УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.47K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.72K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#уһуйааннарга

💢 Мындааба уһуйааныгар "Иитээччи көмөлөһөөччүтэ" улуустааҕы куонкуруска Варвара Стручкова кыайда

Мындааба бөһүөлэгин "Күнчээнэ" уһуйааныгар ыытыллыбыт улуустааҕы куонкуруска биэс кыттааччы күөн көрүстэ – Суоттутааҕы "Кустук" уһуйаантан Анастасия Соловьева, Мүрүтээҕи "Мүрүчээнэ" оҕо тэрилтэтиттэн Айталина Мигалкина, Арыылаах бөһүөлэгин "Кэнчээри" оҕо саадыттан Евгения Сивцева, Мүрүтээҕи "Кэскил" уһуйаантан Мария Гоголева уонна Мындааба "Күнчээнэтиттэн" Варвара Стручкова.

Кыргыттар уопсайа биэс түһүмэххэ тургутустулар. Түһүмэхтэр быыстарыгар "Күнчээнэ" уһуйаан иитээччилэрэ уонна иитиллээччилэрэ ырыа доҕуһуоллаах эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Доруобуйаны харыстыыр инструктор Акулина Черкашина уонна уһуйаан ас астааччыта Александра Андросова мустубут ыалдьыттарга битэмииннээх, оҕо доруобуйатыгар туһалаах, киһи бары сөбүлүүр смузитын оҥорууга маастар-кылааһы көрдөрбүттэрин мустубут дьон олус кэрэхсээтилэр.

Күрэхтэһиигэ олус да талааннаах, сатабыллаах, үлэлэригэр бэриниилээх кыргыттар мустан, бары араас анал аатынан бэлиэтэннилэр. Ол курдук "Идэҕэ бэринии" – Анастасия Соловьева, "Айар талаан" – Мария Гоголева, "Мааны иитээччи көмөлөһөөччүтэ" – Айталина Мигалкина, "Бастыҥ кэпсээнньит" – Евгения Сивцева. Оттон "Бастыҥ иитээччи көмөлөһөөччүтэ-2023" үрдүк ааты Варвара Стручкова сүктэ.

Түмүккэ кыттааччылар үлэһиттэргэ сөптөөх куонкурустар өссө да ыытылла туралларыгар баҕа санааларын эттилэр.

✍️ Ульяна Ушницкая, Анастасия Кириллова, "Күнчээнэ" оҕо тэрилтэтин иитээччилэрэ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга

💢 Оҕолорбут доруобуйаны чэбдигирдэр дьарыгы олус сөбүлээтилэр

Доруобуйа нэдиэлэтин чэрчитинэн Мүрү 1 N-дээх орто оскуолатын медицинскэй үлэһитэ Анастасия Жиркова биһиги уһуйааммытыгар ыалдьыттаата.
Олус интэриэһинэй бэсиэдэ, практическай дьарык ыытта, сүбэ-ама биэрдэ.
Анастасия Федоровна практическай дьарыгар анал оҥоhyктары аҕалан, хайдах туhанары көрдөрдө.

Хараҕы, осанканы көннөрүүгэ, тоноҕос, сис былчыҥнарын сайыннарыыга тренажердарга оҕолорго эрчиллиилэри оҥотторбутун олус астыннылар.

Олус интириэhинэй практическай дьарыгын оҕолор болҕойон истэн, араас ыйытыылары биэрэн, хоруйдары ылан, доруобуйаны харыстыырга элбэҕи эбии билэн астынан тарҕастылар.

Анастасия Федоровнаҕа инникитин биhиги тэрилтэбитин кытта үлэлэhэригэр баҕа санаабытын эттибит, махталбытын тиэртибит.

Доруобуйаны кыра оҕо саастан көрүннэххэ, инники ыччаппыт кэскиллээх, уhyн үйэлээх буоларын өйдөөҥ!

✍️ Акулина Черкашина, "Күнчээнэ" оҕо тэрилтэтин иитээччитэ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга

💢 «Нивал» күөн-күрэс бастакытын улуус таһымыгар ыытылынна

Оҕо оонньуу нөҥүө сайдарын бары билэбит. Ахсаан курдук ыарахан өйдөбүлү оҕоҕо тиэрдэргэ «Нивал» оонньууну туттабын. "Мүрүчээнэ" уһуйааҥҥа оҕолору түргэнник өйгө суоттуурга дьарыктыырым бэһис сыла. Маҥнай биир бөлөх оҕолоругар үөрэтэн, төрөппүттэригэр маастар кылаас ыытан, оҕолорго күрэхтэһии тэрийэн «Мүрү саһарҕатыгар» сырдатан саҕалаабытым. Онтон уһуйаан иитээччилэригэр семинар ыытан, үөрэтэн атын бөлөхтөр истэригэр турнир ыыппытым.

Быйыл улуус иитээччилэригэр «Нивал» оонньуу быраабылатын үөрэтэн сэминээр ыыппытым, онтон муус устар 5 күнүгэр аны 5-6 саастаах оҕолорго улуустааҕы турнир буолбута. Өйү сытыылыыр, түргэн суокка үөрэтэр оонньууга улуус 5 уһуйааныттан 28 оҕо кытта кэлбитэ (Чараҥ “Кэрэчээн”, Кэптэни “Чэчир”, Бороҕон “Мичээр”, “Сардаана” уонна “Мүрүчээнэ” уһуйаан “Росточек”, “Юнион”, “Любознатики”, “Алыптаах хонуу”, “Созвездие” бөлөхтөрө). Ол иһигэр 18 бэлэмнэнии бөлөх, 10 улахан бөлөх оҕолоро кыыс-уол диэн арахсан күөн көрсүбүттэрэ.

Маннык күөн-күрэс оҕону доҕордоһорго, өйүн сайыннарарга көҕөлүүр, быраабыланы тутуһан оонньуурга үөрэтэр. Кыттыбыт оҕолор бары туоһу сурук туппуттара. Оттон кыайыылаахтар мэтээл кэтэн, грамота ылан уонна долоҕойу сайыннарар оонньууларынан наҕараадаланан үөрэн-көтөн тарҕаспыттара. Оҕолору турнирга бэлэмнээн эрчийбит иитээччилэргэ эмиэ махтал суруктары туттарбыппыт.

Бастакытын улуус таһымыгар ыытыллыбыт «Нивал» оонньуу турнирын кыттыылаахтарын флейтист кыргыттар, ырыаһыт оҕолор эҕэрдэлээн киэргэппиттэрэ. Инникитин бу оонньууну элбэх оҕо оонньоон сайдыан баҕарабын.

✍️ Лидия Петрова, “Мүрүчээнэ” уһуйаан иитээччитэ

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94754

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга

💢 Бороҕоннооҕу “Кэскил” уһуйааҥҥа бүгүҥҥү Космонавтика күнүгэр араас хабааннаах тэрээһиннэр буоллулар.

Киһи космос куйаарын баһылыыра, наука эйгэтэ хайдах сайдан испитин көрдөрөр киэҥ ис хоһоонноох быыстапка оҕолор болҕомтолорун тарта. Манна космонавтар хаартыскалара, скафандр көрдөрүүгэ турда, иитээччлэр өссө фотозона тэрийэн оҥордулар.

Оҕолор билиилэрин хаҥатан викториналар, хамсанылаах оонньуулар ыытылыннылар, бөлөхтөрүнэн космонавтика тиэмэтигэр уруһуйдаатылар.

Оттон бэлэмнэнии бөлөх итиллээччилэрэ улуустааҕы Сэһэн Ардьакыап аатынан түмэлгэ тиийэн Станислав Луковцев Космонавтика уонна авиацияҕа аналлаах быыстапкатын олус болҕойон, сөҕөн-махтайан көрдүлэр.

Онон бүгүҥҥү күн кырачаан иитиллээччилэрбитигэр умнуллубатык, олус интэриэһинэйдик ааһан эрэр.

✍️ Александра Васильева, бэлэмнэнии бөлөх иитээччитэ

☑️ https://vk.com/wall-219778198_14

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга

💢 "Мүрүчээнэ" уһуйааҥҥа иитээччилэр айбыт оонньууларын көрүү-быыстапка тэрилиннэ

Бүгүн "Мүрүчээнэҕэ" Педагог уонна Настаабынньык сылынан педагогтар бэйэлэрэ айан таһаарбыт оонньууларын быыстапката тэрилиннэ. Барыта 15 иитээччи, 4 специалист 37 оонньуунан кытыннылар.

Аҕа сүбэһит Галина Иванова, бас иитээччи Анна Алексеева, үрдүк категориялаах иитээччи Ирина Окоемова састааптаах дьүүллүүр сүбэ оонньуулары оҕо сааһыгар сөп түбэһиитинэн, өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэтинэн, табыгастааҕынан, саҥа сүүрээнинэн, матырыйаалын хаачыстыбатынан уонна сайыннарар-үөрэтэр өрүтүнэн сыаналаатылар. Оонньуулары иккилии 1-кы, 2-с, 3-с миэстэлэргэ араардылар.

✍️ Анна Алексеева, бас иитээччи

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94857

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга

💢 "Сардаанаҕа" уһуйаан саастан айылҕаҕа тапталы иҥэрэллэр

Бүгүн Мүрүтээҕи «Сардаана» оҕону сайыннарар киин – оҕо саадын бырайыагынан төрдүс төгүлүн улуустааҕы «Мин айылҕа оҕотобун» экологическай научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста. Күрэскэ 16 оҕо тэрилтэтиттэн бэлэмнэнии бөлөх 24 иитиллээччитэ кыттыыны ылла.

Кэмпириэнсийэҕэ кырачааннар дакылааттарын икки секциянан үс хайысханан (флора, фауна, айылҕа көстүүтэ) көмүскээтилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ үөрэх управлениетын начаалынньыга, сүрүннүүр исписэлииһэ, юннатскай станция педагогтара, айылҕа харыстабылын иниспиэктэрэ үлэлээтилэр.

«Флора» хайысхаҕа 1-кы миэстэни – Зарина Ефимова («Мичээр», Мүрү), 2-с миэстэни – Дуня Окоемова («Кэнчээри», Танда), 3-с миэстэни – Сахаяна Нартахова («Сардана», Дүпсүн) уонна Артем Губарев («Мичил», Мүрү) ыллылар.

«Фауна» хайысхаҕа кыайыылааҕынан Алимпия Акимова («Кэскил», Дүпсүн), иккис миэстэҕэ Айнаара Григорьева («Сардаана», Мүрү), үһүс миэстэҕэ Ярик Гуляев («Чуораанчык», Майаҕас) уонна Эрик Рожин («Чуораанчык», Уһун Күөл) таҕыстылар.

Оттон «Айылҕа көстүүтэ» хайысхаҕа 1-кы миэстэни үс хайысханан – Тимур Алексеев («Сардаана», Мүрү), 2-с миэстэни – Сандаара Копырина («Чэчир», Кэптэни), 3-с миэстэни – Кира Саввинова («Мүрүчээнэ», Мүрү) ыллылар.

✍️ Мария Аргунова

☑️https://мюрюгазета.рф/article/94940

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга

💢 Уһуйааннарга – "Доруобуйа нэдиэлэтэ"

"Мичил" оҕо саадыгар оҕолору, төрөппүттэри успуордунан дьарыктанарга, чөл олоххо көҕүлээн, "Доруобуйа нэдиэлэтигэр" араас бэсиэдэлэри, оонньуулары, үөрэхтээһиннэри ыыттылар.

Төрөппүт, сиэстэрэ үөрэхтээх С.И. Егорова оҕуруот аһа, фрукталар туһаларын, оҕо саадын повара Е.К. Портнягина битэмииннээх салааттары оҥорууну, иитээччилэр киһи этэ-сиинэ туохтан турарын билиһиннэрдилэр.

Иитиллээччилэр К. Чуковскай "Мойдодыр", А.Барто "Девочка чумазая" айымньыларын ааҕаан, чэгиэн буоларга үгүһү биллилэр. Психолог-педагог А.Г. Макарова төрөппүттэргэ бэсиэдэни оҥордо. Маны тэҥэ оҕолор "Чөл олоҕу талабыт", "Тус туттар тэриллэрим" тиэмэлэринэн уруһуйдарын быыстапката, араас хамсаныылаах, "оруолларынан" оонньуулар, көрдөөх стартар буоллулар.

Инструктор-иитээччи Л.Н. Дьячковскай "Эти-хааны эрчийии" диэн чэбдигирдэр хамсаныылары оҥоттордо. "Доруобуйа нэдиэлэтэ" маннык араас хайысханан олус интэриэһинэйдик ааһан, туһалаах буолла.

✍️ Алина Никифорова, "Мичил" оҕо саадын сэбиэдиссэйэ

t.iss.one/murusahargata @ulismedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга

💢 Оҕолорбутун кэрэни кэрэхсииргэ үөрэтэбит

Аан дойдуга Ньургуһун күнүн Мүрүтээҕи "Кэскил" оҕо тэрилтэтин "Күнчээн" бөлөҕө араас тэрээһиннэри ыытан бэлиэтээтэ.
Оҕолорго иитээччи Оксана Новгородова "Ньургуһуннар" аппликация оноттордо👍👏 Төрөппүттэргэ илиинэн оҥоһукка, фотоколлажка куонкурус ыытылынна.

Тэрилтэ үлэһиттэригэр фоамиран матырыйаалтан ньургуһуну оҥорууга маастар-кылаас ыытылынна. Илиинэн оҥоһукка 1 м. – Сандаара Васильева, 2 м. – Артур Гоголев, 3 м. – Милана Троева.
Фотоколлаж оҥоруутугар 1 м. – Леона Саввина, 2 м. – Сандаара Васильева, 3 м. – Милана Троева ылары ситистилэр👏👏👏

Оҕо эрдэхтэн кэрэни кэрэхсииргэ, төрөөбүт айылҕабытын харыстыырга дьиэ кэргэн уонна оҕо тэрилтэтэ ыкса сибээстээхтээхтик үлэлээтэхтэринэ оҕолорбут үтүө дьон буолан иитиллэн тахсыахтара. Онно маннык тэрээһиннэр төһүү күүс буолаллар👍

✍️ Елизавета Черкашина, орто бөлөх иитээччитэ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга

💢 “Мүрүчээнэҕэ” иитээччилэргэ күөн-күрэс буолла

"Мүрүчээнэ" уһуйааммыт иһинэн Үлэ, Педагог уонна Настаабынньык сылын чэрчитинэн идэ таһымын көрдөрөр "Иитээччи-2023" көрүү-күрэс категорията суох уонна идэтигэр сөптөөх категориялаах иитээччилэр ортолоругар ыытылынна. Манна Майя Ноговицына, Маргарита Копырина “Ымыычаан” эрдэтээҥҥи бөлөх, Пелагея Парникова (“Росточек” бэлэмнэнии бөлөх), Вероника Аммосова (“Созвездие” бэлэмнэнии бөлөх) кытыннылар.

Бастакы күн күрэхтэһээччилэр дьарыктары ыыттылар. Майя Ноговицына – кырачааннарга уруһуй, Пелагея Парникова - бэлэмнэнии бөлөххө сурук, Вероника Аммосова – бэлэмнэнии бөлөххө билэр-көрөр дьоҕуру сайыннарыы, Маргарита Копырина улахан бөлөххө ситимнээх саҥаны сайыннарыы дьарыктарын кыайа-хото тутан көрдөрдүлэр. Дьарыктар бары да оҕо интэриэһин тардар, аныгы ирдэбилэгэ эппиэттиир гына ыытылыннылар.

Иккис күн иитээччилэр бэйэлэрэ үлэлиир педагогическай бырайыактарын кэпсээтилэр. Ол курдук Майя Ноговицына – “Традиционнайа суох ньыманан уруһуйдатыы”, Пелагея Парникова – “Олоҥхонон остуол оонньуулара”, Вероника Аммосова – “Норуот тылынан уус-уран айымньытыгар оҕону уһуйуу”, Маргарита Копырина “Оҕону үлэҕэ иитии” диэн бырайыактарын көмүскээтилэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс ирдэбилинэн Вероника Васильевна дьарыгын, Маргарита Васильевна бырайыагын нууччалыы тылынан ыыппыттарын хайгыахха эрэ сөп.

Тыҥааһыннаах күрэхтэһии кэннэ кыайыылааҕынан Маргарита Копырина ааттанна, 2-с м. Вероника Аммосова ылла, 3-с м. Пелагея Парникова тигистэ. Онон кыайыылаах уонна 2-с миэстэлээх иитээччилэр кэлэр үөрэх сылыгар улууска кыттар чиэһи сүктүлэр. Кэллиэгэлэрбитин улахан күрэскэ бастакы хардыы оҥорбуттарынан эҕэрдэлиибит. Күрэхтэһиини дьүүллээһиҥҥэ иитээччилэр бүтүн Россиятааҕы күрэстэрин кыттыылааҕа, “Я – педагог” өрөспүүбүкэтээҕи күрэс кыайыылааҕа Александр Артамонов, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл бастыҥ иитээччитэ-2023” күрэс финалиһа Ульяна Омукчанова күүс-көмө буоллулар.

✍️ Анна Алексеева, бас иитээччи

☑️ https://мюрюгазета.рф/article/95558

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга

💢«Островок безопасности» күөн-күрэс үрдүк таһымнаахтык ааста

Мүрүтээҕи №15 «Кэскил» оҕо тэрилтэтигэр улуустааҕы «Островок безопасности» диэн күрэс үрдүк таһымнаахтык ааста. Бу конкурс 2015 сылтан тэриллэн оҕону детсад сааһыттан сэрэхтээх буолуу үөрүйэхтэригэр үөрэтэр сыаллаах уонна араас буолар быһылааннарга бэйэ билиитин туһанан тахсалларын ситиһэргэ, биир хамаанда буолан бэриллибит сорудахтары сөпкө оҥорорго соруктаах ыытыллар.

Быйылгы күрэскэ улууспут 8 оҕо тэрилтэтиттэн 28 оҕо кыттыылаах ыытылынна. Оҕолор уопсайа 5 станциянан күрэхтэстилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ улуустааҕы Ис дьыала отделын суолга инспекциятын старшай инспектора В. Мырсанов, баһаарынай инспекция инструктора С. Атласова уонна Мүрүтээҕи юннаттар станцияларын эбии үөрэхтээһинин педагога А. Жиркова үлэлээтилэр.

Тыҥааһыннаах киирсиилэр кэннилэриттэн «Баһаартан сэрэхтээх буолууга бастыҥ» анал ааты – 15 №-дээх «Кэскил» уһуйаан (Бороҕон), «Суол быраабылатыгар бастыҥ» анал ааты – Мындаабатааҕы 12№-дээх «Күнчээнэ», «Бастыҥ медиктэр» – Майаҕастааҕы 14№-дээх «Чуораанчык», «Тулалыыр эйгэни билээччилэр» анал ааты 3№-дээх «Мүрүчээнэ» (Бороҕон) ылары ситистилэр.

Оттон күрэхтэһии 3-с миэстэтин – 3№-дээх «Мүрүчээнэ» (салайааччылар С. Иванова, М. Гуляев), 2-с миэстэтин – Мындаабатааҕы 12№-дээх «Күнчээнэ» (салайааччылар Н. Портнягина, Л. Васильева, Т. Егорова), 1-кы миэстэтин Мүрүтээҕи 15№-дээх «Кэскил» (салайааччылар Л. Бурцева, А. Васильева) ыланнар мэтээллэринэн, кыайыылаах хамаанда көһө сылдьар кубогынан наҕараадаланнылар.

Күрэхтэһии сыалын-соругун ситтэ, аны кэлэр күрэхтэһиигэ хамаандалар өссө бэлэмнэнэн кэлэллэригэр баҕарабыт.

✍️ Н. Егорова, «Кэскил» оҕо тэрилтэтин методиһа

☑️ Сиһилии: https://vk.com/wall-219778198_28

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга

💢 Иитээччи көмөлөһөөччүтүн табыгастаах таҥаһа тигилиннэ😍👍

Сыл ахсын муус устар 28 күнүгэр «Үлэ харыстабыла» диэн анал күн биллэриллэр. Манан сибээстээн муус устар толору бу үлэҕэ ананар.

Мындаабатааҕы 12 №дээх «Күнчээнэ» оҕо саадын үлэhиттэригэр, оҕолоругар, төрөппүттэригэр былааннаах үлэлэр ыытылыннылар.

Ураты тэрээhиммитинэн иитээччи көмөлөһөөччүлэригэр аныгылыы быһыылаах трансформер-униформа презентацията буолла.

Униформаны иитээччи көмөлөһөөччүтэ Александра Самсонова эскизтээн, тигэн оҥордо.

Таҥас иитээччи көмөлөһөөччүтүгэр аналлаах анал чараас матырыйаалтан тигиллибит, санитарнай ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир көстүүм: косынка, блузка, передник, ыстаан, инчэйбэт фартук. Оҕолору кытта үлэҕэ өҥө, матырыйаала барыта сөптөөх уонна табыгастаах.

✍️ Акулина Черкашина, "Күнчээнэ" оҕо саадын иитээччитэ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга

Дүпсүн «Сардаҥалара» саҥа бырайыакка кытталлар

«Саха Ай Кут» НКО «Все вместе к гармоничному уютному пространству» диэн Ил Дархан гранын бырайыагар Дүпсүннэээҕи «Сардаҥа» оҕо уһуйаана кыттар.

Быйыл сайын ол граны НКО-лар кыайан, коллектив бу бырайыакка оҕо саадын дьиэтин иннинээҕи сирин ландшафтнай көҕөрдүүнэн, дьиэ биир хоһун интерьернай дизайнынан уонна дьиэ үүнээйитинэн көҕөрдүүнэн үлэтин саҕалаата, эһиил түмүктэниэхтээх.

✍️ Пелагея Соловьева, "Сардаҥа" уһуйаан бэтэрээнэ

☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/dypsyn-sardanalara-sana-byrajyakka-kyttallar/

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга

🚘🚚Бэһиэлэй массыыналар

Мүрүтээҕи "Сардаана" уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоругар суолга халтараан буолбутунан, суол быраабылатын тутуһууга, сэрэхтээх буолууга сэргэх бэсиэдэ ыытылынна.

🚦Светофор диэн тугун биллибит, өҥнөр суолталарын ырыттыбыт. Оҕолор бэйэлэрэ пластилинынан кумааҕыга сыбаан, өҥнөрү дьүөрэлээн, массыына оҥордулар, үлэлэриттэн олус астыннылар.

✍️Татьяна КОЛЕСОВА,
📸Татьяна КОЛМАКОВА, "Кустукчаан" бөлөх иитээччилэрэ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
#уһуйааннарга

💪Аҕа уонна oҕо быстыбат ситимнээхтэр

Мүрүтээҕи «Кэскил» оҕо тэрилтэтигэр Аҕа күнүн көрсө бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста.
Биһиги үлэбитигэр куруутун күүс-көмө буолар күндү аҕаларбытын ыҥыран ыалдьыттаттыбыт.

Тэрээһин бастакы аҥарыгар Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар аналлаах быыстапканы көрүү буолла. Биһиги аҕаларбыт спорка үгүс ситиһиилэрин сөҕө махтайа иһиттибит.

Иван Иванов дьиэ кэргэнэ өрөспүүбүлүкэ дэгиттэр спортсменнарыттан биирдэстэрэ. Ийэтэ Евдокия Иннокентьевна, аҕата Иван Иванович спорт сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит дьон буолаллар. Иван Иванович дьонун туйаҕын хатаран, билигин бэйэтин төрөппүт оҕолорун спортка сыһыаран иитэрин кэпсээтэ.

Иннокентий Сергеевич Тимофеев бэйэтин дьиэ кэргэнэ спортка хайдах кэлбитин, туох ситиһиилээхтэрин киэн туттан туран кэпсээтэ.

Нарыйаана Егорова, "Кэскил" оҕо тэрилтэтин методиһа

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйааннарга

🥰 Мүрүтээҕи «Сардаана» уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕөр оҕолор тылларын саппааһын байытыыга, сааһылаан кэпсиир дьоҕурдарын сайыннарыыга аналлаах "Сайыны хайдах атаардым" диэн тиэмэҕэ бырайыактарын көмүскээтилэр.

"Оҕолор бары биир-биир тахсан, хаартыскаларын ыйан туран сааһылаан кэпсээтилэр, бэйэ-бэйэлэрин сэргээн иһиттилэр", – диэн иитээччилэрэ Татьяна Колесова, Любовь Габышева сонуннарын үллэһиннилэр.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM