#аналсыл
💢 Үтүө сүбэһити кытта көрүстүбүт
Наставник, РСФСР уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Людмила Андросованы кытта Мындааба уопсастыбаннаһа истиҥ көрсүһүүгэ түмүстэ.
Людмила Афанасьевна, наставник буоларын быһыытынан, үөрэхтээһиҥҥэ, оҕону иитиигэ уонна общественнай хамсааһыҥҥа үгүс сүбэни биэрдэ.
Ону тэҥэ "Мындааба инникитэ" бырайыак-былаанын билиһиннэрдэ. Бу бырайыак сүрүн сыалынан-соругунан Мындаабаттан төрүттээх, үлэһит буолбут ыччаппыт дойдуларын кытта ситимнэрин быспакка, куруук күүс-көмө, түмсүүлээх буолалларыгар туһуламмыт.
Кэпсэтии чэрчитинэн Мындаабаҕа уонна Дьокуускайга "Мындааба күннэрин" тэрийэргэ диэн этиини олохтоох дьаһалта, уопсастыбаннас өттүттэн өйөбүлү ылла.
Бу түмсүү быйыл Арассыыйаҕа Педагог уонна Наставник, өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, Мүрү нэһилиэгэр Аҕа сылларыгар үтүө тэрээһин буолан, дьон сэҥээриитин ылыа диэн эрэнэбит.
✍️ Владилена Колесова, "Мындааба" сынньалаҥ киин дириэктэрэ
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
💢 Үтүө сүбэһити кытта көрүстүбүт
Наставник, РСФСР уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Людмила Андросованы кытта Мындааба уопсастыбаннаһа истиҥ көрсүһүүгэ түмүстэ.
Людмила Афанасьевна, наставник буоларын быһыытынан, үөрэхтээһиҥҥэ, оҕону иитиигэ уонна общественнай хамсааһыҥҥа үгүс сүбэни биэрдэ.
Ону тэҥэ "Мындааба инникитэ" бырайыак-былаанын билиһиннэрдэ. Бу бырайыак сүрүн сыалынан-соругунан Мындаабаттан төрүттээх, үлэһит буолбут ыччаппыт дойдуларын кытта ситимнэрин быспакка, куруук күүс-көмө, түмсүүлээх буолалларыгар туһуламмыт.
Кэпсэтии чэрчитинэн Мындаабаҕа уонна Дьокуускайга "Мындааба күннэрин" тэрийэргэ диэн этиини олохтоох дьаһалта, уопсастыбаннас өттүттэн өйөбүлү ылла.
Бу түмсүү быйыл Арассыыйаҕа Педагог уонна Наставник, өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, Мүрү нэһилиэгэр Аҕа сылларыгар үтүө тэрээһин буолан, дьон сэҥээриитин ылыа диэн эрэнэбит.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM