УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.48K subscribers
33.5K photos
3.06K videos
10 files
5.73K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Бүгүн "Сахабэчээт" судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкова эрэдээксийэбит үлэтин-хамнаһын билсэ, инники былааннарбытын торумнаһа улууспутугар кэлэ сырытта. Кинини кытта "Сахабэчээт" иһинэн үлэлиир Ulus.Media @ulusmedia интернет таһаарыы SMM-ҥа исписэлииһэ Саргылаана Захарова эмиэ кэлэн, бэйэтин хайысхатынан үөрэтиини оҥордо.

Ыалдьыттарбытыгар улууспут баай устуоруйатын билиһиннэрэр сыалтан, Бороҕоннооҕу улуус устуоруйатын мусуойугар @museum_uusaldan экскурсиялаттыбыт, онтон эрэдээксийэҕэ үлэ-хамнас тула сүбэ мунньаҕы тэрийдибит.

Ньургуйаана Михайловна бу биһиэхэ иккис сырыытыгар эрэдээксийэ хаһыаты таһаарыыга, кинигэни оҥорууга үлэтин-хамнаһын үрдүктүк сыаналыырын, кылгас кэм иһигэр бэйэбит күүспүтүнэн ыыппыт өрөмүөммүтүн биһирээбитин эттэ. Ону сэргэ инники былааннарбыт олоххо киирэллэригэр күүс-көмө буолуоҕун эрэннэрдэ.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#улусмедиа
#сахабэчээт
https://www.instagram.com/p/CUruj94MCVV/?utm_medium=share_sheet