#Өксөкүлээхсардаҥата
💬 Уус Алданнааҕы оҕолорго аналлаах социальнай-реабилитационнай киин (дир.Иннокентий Сергеев) иитиллээччилэригэр "Өксөкүлээҕи ааҕабыт" анал декаданы педагогическай блок көҕүлээһининэн тэрийэн ыытта.
Ол курдук иитээччилэр Зоя Сивцева, Виктория Кондратьева тэрийиилэринэн "Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй – саха литературатын төрүттээччи" бэсиэдэ, "Саха дьахталларын сэттэ мэтириэтэ" литературнай чаас, суруйааччы хоһооннорун ааҕыы, оҕо библиотекатыгар сылдьыы, суруйааччы айымньыларынан быыстапканы көрүү буоллулар.
Түмүктүүр тэрээһиҥҥэ бүгүн, саха литературатын төрүттээччи, сырдатааччы, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай төрөөбүт күнүгэр, "Өксөкүлээх сардаҥата" – "тыыннаах" чүмэчини уматыы республикатааҕы аахсыйаҕа кыттыһан үлэһиттэр чүмэчи уматтылар, иитиллээччилэр хоһоон аахтылар.
✍️ Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.
✅ https://t.iss.one/murusahargata/12741?single @ulusmedia
Ол курдук иитээччилэр Зоя Сивцева, Виктория Кондратьева тэрийиилэринэн "Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй – саха литературатын төрүттээччи" бэсиэдэ, "Саха дьахталларын сэттэ мэтириэтэ" литературнай чаас, суруйааччы хоһооннорун ааҕыы, оҕо библиотекатыгар сылдьыы, суруйааччы айымньыларынан быыстапканы көрүү буоллулар.
Түмүктүүр тэрээһиҥҥэ бүгүн, саха литературатын төрүттээччи, сырдатааччы, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай төрөөбүт күнүгэр, "Өксөкүлээх сардаҥата" – "тыыннаах" чүмэчини уматыы республикатааҕы аахсыйаҕа кыттыһан үлэһиттэр чүмэчи уматтылар, иитиллээччилэр хоһоон аахтылар.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
"Улууспут былыргыта" тургутук кыайыылааҕар бирииһэ айаннаата
Өнөр нэһилиэгин олохтооҕо Анатолий Черноградскай суруналыыс Афанасий Копырин бириистээх тургутугар иккиһин кыайыылаах буолла. Бүгүн Анатолий кэргэнэ Людмила Черноградская тургутук ааптарыттан кинигэ бирииһи тутта👏 👏 👏
✅ @murusahargata @ulusmedia
Өнөр нэһилиэгин олохтооҕо Анатолий Черноградскай суруналыыс Афанасий Копырин бириистээх тургутугар иккиһин кыайыылаах буолла. Бүгүн Анатолий кэргэнэ Людмила Черноградская тургутук ааптарыттан кинигэ бирииһи тутта
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Улус.Медиа | Новости Якутии
В апреле 2022 года Александр Колесов отправился с гуманитарным грузом в военный госпиталь в Ростове. Как он принял решение стать командиром добровольческого отряда, что чувствовал на поле боя и о чем просил бога, Александр рассказал в откровенном интервью на телеканале «Россия 24».
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
Мужчины за три дня расчистили тротуар и территорию вокруг школы от уймы снега, по которым невозможно было пройти😧
«Такого обильного снегопада и больших сугробов как сейчас давно не было», – говорят они и радуются хоть и небольшой, но все же победе сплоченной, дружной командной работы. Молодцы!👏👍
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Күннээҕи гороскоп😀
😀 Кулун тутар 17 күнэ 😀
Хой😀
Хайдах курдук истиҥник таптыыргын өйдүөҥ
Оҕус😀
Хас биирдии киһи сөптөөх сыһыаны эйигиттэн ылар
Игирэлэр😀
Хайдаҕын да иһин кыһалҕата суох сылдьар кэмнэри олус ордороҕун
Рак😀
Настырыанньаҥ олох суоҕун кэриэтэ, туох да үөрдүбэт курдук
Хахай😀
Эн баҕарарыҥ диэн – таптал иэйиитин билии уонна бэйэҕин тапталлаахпын диэн сананыы
Кыыс😀
Соҕотох сылдьар кэриэтэ, киһилээх буолар ордук
Ыйааһын😀
Эн болҕомтоҕун ситиһэ сатыыр киһи баар
Скорпион♏️
Эн көрдөөх-нардаах туруккун тэҥҥэ үллэстэр киһини кытары холкутук бириэмэ атаараргын ордороҕун
Охчут♐️
Кини эйигин кытары көрсөр түгэни көрдүүр, күүтэр
Чубуку♑️
Олоҕуҥ кэрэ-бэлиэ хатыламмат түгэннэрин хаһан да умнума
Күрүлгэн♒️
Дьол туох да кистэлэҥэ суох, кини эбэтэр баар, эбэтэр суох
Балыктар♓️
Уһун айан түмүгэр тэҥҥэ тиийэр дьону кытары бииргэ тутус
Хой
Хайдах курдук истиҥник таптыыргын өйдүөҥ
Оҕус
Хас биирдии киһи сөптөөх сыһыаны эйигиттэн ылар
Игирэлэр
Хайдаҕын да иһин кыһалҕата суох сылдьар кэмнэри олус ордороҕун
Рак
Настырыанньаҥ олох суоҕун кэриэтэ, туох да үөрдүбэт курдук
Хахай
Эн баҕарарыҥ диэн – таптал иэйиитин билии уонна бэйэҕин тапталлаахпын диэн сананыы
Кыыс
Соҕотох сылдьар кэриэтэ, киһилээх буолар ордук
Ыйааһын
Эн болҕомтоҕун ситиһэ сатыыр киһи баар
Скорпион
Эн көрдөөх-нардаах туруккун тэҥҥэ үллэстэр киһини кытары холкутук бириэмэ атаараргын ордороҕун
Охчут
Кини эйигин кытары көрсөр түгэни көрдүүр, күүтэр
Чубуку
Олоҕуҥ кэрэ-бэлиэ хатыламмат түгэннэрин хаһан да умнума
Күрүлгэн
Дьол туох да кистэлэҥэ суох, кини эбэтэр баар, эбэтэр суох
Балыктар
Уһун айан түмүгэр тэҥҥэ тиийэр дьону кытары бииргэ тутус
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй
💢 Үйэлээҕи түстүүр аналлаах Үһүс саас оскуолата 10 сылын туолла
Үһүс саас оскуолата тэриллибитэ 10 сылын усталаах-туоратыгар төһөлөөх элбэх талба талааннаах, үтүмэн баҕа санаалаах, инникилээх өйдөөх-санаалаах аҕам саастаах дьоммут бэйэ сөбүлүүр дьарыгын нөҥүө үйэлээҕи, инникилээҕи оҥорон, кэлэр көлүөнэ дьоҥҥо холобур буолардыы үүнэн-сайдан, үлэлээн-хамсаан кэлбиттэрэ буолуой?!
Үбүлүөйдээх тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар бу талааннаах дьоммут нэһилиэктэринэн сэлэлии хааман киирэн бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Хас биирдии нэһилиэккэ эҕэрдэ суруктар, биирдиилээн махтал суруктар, бочуотунай грамоталар улуус баһылыга Алексей Федотовтан, Мүрү нэһилиэгин баһылыгыттан Василий Аммосовтан, Бороҕон нэһилиэгин баһылыга Василий Алексеевтан туттарылыннылар. Үһүс көлүөнэ салайааччылара Дьокуускай куораттан уонна ыаллыы сытар Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Людмила Заровняева-Стручкова кэлэннэр эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Бу күн "Мүрү саһарҕата" эрэдээксийэ оҥорон бэлэмнээбит "10 сыл алыптаах аартыгы дабайан" альбом-кинигэ бэчээттэнэн тахсыбытын билиһиннэрэр үөрүүлээх түгэн тосхойдо.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков: "Саха култууратын матырыйаалынай баайын-дуолун кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдэр үрдүк соруктаах дьон буолаҕыт. Биирдэ күлүм гынан көстөн ааһар үлэ буолбатах. Хас эмит үйэ устата саха омугун төрүт үгэстэрин хаалларар оҥоһуктар буолаллар. Ол гынан баран, бииртэн сэрэниэххэ. Атын омук оһуорун-мандарын кыбыппат туһугар кыраҕа буолуҥ. Оннооҕор учуонай-этнолог Улла Йохансен 1950 сыллардаахха, 19-20 үйэлэр алтыһыылырыгар, "Орнаментальное искусство якутов" диэн кинигэтигэр, Германияҕа быыстапкаҕа тиийэн турбут үлэлэри көрөн, үөрэтэн баран, 130-ча сыл аннараа өттүгэр саха орнаментальнай искусствотыгар таһыттан киирии үксээн эрэрин этэн турардаах. Онон күндү далбар хотуттар кыраҕы буолуҥ!" – диэн оруннаах этиитин
истээччилэр күүстээх ытыс тыаһынан доҕуһуоллаабыттара ылыммыттарын, сөптөөҕүнэн сыаналаабыттарын туоһута буолла.
✍️ Ольга Шепелева
✅ Сиһилии: https://мюрюгазета.рф/article/92529
@ulusmedia

#БороҕоннооҕуРЭСиһитиннэрэр
⚡️ Тандаҕа 35 кВ подстанцияҕа оборудованиеттан хаары ыраастыыр үлэ оҥоһулларынан кулун тутар 22 күнүгэр сарсыарда 10.00 чаастан күнүс 13.00 чааска диэри Тандаҕа уонна Тиит Арыыга, күнүс 14.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска диэри Бээрийэҕэ уонна Кылаайыга уоту араарыахтара.
Майаҕас 10 кВ күүрүүлээх Л-Майаҕас уот ситимигэр саҥа эбийиэги холбуур былааны таһынан үлэ оҥоһулларынан кулун тутар 28 күнүгэр сарсыарда 10.00-тан күнүс 13.00 чааска диэри Бороҕон сэлиэнньэтин илин өттүгэр, Майаҕаска, Чараҥҥа, Носовкаҕа уоту араарыахтара.
✅ @murusahargata @ulusmedia
https://t.iss.one/murusahargata/12750
Майаҕас 10 кВ күүрүүлээх Л-Майаҕас уот ситимигэр саҥа эбийиэги холбуур былааны таһынан үлэ оҥоһулларынан
https://t.iss.one/murusahargata/12750
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#СВО
🪖 Александр Колесов – о том, как вывел из-под огня 50 бойцов, о чём просил бога и о боевом братстве
Командир добровольческого отряда «Боотур» в откровенном интервью рассказал о событиях на СВО. В 90-х он прошёл конфликт в Приднестровье и первую чеченскую кампанию, уже тогда получив медаль «За отвагу». До апреля 2022 года Александр Колесов работал в Доме дружбы народов имени Кулаковского, пока в один из дней не отправился с гуманитарным грузом в военный госпиталь в Ростове. Как он принял решение стать командиром добровольческого отряда, что чувствовал на поле боя и о чем просил бога, Александр рассказал в откровенном интервью на телеканале «Россия 24».
Подробнее: https://мюрюгазета.рф/article/92597
✅ @murusahargata @ulusmedia
Командир добровольческого отряда «Боотур» в откровенном интервью рассказал о событиях на СВО. В 90-х он прошёл конфликт в Приднестровье и первую чеченскую кампанию, уже тогда получив медаль «За отвагу». До апреля 2022 года Александр Колесов работал в Доме дружбы народов имени Кулаковского, пока в один из дней не отправился с гуманитарным грузом в военный госпиталь в Ростове. Как он принял решение стать командиром добровольческого отряда, что чувствовал на поле боя и о чем просил бога, Александр рассказал в откровенном интервью на телеканале «Россия 24».
Подробнее: https://мюрюгазета.рф/article/92597
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#саҥакинигэлэр
Ар-бур буолбатах, көрдөөх көкөттөр!
Тууруллубатах тиис...
Дьэ биһиги эргин мучумаан буолла. Быйыл Саҥа дьылга кулуупка бырааһынньыкпыт буолбата. Хата Биэлсэр Маарыйабыт алҕас Дьокуускайга киирэ сылдьан, “Бичик” маҕаһыыныттан аҕыйах кинигэни, бэлэҕи ытыран кэлэн, ол сураҕын хойут, саҥа сыл саҕаламмытын кэнниттэн истэммит, ымсыыраммыт һуй-һай, ый-хай бөҕөбүт.
Ыстапааннаахха, ыалларыгар барыта уруһуй ыскаатары бэлэхтээбит, Ким Игнатьевичка харыйа уруучуканы биэрбит (ол онтуҥ учуутал киһи ээ), Миитэрэйэбинэ дьыссаакка сылдьар оҕолорун Моруос оҕонньор ойуулаах наскынан хааччыйбыт... Оттон кинигэтэ диэҥ?
Салгыытын саайтка ааҕыҥ
⏬️⏬️⏬️
https://мюрюгазета.рф/article/92598

#бэлиэтүгэн
💢 «Чуораанчыкка» оҕо саҥата чугдаарда
Курбуһах нэһилиэгин "Чуораанчык" оҕо уһуйаанын аана ыалдьыттары көрсө тэлэччи арылынна.
СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир "Тыа сирин кэлимник сайыннарыы" федеральнай бырагыраама чэрчитинэн тутуллубут "Силим" ХЭТ тутуу тэрилтэтэ (директор Александр Неустроев) 50 миэстэлээх оҕо саадын таас дьиэтин икки сыл иһигэр тутан киллэрдэ.
Тутуу 500 кв.м кэриҥэ иэннээх, 25-тии миэстэлээх икки бөлөҕүнэн дьарыктанар толору хааччыллыылаах саалалаах, онно биирдии бэйэлэригэр ас астанар хостоох, буфеттаах, спортивнай-музыкальнай саалалаах.
Тас өттүгэр массыынанан эбийиэги эргийэн тахсар суоллаах-иистээх, оонньуур үс, спортивнай икки былаһааккалаах.
Салгыыта комментарийга
⏬️⏬️⏬️
✍️ Ольга Шепелева
@murusahargata