэһээ, тохсунньу 14 күнүгэр, кинигэ биһирэмэ буолла.

📌 Тэрээһини суруналыыс, публицист, чинчийээччи, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ филология факультетын суруналыыстыка кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоров ыытта, ырытыыны тыл үөрэҕин кандидата, доцент, университет хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтун дириэктэрэ Гаврил Торотоев оҥордо.

📌 Бастакы кинигэ 208 , иккиһэ 256 страницалаах таҕыстылар. Тирааһа — 300. Ааптар — Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, бэчээтин туйгуна Филипп Петрович Пестряков. Киэҥ араҥаҕа ананар.

🖊️ СИА саайтыттан.

Ыстатыйаны сиһилии СИА саайтыгар ааҕыҥ, ссылкатын сторизка көрүҥ

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#саҥакинигэ
#биирдойдулаахтарбыт
#бэчээтэйгэтэ
https://www.instagram.com/p/CYvnvF9MQOCKkL94qSR_KWuorAAI5vZQJglBqg0/?utm_medium=share_sheet
#биирдойдулаахтарбыт

💢 Өспөхтөн төрүттээх чулуу салайааччы Дмитрий Горохов төрөөбүтэ 75 сыла

💬 Худуоһунньук идэлээх Дмитрий Горохов 1968 сыллаахха үлэтин Булуҥ оройуонун Күһүүрдээҕи оскуола-интэринээтигэр уруһуй, черчение, физкультура учууталынан саҕалаабыта.

Кэлин дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан, оройуоннааҕы култуура дьиэтин дириэктэринэн үлэлээбитэ.

Таһаарыылаах үлэтинэн дьон-сэргэ итэҕэлин ылан 2002с. уонна 2008 с. Булуҥнааҕы быыбардыыр уокуруктан СӨ Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын дьокутаатынан талыллыбыта.

Ити кэмнэргэ сокуону таһаарар 104 көҕүлээһини киллэрсибитэ, олор сүнньүлэринэн 96 өрөспүүбүлүкэ сокуона уонна Ил Түмэн аҕыс уурааҕа ылыныллыбыттара.

Парламент олохтоох салайыныы боппуруоһугар сис кэмитиэтин уонча сыл салайбыта. Сахабыт сирин судаарыстыбаннаһа сайдарыгар, олохтоох бэйэни салайыныы  тэриллэригэр, сокуонун базата оҥоһулларыгар сүҥкэн кылааты киллэрсибитэ.

✍️ Лена Свешникова, Өспөх нэһилиэгин баһылыга

Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/89262
#биирдойдулаахтарбыт

💠 Дьокуускайга Анастасия Варламоваҕа ытыктабыл бэлиэтэ хартыына болҕомтону тарта

Атырдьах ыйын 10 күнүгэр Емельян Ярославскай аатынан Хотугу сир норуоттарын историяларын уонна култуураларын судаарыстыбаннай холбоһуктаах түмэлигэр «Саха алааһын Иэйэхситэ» диэн Саха сирин норуодунай артыыһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Анастасия Варламова төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах быыстапка аһылынна.

Норуот тапталлаах ырыаһытын үлэтин, олоҕун киэҥник көрдөрөр быыстапка «Мин дьолум – ылланар ырыабар…» салааҕа Анастасия Варламова мэтириэтэ дьон болҕомтотун тардар. Бу хартыынаны Лөгөй орто оскуолатыттан уруһуй учуутала Анастасия Колесова Анастасия Варламованы кытта истиҥник билсибит биир дойдулааҕа Зоя Тумусова көрдөһүүтүнэн уонча күн устата суруйбут. Хартыынаны «Норуот өйдөбүлэ» диэн Зоя Тумусова санааларын түмпүт суруга ситэрэн биэрэр.

«Худуоһунньук Анастасия Михайловна Колесова (Стрекаловская) Эдьиий Настаа уобараһын дириҥник таба тутан арыйбыт. Эдьиий Настаа харахтарыгар норуот өйдүүрүттэн, махтанарыттан үөрүү кыыма саҕыллар курдук. Кини күн курдук сырдык, хас биирдии киһини араҥаччылыы турар курдук айыллыбыт», – диэн Зоя Тумусова Анастасия Колесова үлэтигэр үрдүк сыанабылы биэрбит.

Улуус талааннаах учууталын Анастасия Колесова үлэтэ норуот ырыаһытыгар ытыктабыл бэлиэтэ буолан өрөспүүбүлүкэ түмэлигэр дьон көрүүтүгэр турда.

✍️ Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.

☑️ https://мюрюгазета.рф/dokuuskajga-anastasiya-varlamova5a-ytyktabyl-beliete-hartyyna-bol5omtonu-tarta/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#биирдойдулаахтарбыт

"ТӨЛКӨ ТҮӨРЭҔЭ" биэриигэ худуоһунньук, скульптор Геннадий ОЛЛОНОВ туһунан 📺👀👌🏻
биэриини субуотаҕа, алтынньы 28 күнүгэр, күнүс 13.00 ч. көрүҥ, сэргээҥ👍👏
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#биирдойдулаахтарбыт

👍ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ СҮМЭТЭ СҮППЭТ

Киһи төрөөбүт тыла, кини нөҥүө ылбыт билиитэ олоҕун тухары суураллыбатын Санкт-Петербурга олохсуйбуттара 50-ча сыл буолбут биир дойдулаахтарбыт туоһулууллар. Видеоҕа көрөр далбар хотуттарбыт Вера Васильевна Окорокова Өспөхтөн, Матрена Васильевна Сивцева Уһун Күөлтэн төрүттээхтэр.


Саастарын тухары нуучча эйгэтигэр олорон, үлэлээн кэлбит дьон. Ол эрээри, дойдуларыттан күн бэҕэһээ арахпыт курдук, төрөөбүт тылларынан холкутук кэпсэтэллэр. Кинилэри кытта биһиги кэрэспэдьиэммит Уйаара Кустук көрсөн, сахаҕа уруккуттан олохсуйбут өс хоһооннорун таайтарда.

Биһиги санаабытыгар, сүрдээҕин уҥа-хаҥас быраҕыстылар. Оттон эһиги хайдах сыаналыыгыт? Санааҕытын комментарийга күүтэбит.

Биир дойдулаахтарбытын кытта кэпсэтиини хаһыат кэлэр нүөмэрдэригэр ааҕаарыҥ.

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#биирдойдулаахтарбыт

💎 Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бриллиант цирката быйыл тэриллибитэ 3⃣0⃣ сылын туолла.

🤸‍♀️ Цирка аренатын үрдүк куупалын анныгар саха уолаттара уустук трюктары оҥороллор, синньигэс быа устун элэҥнэччи сүүрэллэр. Кинилэр ортолоругар Уус Алдан ыччаттара баалларын санаатахха, ытыскын өссө күүскэ таһыныаххын баҕараҕын, түөскүн киэн туттуу санаата тилэри киэптиир.

🤸‍♀️ Пекиннээҕи ускуустуба колледжын бүтэрэн, төрөөбүт Сахаларын сирин циркатыгар ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар Владислав Сокорутовы, Семен Афанасьевы уонна Илья Андреевы кытта кэпсэтиини бу сигэнэн киирэн аах
https://мюрюгазета.рф/saha-czirkatygar-uus-aldan-uolattara/

@uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#биирдойдулаахтарбыт

Киһи биир эрэ сиргэ хараҕаланан олорбот. Кэлии-барыы, кийииттэһии-күтүөттэһии быйыл да, былыр да баара. Ол сиэринэн, Бороҕонтон төрүттээх Иван Петрович Саввин 80-с сылларга Төҥүлүтээҕи СПТУ-га үөрэнэ сылдьан аналын көрсөн, кэргэнин дойдутугар – Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр – олохсуйбута.

Араас сылларга оскуолаҕа сопхуоһунан, интэринээккэ иитээччинэн үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсыбыта. Саха сиэринэн, сүөһү, сылгы ииттэн олорор. Икки уолуттан кырата, аҕатын аатынан ааттаммыт Иван Саввин эмиэ сыспай сиэллээҕи дэлэтэр. Видеоҕа кинилиин сылгыларын аһата сылдьар кэмигэр кэпсэппиппин уктум. Дьон бу эргин, сүрүннээн, сылгынан олорор. Сылгыһыт эрэ барыта миинэр аттаах, кыһынын бураннаах.

Биир дойдулаахпыт Иван Петрович кэмиттэн кэмигэр дойдутугар таарыйар. Аҕыйах хонуктааҕыта төрөөбүт улууһун ''Мүрү саһарҕата'' хаһыакка суруйтарда.

Уйаара КУСТУК

@uamurusahargata
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM