Forwarded from ЦУР Якутии
С началом весеннего паводка ЦУР Якутии фиксирует вопросы жителей о том, как быть готовым к стихийному бедствию.
ЦУР и МЧС по Республике Саха (Якутия) подготовили карточки - основные правила поведения при паводке или наводнении.
Прочитайте советы и распространите - они могут спасти кому-то жизнь!

#улууска
⏺ Үрэхтэр уулара таһымнаата
Быйыл өтөрүнэн билбэтэх-көрбөтөх, олус халыҥ хаардаах кыһын “бэлиэтин” хаалларан барда. Күһүҥҥү уһун ардахтартан нүөл тоҥмут үрэхтэр хаар уутуттан эбиллэннэр, хааларыттан тахсаннар элбэх хоромньуну таһаарар буоллулар.
Улуустааҕы ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын сэкирэтээрэ Николай Лугинов иһитиннэрбитинэн, ыам ыйын 10 күнүнээҕи туругунан Бороҕон, Танда икки ардынааҕы суол икки сиринэн быстыбыт. Оттон Танда үрэх сүнньүгэр олорор Байаҕантай, II Байаҕантай, Бээрийэ, Түүлээх нэһилиэктэрин сүрүн айанныыр суоллара үрэх уута таһымнааһыныттан хастыы да сиринэн быстыбыттар.
Курбуһах үрэхтэрэ эмиэ уунан туолан эрэллэр. Ол түмүгэр Бороҕон – Уус Күөлэ хайысханан айан суолун икки сиринэн уу алдьаппыт. Итини таһынан Найахы уонна Өспөх икки ардынааҕы суолу эмиэ хас да сиринэн уу хайа сүүрбүт. Уу бөһүөлэктэргэ киирдэ эрээри, кэмигэр сөптөөх дьаһаллар ылылланнар, биир да социальнай эбийиэк, олорор дьиэ ууга былдьаммата.
Өрүстэргэ балаһыанньа этэҥҥэ. Өлүөнэ өрүс мууһун алдьаныыта Саха сирин кыраныыссатыгар кэлиэ билигин да 100-чэкэ км баар. Оттон дохсун сүүрүктээх Алдан өрүс хамсаан аллараа кирбиитэ Уус Маайа улууһугар сылдьар. Маны тэҥэ ыам ыйын 9 күнүгэр Томпо улууһун киинэ Хаандыга бөһүөлэгин аннынан эмиэ муус хамсааһына бэлиэтэммит. Онон халааны утары үлэлэһэр түбүктээх күннэр үүннүлэр.
✍️ Афанасий Сектяев
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
⭐️ Согласно указу президента страны, в 2023 году запасники традиционно отправятся на сборы в Вооруженные силы Российской Федерации, войска Национальной гвардии, органы государственной охраны и органы Федеральной службы безопасности.
❓Кто подлежит призыву на военные сборы, что будет, если на них не явиться – читайте в материале
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#видеофакт
💢 Үс күн устата үөһэттэн түспэккэ олорбут куосканы, хата үтүө санаалаах дьон анаан ыттан тахсан, остуолба үрдүттэн устубуттар🙀 😺
Видео ааптара: «Улуу Кыайыы күнүгэр улахан кыайыы буолла», – диэн этэринэн «быһылаан» ыам ыйын 9 күнүгэр этэҥҥэ түмүктэммит👏 👍 😀
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Видео ааптара: «Улуу Кыайыы күнүгэр улахан кыайыы буолла», – диэн этэринэн «быһылаан» ыам ыйын 9 күнүгэр этэҥҥэ түмүктэммит
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БороҕоннооҕуРЭСиһитиннэрэр
⚡️ Бүгүн, ыам ыйын 11 күнүгэр, 10 кВ күүрүүлээх Матта уот ситимигэр уталытыллыбат үлэ оҥоһулларынан 12.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска диэри Окоемовкаҕа, Арыылаахха, Бэйдиҥэҕэ уот араарылынна.
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#санааситимэ
💢 Кусчут, байанайыҥ төһөнү тосхойдо?
Артур Сокорутов, Лөгөй нэһилиэгин олохтооҕо:
– Кэтэһиилээх күннэрбит дьэ кэлэннэр, сиргэ бараары олох бэлэм олоробун. Мончуук куһум суох буолан, уопсай көҥүлү кэтэстим. Биирдиилээн да буоллар, мончуук кустаахтар бултуйбуттарын истэ-истэбин ымсыыран аҕай биэрдим. Дьэ, онон байанайбыттан көрдөһөн баран, хомунан барабын. Уу дэлэй, онон кус да баара буолуо, Ньукуолуҥҥа амсайар гына бэриһиннэрэр инибин.
Иннокентий Борисов, Уһун Күөл бөһүөлэгин олохтооҕо:
– Быйыл куһу көрө иликпин, дьон кэпсииринэн син баар курдук эбит. Илин Чабычах диэн алааска үүтээннээхпит, онно сааскы, күһүҥҥү сезоҥҥа сыл аайы кустуубут. Былырыын 20-тэн тахса кустаах этим.
Саргылана Афанасьева,
Уһун Күөл орто оскуолатын учуутала:
– Мин кыра эрдэхпиттэн кустуубун, аҕам урут кустуу барарыгар суоска эмэ сылдьар оҕолору илдьэ барар этэ, арааһа, ийэбин сынньатаары буолуо. Икки оҕону илдьэ барааччы. Күһүн кус кэтииригэр олбох оҥорон олордооччу.
Салгыы комментарийдарга⏬⏬⏬
✍️ Афанасий Копырин,
Светлана Сивцева,
Мария Аргунова

#нэһилиэктэргэ
💢 Тумулга ытык дьоммутун ахтан-санаан үйэтиттибит
Тумулга А.Р. Халдеева аатынан модельнай олохтоох бибилэтиэкэҕэ Кыайыы күнүгэр сэрии, тыыл бэтэрээннэрин оҕолоро ахтыы тэрээһинигэр кыттыыны ыллылар.
Cэрии бэтэрээнэ, Европаны босхолоспут Петр Аржаков кыыһа Галина Аржакова аҕатын туһунан истиҥник-иһирэхтик ахтан кэпсээтэ. Петр 18 сааһын туола илигинэ сэриигэ ыҥырыллан барбыт, күүстээх санаатынан, чиэһинэй көнө майгытынан хорсуннук сэриилэһэн, элбэх мэтээллээх дойдутугар эргиллэн, сөбүлүүр идэтинэн кылаабынай бухгалтерынан үйэ чиэппэрин устата үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Элбэх оҕолонон, сиэннэнэн дьоһун олоҕу олорбута. Сэрии сылларыгар “Көрдүгэннээх”, “Ворошилов”, ”Кылаайы”, ”Кыһыл Союз” холкуостарга бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит.
Сут кураан, аас-туор олоххо хоргуйууну, өлүүнү таһаарбатах, дьаһаллаах салайааччы Петр Васильев, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Митрофан Васильев тустарынан сиэнэ, кыыһа Татьяна Неустроева-Васильева сырдатан кэпсээтэ. Аҕатын бииргэ төрөөбүт убайдара Кирилл – Украинаҕа, Гаврил – Смоленскайга, Бүөтүр– Старай Руссаҕа, Михаил Берлин таһыгар охтубуттар. Кинилэр Кыайыы туһугар олохторун толук биэрбит, хорсун быһыыларын, үйэтитэн планшет оҥотторон, үүнэр кэнчээри ыччакка сылын аайы билиһиннэрэр, сырдатар.
Тыыл бэтэрээннэрэ Татьяна, Иннокентий Васильевтар тустарынан кыыстара Ирина Черкашина сырдатта. Ийэтэ сэрии кэмигэр үлэ фронугар сылдьыбыт, аҕата уус талааннаах буолан, Бээрийэ урукку дьиэлэрин, тутууларын тутуспут киһи буолар.
Сэрии бэтэрээнэ Петр Васильев туһунан быыстапканы кыыһа Надежда Павлова-Васильева сырдатта.
✍️ Светлана Прудецкая, бибилэтиэкэр, уопсас. кэрэсп. С
Салгыы комментарийдарга⬇️⬇️⬇️

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#экскурсия
💢 Четверг – печатный день. И так сложилось, в этот день недели в редакции нашей газеты часто принимаем гостей – больших и маленьких, любознательных и любопытных☺️
Сегодня у нас в гостях побывали учащиеся 1 "в" класса Мюрюнской СОШ N1 с классной руководительницей Евдокией Васильевой👍 👏 👏 👏
Целых 20 пар глаз наблюдали за тем, как печатается завтрашний номер издания и ооочень много вопросов было задано нашими маленькими гостями. А еще нас обрадовало, что многие из них узнали нашу газету: сказали, что у них дома есть такая газета и их читают мамы и папы, бабушки и дедушки🥰 🥰 🥰
Первоклассники обещали прийти еще раз, когда немножко подрастут🫶 🫶 🫶
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Сегодня у нас в гостях побывали учащиеся 1 "в" класса Мюрюнской СОШ N1 с классной руководительницей Евдокией Васильевой
Целых 20 пар глаз наблюдали за тем, как печатается завтрашний номер издания и ооочень много вопросов было задано нашими маленькими гостями. А еще нас обрадовало, что многие из них узнали нашу газету: сказали, что у них дома есть такая газета и их читают мамы и папы, бабушки и дедушки
Первоклассники обещали прийти еще раз, когда немножко подрастут