📰📰📰
⭕ Тандаҕа кэлин сылларга ииһинэн дьарыктанар дьахтар элбээн иһэр. Кинилэр истэригэр Людмила Готовцева – биир туспа суоллаах-иистээх иистэнньэҥ. Ийэтэ суох улаатан, оҕо эрдэҕиттэн иистэнэргэ үөрэммитэ, аҕатын, бииргэ төрөөбүттэрин таҥастарын кини бэрийэрэ.
⭕ Ураты иистээх Людмила Никитична кылы, сиэли сыа-сым курдук тутан, туһаҕа таһаарар идэлээх. Дэйбииртэн, кыл сэлээппэттэн саҕалаан кыл паннолары өрөр. Оттон сүөһү хабаҕыттан, балык тириититтэн тикпит суумкаларын, бэрчээккэтин С.И. Петрова, Д.С. Козлова, Т.Н. Шишигина курдук өрөспүүбүлүкэ улахан маастардара бэркэ сэҥээрбиттэрэ. Көтөр кутуругуттан сапсыыкалары оҥорбута – биир туспа көрүҥ.
Бу ыстатыйаны толору хаһыаппыт муус устар 30 күнүнээҕи 17-с нүөмэригэр эбэтэр саайтка ааҕыҥ⏫⏫⏫
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#кэрээйгэтэ
#далбархотун
https://www.instagram.com/p/COXN5O5M0Z5/?igshid=1jns2bbm7me2i

Instagram
📰📰📰
⭕ Мүрү эбэм нэлэмэн ньууругар
Көмүс күн күлүгүн көрүнэр.
Томторун туруору сыырыгар
Сөрүүн тыал кууһардыы сөрөнөр.
Оҕо саас тыргыллар ыллыгар
Хатыҥнар кубалыы наҕыллар.
Долгуйа нусхайар чараҥҥар
Туолбут ый толбоно кутуллар.
Төрөөбүт алааспын үөһэттэн
Одуулаан өөр туран кэтиибин,
Ахтылҕан өһүллэр түөспүттэн
Оччоҕо, һуу гынан чэпчиибин.
Өбүгэм уҥуоҕун үрдүгэр
Хаппыт тиит харааста биэтэҥниир.
Сылдьыбат буолбуппар мөҕүмээр,
Ааспыты кэриэс тыл ситимниир.
Эмиэ кэлэн турабын алааспар
Сылдьарым да ахсааннаах, баалаама.
Эһиил да эргиллиэм атаспар
Эн ахта, сайыһа хаалыма.
Эбэккэм сипсийэ хаалаахтыыр:
"Эһиилгэ көрсүөххэ диэри!
Ыраах да чугас да сиринэн
Ыырдаммыт ыллыгыҥ ыҥырар".
⭕ Римма Крыловалыын билсиһиим бу хоһоонтон саҕаламмыта. Кини бу айымньытынан улууспутугар төрөөбүт тыл күнүгэр ыытыллыбыт куонкуруска “Уһуктуу” айар куттаах дьахталлар түмсүүлэрин аатыттан, бастыҥ тыллаах-өстөөх хоһоонун иһин диэн сыанабыл ылан, анал бирииһинэн бэлиэтэммитэ.
⭕ Билигин социальнай ситим нөҥүө кими баҕарар “булан ылан”, билсиһэн, кини олоҕун сэгэтэн көрүөххүн сөп. Онон Римма Крылованы инстаграм нөҥүө постарын ааҕан, кини араас эйгэҕэ дьоҕурдааҕын, бэйэтин ис кыаҕын сайыннарарга дьулуһарын, дьиэ-кэргэнин, оҕолорун туһугар күүстээх санаатын хайгыы, сэргии көрөн, бэйэлэрин олохторун бэйэлэрэ киэргэтэр, үчүгэйи, кэрэни эрэ булан көрөргө дьулуһар дьонтон биирдэстэрэ эбит диэн, ааҕааччыларбар билиһиннэриэхпин баҕардым.
⭕ Онон хаһыаппыт мюрюгазета.рф саайтыгар киирэн "Актуально" түһүмэххэ сэргээҥ, ааҕыҥ, биир дойдулаахпыт хоһоонньут, тылбаасчыт, оҕо дьоҕурун сайыннарыыга үлэлэһэр уопсастыбанньык, үҥкүүнэн үлүһүйэр, олоххо көхтөөх суолу тутуһар, өрүү бэйэни сайыннарыыга дьулуһар кэрэ куо, ийэ, кэргэн Римма Крылова төрөөбүт алааһын, үөрэммит оскуолатын, дьиэ-кэргэнин, оҕону иитии, таптал, санаа күүһүн уонна дьахтар аналын туһунан үллэстибит истиҥ санааларын.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#далбархотун
https://www.instagram.com/p/CPIOESnsAU9/?utm_medium=share_sheet

🌷 Галина Алексеевна Рожина аҕата Алексей Михайлович Рожин Дүпсүҥҥэ “Кыһыл муннук” холкуоска Ампаардаах сайылыкка 1917 сыллаахха төрөөбүтэ. Алексей Михайлович “Коммунизм” холкуоска Найахыга бухгалтерынан ананан үлэлии кэлбитэ. Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа 1941 сыллаахха сэриигэ кыттан баран 1947 сыллаахха кэлэр, үлэ фронугар сылдьар. Ийэтэ Мария Федотовна 1930 сыллаахха Уус Алдан Бээдитигэр күн сирин көрбүтэ. Алексей Мариялыын ыал буолан тоҕус оҕолоноллор. Элбэх оҕолоох ыал Найахыны сөбүлээн, оҕолор оскуоланы бүтэрэн, дьиэ-уот туттан билигин дьоһун-мааны ыал.
✍️ Галина Борисова–Толбооно
🏃 Сиһилии манна аах👈
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#далбархотун
🌷 Дүпсүн нэһилиэгиттэн төрүттээх Нина Соловьева Өнөр нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн Лукачевскайдар иккис уолларыгар Иннокентий Лукачевскайга кэргэн тахсан, эйэ дэмнээхтик нэһилиэккэ ытыктанар ыал аатын сүгэн олорбуттара номнуо 42-с сылыгар барда. Мааны кийиит, Далбар Хотун Нина Егоровна Лукачевская түөрт оҕо иһирэх ийэтэ, 13 сиэн амарах эбэтэ. Быйыл 66 сааһын томточчу туолбут үлэ бэтэрээнэ «Тугутчаан » оҕо уһуйааныгар 22 сыл, иитээччи идэтигэр 30 сыл бэриниилээхтик үлэлээбит. Олоххо көхтөөх киһи быһыытынан бэтэрээн сэбиэтин чилиэнэ, «Иэйии» ансаамбыл солистката, активистката.
✍️ Варвара Парникова–Үүйэ
🏃 Сиһилии манна аах👈
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM