УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.61K subscribers
34.3K photos
3.14K videos
10 files
5.84K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Улуус култуураҕа управлениетын тэрийиитинэн муус устар 28 күнүгэр улуус мелодистара кыттыылаах мунньах буолла. Управление салайааччыта Иннокентий Аммосов сүрүн болҕомтону Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, эһиил ыытыллыахтаах Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларыгар анаммыт ырыалар айыллыыларыгар, ол ырыаларга клип уһуллуутугар үлэ барыахтааҕар туһаайда.

Мунньахха үбүлүөйдээх сылларга уонна спортивнай оонньууларга сыһыаннаах култуура тэрээһиннэрин туһунан киэҥ ырытыылаах кэпсэтиилэр таҕыстылар.

📌 Бу туһунан сиһилии хаһыат саайтыгар анаан улуус култуураҕа управлениетын кылаабынай исписэлииһэ Анна Федорова ыстатыйатын аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#култуура
#кэрээйгэтэ
#тэрээһинмунньах
https://www.instagram.com/p/CONf_KaM-d0/?igshid=13nt3miew2cfg
📰📰📰

Кэптэни олохтоохторо Мария , Виктор Александровтар 1971 сыллаахха муус устар 10 күнүгэр сүрэхтэрин холбоон ыал буолбуттара. Үйэ аҥаара – эттэххэ дөбөҥ, бу сыллар усталарыгар олох араас очурдарын, үөрүүтүн, аһыытын иккиэн бииргэ санныларыгар сүгэн кэллэхтэрэ.

Ыал буолан түөрт уол оҕону күн сирин көрдөрөн, иитэн, үөрэттэрэн үлэһит, ыал аҕалара оҥорбут туохха да тэҥнэммэт ситиһиилэрэ, ону ситэрэн сиэннэр, хос сиэн эйэҕэс эбэтэ, элэккэй эһэтэ буолар дьолу биллилэр.

Мария Петровна Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун кэтэхтэн бүтэрэн, бухгалтер идэлээх, Виктор Иннокентьевич суоппар идэлээх, олоҕун 27 сылын тиэхиньикэҕэ анаабыт, 1993 – 2013 сылга диэри "Эрбэһин" бааһынай хаһаайыстыба тэринэн сүөһү, сылгы иитиитинэн дьарыктаммыта. Уолаттар аҕаларын утумнаан суоппардар.

Александровтар – Лөгөй нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторо. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата элбэх оҕолоох ыалга болҕомто уурар сокуонугар олоҕуран уонна коммунистическай үлэ ударнига бэлиэлээх буолан, Мария Петровна 49 сааһыгар "Үлэ бэтэрээнэ" буолбута, 1974, 1987 сылларга Баатаҕай олохтоох сэбиэтин дьокутаатынан талыллан бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, 2006 сыллаахха тыа хаһаайыстыбатын бүтүн Сойуус үрдүнэн ыытыллыбыт биэрэпиһи үтүө суобастаахтык ыыппытын иһин мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Олоҕун ааҕар-суоттуур эйгэҕэ анаан үрдүк көрдөрүүлэрин иһин “Уус Алдан улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга кылаатын иһин”, “Нэһилиэк олоҕор актыыбынай кыттыытын иһин”, “Уус Алдан улууһугар култуураны сайыннарыыга кылаатын иһин” бэлиэлэр хаһаайкалара. Өр сыллаах үлэтэ сыаналанан, Виктор Иннокентьевич эмиэ "Үлэ бэтэрээнэ", "Партизан Заболоцкай аатынан сопхуос бочуоттаах механизатора", “Уус Алдан улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга кылаатын иһин” бэ�лиэлэрдээх.

Ытык ыалбыт, эһигини 50 сыл бииргэ сарын-сарыҥҥытыттан өйөнсөн кэлбит үбүлүөйдээх күҥҥүтүгэр эҕэрдэ үтүөтүн, баҕа санаа бастыҥын аныыбыт.

🖊️ Ульяна Бурнашева, уопс. кэрэсп.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үбүлүөй
#кэптэни
https://www.instagram.com/p/COOy8XHMj2Z/?igshid=1wq25sv2zffro
🎉🎉🎉

“Мүрү саһарҕата” хаһыат эрэдээксийэтэ Саас уонна Үлэ бырааһынньыгын көрсө “ҮЛЭНЭН ИИТЭБИТ” хаартысканан куонкурус түмүгүн таһаарда.

📌 Бары көрбүккүт курдук, кыайыылааҕынан Мындаабаттан “Кэнчээри” уһуйаан иитиллээччитэ – 6 саастаах Эрхан Марков буолла. Ийэтин тутаах көмөлөһөөччүтэ Эрхан хаартыскаларыгар 742 ❤️ баттанна.

