УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.48K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Лөгөй нэһилиэгиттэн 16 саастаах Диана Петухова быйыл Туймаада ыһыаҕын онлайн көрүҥүнэн ыытыллыбыт оһуохайга күрэһигэр улахан дьону кытта кыттан, 39 оһуохайдьыттан “Кэрэ кылыһах” анал ааты ылбытын салайааччыта Зинаида Лугинова киэн туттан үллэһиннэ. 

Диана кыра сааһыттан төрүт фольклор араас көрүҥүнэн дьаныардаахтык дьарыктанан, үгүс ситиһиилээх. Онуоха айылҕа анаан биэрбит мааны куолаһын табатык сайыннаран, учуутала Зинаида Петровна үгүс куонкуруска кытыннаран кэллэ.

Онон кыысчаан олох кыратыттан элбэх кыттааччылаах куонкурустарга, улахан түһүлгэлээх ыһыахтарга  ситиһиилэрин киһи ааҕан сиппэт. Аҥаардас өрөспүүбүлүкэ таһымнаах уонча Олоҥхо ыһыаҕар кыттан, олоҥхону толорууга, тойукка, оһуохайга үс төгүл Чыпчаал ааты ылбыта, ол иһигэр быыкаайык сылдьан Дьааҥыга буолбут Олоҥхо ыһыаҕар кыайбыта, үс бастакы үрдэл бириистэрин туппута. Оттон Алдаҥҥа буолбут Олоҥхо ыһыаҕар оһуохайдьыт оҕолорго эмиэ кыайыылаах аатын ылбыта.

Өссө Диана талба талаанын сыаналаан, Ил Дархан Айсен Николаев уонна Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков анал бириэмийэлэрин туттарбыттара.

📌 "Быйыл Олоҥхо ыһыаҕар оҕолору кытыннарбат буоланнар, бэйэбит улууспутугар уонна Таатта, Туймаада ыһыахтарыгар ыытыллыбыт онлайн күрэстэргэ кытынныбыт, эмиэ кыайыылаах аатын ылан ситиһиилэннибит.  

📌 Күн бэҕэһээ Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгин ыһыаҕар тойугу толорууга иккис миэстэни, чабырҕахха үһүс миэстэни ылан, иитиллээччим элбэхтик үөртэ", – диэн салайааччыта Зинаида Лугинова билиһиннэрдэ.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үрүҥтунахыһыахтар
#уусалдантанчулууларбыт
https://www.instagram.com/p/CQqhyidM0JN/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

📌 Нам улууһун Таастааҕар улахан баһаарга көмөҕө кэлбит байыаннай БАТ-М тиэхиньикэ 1 күн үлэлээт алдьаммытын, олохтоох уус Максим Попов соҕотоҕун өрөмүөннээн үлэлэттэ диэн үтүө сураҕы бу күннэргэ социальнай ситим нөҥүө, "Саха" НКИК, араадьыйа сонуннарыттан иһиттибит. Онуоха Максим Тулунаттан тардыылааҕын билэн биһиги, тулуналар, өссө ордук үөрдүбүт, киэн туттуу да баар буолла. Ол туһунан кылгастык...

📌 Тулуна олохтооҕо Михаил Михайлович Дегтярев – Мэник Мэхээчэ кэргэнинээн үс оҕоломмуттар. Олох охсуутуттан сотору арахсыбыттар. Кэргэнэ Ирина Ивановна Пухова (Лөгөй нэһилиэгин Даалытыттан төрүттээх) Граф Биэрэгэр үөрэммит, салгыы онно үлэлии хаалбыт. Улахан уол Миша аҕатыгар хаалан, кыра кылаастарга Тулунаҕа үөрэммит.

📌 Мэхээчэ бэртээхэй куоластаах ырыаһыт этэ. Нууччалыы "Гульнара" диэн ырыаны ыллыырын олохтоохтор өйдүүбүт. Уола Миша кыра кылаастарга үөрэнэ сырыттаҕына учуутала Зинаида Иннокентьевна Васильева кылаас күрэҕэр Аркадий Алексеев "Тойбохой"диэн ырыатын үөрэтэн аан бастаан ыллаппыт. Көрөөччүлэр сөбүлээннэр, ол кэнниттэн Миша ити ырыаны үгүстүк сыанаҕа ыллаабыт, түмүгэр киниэхэ Тойбохой диэн хос аат иҥмит.

📌 Кини кэлин Намҥа олохсуйбут. Сотору-сотору кэлэн барар Тулуна уола этэ. Кэргэннээх, икки уол оҕолоох этэ. Улахана ити бүгүҥҥү дьоруойбут Максим эбит.

📌 Максим Михайлович Таастаахха олорор, кэргэннээх, үс оҕолоох ыал аҕата. Дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатыгар сварщиктыыр, иллэҥ кэмигэр тимиринэн уһанар бэртээхэй дьарыктаах эбит. Бииргэ төрөөбүт быраата – эһэтин толору аатын ылбыт Михаил Михайлович эмиэ тимир ууһа эбит. Эмиэ Намҥа олорор.

📌 Ити курдук, нэһилиэкпит дьоно Максим Михайлович дьоҕурун, сатабылын, оҥорбут үтүө дьыалатын истэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун кытта тэҥҥэ астына иһиттибит.

🖊️ Мариса Васильева – Күбэйэ, уопсас. кэрэсп. Тулуна.

@muru.sahargata

#уусалданхаһыата
#уйгусирэуусалдан
#тулунасонуннара
#баһаарыутарыүлэ
#уусалдантанчулууларбыт
https://www.instagram.com/p/CSu4RUNNWJD/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Бүгүн биир дойулаахпыт – Тулунаттан төрүттээх Лариса Троева Арассыыйа үс рекордун олохтуур былааннаах. Ол курдук, Москуба уобалаһын "Новинки" аэродромугар кини үрдүнэн бастаан мотоцикл, онтон массыына ааһыахтара, ол кэнниттэн кыра сөмөлүөтү үрдүгэр туруоруоҕа.

📌 "Сахамедиа" холдинг yakutia-daily.ru саайтыгар Лариса: "Өссө төгүл киһи ис кыаҕа сөҕүмэрин уонна 50 сааска даҕаны рекорду олохтуохха сөбүн көрдөрүөхпүн баҕарабын", – диэн кэпсээтэ.

Тэрээһин Москуба бириэмэтинэн 15 ч. 20 м. саҕаланыаҕа, рекорд олохтонуутун Лариса Троева Инстаграмҥа @lara_troeva тус страницатыгар быһа эфиринэн көрүөххүтүн сөп.

📌 Санатар буоллахха, соторутааҕыта үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит биир дойдулаахпыт Арассыыйа хас да төгүллээх рекордсменката, 2011 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр кини "Демьян Бедный" теплоходу 5 миэтэрэҕэ баттаҕынан соһон аан дойду рекордун олохтообута.

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#уусалдантанчулууларбыт
https://www.instagram.com/p/CTCCLifszTB/?utm_medium=share_sheet
🔥🔥🔥

Рекордсменка, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыската Лариса Троева @lara_troeva үрдүнэн мотоциклы, массыынаны уонна сөмөлүөтү аһардарын бэйэтин страницатыгар быһа эфиринэн көрдөрдө🔥🔥🔥

Бастаан мотоцикл ааһарыгар табыгаһа суох оҥхойдоох буолан, мотоцикл хаптаһынтан туораан хаалла🥵 Онуоха Лариса: "Туох да буолбатым, салгыы массыынаны аһардабын", – диэтэ.

Массыынаны аһардарыгар миэстэтин уларытан, алта миэтэрэлээх хаптаһыны уурдулар. Онуоха хаптаһын, өлүү түбэлтэлээх мутуктаах буолан, массыына ааһан истэҕинэ оруобуна ортотунан тостон хаалла😨 Бу да сырыыга Лариса: "Этэҥҥэбин", – диэн туран кэллэ, хата көстүүмэ алдьаммытын харыһыйда😅

Онтон аны видеоҕа көстөр "кыра" сөмөлүөтү (уматыга, пилота, пассажира суох ыйааһына – 750 киилэ кэриҥэ) үрдүгэр түһэриэн баҕарбыт эбит даҕаны, оннук көҥүллэммэт, собуоттуур да табыгаһа суох диэн аккаастааннар, үрдүнэн соһон аһартылар. Сөмөлүөт ааспытын кэннэ рекордсменка олох даҕаны ойон турда🔥

📌 Быһа эфир запиһын @lara_troeva страницатыгар көрүөххүтүн сөп😉

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#уусалдантанчулууларбыт
https://www.instagram.com/p/CTCu9x7sVq2/?utm_medium=share_sheet
🎥🎥🎥

Атырдьах ыйын 27 күнүгэр дойдубут үрдүнэн киинэ төрүттэммитин бэлиэтиибит. Устуоруйа кэпсииринэн, 20-с үйэ уһулуччулаах айымньытын – киинэ сеан­сын көрдөрүү Саха сиригэр 1911 сыллаахха уобаластааҕы түмэл дьиэтигэр тэриллибитэ. Улуу Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн В.И. Ленин киинэни нацио­нализациялыыр туһунан дэкириэккэ баттаабыта.

Саха сиригэр кинематография 1920 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр норуот бэйэтин дьаһалыгар киирэн, өрөспүүбүлүкэ норуот үөрэҕириитин салаатыгар бас бэриллибитэ. Онтон ыла 100 сылтан тахса кэм иһигэр Сахабыт сиригэр киинэ эйгэтэ искусство биир бастыҥ эйгэтинэн биллэр.

Оттон Уус Алдан улууһугар киинэни 1927 сыллаахха көрдөрбүттэрэ диэн архыып докумуоннарыгар сурулла сылдьар. Оччоттон баччаҕа диэри төһөлөөх элбэх талаан­наах киһи үүнэн-сайдан, көрөөччү кутун-сүрүн туппуттара буо­луой?! Күн бүгүн улуус­путуттан тахсыбыт, идэлэригэр бэриниилээх артыыстар, режиссердар, кии­нэни устааччылар, итиэннэ эдэр талааннаах ыччат үгүс.

📌 Онтон, ааҕааччыларбыт, эһиэхэ анаан киинэ, тыйаатыр эйгэтигэр буспут-хаппыт, номнуо ааттаах-суоллаах биир дойдулаахтарбыт – артыыска Надежда Ушницкая, оператор Дмитрий Никифоров, артыыс Федот Львов кэпсээннэрин суруналыыс Ольга Шепелева сурукка тиспитин эһиги болҕомтоҕутугар "МС" хаһыат атырдьах ыйын 27 күнүнээҕи 34 N-гэр уонна мюрюгазета.рф саайтка "Актуальное" түһүмэххэ таһаардыбыт.

Ааҕыҥ, сэргээҥ😉

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#уусалдантанчулууларбыт
#киинэкүнэ
#кэрээйгэтэ
https://www.instagram.com/p/CTD2JFvozhC/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Биир дойдулаахпыт, Өнөр ыччата Михаил Лукачевскай режиссердаах "Бөртөлүөт" киинэ Анапаҕа "Киношок" киинэ ХХХ-с аһаҕас бэстибээлигэр үрдүк ситиһиилэннэ – сүрүн бирииһи ылла. Итини таһынан полнометражнай киинэҕэ бастыҥ режиссура уонна оператор бастыҥ үлэтин иһин бириистэри ылла, өссө пресса анал диплома эмиэ ананна. Киинэ сценариһа, продюсера – бары билэр сөбүлүүр ырыаһыппыт Иннокентий Васильев-Лэгэнтэй, оператор – Семен Аманатов. Сүрүн оруоллары Олоҥхо тыйаатырын артыыстара Гаврил Менкяров уонна Инга Леонова толорбуттар, ону сэргэ эрдэ эмиэ Михаил Лукачевскай "Үрүҥ күн" киинэтигэр уһуллубут Роман Атласов оонньообут.

Бу хартыына Өймөкөөн уонна Үөһээ Дьааҥы улуустарыгар уһуллубут. Иннокентий Васильев этэринэн, сценарий олоххо дьиҥнээхтик буолбут түгэҥҥэ – 2013 сыллаахха Усуйаана улууһугар бөртөлүөт сууллан, 23 киһи олоҕо суорума суолламмыт алдьархайыгар олоҕуран суруллубут.

Киинэ ис хоһооно хоту ыраах сытар бөһүөлэк ыарахан олоҕун ырылыччы көрдөрөр. Эһээхий оҕолоох эдэр ыал саастаах төрөппүттэригэр күүлэйдии тиийэ сырыттахтарына, оҕолоро дизентериялаан хаалар. Онуоха эмп-томп, сибээс суоҕа, сааскы халаан уута суолу алдьаппыта ыксаллаах быһыыны-майгыны үөскэтэр. Онон эдэр аҕа Ваня бэйэтэ улуус кииниттэн санрейсы ыҥыра барар...

Режиссер Михаил Лукачевскай бэстибээлгэ кыттыыларын, киинэни уһулбуттарын туһунан биһиги таһаарыыларбытыгар маннык кэпсээтэ:

📌 – Бу СНГ, СНГ, Латвия, Литва уонна Эстония дойдуларын бэстибээлигэр түөрт бирииһи ыламмыт, үөрүүбүт улахан.

📌 Мин өссө уонча сыл анараа өттүгэр "Биттэнии" диэн оччолорго "Кодак" кинопленкаҕа уһулбут кылгас киинэбинэн эмиэ кыттыбытым. Оччолорго онно саха киинэтин буолуохтааҕар, Саха сирин туһунан билэр киһи аҕыйах этэ. Сэргээбиттэрэ, киинэбитин сэҥээрбиттэрэ эрээри, бириискэ тиксибэтэхпит. Оччолорго бэл сыһыаннара атын этэ. Холобур курдук эттэхпинэ, бэстибээл кэнниттэн банкекка маҥан ырбаахылаах сырыттахпына "официант, сампаанна аҕал" игин дииллэр арай.

Салгыытын комментарийдарга аах эбэтэр мюрюгазета.рф саайтка көр

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#уусалдантанчулууларбыт
#бөртөлүөткиинэ
https://www.instagram.com/p/CUopxIIMZYv/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Норвегия киин куоратыгар Ослоҕа ыытыллан түмүктэммит көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйэнээтигэр саха тустууга кыһатын алта иитиллээччитэ кыттыыны ылбыта. Кинилэртэн бастыҥ көрдөрүүнү биһиги биир дойдулаахпыт, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Арыйаан Тютрин ситистэ. Кини алта сыл буолан баран, Саха сиригэр аан дойду чөмпүйэнээтин мэтээлин аҕалары ситистэ, 57 кг ыйааһыҥҥа үһүс бириистээх миэстэҕэ тахсан, боруонса мэтээлинэн наҕараадаланна.

Суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ бу ситиһии кэлиитигэр Уус Алдан улууһун салалтата киниэхэ кырата суох көмөнү оҥорорун иһин улаханнык махтанаран биллэрдэ. Санатан эттэххэ, Арыйаан Тютрин – көҥүл тустууга Арассыыйа чөмпүйэнээтин үс төгүллээх призера, Аан дойду Кубогын хаһаайына, улахан таһымнаах норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар кыайыылаахтара. Быйылгыттан ыла кини бырааттыы Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин аатыттан кыттар.

Биир дойдулаахпыт бу ситиһиитинэн сибээстээн, туох барыта силистээх-мутуктаах дии санаан, Арыйаан бастакы тренерэ, көҥүл тустууга ССРС, хапсаҕайга Саха АССР спортарын маастара Семен Петухову көрсөн, кылгастык сэһэргэһэн ыллыбыт.

📌 – Семен Гаврильевич, бастатан туран, эйигин, иитиллээччиҥ Арыйаан Тютрин аан дойду чемпионатыттан боруонса мэтээли аҕалбытынан эҕэрдэлиибин! Арыйааны аан бастаан хайдах булан эрчийбиккин билиэхпитин баҕарабыт.

📌 – Кырдьык, Арыйаан барыбытын үөртэ. Маныаха мин үрдүкү салалтаттан саҕалаан, саамай сүрүнэ, кини төрөппүттэригэр улаханнык махтаныам этэ. Төрөппүт тренергэ эрэнэн, тустуу курдук уустук спорт көрүҥэр биэрэрэ сөхтөрөр. Арыйааны оттон кыра эрдэҕин эттэххэ, бэйэтэ дьарыктанарга сүрдээх баҕалаах этэ, тустууга эрчиллэргэ. Ити иккис кылааска үөрэнэр кэмигэр этэ. Онон атыттары кытта бииргэ эрчиллибитинэн барбыта. Өрөспүүбүлүкэ, оройуон иһинээҕи күрэхтэһиилэргэ биир саамай үрдүк көрдөрүүлээх иитиллээччим этэ.

Салгыытын комментарийдарга аах эбэтэр мюрюгазета.рф саайтка "Актуально" түһүмэххэ көр

🖊️ Петр Павлов

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#спорт
#көҥүлтустуу
#уусалдантанчулууларбыт
https://www.instagram.com/p/CU82AQ9o9qw/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

📌 Кэптэни ыччата – бу иннинэ өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо хамсааһынын лидеринэн, Саха КВН салайааччытынан үлэлээбит Геннадий Охлопков Саха академическай тыйаатырыгар дириэктэри солбуйааччынан үлэтин саҕалаабытын бэйэтин страницатыгар таһаарбыт.

@gennadii_okhlopkov
🔻🔻🔻

"Я В САХА ТЕАТРЕ. ТРЕТИЙ ЗАХОД. ВСЕ СЕРЬЕЗНО 👨🏻‍💼🏛🎭

Я всегда есть и был человеком понимающим культуру, духовность, ценности... Тесно связан со сценической культурой, языком и литературой, публицистикой и творчеством. В тоже время имею опыт организовывать и продюсировать креативные проекты, быть коммуникабельным и собрать вокруг себя различные сообщества. Всегда стараюсь делать свое дело со смыслом, со вкусом и грамотно с эстетической точки зрения.

Теперь у меня основное место работы с декабря 2021 года – Саха академический театр имени П.А. Ойунского. Занимаю должность заместителя директора, фронт работы – стратегия развития и продвижение театра. В начале работы прошел различные инстанции согласования и одобрения. Таким образом, новый 2022 год начинается с новой страницы в новой отрасли. Теперь я служу и посвящаю себя культуре, миру искусства и духовности!"

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#уусалдантанчулууларбыт
#биирдойдулаахтарбыт
https://www.instagram.com/p/CYchfVKsiEkFX1cdQVakOjTx6gLpvm63M0oCzg0/?utm_medium=share_sheet
🎊🎊🎊

Биир идэлээхпитигэр, кэллиэгэбитигэр – суруналыыс Ольга Шепелеваҕа сулустаах сыл ааста. Ол курдук, кини Саха сирин суруналыыстарын сойууһун “Түмүктээх үлэтин иһин” бириэмийэ лауреатынан ааттаммытын таһынан “Якутскэнерго” хампаанньа @yakutskenergo_official көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ үлэһиттэрин икки ардыларыгар сэттис сылын ыытар “Энергия слова” бириэмийэтин “Пульс района” номинациятын лауреата буолла.

Ольга Шепелеваны биһиги улууспутугар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ билбэт киһи суоҕун кэриэтэ буолуо. Кини улуус хаһыатыгар 2006 сылтан кэрэспэдьиэнинэн, онтон 2013 сылтан 2021 сылга диэри “Саха” НКИХ Уус Алданнааҕы филиалыгар кэрэспэдьиэнинэн үлэлээбитэ. Салгыы бэчээт эйгэтигэр төннөн, ааспыт сыл күһүнүттэн тапталлаах “Мүрү саһарҕата” хаһыатыгар отдел эрэдээктэринэн таһаарыылаахтык үлэлиир эргиччи талааннаах суруналыыспыт буолар.

Онон телевидениеҕа уонна хаһыакка Бороҕоннооҕу РЭС үлэтин тиһигин быспакка сырдаппыт үлэтэ сыаналанан, быйыл өрөспүүбүлүкэ уотун хаһаайыстыбатын сүрүннүүр улахан хампаанньа бириэмийэтин тутта.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#бэлиэтүгэн
#уусалдантанчулууларбыт
#бастыҥнар
https://www.instagram.com/p/CYsd_HTILa6VIdSfgx5_KYsBeoo_yMydFTRihg0/?utm_medium=share_sheet
📰📰📰

Уус Алдан улууһун Тандатыттан төрүттээх ювелир Варвара Соловьева Арассыыйа Гохрана "Арассыыйа. XXI үйэ" ювелирнай искусство куонкуруһугар "Үрүҥ уонна кыһыл көмүс оҥоһуктар маастардарын төрүт тиэмэҕэ үлэлэрэ" номинацияҕа кыайыылааҕынан ааттанна. Тарбаҕар талааннаах биир дойдулаахпыт бу Арассыыйа култуураҕа министэристибэтин уонна дойду ювелирдарын Гилдьиятын өйөбүллэринэн ыытыллар көмүс оҥоһуктар маастардарын биир сүрүн суолталаах, үрдүк таһымнаах үгэс буолбут куонкурустарыгар ситиһиитэ – өр сыллаах сыралаах үлэтин түмүгэ. Ол курдук кини бу оҥоһуктарын өбүгэлэрбит саҕанааҕы ньыманы сөргүтэн оҥороругар элбэх литератураны хасыһан, музейдар экспонаттарын үөрэтэн оҥорбут.

Варвара быыстапка туһунан маннык кэпсиир:

– Быйыл Арассыыйа Государственнай историческай музейын 150 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт куонкуруска кыттыым, ситиһиилэниим – хас да бүк долгутуулаах, үөрүүлээх. Икки хайысхалаах быыстапка дойду тэбэр сүрэҕэр Москваҕа Кыһыл болуоссат 1 N-дээх дьиэтигэр баар Арассыыйа Государственнай историческай музейыгар икки ый устата көрдөрүүгэ туруоҕа. Ол курдук, былыргы оҥоһуктар уонна аныгы маастардар үлэлэрэ диэн арахсар. Дойду ааттаах-суоллаах даҕаны, талааннаах эдэр ювелирдара эмиэ кытыннылар. Барыта 500-тэн тахса сайаапкаттан, 1500-тэн тахса оҥоһуктан бастыҥнарын таллылар. Мин удьурҕайтан, үрүҥ көмүһүнэн киэргэтэн, хорҕолдьуну кутан күнтэн харыстыыр чарапчыны уонна хамсаны оҥорон кытынным. Сэргээтилэр, кэрэхсээтилэр. Тыйыс тымныылаах Саха сиригэр былыр күнтэн харыстыыр ачыкыны кэтэллэрин дьиктиргээччилэр да бааллар. Бу кыайыым иһин кэргэммэр – культуролог идэлээх Олег Соловьевка уонна тимир ууһа, ювелир Александр Даниловка махтанабын, кинилэр сүбэлэрэ-амалара, өйөбүллэрэ миэхэ төһүү күүс буолар.

Салгыытын комментарийдарга аах


🖊️ Диана Седалищева

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#уусалдантанчулууларбыт
https://www.instagram.com/p/CaFPrJjMxkx/?utm_medium=share_sheet