УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.5K subscribers
33.6K photos
3.07K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#санааситимэ

💢 Таптыыр киһигэр тугу бэлэхтээн үөрдэҕин?

Сааскы маҥнайгы бырааһынньыкпыт, Аан дойду дьахталларын күнэ тиийэн кэллэ. Эр дьон тапталлаахтарыгар, кэргэннэригэр тугу бэлэхтиири толкуйдаан сүпсүгүрэн эрдэхтэрэ. Биллэн турар, саамай бэриллэр бэлэх сибэкки дьөрбөтө буолуо. Ол эрээри, сорохтор сибэккини соччо сэҥээрбэттэр. Дьэ, кинилэр туох бэлэҕи оҥороллор эбитий? Ону билиэҕиҥ

https://мюрюгазета.рф/article/91488
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ

🌱🌿☘️ ТУГУ СҮБЭЛИИГИН,
ОҔУРУОЧЧУТ?


Сааскы ылааҥы күннэр саҕалананнар күн ­уһаан, халлаан сырдаан, сылыйан оҕуруоч­чуттар түбүктээх үлэлэрэ эмиэ саҕаланна.

Номнуо сыл саҕаланыыта кэрэчээн эустома сибэккини, дыргыл сыттаах дьэдьэни олордон, оҕуруоту бүөбэйдэһии саҕаламмыта.

Онтон биэрэһи, петуния, лобелия курдук сибэккилэри олордуу буолбута. Маныаха сыллата үүннэрэбит-үүннэрэбит да, үүнүү эмиэ дьыл кэмиттэн, олордуу усулуобуйатыттан тутулуктанан, биир кэм эриэ-дэхси буолбат.

Онуоха хаһаайкалар уһун сыл­лаах уопуттарынан, кэтээн көрүүлэринэн сирдэтинэн, олордууга бэйэлэрин сатабылларын тутталлар.

✍️ Ольга Шепелева

Салгыытын саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/92040
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ

🐴 Сылгы кыстыга хайдах ааһан эрэрий?

2016 сыллаахха ”Саха өрөспүүбүлүкэтигэр сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарар миэрэлэр тустарынан” диэн СӨ Бэрэсидьиэнин ыйааҕар олоҕуран, кулун тутар 21 күнүгэр – Сылгыһыт күнэ бэлиэтэнэр буолбута. Улууспутугар 2 500 сылгы баара биллэр. Сүөһүлээх-сылгылаах дьон кыһарҕаннаах кыһыны туораан, күөх окко үктэннэхтэринэ эрэ кыстыгы хайдах ааспыттарын туһунан этэр үгэстээхтэр. Ол эрээри, быйыл ураты тымныы кыһын буолан ааста, онон сылгы иитэр дьонтон кыстык хайдах ааһан эрэрин, төһө сылгылаахтарын, туох көмөҕө баҕаралларын ыйыталаһыахха.

https://мюрюгазета.рф/article/92762

@murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ

💢 Оҕолоор, сааскы сынньалаҥы хайдах атаараҕыт?

Оскуола үөрэнээччилэригэр сааскы сынньалаҥ саҕаланна. Сааскы сынньалаҥ оҕолорго ордук күүтүүлээх буолар. Будулҕан туманнаах уһун кыһыммыт кэннэ халлаан сылыйан, сибиэһэй салгыҥҥа оонньуу-көр үгэнниир кэмэ. Оҕолорбут сааскы сынньалаҥнарын хайдах атааралларын туоһулаһан көрдөххө, үгүстэрэ көй ыраас салгыҥҥа көччүйэ оонньуур санаалаахтара үөртэ.

☑️Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/93363 эбэтэр карточкаларга көр

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ

Аармыйаҕа барарга бэлэмҥин дуо?

Быйыл муус устар 1 күнүттэн бэс ыйын ортотугар диэри аармыйаҕа сааскы ыҥырыы саҕаланна. Билигин дойдуга бэриниилээх буолуу саамай сытыырхайан турар кэмигэр, эдэр дьон аармыйа туһунан туох санаалаахтарын ыйыталаһан көрдүбүт.

Биллэн турар, оскуола үөрэнээччилэрэ, устудьуоннар үөрэххэ, оттон ыал дьон дьиэ кэргэннэригэр тардыһыылара, тутулуктаныылара баар суол. Онон аармыйаҕа оскуолатын бүтэрээт тута баран кэлбит ордук дуу, эбэтэр кэлин анал үөрэҕи ылан баран аармыйалыыр ордук дуу диэн толкуй, мөккүөр үөскүүр.

Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94462 эбэтэр карточкаларга👆

✍️ Туоһуластылар Мария Аргунова, Аэлита Гоголева

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ

💢Кусчут, байанайыҥ төһөнү тосхойдо?

Артур Сокорутов, Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо:

– Кэтэһиилээх күннэрбит дьэ кэлэннэр, сиргэ бараары олох бэлэм олоробун. Мончуук куһум суох буолан, уопсай көҥүлү кэтэстим. Биирдии­лээн да буоллар, мончуук кус­таахтар бултуйбуттарын истэ-истэбин ымсыыран аҕай биэрдим. Дьэ, онон байанайбыттан көрдөһөн баран, хомунан барабын. Уу дэлэй, онон кус да баара буолуо, Ньукуолуҥҥа амсайар гына бэриһиннэрэр инибин.

Иннокентий Борисов, Уһун Күөл бөһүөлэгин олохтооҕо:

– Быйыл куһу көрө илик­пин, дьон кэпсииринэн син баар курдук эбит. Илин Чабычах диэн алааска үүтээннээхпит, онно сааскы, кү­һүҥҥү сезоҥҥа сыл аайы кус­туубут. Былырыын 20-тэн тахса кус­таах этим.

Саргылана Афанасьева,
Уһун Күөл орто оскуолатын учуутала:

– Мин кыра эрдэхпиттэн кус­туубун, аҕам урут кустуу барарыгар суоска эмэ сылдьар оҕолору илдьэ барар этэ, арааһа, ийэбин сынньатаары буолуо. Икки оҕону илдьэ барааччы. Күһүн кус кэтииригэр олбох оҥорон олордооччу.

Салгыы комментарийдарга

✍️ Афанасий Копырин,
Светлана Сивцева,
Мария Аргунова


t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ

🚩🚩🚩 Пионер хамсааһына сөргүтүллүөн сөп дуо?

Бүгүн – Пионерия күнэ. ССРС кэмигэр 1922 сыллаахха ыам ыйын 19 күнүгэр хомсомуоллар Бүтүн Арассыыйатааҕы иккис конференцияларыгар пионер этэрээттэри тэрийэргэ быһаарыммыттара. 1991 сыллаахха диэри бу хамсааһын олус көхтөөхтүк үлэлээн, сыалай көлүөнэни иитэн-такайан таһаардаҕа. Урукку пионердартан ол кэмнэр туһунан кэпсии түһэллэригэр уонна билигин маннык хамсааһын сөргүтүллүөн сөп дуо диэн ыйыттыбыт.

✍️ Мария Аргунова

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/97708

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ

💠 Мария АРГУНОВА, II Байаҕантай нэһилиэгин олохтооҕо, биэнсийэҕэ олорор:

– Праймеризка кытынным. Билигин Дьокуускай куоракка баарбын, «Госуслуги» портал нөҥүө куоластаатым. Маннык дьиэҕэ олорон «онлайн» куоластыыр олус табыгастаах эбит. Праймериз инники буолар быыбардарга улахан суолталаах дии саныыбын. Праймериз буолара саамай сөптөөх.

Чулуу кандидат барыллаан талыыга кыайан, салгыы күһүн буолар улахан быыбарга куоластанарыгар сүдү күүһү ылан, кыайан, норуот туһугар үлэни күүскэ ыытар диэн саныыбын.


t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ

💠 Ханна ыһыахтыы бардыҥ?

Үрүҥ тунах ыһыахтар кэмнэрэ үүннүлэр. Хамсык ыарыы туруоҕуттан үс сайын устата ыытыллыбатылар. Онон дьон-сэргэ ыһыаҕы кэтэспит буолуохтаахтар.

Ол быыһыгар Украи­наҕа буола турар анал байыаннай дьа­йыы кэмигэр тоҕо үөрэ-көтө бырааһынньыктыыбыт диэччилэр эмиэ бааллар.

Ол эрээри төрүт үгэспит тутуһуллар, алгыс көтөҕүллэр кэмэ буоллаҕа. Алгыспыт хорсун-хоодуот дьоммут туһугар этиллиэҕэ.

Ханна, хаһан, ханнык ыһыахтар буолалларын туһунан биллэрии тахсыбыта. Биирдиилээн нэһилиэктэринэн ыһыахтар хайыы үйэ саҕаланнылар. Дьэ, ол иһин дьоммут-сэргэбит хайа диэки, ханнык ыһыахха баран эрэллэрин туһунан санааларын үллэһиннилэр.

✍️ Афанасий Сектяев

Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ

💠 Ил Дархан үлэтин төһө биһириигиний?

Быйыл күһүн өрөспүүбүлүкэбит олоҕор улахан суолталаах быыбар буолаары турар. Ол курдук Ил Дарханы талыахпыт.

Билиҥҥитэ кандидатуратын үлэлии олорор Ил Дархан Айсен Николаев туруорунарын быһаарда. Ону бастаан дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөбүтэ.

Ол кэнниттэн “Биир ньыгыл Арассыыйа” бэлитиичэскэй баартыйа Саха сиринээҕи салаатын кэмпириэнсийэтигэр ­баартыйа Айсен Николаевы быйылгы быыбарга Ил Дархан дуоһунаһыгар хандьыдаатынан турарыгар мэктиэлээбитэ.

Онон сэдиптээн, Ил Дархан Айсен Николаев үлэлээбит биэс сылын төһө биһирээбиттэрин туһунан ааҕааччыларбыт санааларын үллэһиннилэр.

✍️ Афанасий Копырин

☑️ Салгыытын комментарийга, саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/100514

t.iss.one/murusahargata
@ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ

Кылгас сайыммытыгар ханна сынньанаҕын?

Уһун, тымныы кыһын кэнниттэн дьон-сэргэ уоппускаҕа, оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥҥа баран, саҥа сэниэ-күүс ылар ураты кэммит үүннэ.

Төһө даҕаны быйыл сайын эмискэ куйааһырар, тымныйар ураты күннээх-дьыллаах буоллар, сынньалаҥмытын үгүспүт умнуллубаттык, туһалаахтык атаарар баҕалаах, былааннаах буолуохтаахпыт, онон оҕолортон, ыччаттан, олохтоохтортон сайыҥҥы сынньалаҥнарын хайдах атааран эрэллэрин туһунан туоһуластыбыт.

Сусанна Замятина, Мүрү нэһилиэгэ:
- Мин сайыҥҥы сынньалаҥмар ийэбэр оҕуруоту, сибэккилэри көрөргө көмөлөһүөхтээхпин уонна сир аһа бустаҕына тыаҕа тахсыам. Өссө дэриэбинэҕэ аймахтарбар тахсан от үлэтигэр көмөлөһөөрү бэлэмнэнэ сылдьабын. Доҕотторбун, кытта сөтүөлүөм, сынньаныам, ирэ-хоро кэпсэтиэм диэн былааннаахпыттан үөрэбин.

✍️ Сайыына Черкашина, “Мүрү саһарҕата” хаһыат практикана
#санааситимэ

Сир аһын хомуйдуҥ дуо?

Саха дьоно оту-маһы, сир аһын уруккуттан үргүүр, аска-үөлгэ туттар үгэс­тээхпит. Ол курдук, бэс ыйын саҥатыгар тума оҥостоору чучунаах үргээччи хонууга дэлэйээччи. Оттон сайын ортотуттан дьэдьэн, хаптаҕас ситэн барыанньа оҥостоору аны ону үргүүр кэм кэлэр. Быйыл сир аһа үүммүт дииллэр. Өлгөмнүк үүммүт сирин таба тайаммыттар дьэдьэни кыайбыттар диэн кэп­сииллэр. Хаптаҕас эмиэ ситэр кэмэ. Дьэ, ким тугу үргээбит эбитий?

Александра Молокотина,
Дүпсүн нэһилиэгин олохтооҕо:

- Сир аһын оннук үлүгэр хомуйар буолбатахпын, дьиэм иһинээҕи дьоммун дьаһайан ыытабын. Дьон дьэдьэннээн эрэллэр үһү диэни истэн тахса сылдьыбыттара да, ситэ илик эбит. Бу кэлэр өрөбүллэргэ үчүгэй буолсу. Ол иһин чугас сирдэргэ сылдьан сүөгэйгэ, күөрчэххэ кутарга диэн кыраны үргүүллэр. Түүнүн наһаа сөрүүкүүр. Онон тымныырҕатан бытаарда быһыылаах. Хата хаптаҕас үргүүргэ сөп буолбут дииллэр.

✍️ Туоһуласта Афанасий СЕКТЯЕВ

Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️
#санааситимэ

Оҕуруотчут, үүнүүҥ хайдаҕый?

Быйыл өҥ дьыл буолла. Саас халаан уута тоҕо анньан кэлбитэ, бэс ыйыгар ардахтар сири ньүөлсүппүттэрэ. Ходуһаларга от өрө анньан үүннэ. Сир аһа дэлэччи таҕыста, дьон-сэргэ үөрэ-көтө хаһаанан эрэр. Онон буоллаҕына оҕуруот аһа эмиэ ситэн эрдэҕэ. Арай от ыйын ортото эмискэ куйаара туран, тымныйан сибэкки ситэригэр, оҕуруот аһа буһарыгар бытаарбыт буолуон сөп.

Дьэ, онуоха уопуттаах оҕуруотчуттар таба туттан, хайаан да үүнүүнү ылар туһугар үлэлэспит буолуохтаахтар. Кинилэртэн быйылгы оҕуруоттарын туругун, эбии аһатар ньымаларын туһунан туоһуластыбыт.

Мария Третьякова, Бороҕон сэлиэнньэтин олохтооҕо
Быйыл аҕыс ук оҕурсулаахпын, онтон биир быһыыга 10-12 устууканы ылабын, бастакы быһыыбар 20-тэн тахсаны ылбытым. Стелла, зозуля, апрельскай суортары сөбүлээн олордобун. Помидорум 15 ук, өссө укроп, морковь, сүбүөкүлэ, эриэппэ лук, хортуоппуй олордобун.

✍️ Екатерина Захарова, Афанасий Копырин

Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/102576
#санааситимэ

Суол оҥоһуутугар бэйэбит ыччаппыт үлэлиир👍


Айтал Никифоров, 15 саас­таах, Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ:

– Дьоммор көмө буолаары илии-­атах үлэтигэр сылдьабын. Ол курдук, астанарга оттук мас бэлэмнээһинэ, асчыкка көмөлөһүү, о.д.а. быстах-остох үлэлэри оҥоробун. Убайдарым эмиэ манна үлэлииллэр. Ыам ыйын 28 күнүттэн үлэлии сылдьабын. Ботуччу хамнас аахсарбыттан астынабын.

Прокопий Горохов, Үөһээ Дьаа­ҥыттан төрүттээх, Дьокуус­кай куорат олохтооҕо:

– Уус Алдаҥҥа олорор убайым суол үлэтигэр кэл диэн ыҥырбыта. Үлэбит чааһа сарсыарда 8 ч. саҕаланар. Суолу катоктуур массыынаҕа суоппардыыбын, үлэлээбитим ыйтан орто. Бастаан пресстэтэбин, ол кэннэ грейдер ааһар. Грейдер кэнниттэн суолу хат чиҥэтэн, көннөрөн биэрэбин.

✍️ Наталья Попова

Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
#санааситимэ

Ханнык лааҕырга сынньанныҥ?

Лааҕыр – оҕо сааска биир умнуллубат кэм буоллаҕа, сайыҥҥы сайаҕас күннэргэ аҕыйах да күн иһигэр оҕону өйдүүн-санаалыын сайыннарар, элбэххэ үөрэтэр дьикти уратылаах. Улууспут оҕолоруттан бу сайын ханнык лааҕырга сын ньаммыттарын туоһуластыбыт.

Дарина ГРОМОВА, Мүрү 2-с №-дээх орто оскуолатын 4 "б" кылааһын үөрэнээччитэ:

– Дьокуускайга оҕону сынньатар уонна чэбди гирдэр "Бэс Чагда" киинин иһинэн үлэлиир "Энергетик" лааҕырыгар 21 хонукка сынньанан кэлбитим. Бу лааҕыр сүрүннээн айылҕаны харыстыырга, төрөөбүт дойдуну таптыырга, тулалыыр эйгэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһарга үөрэтэр. Күн аайы араас хайысхалаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Биир саамай бэһиэлэй түгэнинэн бассейҥа баһаатайдарбытын кытары уунан ысыһа оонньообуппут буолар. Түгэнинэн туһанан, Мүрүтээҕи Юннатскай станция кэлэктиибигэр улахан махталбын тиэрдэбин!

✍️ Мария Аргунова

Сиһилии саайтка
⏬️⏬️⏬️
#санааситимэ

💠 Устудьуоннар, сайыны хайдах атаараҕыт?

Атырдьах ыйын 12-с күнэ – Ыччат аан дойдутааҕы күнэ. Кэлэр кэми салайса, сайдыылаах олоҕу тэлээри үөрэх-билии суолун сомсо сылдьар устудьуон ыччаппытыттан сайыҥҥы сынньалаҥнарын хайдах атаара сылдьалларын, туох саҥаны, сонуну билбиттэрин ыйыталастыбыт.

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/ustuduonnar-sajyny-hajdah-ataara5yt/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM