#нэһилиэктэргэ
💠 Окоемовкаҕа арыы сыаҕа үлэтин саҕалаата
Сайыҥҥы кэмҥэ тыа дьоно дохуот аахсар көрүҥнэрэ үүтү туттарыы буолар. Курбуһах нэһилиэгэр Окоемовка бөһүөлэгэ сыл аайы үлэтин сөпкө саҕалаан, дьонтон үүтү тутар. Быйыл да эрдэттэн дьаһанан, бөһүөлэккэ үүт туттарар дьон арыы сыаҕын сууйан-сотон үлэлииргэ бэлэм оҥорбуттара. Онон арыы сыаҕа үлэтин ыам ыйын 25 күнүттэн саҕалаабыт.
Арыы сыаҕар маастар Аграфена Аммосова салайыытынан Светлана Горохова лаборанынан уонна Валерий Васильев рабочайынан үлэлииллэр. Билигин номнуо 11 ыал үүт туттарар, өссө да эбиллиэхтэрэ. Онон сайыҥҥы күөхтэн сомсон, элбэх үүтү ыан туттаран, окоемовкалар быйыл да дохуот аахсыахтара. Манна даҕатан эттэххэ, Уус Күөлүгэр былырыын аҕыйах ыал үүт туттарар буолан, хаарыан арыы сыаҕа үлэлээбэтэҕэ, ынахтаах дьон үүттэрин Окоемовкаҕа таспыттара.
✍️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.
☑️ https://мюрюгазета.рф/article/98537
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ
💠 Курбуһах нэһилиэгин “Чуораанчык” уһуйаанын үлэһиттэрэ ыам ыйын 29-30 күннэригэр икки күн устата уулусса ыраастааһыныгар субуотунньукка 100% кытыннылар, бөһүөлэк көстүүтэ ыраас буоларыгар атын тэрилтэлэргэ ыҥырыы таһааран холобур буоллулар.
Хас биирдии киһи төрөөбүт сирин-уотун чэбэрдик туттан олороруохтааҕа биллэр суол, ол гынан баран хайаан да кимнээх эрэ бөҕү-сыыһы быраҕан киртитэллэрэ хомолтолоох. Онон маннык холобур буолан, оҕо тэрилтэлэрэ ыраастааһыҥҥа ылсаллара хайҕалаах.
Олохтоохтор бачыымы көтөхпүт "Чуораанчык" уһуйаан идэлээх сойууһун тэрилтэтигэр махтал тылларын аныыллар.
✍️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Хас биирдии киһи төрөөбүт сирин-уотун чэбэрдик туттан олороруохтааҕа биллэр суол, ол гынан баран хайаан да кимнээх эрэ бөҕү-сыыһы быраҕан киртитэллэрэ хомолтолоох. Онон маннык холобур буолан, оҕо тэрилтэлэрэ ыраастааһыҥҥа ылсаллара хайҕалаах.
Олохтоохтор бачыымы көтөхпүт "Чуораанчык" уһуйаан идэлээх сойууһун тэрилтэтигэр махтал тылларын аныыллар.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ
💠 Тумулга "Библиотүүн" тэрээһин киэҥ ис хоһоонноох ыытылынна
А.Р. Халдеева аатынан модельнай бибилэтиэкэҕэ "Библиотүүн" тэрээһиҥҥэ үөрэнээччилэргэ "Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэттэр" диэн сырдатар медиапрезентация көрдөрүлүннэ. Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэттэринэн ааттанан Галина, Андрей Терентьевтар, Светлана, Альберт Ивановтар, Любовь, Федот Алексеевтар, Ирина, Петр Черкашиннар, Светлана, Василий Васильевтар уонна остуоруйаһыт эбэлэр Наталья Петухова, Розалия Васильева, Матрена Новоприезжая, Татьяна Новоприезжая, Варвара Петрова, о.д.а. сырдатылыннылар.
Итини таһынан "Ким “Кэскиллээх” – ол кэскиллээх" диэн медиапрезентация оҕолор болҕомтолорун тарта. Манна "Подари подписку детям" аахсыйалар, оҕо хаһыатыгар " Кэскил", "Чуораанчык" сурунаалга сурутуулар, "Кэскил", "Чуораанчык" эрэдээксийэлэрин үлэһиттэрин кытта көрсүһүүлэр сырдатылыннылар. 2011 сыллаахха" Чуораанчык" сурунаалга үөрэнээччилэр 100% суруйтаран, Тумул оскуолата кыайыылааҕынан тахсыбыта, "Тумул уоттара" (сал. Т.П. Находкина), "Ньургуһун" (сал. В.П. Петрова) айар литэрэтииринэй куруһуоктар, "Кинигэни таптааччылар" куруһуоктара (сал. Р.Е. Софронова, Л.А. Алексеева), бибилэтиэкэ иһинэн үлэлиир "Бөрүө" айар куттаахтар үлэлэрэ сырдатылыннылар. Улууспут "Үрүйэчээн" оҕо хаһыатыгар үөрэнээччилэр суруйууларын билиһиннэрии, сырдатыы буолла.
Педагог уонна аҕа сүбэһит сылыгар анаан оскуола педагог бибилэтиэкэрэ Сардана Стрекаловская "Кэскил", "Мүрү саһарҕата" хаһыаттарга тахсыбыт үөрэнээччилэр, учууталлар айымньыларын тиһэн таһаартарбыт библиографическай ыйынньыга сүрэхтэннэ. Алын кылаас учууталлара Варвара Петрова, Раиса Софронова бибилэтиэкэ күнүнэн ааҕааччыларга дьиэтээҕи бибилэтиэкэлэриттэн кинигэ бэлэхтээтилэр.
Үөрэнээччилэргэ ааҕыыны көҕүлээн, мүнүүтэҕэ ааҕыы күрэһэ ыытылынна. Манна Виталий Петров (2-с кыл.) – 1-кы миэстэ, Айыллаана Мальцева (2-с кыл.) – 2-с миэстэ, Ваня Новоприезжай (2-с кыл.) 3-с миэстэ буоллулар.
✍️ Светлана Прудецкая, бибилэтиэкэр, уопсас. кэрэсп. Тумул
☑️ https://мюрюгазета.рф/article/98689

💠 Лөгөйдөр музей тэринэн эрэбит
Кэптэнигэ СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Петр Бурнашев энтузиаст санаатынан Лөгөй нэһилиэгин устуоруйатын музейын 2000 сыллар диэки тэрийбитэ. Ол музей үлэтэ музеевед ыалдьыаҕыттан тохтоон хаалбыта, экспонаттар тарҕатыллыбыттара хомолтолоох этэ. Петр Петрович курдук хамнаһа суох үлэлиир киһи көстүбэтэҕэ...
Ол кэмтэн 20-тэн тахса сыл ааста. Лөгөй Тойон курдук төрүттээх дьон кини аатын үйэтитэр да инниттэн түмэллэннэхпитинэ табыллар диэн, өр сыл иитиэхтии сылдьыбыт санаатын олоххо киллэрэр, сэбиэскэй-партийнай салайааччы Петр Бурнашев дьыалатын салҕаан учууталлар Учууталлара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Екатерина Шарина ааспыт сылтан былааннаахтык ылсан, ыам ыйын бүтэһик күнүгэр музей түүнүн ыытта.
✍️ Ульяна Бурнашева, суруналыыс
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/98831
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Кэптэнигэ СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Петр Бурнашев энтузиаст санаатынан Лөгөй нэһилиэгин устуоруйатын музейын 2000 сыллар диэки тэрийбитэ. Ол музей үлэтэ музеевед ыалдьыаҕыттан тохтоон хаалбыта, экспонаттар тарҕатыллыбыттара хомолтолоох этэ. Петр Петрович курдук хамнаһа суох үлэлиир киһи көстүбэтэҕэ...
Ол кэмтэн 20-тэн тахса сыл ааста. Лөгөй Тойон курдук төрүттээх дьон кини аатын үйэтитэр да инниттэн түмэллэннэхпитинэ табыллар диэн, өр сыл иитиэхтии сылдьыбыт санаатын олоххо киллэрэр, сэбиэскэй-партийнай салайааччы Петр Бурнашев дьыалатын салҕаан учууталлар Учууталлара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо Екатерина Шарина ааспыт сылтан былааннаахтык ылсан, ыам ыйын бүтэһик күнүгэр музей түүнүн ыытта.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ
💠 Кэптэнигэ түмсүүлэр үлэлэрэ нэһилиэккэ Патриотизм сыла биллэриллэн өссө көхтөөх буолла. Бэтэрээннэр "Аал Уот" түмсүүлэрэ үтүө холобуру көрдөрөрүн таһынан сүбэ буолаллар. Түмсүүлэр онон хантан да салаллыбакка, бэйэлэрин толкуйдарынан бөһүөлэк кэрэ көстүүлээх буолуутугар үлэлэһэллэр.
Ол курдук, эдэр ийэлэр "Кэрэли" түмсүүлэрэ өр сылларга сөргүтүллүбэтэх оҕо былаһааккатын бу ааспыт нэдиэлэҕэ ыраастаан, алдьаммытын-кээһэммитин өрөмүөннэтэн, кырааскалаан нэһилиэнньэ махталын ыллылар.
Түмсүү салайааччыта Анна Чирикова бу курдук бөһүөлэктэрэ тупсаҕай көстүүлэнэригэр үлэлэспит дьүөгэлэригэр махталын биллэрдэ.
✍️ Ульяна Бурнашева, уопсас кэрэсп.
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Ол курдук, эдэр ийэлэр "Кэрэли" түмсүүлэрэ өр сылларга сөргүтүллүбэтэх оҕо былаһааккатын бу ааспыт нэдиэлэҕэ ыраастаан, алдьаммытын-кээһэммитин өрөмүөннэтэн, кырааскалаан нэһилиэнньэ махталын ыллылар.
Түмсүү салайааччыта Анна Чирикова бу курдук бөһүөлэктэрэ тупсаҕай көстүүлэнэригэр үлэлэспит дьүөгэлэригэр махталын биллэрдэ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ
💠 "Улуу киһи суолунан" бырайыак: Кулантай түмэлигэр уус-уран ааҕыыга улуустааҕы күөн-күрэс буолла
Сарсыардаттан көҕөрө симэнэн чэлгийбит түмэл тэлгэһэтин сахалыы таҥастаах үөрбүт-көппүт оҕолор чэпчэкитик үктэнэн киирэн кэрэ күлүүнэн толордулар. Тэрээһини түмэл салайааччыта Клара Крылова иилээн-саҕалаан ыытта.
Бабаарына киэҥ-куоҥ уораҕайыгар үс бөлөҕүнэн ааҕыылары истии саҕаланар. Бииртэн биир айымньы ааҕыллан, истээччигэ тиэрдиллэн оччотооҕу кэм, атын эйгэ көрөөччү хараҕар көстөрдүү арыллан истэ. Аныгы оҕолор дорҕоону таһаарыылара, хоһоону ааҕыылара уруккуга холоотоххо уратылаах буолла.
Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан түмүккэ кыра бөлөххө Валера Ханчаев (Чараҥ, сал. М. Федосеева) бастакы, Егор Боярскай (Бэйдиҥэ, сал. И. Окоемов) иккис, Карина Сысолятина (Бороҕон, сал. З. Сивцева) үһүс үрдэли, Максим Боярскай (Бэйдиҥэ, сал. Н. Портнягина) биһирэбил бирииһи ыллылар. Орто бөлөххө Айдын Крылов (Бэйдиҥэ, сал. А. Варламова) бастакы, Ксения Находкина (Бороҕон, сал. Ю. Бурцева) иккис, Ариан Олесов (Бороҕон, сал. Е. Максимова) үһүс үрдэл буоллулар. Оҕолор барахсаттар үөрүүлэрэ үрдээн сирэйдиин-харахтыын сырдаатылар.
Улахан дьоҥҥо Анна Готовцева бастакы, Юлия Татаринова иккис, Татьяна Бурцева үһүс үрдэли ыллылар.
Айдын Крылов анаан-минээн таҥнан уобараһын арыйыыта уонна Анна Готовцева хоһоону умсугутуулаахтык, ис хоһоонноохтук ааҕыыта бүгүн көрбүт-истибит оҕолорго үтүө холобур буолан үрдүккэ уһуйуоҕа дии саныыбын.
Күөн-күрэскэ Уус Алданнааҕы оҕолорго аналлаах социальнай-реабилитационнай киин көхтөөх кыттыыны ылбытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Атын нэһилиэктэртэн эрдэ элбэх оҕо кыттабыт диэн баран буолар күнүгэр кэлбэтэхтэрэ олус хомолтолоох. Тэрээһин маннык күөн-күрэс аны күһүн өссө биирдэ буолара буоллар диэн баҕа санаалаах түмүктэннэ.
✍️ Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/99253

💠 Окоемовка олохтоохторо бу күннэргэ ырааһырдыы үлэтин чэрчитинэн балай да субуотунньуктаатылар. Бүгүн "Үрдэл" түөлбэ олохтоохторо тахсан бөһүөлэк арҕаа өттүн ыраастаатылар.
Окоемовкаҕа үс түөлбэ баар, олохтоохтор оҕолуун-улаханныын күргүөмүнэн үлэлииллэр.
✍️ Мария Аммосова, уопсас. кэрэсп.
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Окоемовкаҕа үс түөлбэ баар, олохтоохтор оҕолуун-улаханныын күргүөмүнэн үлэлииллэр.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ
💠 Суоттуга саахымат түһүлгэтэ
Бэс ыйын 10 күнүгэр, самаан сайыммытын айхаллыы Суотту нэһилиэгэр улууспут бастакы разрядтаах биир бастыҥ энтузиаст саахымаччытыгар, саахымат уһуйааччытыгар Степан Степанович Ефимов 75 сааһыгар аналлаах түргэн саахымакка үбүлүөйүнэй аһаҕас турнир бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Быйыл бу, Суоттуга саахымакка аналлаах иккис улахан тэрээһин буолар. Ол курдук саас Семен Егорович Заровняев 75 сааһыгар улахан күрэхтэһиини тэрийбиттэрэ. Аны күһүн улууспут биир күүстээх саахымаччыта Николай Николаевич Овчинников 85 сааһыгар биир улахан тэрээһини былаанныыллар эбит.
☑️ Сиһилии саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/100257

💠 Танда агрооскуолатыгар бэртээхэй лааҕыр үлэтин түмүктээтэ
Сааскы ыйдартан саҕалаан бүөбэйдэспит оҕуруоппут аһа ситэн-силигилээн, үүнүүнү хомуйар кэммит чугаһаатар чугаһаан иһэр.
Михаил Готовцев аатынан агро хайысхалаах Танда орто оскуолатыгар сайын устата «Кэскил» оҕо үлэ сынньалаҥ лааҕыра үгэс курдук ситиһиилээхтик үлэлээтэ. Икки сезон аайы отуттуу оҕо сырытта.
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/o5uruot-aha-siter-keme/
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Сааскы ыйдартан саҕалаан бүөбэйдэспит оҕуруоппут аһа ситэн-силигилээн, үүнүүнү хомуйар кэммит чугаһаатар чугаһаан иһэр.
Михаил Готовцев аатынан агро хайысхалаах Танда орто оскуолатыгар сайын устата «Кэскил» оҕо үлэ сынньалаҥ лааҕыра үгэс курдук ситиһиилээхтик үлэлээтэ. Икки сезон аайы отуттуу оҕо сырытта.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#нэһилиэктэргэ
💠 Балаҕаннаах – ытык кэрэ сир
2022 сыллаахха Арассыыйаҕа биллэриллибит Култуурунай нэһилиэстибэ сылынан 2-с Байаҕантай нэһилиэгэр урукку кэмҥэ улууска кулубанан, нэһилиэгэр отуттан тахса сыл кинээһинэн үлэлээбит ыраахтааҕыттан куортуктаах Савва Егоров дьиэтин сөргүтүү марафона «Саха» НКИХ ханаалыгар ыытыллыбыта.
Саха сирин үрдүнэн ыытыллыбыт марафоҥҥа 1 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай суума хомуллан, быйыл түмүк үлэлэрэ ыытылыннылар.
✍️ Матрена Аргунова, уопсас. кэрэсп., бибилэтиэкэр
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/bala5annaah-ytyk-kere-sir/