УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.61K subscribers
34.4K photos
3.15K videos
10 files
5.84K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Биир дойдулаахпыт саха төрүт культуратын уһуйааччы, тарҕатааччы, алгысчыт Афанасий Федоров үбүлүөйдээх 80 сааһыгар аналлаах “Өбүгэ быстыбат ситимэ” фольклор көрүҥнэринэн улахан дьоҥҥо улуустааҕы күөн-күрэс кэтэхтэн ыытыллан, түмүк Афанасий Семенович төрөөбүт күнүгэр -- муус устар 7 күнүгэр -- тахсыбыта. Күөн-күрэскэ тойук, хомус, чабырҕах, дэгэрэҥ ырыа уонна оһуохай көрүҥнэригэр биирдиилээн толорууга 22 киһи, бөлөҕүнэн толорууга 54, барыта 76 киһи кыттыыны ылла.

📌 "Көрүҥнэринэн биирдиилээн толорууга кыайыылаахтар быйыл сайын Өлүөхүмэҕэ ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар улууспут чиэһин көмүскүөхтэрэ.

📌 Бу күөн-күрэскэ ордук бэлэмнэнэн Дүпсүн нэһилиэгэ кыттыбытын тэрийээччилэр ааттарыттан бэлиэтиэхпитин баҕарабыт. Ааспыт күһүн Дүпсүн кулуубугар үлэлии кэлбит эдэр специалист Ньургуйаана Никитина элбэх киһини бэлэмнээн кытыннарбыта хайҕаныан эрэ сөп. Ньургуйаана бэйэтэ эргиччи талааннаах. Ол курдук кини өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар фольклор куонкурустарыгар, Олоҥхо ыһыаҕын күрэстэригэр өрүү ситиһиилээхтик кыттар. Эдэр үлэһиккэ салгыы айымньылаах, таһаарыылаах үлэни баҕарабыт", -- диэн улуус култуураҕа управлениетын кылаабынай исписэлииһэ Анна Федорова иһитиннэрдэ.

Ыстатыйаны толору улуус хаһыатын саайтыгар аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#кэрээйгэтэ
#култуура
#фольклор
https://www.instagram.com/p/CN4SPjasedx/?igshid=btxot5z7nv63