УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.51K subscribers
33.6K photos
3.08K videos
10 files
5.74K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
#алаһа

❤️ Алта уон сыл бииргэ олоруу – киһи аайы тиксибэт ДЬОЛ

Уус Алдан Курбуһах нэһилиэгин Окоемовка бөһүөлэгэр Дегтяревтар диэн улахан дьиэ кэргэн олорор. Бу мин төрөппүттэрим Курбуһах уонна II Лөгөй нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтоохторо Розалия Григорьевна уонна Василий Михайлович буолаллар. Кинилэр холбоһон бииргэ олорбуттара быйыл тохсунньу 16 күнүгэр 60 сыллара буолла.

✍️ Анна Васильева, кыыстара

Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/86986
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#алаһа

💢 Дегтяревтары бриллиант сыбаайбаларынан эҕэрдэлээтилэр

Бу күннэргэ Курбуһах нэһилиэгин Окоемовка учаастагын элбэх оҕо ийэтэ, аҕата, үгүс сиэн эбэтэ, эһэтэ Розалия, Василий Дегтяревтар ыал буолан эйэ-дэмнээхтик олорбуттара 60 сыла буолла.

Кинилэр кырдьар саастарыгар куоракка оҕолоругар киирэн олорбуттара хаһыс да сыла буолла. Нэһилиэк баһылыга Владимир Петров үбүлүөйдээх дьоммутугар нэһилиэк, бырабыыталыстыба, Ил Дархан эҕэрдэ суруктарын туттарда.

✍️ Анна Винокурова, уопсас. кэрэсп.

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM