УУС АЛДАН | "Мүрү саһарҕата"
5.62K subscribers
34.5K photos
3.16K videos
10 files
5.85K links
Уус Алдан улууһун сонуннара

Каналбыт бота
👇
@UAmurusahargataBot
Download Telegram
📰📰📰

Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, өрөспүүбүлүкэ Ытык сүбэтин бочуоттаах кырдьаҕаһа, 44 сыл педстажтаах учууталлар Учууталлара, Слепцовтар педагогическай династияларын баһылыга, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Матрена Семеновна Гоголева сүүс сааһын томточчу туолла.

Матрена Семеновна эдэр сааһа Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар сылларыгар ааспыта. Кини сэрии саҕаланыан биир сыл иннинэ Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа үөрэнэ киирбит эбит, онон 1941-42 үөрэх дьылыгар иккис куурустан үөрэҕиттэн тохтоон, дойдутугар төннөн тахсан, райОНО сорудаҕынан Хороҕо алын сүһүөх кылаас учууталынан үлэтин саҕалаабыт, онтон салгыы Тандаҕа уонна олоҕун 42 сылын билиҥҥинэн Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатыгар учууталлаабыта.

Кэргэнинээн – сэрии бэтэрээнэ, эмиэ 43 сыл педстажтаах Алексей Николаевич Слепцовтуун түөрт оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Кинилэр бары үөрэхтээх, үлэһит дьон, Швейцарияҕа тиийэ олороллор. Онон Матрена Семеновна билигин 40-тан тахса сиэн, хос, хос-хос сиэн тапталлаах эбэтэ.

Сүүс сааһын туолбут ытык кырдьаҕас сэрии сылларыгар төһөлөөх эрэйи-муҥу, аччыктааһыны, тоҥууну-хатыыны көрсүбүтүн санаан кэлэн уйадыйар. Манна бэлиэтээн эттэххэ, Матрена Семеновна оройуон киинигэр буолбут бастакы Кыайыы ыһыаҕын кыттыылааҕа, оччолорго 23 саастаах эдэркээн кыыс салама ыйыы турара Иркутскайдааҕы киинэ-хроника устуудьуйата устубут документальнай киинэтигэр хабыллыбыт эбит.

@muru.sahargata

#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#үйэсаас
#ытыксаас
#улуусдьоносэргэтэ
https://www.instagram.com/p/CYu7KNpoAx8LKnPxYM8P3OW5rpnM_oqGDc6l_M0/?utm_medium=share_sheet
#ытыксаас

Хаһыаппыт аҕам саастаах уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Николай Михайлович Окоемов бүгүн 90 сааһын туолла🙌

Ытыктабыллаах Николай Михайлович!

Олоххо көхтөөх, айар үлэнэн үлүһүйэр, кэрэни кэрэхсиир дьоҕурдаах буолаҥҥын улуустааҕы “Мүрү саһарҕата” хаһыаты кытары үлэлэһэн, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан ыстатыйаларыҥ бэчээттэммиттэрэ, ааҕааччылар биһирэбиллэрин ылбыттара.

Хас да кинигэни бэчээттэтэн үйэлээх сурукка тиһэҥҥин ыччаттаргар хааллардыҥ. Бу курдук үлэни, дьарыгы өрө тутан, дьоһун олоҕу олорон кэлбиккиттэн астынабыт, хайгыыбыт. Күн бүгүн ытык сааскар этэҥҥэ буолан, доруобайдык, дьоллоохтук, нус-хас өссө да уһуннук олор, дьоҥҥор-сэргэҕэр сүбэ-ама буола тур!

Эҕэрдэни кытары "Мүрү саһарҕата" хаһыат эрэдээксийэтэ

t.iss.one/murusahargata @ulusmedia
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM