📰📰📰
⭕ Кэптэнигэ сарсыарда 6 чаас иннинэ дьоһун быһыылаах-таһаалаах хара аты сиэтэн эбэҕэ уулата киирэн иһэр уолу үгүстүк көрөбүн. Оннооҕор кыһын тохсунньуга, олунньуга кытта атын дьарыктыы сылдьар буолан сөхтөрөөччү. Кини аата – Радомир Федоров.
⭕ Радомир быйыл Лөгөй орто оскуолатын 7- с кылааһын бүтэрдэ. Кинини олох кыра сааһыттан эһэтэ Семен Данилов акка абылаабыт. Уолчаан эһэтин батыһа сылдьан аты аһатарын, харайарын көрөн, көмөлөһөн барбыт.
⭕ Семен сопхуоска сылгыһытынан үлэлээбит уопуттаах. Аты бэйэтин кэмигэр бэркэ айааһыыра, баайара, сүүрдэрэ. Онон Радомир эһэтиттэн аты сүүрдүүгэ уһуйуллубут.
⭕ Өссө алын сүһүөх кылаастарга үөрэнэ сылдьан бөһүөлэк, салгыы нэһилиэк, улуус ат сүүрдүүтүн күрэстэригэр кыттара. Уол аан бастаан ыала Иннокентий Бурнашев сымнаҕас үрүҥ атыгар дьарыктанан саҕалаабытын, хатарыллыбытын астынан кэпсиир.
⭕ Билигин дьарыктыыр атын аата – Кыымчаана. Кыымчааната ааспыт сылларга Курбуһахха, Кэптэнигэ ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ат сүүрдүүтүн күрэстэригэр бастакы миэстэлэри ылбыта. Бэл СӨ ИлДархана олохтообут аты таптыыр, атынан дьарыктанар уол оҕоҕо анаммыт стипендиятынан – ноутбугунан – ааспыт Саҥа дьылга наҕараадаламмыта. Өссө өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт "Ат уонна Мин" хаартысканан куонкуруска кыайыылаах буолан, эмиэ бириэмийэлэммитэ.
⭕ Радомир эһэтин, аҕатын батыһа сылдьан от-мас үлэтин быһаарсар. Улахан дьиэ кэргэҥҥэ бииргэ төрөөбүттэригэр убайдара, бырааттарыгар, балтыларыгар холобур буолар киһи.
⭕ Онон, сааһа кыратын көрүмэҥ, улахан уопуттаах жокейга ситиһиилэри баҕарыахха.
🖊️ Ульяна Бурнашева, уопсас. кэрэсп.
#уйгусирэуусалдан
#уусалданхаһыата
#мүрүсаһарҕата
#атсүүрдүүтэ
#успуорт
#кэптэнисонуннара
https://www.instagram.com/p/CQdqA_oM1O9/?utm_medium=share_sheet

Instagram