🎉🎉🎉 Кыайыылааҕы эҕэрдэлиибит уонна эрэдээксийэ анал бирииһин – “ИНСТАБУК” хаартыска альбомун оҥотторорго СЕРТИФИКАТЫ бэлэхтиибит.

📌 Кыттааччыларга барыларыгар махтанан туран, куонкуруска кыттыбыттарын туоһулуур сертификаттары ыытыахпыт👏👏👏

🎉🎉🎉 Куруук маннык көхтөөх буолуҥ, өссө даҕаны биһиги куонкурустарбытыгар кыттаарыҥ диэн ыҥырабыт😉

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үлэнэниитэбит
#куонкурустүмүгэ
https://www.instagram.com/p/COPIEOHs4qx/?igshid=dbkoho6siwp5
📰📰📰

Эдэр дьиэ кэргэттэри дьиэнэн хааччыйыы федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, Уус Алдан улууһугар сэттэ ыал субсидияҕа тиксибиттэрин туоһулуур суруктары туттулар. Бу көмөну туһанан, 2006 сылтан олоххо киирбит бырагырааманан 2021 сылга диэри 145 эдэр ыал улуус араас муннуктарыгар дьиэ туттан эбэтэр атыылаһан олохсуйар кыахтаннылар.

Үс өрүттээх көмө чэрчитинэн, Уус Алдан улууһун бюджетиттэн утары үп көрүллэн, күн бүгүнүгэр диэри бырагыраама улууска ситиһиилээхтик үлэлиир.

Ол курдук, урукку өттүгэр 1 мөл. солк. үп утары угуллар буоллаҕына, сыллата суума үрдээн иһэр. Быйылгы көмөҕө 2 мөл. 719,702 тыһыынча үп утары угуллубут.

Маны тэҥэ, Бэрт Ууһун нэһилиэгин дьаһалтатын бюджетиттэн эмиэ 388 тыһ. 528 солкуобай үп көрүллэн, нэһилиэккэ эдэр ыал дьиэ туттар кыахтанна.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#дьиэнэнхааччыйыы
#субсидия
https://www.instagram.com/p/COPK1DSsX9x/?igshid=18rbyl1ozo70x
📰📰📰

Өнөрдөөҕү “Тускул” сынньалаҥ киинэ муус устар 3 күнүттэн саҕалаан 26-с чыыһылаҕа диэри дьахталларга ырыа ансаамбылларын көрүүгэ ураты күрэһи тэрийэн ыытта. Бу бырайыагы СӨ култуура туйгуна, мелодист, аккомпаниатор, олоҕун култуура эйгэтигэр анаабыт Василий Федоров толкуйдаабыта.

Күрэс дистанционнай көрүҥүнэн ыытылынна, онно Уус Алдан, Амма, Нам, Кэбээйи, Таатта, Горнай, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан уопсайа 29 ансаамбыл кыттыыны ылла. Дьүүллүүр сүбэҕэ “Дуолан”, “Тоҕуй” эр дьон ансаамбылларын чилиэннэрэ СӨ култуура туйгуннара Ион Лукачевскай, Василий Петухов, Дмитрий Бурнашев үлэлээтилэр.

Ансаамбылынан, солонан уонна дуэтынан толоруулар сыаналананнар, “Кэхтибэт талаан” анал аат Кэбээйиттэн Мукучу бөһүөлэгин “Күбэйэ” ансаамбылыгар ананна (сал. Л. Кириллова, Р. Степанова); “Ыллам ырыалаах эдэр саас” анал ааты Бороҕонтон “Кэскилээнэ” ансаамбыл ылла (сал. А. Пермякова); “Кэскиллээх саҕалааһын” анал аатынан эмиэ Бороҕонтон “Сарыада” ансаамбыл бэлиэтэннэ (сал. М.Герасимова); “Иэйиилээх дуэтынан” Амматтан “Дьүөгэлиилэр” ансаамбыл дуэта буолла (сал. А. Матвеева, Е. Захарова); “Кэрэ куолас” аат Эһэлээх бөһүөлэгиттэн “Дьүөгэ” ансаамбыл солиһа Евдокия Бурцеваҕа ананна (сал. В. Федоров).

Оттон 3-с истиэпэннээх дипломант аатын Намтан “Эҥсиэли Хотуттара” ансаамбыл ылла (сал. И.Неустроева); 2-с истиэпэннээх дипломунан Эһэлээхтэн “Иэйии” ансаамбыл бэлиэтэннэ (сал. В. Федоров); 1-кы истиэпэннээх дипломант аатын Мукучуттан “Айыллаана” ансаамбыл ылла (сал. А. Макарова).

I Хоро нэһилиэгиттэн “Күбэйэ” ансаамбыл (сал. А.Свинобоева), Амматтан “Айыллаана” ансаамбыл (сал. Л.Захарова, С. Пестерева-Антонова) уонна Балыктаах бөһүөлэгиттэн “Найахыына” ансаамбыл (сал. Дь. Гаврильев) туһааннааҕынан 3-с, 2-с, 1-кы истиэпэннээх лауреат буоллулар.

🎉🎉🎉 Дьэ, уонна Кылаан бирииһи Эһэлээх бөһүөлэгин “Дьүөгэ” ансаамбыла (сал. В. Федоров) тутта.

🖊️ Варвара Парникова – Үүйэ, уопс. кэрэсп.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#өнөр
#кэрээйгэтэ
#ырыакүрэһэ
https://www.instagram.com/p/COPRQGHs9iY/?igshid=cj3edwoo76af
📰📰📰

Мүрү 1-кы №-дээх орто оскуолатыгар сааскы ылааҥы күннэргэ үгэскэ кубулуйбут “Ыллаа, үҥкүүлээ, оҕо саас!” бэстибээл ыытылынна. Бу тэрээһин – оҕо аймах, учуутал, төрөппүт бары күүтэр бырааһынньыктара. Бэстибээли үгэскэ кубулуппут “Кэнчээри” оҕо ансаамбылын салайааччыта Василий Парников төһө да бу өр кэмҥэ кэтэхтэн үөрэннэрбит, хайаан даҕаны ыытыллыахтаах диэн туруулаһан оҥоттордо.
Кылаас бүтүннүү кыттар оҕо бырааһынньыга быйыл баара-суоҕа түөрт көрүҥҥэ – хорунан, солонан, ансаамбылынан толорууларга уонна бөлөҕүнэн үҥкүүгэ – ыытылынна. Ол да буоллар сылы быһа күүппүт үөрэнээччилэр үөрэн-көтөн кытыннылар, астыннылар. Быйылгы бэстибээл Улуу Кыайыы 76, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов төрөөбүтэ 100, улууспутугар Сомоҕолоһуу уонна айымньылаах үлэ, “Ыллаа, үҥкүүлээ, оҕо саас!” бэстибээл ыытыллыбыта 35 сылларыгар ананна.

Бары кылаастар саҥа көстүүмнэммиттэр, бөлөҕүнэн үҥкүүлэр быдан хаачыстыбалаах буолалларыгар хореографтар үлэлэспиттэр. Онон дьүүллүүр да сүбэ балай да кытаанахтык сыаналаата. Ол курдук, бэрэссэдээтэлинэн Василий Парников, үҥкүүлэри оскуола учуутала – “Виктория Данс” уонна “Дьүөгэлэр” ансаамбыллар чилиэннэрэ Ксения Румянцева, ырыалары В.В. Никифоров – Күлүмнүүр аатынан киин хормейстера Айталы Слепцова, музыкальнай оскуола преподавателэ Лилия Слепцова уонна Мүрү 2-с №-дээх оскуолатыгар музыка учууталынан өр кэмҥэ үлэлээбит Дмитрий Бурнашев үлэлээтилэр.

Бэстибээл кыайыылаахтарын ааттара дорҕоонноохтук ааттаннылар. Ол курдук, Гран-при үрдүк аатын 1-2 кылаастарга – 2 “в” кылаас (кыл. сал. Е.С.Парникова), 3-4 кылаастарга – 4 “г” кылаас (кыл. сал. Д.И. Петухова), 5-6 кылаастарга – 6 “б” кылаас (кыл. сал. Л.В. Бурцева), 7-8 кылаастарга – 7 “а” кылаас (кыл. сал. А.П. Сивцева), 10-с кылаастарга – 10 “а” кылаас (кыл. сал. А.Н.Артамонорва) ыллылар.

Ырыаһыт кылаастарынан 4 “г”, 6 “в”, 8 “б”, 10 “а”, 2 “в” кылаастар ааттаннылар, оттон оскуола бастыҥ үҥкүүһүт кылаастара 1 “в”, 10 “б”, 7 “а”, 7 “в”, 5 “в”, 4 “в” эбиттэр.

🖊️ Уопс. кэрэсп. Мария Аммосова бу ыстатыйатын салгыытын комментарийдарга эбэтэр хаһыат саайтыгар аах

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#мсош1
https://www.instagram.com/p/COPYopBM5f3/?igshid=lqdwkwhcmtlr
👷‍♂️🏫Генеральный директор ГКУ "Дирекция жилищного строительства Республики Саха (Якутия) Игорь Васильевич Ткаченко проведет 29 апреля прямой эфир на официальной странице Администрации Главы и Правительства республики в социальной сети Инстаграм.

🔻Игорь Ткаченко расскажет о механизмах программы по переселению граждан из аварийного жилищного фонда, о первых результатах реализации программы в текущем году, исполнении национального проекта «Жилье и городская среда», а также ответит на актуальные вопросы, которые поступят в ходе прямого эфира.   

🕔 Начало – в 17 час. 00 мин.
https://www.instagram.com/p/COPa34ZsUuf/?igshid=17p8b24std1vu
Необходимо получить справку на молочную кухню?👶

Можете получить эту справку на региональном портале государственных услуг - e-yakutia.ru @gosuslugi_14 👍👍👍

Для этого нужно зарегистрироваться и войти в свой личный кабинет на портале.

🔹На главной странице во вкладке «Популярные услуги» выберите раздел «Популярные детские пособия»

🔹Если Вы уже получаете ежемесячное пособие на ребенка, то необходимо оформить справку о получении пособия, из предоставленного списка выберите «Выдача справок о получении пособия на ребенка», а в случае, если Вы не получаете пособие выбираете «Выдачу справки о признании семьи малоимущей»

🔹Затем заполните и отправьте заявление.

🔹После рассмотрения заявления органом справка будет направлена в личный кабинет в электронной форме 👌

Много полезной информации в аккаунте портала:
@gosuslugi_14
@gosuslugi_14
@gosuslugi_14

Легко и удобно, портал e-yakutia.ru!

#Госуслуги14 #СахаСирэ #Якутия
https://www.instagram.com/p/COPbzP5neqF/?igshid=zgpdli7igfrm
🔺 В 2021 году промышленное производство в Якутии должно вырасти на 10%

🔺За последние 12 лет промышленные компании Якутии направили на развитие нашей республики более 30 миллиардов рублей. Это позволило построить свыше 30 социальных объектов. Лидеры промышленной отрасли берут на себя ремонт и строительство дорог, возводят физкультурно-оздоровительные комплексы и объекты культуры.
 
🔺В этом году промышленное производство в Якутии должно вырасти на 10% – такую задачу ставит Айсен Николаев правительству нашей республики.
 
🔺 Планируется, что к 2024–2025 году добыча угля в Якутии вырастет в 2,5 раза – до 50 миллионов тонн. Компания «Эльгауголь» готова уже в этом году нарастить добычу до 18 миллионов тонн, а к 2023 году – создать не менее 20 тысяч новых рабочих мест. В Усть-Янском районе начнут добычу олова на месторождении Тирехтях, на Нежданинском золоторудном месторождении в этом году ожидается запуск в эксплуатацию крупнейшего горно-обогатительного комбината. Более подробно смотрите инфографику спецпроекта "Якутия. 20 лет в 21 веке" 👆🏻

#улусмедиа #Якутия. 20 лет в 21 веке #якутия20летв21веке
https://www.instagram.com/p/COPjnSlsG5r/?igshid=neaulqvsgaul
📰📰📰

Уус алданнар киэн туттар өбүгэлэрбит ааттарын бу эбийиэктэргэ иҥэрии туһунан быһаарыыга улуус дьаһалтатын баһылыга Алексей муус устар 28 күнүгэр илии баттаата. Бу туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, улуус киинин киин болуоссатыгар Лөгөй Тойон аатын иҥэриини, оттон стадион Майаҕатта Бэрт Хара аатынан хааларын туһунан этиилэр ааспыт сыл сэтинньитигэр улуус баһылыгын кытта мунньахха киирбиттэрэ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#лөгөйтойон
#майаҕаттабэртхара
https://www.instagram.com/p/COPrLpas7zD/?igshid=128739kxar7ex
📰📰📰
⭕️ «Мүрү саһарҕата» хаһыат «Өспөт пуолка» балаһатыгар бэтэрээннэри үйэтитиҥ

⭕️Улуу Кыайыы 76 сылыгар Кыайыыны уһансыбыт ытык эһэлэргит, тыылга хорсуннук үлэлээбит эбэлэргит ааттарын үйэтитэн улуустааҕы “Мүрү саһарҕата” хаһыат “Өспөт пуолка” балаһатыгар бэчээттэтэргитигэр ыҥырабыт.

⭕️ «Өспөт пуолка» балаһатыгар оскуола оҕолоро, ыччат дьон бэтэрээн эбэлэрин, эһэлэрин хаартыскаларын кытары кытталлар.
📌Бэтэрээн толору аатын, ханна сэриилэспитин ону кытары кыттааччы бэйэтин аатын-суолун, оскуолатын, үлэлиир сирин суруйан ыытар.

⭕️ «Өспөт пуолка» балаһаҕа бэчээттэнэн кыттыан баҕалаахтар хаартыскаларгытын 89248653258, 89644293039 нүөмэрдэргэ ватсап, телеграм нөҥүө ыытыҥ.
⭕️ «Өспөт пуолка» өрөгөйдөөх Улуу Кыайыы күнүгэр ытык дьоммут аатын ааттаттын.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуукыайыы76сыла
https://www.instagram.com/p/CORWKAIsEPf/?igshid=1d57znckntzha
📰📰📰
⭕️ "Биһиги, "Мындыр" түмсүү иистэнньэҥнэрэ, 2022 сылга ыытыллаары турар Саха сирин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларын көрсө "Удьуор утум" түмсүү ыҥырыытын ылынныбыт.

📌 Бу ыҥырыынан уонна Автономия тэриллибитэ 100 сылынан 100 олбоҕу тигэн, бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрэрбитин биллэрэбит.

⭕️ Ыҥырыыга кыттыһан, бука бары айар-тутар дьарыктаах түмсүүлэри улууспутугар Сомоҕолоһуу, айымньылаах үлэ сылын туһун тутуһан, кыттыһан, күүс-көмө буоларгытыгар ыҥырабыт”, – диэн түмсүү аатыттан СӨ норуотун маастара, Уус Алдан улууһун, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Мария Семеновна Атласова, СӨ уус-уран оҥоһуктарга маастардара Ольга Петровна Колодезникова, Иван Иннокентьевич Окоемов ыҥырыы таһаардылар.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#ыҥырыы
#кэрээйгэтэ
#спортивнайоонньууларыкөрсө
#бороҕон2022
https://www.instagram.com/p/CORhwgyMu98/?igshid=xbtqndoya6lr
📰📰📰

Күндү ааҕааччыларбыт! Үтүө санаанан салайтаран үлэлэтэр “Бэтэрээн ыра санаата” бырайыакпытыгар 11-с кыттааччыбыт I Өспөх нэһилиэгэ буолар.

Михаил Домотов баһылыктаах нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ, тэрилтэ салайааччылара биир санаанан бырайыакпытын өйөөтүлэр.

Онон Кыайыы күнүн көрсө бэтэрээннэрбитигэр анаммыт үп күндү бэлэх буолан, ыра санаалара туолуутугар төһүү күүһүнэн буолуоҕа. Салгыы бырайыакпыт эстафетатын Баатаҕай нэһилиэгэ ылла.

📌 Бэтэрээннэргэ көмөнү “Россельхозбаан” 4353 0300 5888 1329 №-дээх каартатыгар хайа баҕарар баан каартатыттан ыытыахха сөп. Сиһилии 8-967-926-86-48 нүөмэргэ эрийэн билсиҥ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бэтэрээнырасанаата
#көмөаахсыйа
#хаһыатбырайыга
https://www.instagram.com/p/CORpnEQsGn6/?igshid=buu1xfzlt6c6
📰📰📰

Саха өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын VIII-с спортивнай оонньууларын бэлиэ талисманын оҥорууга балаһыанньа оҥоһуллан, куонкурус биллэриллэрин туһунан олунньу 4 күнүгэр улуус дьаһалтатын баһылыгын уурааҕа тахсыбыта. Балаһыанньа ирдэбилинэн, бүгүн, муус устар 30 күнүгэр, баҕалаахтартан сайаапканы ылыы түмүктэннэ.

📌 “Куонкуруска уопсайа 23 киһиттэн үлэлэр киирдилэр. Улуус хас да нэһилиэгиттэн, ону таһынан Тааттаттан, Намтан, Дьокуускайтан, бэл Екатеринбургтан тиийэ кыттааччылар бааллар. Саастара эмиэ араас. Саамай эдэрдэрэ – 10-11 саастарыттан саҕалаан оскуола оҕолоро, саамай саастаахтара – 58, 61. Үлэлэр бары олус интэриэһинэйдэр, киһини кэрэхсэтэллэр. Илиинэн уруһуйдар даҕаны бааллар, электроннай көрүҥүнэн даҕаны оҥоһуллубуттар”, – диэн сайаапкалары хомуйууга улуус култуураҕа управлениетын эппиэттээх үлэһитэ Матрена Герасимова иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, 1996 сыллаахха улууспутугар ыытыллыбыт I-кы Оонньуулар талисманнара Кулунчук этэ. Ааптара – норуот маастара Екатерина Колодезникова. Бу кулунчугу Оонньуулары үөрүүлээх сабыы кэмигэр халлааҥҥа көтүппүттэрэ.

Оттон 2022 сыл Оонньууларын талисманын быһаарыы куонкуруһун түмүгэ быйыл бэс ыйыгар биллиэҕэ, чопчу күнүн туһунан эбии иһитиннэриэхтэрэ. Кыттааччыларга барыларыгар туоһу суруктар ананыахтаахтар, оттон кыайыылаах бириэмийэтин суумата – 50 000 солкуобай.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#сахасиринноруоттарынVIIIспортивнайоонньуулара
https://www.instagram.com/p/COSUFwLs77Z/?igshid=ff2qb2sq9f5f
📰📰📰

Уһун Күөл оскуолатын көхтөөх, түмсүүлээх, үлэһит кэлэктиибэ Саас уонна Үлэ бырааһынньыгын көрсө аҕам саастаах ытыктыыр бэтэрээн учууталларыгар Иван Бурцевка субуотунньуктаан мас бөҕөнү хайыттылар, ону барытын саһааннаан туруордулар.

“Кэлэктиип күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн девизтээх оскуола үлэһиттэрэ бэтэрээннэригэр сыл ахсын маннык хабааннаах көмөнү оҥороллор, сорох ардыгар аһымал аахсыйаны тэрийэн, бородууктанан, малынан даҕаны хомуйан туттараллар.

📌 “Итини сэргэ, үөрэнээччилэрбит тимуровскай хамсааһынынан нэһилиэк аҕам саастаах олохтоохторугар эмиэ мастарын саһааннаан, тэлгэһэлэрин ыраастаан биэрэллэр. Маннык үлэ сэбиэскэй кэм саҕаттан олохтонон хаалбытын сүтэрбэккэ, сыл ахсын ыытабыт”, – диэн Уһун Күөл орто оскуолатын директоры иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Наталья Турантаева үллэстэр.

Онон оҕону үлэнэн иитэр үтүө үгэс бу нэһилиэккэ тылга эрэ буолбакка, дьыалаҕа көстөр. Оттон оллохтоохтор, биллэн турар, маннык аахсыйалары биһирииллэр, көмөнү ылбыттар даҕаны махталлара улахан.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#көмөаахсыйа
#уһункүөлоскуолата
#тимуровскайхамсааһын
https://www.instagram.com/p/COSaeIDMa_o/?igshid=1t874ywe72kuc
📰📰📰

Үһүс саас оскуолата улуус нэһилиэктэригэр барытыгар салаалары арыйан быйыл тохсус сылбытын үлэлии олоробут. Билигин Мүрү, Бороҕон, Хоро, Найахы, II Байаҕантай, Бэрт Ууһа, Лөгөй, Байаҕантай, Чэриктэй, Дүпсүн нэһилиэктэрэ ньиргиччи үлэлээн, бэйэлэрин түөлбэлээн олорор сирдэрин тэрээһиннэригэр төһүү күүһүнэн буолаллар. Аҕам саастаах дьоҥҥо дьарыктанар усулуобуйаны тэрийдэххэ ситиһиигэ түргэник тиийэллэр.

Ол курдук, Саха өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастардарынан, СӨ уус-уран оҥоһуктарын уонна улуус норуотун маастардарынан барыта уонтан тахса киһи үүнэн таҕыста. Калининградка Европа ыһыаҕар, Алуштаҕа, Суздальга, Казаҥҥа, Санкт-Петербурга, Москваҕа ыытыллыбыт пуорумнарга, бэстибээллэргэ, быыстапкаларга филиалларынан кыттан, билиилэрэ-көрүүлэрэ кэҥээтэ, лауреат, дипломант ааттанан, анал бириистэр хаһаайыттара буолан кэллилэр. Пандемия кэмигэр таах олорбокко, дьиэттэн олорон батсаап, зуум нөҥүө куруһуогунан хабыллааччы өссө элбээтэ. Дьокуускай куорат Үһүс саас оскуолата интэриниэт нөҥүө элбэх үөрэҕи ыытан, үлэ-хамнас айымньылаахтык бара турар.

“Айар иис” кыбытан тигии куруһуога оскуола аһыллыаҕыттан үлэлиир. Куруһуок чилиэттэрэ сыл аайы ыытыллар араас куонкурустарга кыттан, үлэлэрэ сайдан, тупсан, кэҥээн иһэр. “Айар иис” куруһуок педагог-волонтера Г.С. Охлопкова, Л.Н. Саввина 2021 с. улуус норуотун маастара ааттананнар, В. Сидорова өрөспүүбүлүкэҕэ кыбытан тигиигэ 1-кы миэстэни ылан, СӨ доруобуйа харыстабылыгар туйгуна буолан үөрүүлэрэ үрдүк.

“Айар иис” түмсүү буолаары турар Саха сирин норуоттарын 8-с спортивнай оонньууларыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэн, нэһилиэктэр, улуус баһылыктарыгар улуус, нэһилиэк гиэрбэтэ ойуулаах оҕуруо хаалтыстары оҥорон, ону сэргэ улуус спортсменнарыгар спортивнай суумкалары тигэн бэлэмнииргэ ылыстылар. Маннык өрүү да көхтөөхтүк араас ыытыллар аахсыйаларга, субуотунньуктарга көтүппэккэ кыттан бэйэлэрин кылааттарын киллэрсэллэр, Улуу Кыайыы 75 сылынан тыыл, үлэ бэтэрээннэригэр сылаас кээнчэ, суумка тигэн бэлэхтээтилэр. Нэһилиэнньэҕэ үгүс маастар кылаастары ыытан, дьону-сэргэни төрүт үгэстэри үйэтитиигэ сыһыараллар.

Түмсүү туһунан хаһыаппыт муус устар 30 күнүнээҕи 17-с нүөмэригэр эбэтэр саайтка аах
https://www.instagram.com/p/COUx7nHs2b7/?igshid=153ii71zhxvpd
📰📰📰

Лөгөй нэһилиэгэр 2022 сылга орто оскуола 75 сыла уонна 2024 сылга 2023 сылга Партизан Заболоцкай аатынан сопхуос тэриллибитэ 50 сыла бэлиэтэниэхтэрэ. Онуоха билиҥҥиттэн бэлэмнэнэн, бу тэрээһиннэри далааһыннаахтык, үрдүк таһымҥа ыытарга үлэ ыытыллар.

Ол чэрчитинэн, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Колодезников уонна улуус тыа хаһаайыстыбатыгар управлениетын салайааччыта Степан Бочкарев ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ Кэптэнигэ уонна Даалыга анаан тахса сырытта. Кэптэнигэ Партизан Заболоцкай аатынан оройуоҥҥа биир улахан сопхуос үбүлүөйдээх сылыгар кинигэни таһаарыы тула сүбэ мунньах тэрилиннэ. Оттон оскуола үбүлүөйүгэр бэлэмнэнии туһунан үөрэх тэрилтэтин салалтатын, анаан тэриллибит хамыыһыйаны кытта эмиэ үбүлүөй тэрээһинин болдьоҕун, бырагырааматын бырайыагын, кинигэни таһаартарыы туһунан ырытыстылар.

Салгыы Даалыга тиийэн, быйыл күһүн үлэҕэ киириэхтээх Арчы дьиэтин тутуутун билсэн, “Даалы” түмсүү актыыбын кытта көрүстүлэр. Көрсүһүүгэ тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарын ырытыстылар, даалылар улуус киинигэр олорор биир дойдулаахтарын ааттарыттан улуус хонтуруоллуур-суоттуур палататын бэрэссэдээтэлэ Ольга Попова туох үлэ ыытылларын, инники былааннар тустарынан кэпсээтэ. Нэһилиэк баһылыга Марк Местников Даалыга сайыҥҥы уу ситимин, уулуссаҕа уоту тардыыны, ыалларга “Липснелли” котеллары туруорууну быһаарыста. Ону таһынан Арчы дьиэтигэр Социалистическай Үлэ Дьоруойа Анастасия Копырина бюһа туруохтаах миэстэтин уонна стендэни оҥорууга дьүүллэһии буолла.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#лөгөйнэһилиэгэ
#кэптэни
#даалы
https://www.instagram.com/p/COWuAoNssrn/?igshid=cjavtrpok6ee
📰📰📰

Тандаҕа кэлин сылларга ииһинэн дьарыктанар дьахтар элбээн иһэр. Кинилэр истэригэр Людмила Готовцева – биир туспа суоллаах-иистээх иистэнньэҥ. Ийэтэ суох улаатан, оҕо эрдэҕиттэн иистэнэргэ үөрэммитэ, аҕатын, бииргэ төрөөбүттэрин таҥастарын кини бэрийэрэ.

Ураты иистээх Людмила Никитична кылы, сиэли сыа-сым курдук тутан, туһаҕа таһаарар идэлээх. Дэйбииртэн, кыл сэлээппэттэн саҕалаан кыл паннолары өрөр. Оттон сүөһү хабаҕыттан, балык тириититтэн тикпит суумкаларын, бэрчээккэтин С.И. Петрова, Д.С. Козлова, Т.Н. Шишигина курдук өрөспүүбүлүкэ улахан маастардара бэркэ сэҥээрбиттэрэ. Көтөр кутуругуттан сапсыыкалары оҥорбута – биир туспа көрүҥ.

Бу ыстатыйаны толору хаһыаппыт муус устар 30 күнүнээҕи 17-с нүөмэригэр эбэтэр саайтка ааҕыҥ

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#кэрээйгэтэ
#далбархотун
https://www.instagram.com/p/COXN5O5M0Z5/?igshid=1jns2bbm7me2i
📰📰📰

Бүгүн СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, 1978-1991 сс. партия райкомун сэкирэтээринэн үлэлээбит партия, үлэ бэтэрээнэ Зинаида Винокурова 80 сааһын бэлиэтиир. Кини туһунан Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө улуус хаһыатыгар анаан сэрии кыттыылаахтарын, тыыл үлэһиттэрин, сэрии кэмин оҕолорун үйэтитэр үлэтин туһунан көрсөн кэпсэппитим, онно киэҥ далааһыннаах үлэтин сөҕөн турардаахпын. Зинаида Дмитриевнаҕа доруобай этэҥҥэ сылдьарыгар, уһун олохтоноругар баҕарабын.

🖊️ Уопс. кэрэсп. Елена Сыроватская Зинаида Винокурованы кытта хаһыаппыт 2020 с. кулун тутар 6 күнүнээҕи 9-с нүөмэригэр тахсыбыт интервьютун хаһыат саайтыгар ааҕыҥ

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улуусдьоносэргэтэ
#үбүлүөй
https://www.instagram.com/p/COZ6LELMjdG/?igshid=g22larafvrki
📰📰📰

Быйыл тыа хаһаайыстыбатыгар үбүлээһин схематыгар уларыйыылар киирэннэр, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сорох боломуочуйата улууска бэриллибитэ. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорооччулары өйөөһүн саҥа механизмын биир көрүҥүнэн кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал сүөһү иитэрин иһин ыанар ынах төбөтүгэр 35 000 солкуобай көрүллүүтэ буолар.

Бу саҥа уларыйыылар ирдэбиллэригэр олоҕуран, улууска хас биирдии ыанар ынахтаах кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал бу субсидияҕа хапсарын курдук бэрээдэктиир үлэ ыытылынна. Онуоха биир сүрүн ирдэбилинэн субсидияҕа хапсыан баҕалаах кэтэх хаһаайыстыбалаах дьону Биир кэлим реестргэ киллэрии буолар. Бу реестргэ, билиҥҥи туругунан, 916 киһи киирдэ.

📌 “Улууска кулун тутар 31 күнүттэн муус устар 29 күнүгэр диэри сайаапкалары тутуу биллэриллэн, тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар уопсайа 893 кэтэх хаһаайыстыбаттан 3165 ыанар ынах төбөтүгэр сайаапка киирдэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ үбүлээһин харчытын ыыттаҕына, хаһаайыстыбаларга субсидияны ыытарга улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета бэлэм олорор”, – диэн тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениетын иһитиннэриитин улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата Инстаграмҥа @uusaldan.ru страницатыгар таһаарда.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#тыахаһаайыстыбата
#ынахтөбөтүгэрсубсидия
https://www.instagram.com/p/COwX5hxsbiI/?igshid=s6j1i55puxjg
📰📰📰

Мүрү нэһилиэгэр үс ыйдаах ырааһырдыы субуотунньуктара биллэриллэн, муус устартан саҕалаан “Улуу Кыайыы күнүн нэһилиэкпитин ырааһырдан көрсөбүт” диэн ыҥырыынан тэрилтэлэр, түөлбэлэр сыһыарыылаах сирдэрин, уулуссаларын, дьиэлэрин таһын хомуйан, күргүөмнээх ырааһырдыы үлэтигэр таҕыстылар.

Нэһилиэккэ 15 түөлбэ олохтоохторо переулоктары, эбэ кытыытын, ТКО бөҕүн, ону кытары тэрилтэлэр ким да бас билбэт сиригэр сытар кири-хоҕу “Кузов” эпэрээссийэнэн барыта киһи тахсан хомуйда.

📌 Мүрү нэһилиэгин дьаһалтатын сүрүннүүр исписэлииһэ Сергей Шепелев: “Хас биирдии түөлбэ салайааччыта бу сылын аайы ыытыллар ырааһырдыы ыйдарыгар кыттыыны тэрээһиннээхтик ыытан, дьон-сэргэ баҕа өттүнэн олорор түөлбэлэрин, Мүрү алааһы ырааһырдыыга санаатын ууран үлэлэһэр буолан, күргүөмнээх, көхтөөх субуотунньуктар тэриллэллэр”, – диэн бэлиэтиир.

Түөлбэлэр хомуллубут бөҕү-сыыһы бэйэлэрин тиэхиньикэлэринэн хомуйан тиэйтэрдилэр, ону тэҥэ ким да бас билбэт сирдэригэр хомуллубут бөҕү тиэйиигэ урбаанньыт Ньургун Копырин үлэлэстэ.

Аны ыам ыйын 20 күнүттэн улахан субуотунньук ыытыллан, стадион, эбэ кытыытынааҕы сирдэр, хаалбыт уулуссалар хомуллуохтара. Үлэлээн-хамсаан, айа-тута олорор төрүт түөлбэбит ыраас, чэбдик буоларын туһугар көхтөөх үлэҕэ түмсэ туруоҕуҥ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#ырааһырдыыүсыйа
#мүрүнэһилиэгэ
https://www.instagram.com/p/COzTcMQsqE4/?igshid=1qf8zg36cqu9g