#үөрэхэйгэтэ
💢 Илин эҥээр улуустарга бастыҥ эдэр учууталынан Чурапчы Бахсытыттан Туяра Попова ааттанна
Бүгүн илин эҥээр улуустар эдэр учууталларын күрэхтэһиитин түмүктүүр күнүгэр "Маастар кылаас" уонна "Педагогическай сэбиэт" диэн түһүмэхтэр буоллулар. Маастар кылааска учууталлар бэйэлэрин үлэлэрин саамай сүрүн сүмэтин-сүөгэйин билиһиннэрдилэр.
"Педсэбиэт" түһүмэххэ күрэхтэһээччилэр үөрэх хаачыстыбатын хайдах үрдэтэр туһунан кэпсэттилэр, санааларын үллэһиннилэр. Бары билиҥҥи кэмҥэ саамай тоҕоостоох тиэмэлэри таарыйдылар, чахчы оҕо инники кэскилин туһугар ис дууһаларыттан "ыалдьалларын" көрдөрдүлэр. Бүтэһиккэ "төгүрүк остуол" ыытыллан, эдэр учууталлар дьүүллүүр сүбэни кытары күрэхтэһиини ырыттылар, сүбэ-ама ыллылар, саҥа санаалар сонун идеялар этилиннилэр.
Икки күннээх эрийсиилээх тургутуһуу түмүгүнэн хас биирдии циклгэ кыайыылаахтар быһаарылыннылар:
- "Үөрэнээччилэр биһирэбиллэрэ" анал аат кыайыылааҕынан Алексей Попов (Чурапчы улууһун Г.Д. Протодьяконов аат. Алаҕар орто оскуолатын биологияҕа уонна химияҕа учуутала) буолла;
- "Естественнэй-политехническай цикл бастыҥ учуутала" – Анжелика Попова (Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г. Тимофеев аат. Майатааҕы лицей математикаҕа учуутала);
- "Общественнай цикл бастыҥ учуутала" – Туяра Попова (Чурапчы улууһун Д.Г. Барашков аат. Бахсы орто оскуолатын историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала);
- "Гуманитарнай цикл бастыҥ учуутала" – Людмила Лыткина (Уус Алдан улууһун Г.В.Егоров аат. Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала);
- "Алын сүһүөх кылаас бастыҥ учуутала" – Саргылана Пешкова (Амма улууһун Амма орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала).
Оттон илин эҥээр бастыҥ эдэр учууталларын түмпүт күрэхтэһиигэ муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын Чурапчы улууһун Д.Г. Барашков аатынан Бахсы орто оскуолатын историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Туяра Попова сүктэ.
✍️ Айгыына Бурнашева, Лөгөй орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ
☑️ https://vk.com/wall-219778198_6
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Күннээҕи гороскоп✨
💫 Муус устар 6 күнэ💫
Хой ♈️
Наадалааҕы, наадата суоҕу барытын сүрэххэр олус чугастык ылынаҕын, ол онтон бэйэҥ эрэ сордоноҕун
Оҕус♉️
Иккис төгүл хатылаан оҥорор ардыгар туһалаах буолар
Игирэлэр♊️
Дьон олоҕор орооһума, айдаан тахсар түгэнигэр, тиһэххэ эн буруйдаах буолуоҥ
Рак♋️
Хайдах да түгэҥҥэ ууттан кураанах тахсар киһини дьон сөбүлээбэт
Хахай♌️
Эт-хаан чэбдигирдэр, доруобуйа туһунан саныыр бириэмэ кэлбит
Кыыс♍️
Кимиэхэ да хом санааны тутума, хас биирдии киһи бэйэтин олоҕор табыгастаах өттүн тала сатыыр
Ыйааһын♎️
Дьон кириитикэтин истэн кыйаханан ылыаҥ, ол эрээри ити түгэн эйигин саҥа дабайыыларга кынаттыа
Скорпион♏️
Хас биирдии киһи бэйэтигэр барыстаах өттүн толкуйдуур, уопсай дьыалаҕа биир тылы буларга утары хардыы оҥордоххо эрэ табыллар
Охчут♐️
Дьон бэйэтин сыыһатын билиммэт буоллаҕына, эйигиттэн үчүгэй сыһыаны ирдиирэ табыллыбат
Чубуку♑️
Эн уустук кэмҥэр күүс-көмө буолар киһигин ууга-уокка быраҕыма, утары көмөлөс
Күрүлгэн♒️
Төһө да омуннаах буолларгын, дьоҥҥо хом санаа өр туппаккын, чуолаан таптыыр киһигэр
Балыктар♓️
Бэйэҥ кыһалҕаҕын бэйэҥ быһаарарга үөрэн.
Хой ♈️
Наадалааҕы, наадата суоҕу барытын сүрэххэр олус чугастык ылынаҕын, ол онтон бэйэҥ эрэ сордоноҕун
Оҕус
Иккис төгүл хатылаан оҥорор ардыгар туһалаах буолар
Игирэлэр
Дьон олоҕор орооһума, айдаан тахсар түгэнигэр, тиһэххэ эн буруйдаах буолуоҥ
Рак
Хайдах да түгэҥҥэ ууттан кураанах тахсар киһини дьон сөбүлээбэт
Хахай
Эт-хаан чэбдигирдэр, доруобуйа туһунан саныыр бириэмэ кэлбит
Кыыс
Кимиэхэ да хом санааны тутума, хас биирдии киһи бэйэтин олоҕор табыгастаах өттүн тала сатыыр
Ыйааһын
Дьон кириитикэтин истэн кыйаханан ылыаҥ, ол эрээри ити түгэн эйигин саҥа дабайыыларга кынаттыа
Скорпион
Хас биирдии киһи бэйэтигэр барыстаах өттүн толкуйдуур, уопсай дьыалаҕа биир тылы буларга утары хардыы оҥордоххо эрэ табыллар
Охчут
Дьон бэйэтин сыыһатын билиммэт буоллаҕына, эйигиттэн үчүгэй сыһыаны ирдиирэ табыллыбат
Чубуку
Эн уустук кэмҥэр күүс-көмө буолар киһигин ууга-уокка быраҕыма, утары көмөлөс
Күрүлгэн
Төһө да омуннаах буолларгын, дьоҥҥо хом санаа өр туппаккын, чуолаан таптыыр киһигэр
Балыктар
Бэйэҥ кыһалҕаҕын бэйэҥ быһаарарга үөрэн.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#сурутуу2023
📰 Муус устар 10–20 күннэригэр "Мүрү саһарҕата" хаһыакка 2023 сыл иккис аҥаарыгар почта нөҥүө ЧЭПЧЭТИИЛЭЭХ сыананан сурут👍 👍 👍
⏺ Алта ыйга баара-суоҕа 528 солкуобайы төлөө – улууһуҥ хаһыатын көтүппэккэ аах✊ ✊ ✊
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
10 апреля во дворце культуры «Тойон Мүрү» им. В.В. Никифорова-Күлүмнүүр с. Борогонцы с 17:00 ч. Театр юного зрителя под руководством заслуженного работника культуры РФ и народного артиста РС(Я) Алексея Павлова покажет спектакль «Хроника безумия…» по мотивам романа Федора Достоевского «Преступление и наказание».
Роман Федора Достоевского «Преступление и наказание» был написан в 1866 году и стал главным «романом идей» в русской литературе. Основные темы произведения: преступление и наказание, жертвенность и любовь, свобода и гордость человека – обрамлены почти детективным сюжетом.
Спектакль провоцирует зрителя на размышления о нравственной природе человека, его взаимодействиях с окружающими, границах дозволенного, праведности и милосердии, бедности духа и других проблемах.
О нас:
https://ok.ru/group/70000000708682
https://vk.com/tuzyakutsk
https://t.iss.one/tuzyakutsk
https://obrashaysya.ru/marketplace
https://sakhatuz.ru/
Работает Пушкинская карта
43-35-90, 43-43-28
Эл.почта – [email protected]
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Муус устар 10 күнүгэр күнүс 11 чаастан В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан «Тойон Мүрү» култуура дыбарыаһыгар Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай артыыһа Алексей Павлов салайааччылаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра хотугу норуоттар «Кэҕэ» остуоруйаларынан испэктээкили көрдөрүөҕэ.
Аһыныгаһа суох, киһи көрдөһүүтүн толорбот, аанньа ахтыбат, бэйэмсэх оҕолору ийэлэрэ быраҕан, кэҕэ буолан кубулуйан, көтөн барар. Биһиги бары бу айымньыны кыра эрдэхпититтэн истэн, төрөппүттэрбитин ытыктыы, таптыы улааппыппыт. Онон, бу айымньы күн бүгүҥҥэ диэри сүҥкэн суолтатын сүтэрбэт, өссө даҕаны дьону үтүө санаалаах, аһыныгас уонна амарах буоларга үөрэтэ, ыҥыра турар. Остуоруйа сыанаҕа туруоруллан, өссө ураты, чаҕылхай көстүүлэннэ.
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын ситимнэрин сигэлэриттэн киирэн билсиҥ:
https://ok.ru/group/70000000708682
https://vk.com/tuzyakutsk
https://t.iss.one/tuzyakutsk
https://obrashaysya.ru/marketplace
https://sakhatuz.ru/
Пушкинскай каарта үлэлиир
43-35-90, 43-43-28
Эл.почта – [email protected]
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тыахаһаайыстыбата
⏺ Сүөһү, сылгы төрүөҕэ үксүөҕэ, үрүҥ илгэ үрүлүйэ сүүрүөҕэ
Тыа сирин дьоно-сэргэтэ аспыт-таҥаспыт тахсар, киһи-хара буолар баайбыт-дуолбут хороҕор муостаахпыт, сыспай сиэллээхпит буолара чахчы. Сорох дьон, баҕарбаталлар да, кыһалҕаттан хаһаайыстыбаларын эһэллэригэр тиийэллэр. Оттон атыттар кыахтара баарынан тутан хаалаллара, өссө утум-ситим быһыытынан сайыннараллара хайҕаллаах. Онуоха араас судаарыстыбаннай көмөлөр олук буолаллар.
Билигин оруобуна сүөһү-сылгы төрүөҕүн үгэнэ. Хас биирдии кэтэх, коллективнай хаһаайыстыба хаҥыыр кэмэ.
Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын дааннайынан, билиҥҥи туругунан, улуус үрдүнэн уопсайа 14 146 сүөһү, бу иһигэр 5 869 төбө ынах баара биллэр. Оттон төрүөх ахсаана 876 тэҥнэспит. Бу, ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, намыһах көрдөрүү. Ол эбэтэр 2022 сылга баччаларга төрүөх 1 163 төбөҕө тэҥнэһэр эбит. Сылгы уопсай ахсаана 12 501 төбөҕө тэҥнэһэр, биэтэ – 9325. Мантан сылгы төрүөҕүн ахсаана чуолкайа биллибэт.
Байаҕантай нэһилиэгэр “Танда” ТХПК, аҕыс ИП, 40-ча кэтэх хаһаайыстыба ынах сүөһүнү иитэн, көрөн-харайан олороллор. Билиҥҥи туругунан, манна кэтэх хаһаайыстыбаҕа – 40, кэпэрэтиипкэ – 50, чааһынай предпринимателлэргэ 50 төбө ньирэй төрөөтө.
Киэн туттар биир дойдулаахпыт Арассыыйа Үлэҕэ Дьоруойа Михаил Готовцев бааһынай хаһаайыстыбата кыстыкка 128 сүөһүлээх киирбитэ. Үлэһиттэр сылы эргиччи сүөһүнү төрөтөр буоланнар, эбии 11 ынах ыана сылдьар. Билигин 38 ынах төрөөн, үрүҥ илгэ үрүлүйэ сүүрэр.
Уопсай ылан көрдөххө, нэһилиэк үрдүнэн төрүөх эрдэлээбитэ, итиэннэ былырыыҥҥы дьылы кытта тэҥнээтэххэ, элбэҕэ бэлиэтэнэр.
✍️ Ольга Шепелева
☑️ https://мюрюгазета.рф/article/94336

#фотофакт
Айылҕа барахсан талбытынан дьаһайан, дьиктилэрин көрдөртөөн, ардаан, этиҥнээн, көтөрүн-сүүрэрин эрдэлэтэн, дьүкээбилинэн суһумнаан, мантан саас өссө тугунан соһутара биллибэт🤷♀️
Оннооҕор тэлгэһэ күрдьүгэ соторутааҕыта тэлэбиисэргэ көстүбүт Томпо хайаларын санатар буолла.
Кыстыгы туоруурбут өссө да ыраах. Хаар халыҥ, от чычырбас, бэйэ бодону тардыннарар күннэр-дьыллар буолуох курдуктар...
✍️ Анна Винокурова, уопсас. кэрэсп. Курбуһах
✅ t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Айылҕа барахсан талбытынан дьаһайан, дьиктилэрин көрдөртөөн, ардаан, этиҥнээн, көтөрүн-сүүрэрин эрдэлэтэн, дьүкээбилинэн суһумнаан, мантан саас өссө тугунан соһутара биллибэт
Оннооҕор тэлгэһэ күрдьүгэ соторутааҕыта тэлэбиисэргэ көстүбүт Томпо хайаларын санатар буолла.
Кыстыгы туоруурбут өссө да ыраах. Хаар халыҥ, от чычырбас, бэйэ бодону тардыннарар күннэр-дьыллар буолуох курдуктар...
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үөрэхэйгэтэ
Аммаҕа "Илин эҥээр – хаачыстыба сирэ" диэн илин эҥээрдээҕи форумҥа педагогтар үөрэхтээһин туһунан федеральнай сокуону олоххо киллэрэргэ үөрэнээччилэри судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестацияҕа бэлэмнээһин былаанын дьүүллэстилэр. Барыта 120 педагог кэлэн үөрэх хаачыстыбатын тупсарыыга анаан үлэлээтилэр. Форум былаһааккаларыгар Ил Дархан туруорбут соруктарын быһаарыыга дэлэгээттэр тус бэйэлэригэр сонун арыйыылары оҥоһуннулар, туһалааҕы ылыннылар, кэскиллээх бырайыактары, сэргэх саҥа үлэлэри көрдүлэр-иһиттилэр.
Уус Алдан дэлэгээттэрэ форумҥа үөрэнээччилэри судаарыстыбаннай түмүктүүр аттестацияҕа бэлэмнииргэ туһуламмыт бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Сүбэ мунньах кыттыылаахтара бу боппуруоска улахан болҕомтону уурулларын бэлиэтээтилэр. Маныаха сөптөөх усулуобуйа тэриллэрэ, эксээмэн туттарыытыгар үөрэтэр учууталлар улахан оруоллаахтарын эттилэр.
Улуус баһылыга бастыҥ педагогтары сыл аайы наҕараадалыыра, нэһилиэккэ эдэр исписэлиистэргэ олорор дьиэлэрин төлөһөллөрө, чэпчэтиилээх төлөбүрүнэн туһаналларыгар кыаҕы биэрэллэрэ үөрэх хаачыстыбатыгар эмиэ биллэр.
"Улаатыы үктэллэрэ" күрэс буолар, Эдэр педагог" оскуолата үлэлиир, педагогтар десаннарын көмөтүнэн бастыҥ учууталлар ыраах сытар нэһилиэктэргэ тиийэллэр, уруоктары, семинардары ыыталлар, улууска ыытыллар "Бастыҥ кылаас", "Бастыҥ оҕо тэрилтэтэ" күрэстэр чэрчилэринэн оскуола оҕолоругар анаммыт идэҕэ туһаайар куурустарга айаннарын төлүүллэр. Үөрэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэстэргэ кытталлар, оттон учууталлар идэ таһымын үрдэтэр куурустары ааһаллар.
Куораттан тыа оскуолатыгар биир эдэр учуонай үлэлии тахсарга быһаарыммыта киһини үөрдэр, тоҕо диэтэххэ, оскуолаҕа талааннаах, үтүө суобастаах учууталлар көмөлөрүнэн биһиги инникибит түстэнэр.
✍️ Нина Перфильева
☑️ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/94347

This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
🙀хайдах иннэ таҕыстыҥ?
📹 Ольга Шепелева
📹 Ольга Шепелева
Forwarded from uusaldan.ru
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Дугуйдан ВИНОКУРОВ передает благодарность 👋🏻 усть-алданцам в видео-приветствии🏇🏻.
💪🏻Дугуйдан ВИНОКУРОВ завершил конный поход из Оймякона в Сеймчан Магаданской области🗺️🏇🏻. Дорога на лошадях длиной 800 км. заняла у всадника месяц и девять дней.
✅Усть-Алданский улус оказал материальную помощь в поддержку данного проекта🤝.
😍Оймяконский коневод выразил благодарность всем, кто поддерживал его во время путешествия. Сегодня наша редакция получила отдельное видео-приветствие 📹 от Дугуйдана. Путешественник поблагодарил усть-алданцев за поддержку, отдельные слова благодарности всадник выразил администрации улуса под руководством главы Алексея ФЕДОТОВА. Дугуйдан подчеркнул, что в конном путешествии в его команду вошли двое его друзей из нашего улуса.
Пресс-служба администрации Усть-Алданского улуса.

#кэрээйгэтэ
💢 Түүлээх бибилэтиэкэтигэр үтүө түгэн буолла
Түүлээх нэһилиэгиттэн төрүттээх экономическай наука доктора, Арассыыйа естественнэй наукаҕа академиятын академига, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа Саха сиринээҕи научнай-экономическай уонна социальнай чинчийэр киинин сэбиэдиссэйэ Александр Пахомов нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр ийэтин, бастакы үөрэхтээх бибилэтиэкэр Мария Николаевна Стрекаловская аатынан мемориальнай дуоска арыллар тэрээһинигэр ыалдьыттаата.
История быыһын сэгэтэн көрдөххө, ааҕар балаҕаттар колхозтааһын саҕана тэриллибит буолуохтарын сөбүн дьон туоһулууллар. Ол курдук 1938 сыллаахха Кылаайы ааҕар балаҕанын бастакы сэбиэдиссэйинэн Алексей Бережнев үлэлээбитэ биллэр. Кини Чурапчы военкоматынан сэриигэ ыҥырыллан барыар диэри 1938-1942 сс. үлэлээбитэ. 1944 с. бааһыран кэлэн, 1945 сыл сааһыгар диэри үлэлиир.
✍️ Туйаара Ушницкая, Түүлээх нэһилиэгин бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ
Салгыыта комментарийга
⏬⏬⏬