УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.64K subscribers
34.5K photos
3.19K videos
10 files
5.86K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

⭕️ Нэһилиэнньэни ититиинэн хааччыйыы чэрчитинэн, Бэйдиҥэ бөһүөлэгэр бу сылга 56 ыал дьиэтэ ититии ситимигэр холбонуохтаах. Маныаха нэһилиэк дьаһалтата (баһылык К.А. Алексеев) "Армон" ХЭТ кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, билигин бу үлэ тэтимнээхтик ыытыллар.

⭕️ Ол курдук, 2,4 МВт кыамталаах хочуолунай тутулла турар уонна 9872 погоннай миэтэрэ уһуннаах ититии ситимэ тардылла сылдьар. Саас эрдэ, кыһыҥҥы суол алдьана илигинэ, олохтоохтор куораттан бэйэлэрин үптэринэн 96 тонна тимир турбаны тиэйэн таһаарбыттара. Ититии ситимин тэҥэ, кыһыннары-сайыннары тымныы уунан хааччыллар бырайыак үлэҕэ киирэрэ былааннанар.

🖊 Ольга Шепелева

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#кыстыккабэлэм
#өлтөхнэһилиэгэ
#бэйдиҥэ
https://www.instagram.com/p/CSwJmbnMmgN/?utm_medium=share_sheet
🍒🍒🍒

Өлтөх нэһилиэгин Арыылаахтааҕы "Кэнчээри" оҕо саадын кэлэктиибэ бэтэрээн үлэһиттэригэр анаан иккис сылын анаан-минээн отонноон күндүлээтилэр.

Бу ырааҕы хаампат, кыайан сир астаабат аҕам саастаах дьоҥҥо бэртээхэй бэлэх буоллаҕа. Онон бэтэрээннэр үөрүүлэрин үллэстэллэр, Аграфена Дмитриевна Бурнашева салайааччылаах эдэр кэлэктиипкэ кыһамньыларын иһин махталларын тиэрдэллэр.

Оттон үтүө дьыала салҕааһыннаах буолар. Ол курдук, уһуйаан үлэһиттэрин бачыымнарын быйыл аны оскуола кэлэктиибэ өйөөн, эмиэ бэтэрээннэригэр отонноон биэрбиттэр.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#өлтөхнэһилиэгэ
#арыылаах
#үтүөдьыала
https://www.instagram.com/p/CTtVxNRtm7u/?utm_medium=share_sheet