📰📰📰
⭕ Урбаанньыт Петр Копырин 18 гаа сиргэ күөх маассаҕа анаан эбиэс ыһарга бэлэмнэнэр. Ыам ыйын 9 күнүттэн саҕалаан бааһынатын сиигин саптара сылдьар. Улахан аҥаарын бүтэрэн, күн бүгүн түмүктүүр былааннаах.
⭕ Петр Николаевич төрдүс сылын бу бааһынаҕа үлэлиир. Бастакы сылыгар сирин аҥаарыттан 200-тэн тахса рулону ылбыта. Оттон былырыын, кураан буолан, үүнүүнү ылбатаҕын кэриэтэ.
⭕ Онуоха быйыл сир быдан сииктээх диэн үөрэр. Аны сиэмэтэ кэллэ эрэ, ыһыыны 15 хонугунан саҕалыыр былааннаах. Ыһыыга анаан бэйэ күүһүнэн, онтон-мантан быраҕыллыбыт, туһаттан тахсыбыт саппаастары булан, өрөмүөннээн, иһигэр уулаах тимир катогу, сири көбүтэр ыарахан диискэни оҥостубута үлэтигэр төһүү күүһүнэн буолар.
⭕ Онон улахан эрэл – өҥ дьыл туруутугар.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#ыһыыхампаанньата
https://www.instagram.com/p/COzmG7cMhf0/?utm_medium=share_sheet

⭕ Быйылгы сылтан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сорох хайысхалара улууска бэрилинниллэр. Ол курдук сир үлэтигэр туораахтаах култуураны ыһыыга минеральнай уоҕурдууну атыылаһыы, бааһынаны паардааһын, хортуоппуйу, оҕуруот аһын үүннэрээччилэргэ аһы-үөлү оҥорон таһаарыы бырагырааматынан үбүлээһин управление нөҥүө оҥоһуллар буолуоҕа. Быйылгы сылга сири кытта үлэлэһэр хаһаайыстыбаларга 15 мөл. 569 тыһ. солк. субсидия бэрилиннэ. Бу үбүлээһинтэн хаһаайыстыбалар ыһыы сиэмэтин, уоҕурдууну, тиэхиньикэ уматыгын, саппаас чаастары ылыннылар. Былырыын хортуоппуй үүнүүтэ мөлтөх буолан, быйыл сиэмэ хортуоппуйу атыылаһыыга, таһаҕастааһын ороскуотун сабыныыга 1 мөл. солк. көрүлүннэ.
⭕ Быйылгы сылга уопсайа 3372,17 гектарга култуурунай үүнээйи ыһыллара былааннанар. Мантан 1270,67 гааҕа – бурдук, ол иһиттэн 274 гааҕа – сэлиэһинэй, 996,67 гааҕа эбиэс ыһыллыаҕа. Биирдиилээн хаһаайыстыбаларга тохтоотоххо, “Биэттэ-АГРО” ХЭТ 550 гектарга ыһарыттан 67 гаата – сэлиэһинэй, 483 гаата – эбиэс. Дмитрий Илларионов бааһынай хаһаайыстыбата 510 гаа ыһыылаах. Бу иһиттэн сэлиэһинэйэ – 188 гаа, эбиэһэ – 322 гаа. Оттон Иннокентий Портнягин хаһаайстыбата 210,67 гааҕа ыһыаҕа. Мантан 19 гаата – сэлиэһинэй, 191,67 гаата – эбиэс. Туораахтаах култура сиэмэтин 100% улуус иһиттэн хааччынан олоробут. Ол быһыытынан ааспыт сыллааҕы хомууртан 199,5 тн сиэмэни ыһыыга диэн уурунан олоробут.
⭕ Быйылгы сылга хаары типтэрии үлэтэ 1100 гааҕа ыытылынна. Бу үлэ көдьүүһүн быйылгы сайын көрдөрүөҕэ. Сопхуос саҕана күүскэ ыытыллар үлэ этэ. Билигин бааһына онтон иҥэриммит сиигин саптарыы үлэтэ бара турар.
⭕ Сүөһүгэ эбии аһылык быһыытынан араас үүнээйи ыһыллыаҕа. Уопсайа 1870,7 гааҕа ыһыы барара былааннанар. Ол курдук, 1286,6 гааҕа – эбиэс, 154,3 гааҕа – судан ото, 15 гааҕа – подсолнух, 10 гааҕа – горох, 10 гааҕа – вика эбиэс булкааһыга, 40 гааҕа – элбэх сыллаах от уонна онно эбии 354,8 гаа урукку сыллардааҕы элбэх сыллаах от ыһыылара баар. Эбии аһылыкка наадыйыыбыт – 239,73 тн.
Салгыытын комментарийдарга аах⏬⏬⏬ Ыстатыйа "МС" хаһыат ыам ыйын 14 күнүнээҕи 19-с нүөмэригэр уонна хаһыат мюрюгазета.рф саайтыгар эмиэ тахсыбыта⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#ыһыыхампаанньата
https://www.instagram.com/p/CO9HbOiM0KL/?utm_medium=share_sheet

Instagram
📰📰📰
⭕ Бу күннэргэ улууска оҕуруот аһын уонна бурдугу ыһыы хампаанньата түмүктэнэн эрэр. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс сулууспата @uusaldan.ru Инстаграм социальнай ситимҥэ сирэйигэр иһитиннэрдэ. Ол курдук, бэҕэһээ улуус дьаһалтатын баһылыгын 1-кы солбуйааччы Петр Попов, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Степан Бочкарев, улуус кылаабынай агронома Прокопий Белолюбскай оҕуруот аһын үүннэрэр хаһаайыстыбаларга үлэни-хамнаһы билсэ сырыттылар.
⭕ Элэһиҥҥэ Петр Алексеев фермерскэй хаһаайыстыбатыгар 12 гектар бааһынаҕа хортуоппуйу олордубут. Кини быйыл анаан хортуоппуйу олордор тиэхиньикэни ылынан, үлэтэ биллэрдик чэпчээбитин кэпсээбит. Оттон эмиэ Элэһин оҕуруоччута Афанасий Алексеев хортуппуйун 7 гектарга ыспыт, ону таһынан 2,5 гектар иэннээх сиргэ хаппыыстатын олордон саҕалаабыт.
⭕ Суоттуга Алексей Васильев уонна Семен Мордовской хортуоппуйдарын ыһан бүтэрбиттэр. Владислав Семенович быйыл былаанын аһара баран, 25 гектар оннугар 30 гектарга олордубут. Онуоха уопуттаах оҕруоччут уу кыһалҕата баарын уонна ону быһаарарга эбии турба сакаастаабытын кэтэһэрин эттэ.
⭕ Саһылыкааҥҥа Иннокентий Портнягин бурдугу үүннэрэр хаһаайыстыбатыгар ыам ыйын 20 күнүгэр “Приленская” уонна “Талисман” супер-элита суортаах сэлиэһинэйи ыспытын билиһиннэрдэ.
⭕ Оттон Бороҕон нэһилиэгэр оробуочай бөлөх Владимир Барашков, Сардана Бурцева бааһыналарыгар сырытта. Владимир Иванович хаһаайытыбатыгар аҕыс гектарга хортуоппуйу уонна 4 гектарга хаппыыстаны олордорго бэлэмнии сылдьаллар.
📌 Улуус кылаабынай агронома Прокопий Белолюбскай күн-дьыл туруга үчүгэйин, онон үүнээйилэр хойутааһына суох тахсыахтарын бэлиэтиир. Оттон тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Степан Бочкарев быйыл ыһыы хаамыыта даҕаны, иэнэ даҕаны былырыыҥҥы көрдөрүүлэри куоһарбытын этэр.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#ыһыыхампаанньата
#тыахаһаайыстыбата
https://www.instagram.com/p/CP5gi7VsJaE/?utm_medium=share_sheet

💠 Прокопий Белолюбскай: Халыҥ хаар сааскы үлэни бытаарта
Быйыл тымныы эрэ буолбакка, ураты халыҥ хаардаах кыһыны аһардыбыт. Оттон бары билгэлээһиннэр хаартан уу кэлиэ суоҕа диэбиттэрэ – оннук буолбата, балысханнык кэлэн эрэр. Бу сааскы үлэлэри улаханнык харгыстыыр, бытаардар буолла. Сүрүннээн ыһыы үлэтин. Орто хаардаах, эрдэлээбит урукку сааскы дьылларга баччаларга сиик саптарыыта түмүктэммит, сороҕор чугаһаабыт буолар этэ. Онтон быйыл хайдаҕый? Бу туһунан СӨ сири оҥорууга сулууспатын сүрүннүүр исписэлииһэ Прокопий Белолюбскайы кытары кэпсэттим ⬇️⬇️⬇️
☑️ https://мюрюгазета.рф/article/97709
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ыһыыхампаанньата
💠 Улууска бурдук ыһыыта түмүктэннэ
Быйыл саас элбэх уулаах уонна ыам ыйа тымныы буолан, ыһыы үлэтигэр кыра бытаарыы буолла. Ол эрээри, бурдугу үүннэрээччилэр онтон хомойботтор, саамай үчүгэйэ – сир балачча сииктээх. Күһүҥҥүтэ кураан буоллар эрэ, үчүгэй үүнүүнү ылыахпыт диэн эрэл санаалаахтар.
Элбэх ыһыы иэннээх “Биэттэ АГРО” ХЭТ, “Илларионов” хаһаайыстыба сааскы үлэлэрин бэс ыйын 1 күнүгэр түмүктээтилэр. Ол курдук бу икки хаһаайыстыба быйыл 560-нуу гааҕа ыһыы иэннээхтэр. Урукку сыллары кытта тэҥнээн көрдөххө, былырыын уонна быйыл ыһыы икки сыллааҕыттан үс күнүнэн хойутаан түмүктэннэ. Былырыын сааскы ардах мэһэйдээбитэ, быйыл олус халыҥ хаардаах, онно эбии ыам ыйа тымныы буолан бааһына бытааннык куурда.
Төһө да оннук буоллар, быйыл бурдук ыһыытын эрдэ түмүктээбит баар. Ол курдук Элэһиҥҥэ Михаил Алексеев 12,5 га иэннээх бааһынатыгар эбиэһи ыам ыйын 18 күнүгэр ыһан бүтэрбитэ. Оттон улуус үрдүнэн быйыл 1300 гааҕа туо-раахтаах култуура ыһылынна. Мантан 236,7 гааҕа сэлиэһинэй, 1063,7 гааҕа эбиэс өҥ буору буллулар. Итини тэҥэ сүөһү аһылыгар анаан 167,03 гааҕа араас култуура ыһылынна. Ол курдук 2,850 гааҕа судан ото, 20 гааҕа подсолнух, 916,6 гааҕа эбиэс олордулунна.
✍️ Афанасий Сектяев
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/98800 эбэтэр комментарийдарга