Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ
✊ Уус Алдантан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө оҥорорго анаан олохтоммут "Эрэл" фондаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ 3 492 707,98 солкуобай үп киирбитин туһунан Уус Алдан улууһун баһылыга Василий Аммосов иһитиннэрдэ.
Кини аахсыйаҕа кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар махталын тиэртэ уонна көмө харчы туохха туттуллара барыта отчуоттанан иһиэҕин иһитиннэрдэ.
✅ @uamurusahargata @ulusmedia

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ
✊ Уус Алдан улууһугар үөрэх тэрилтэлэрэ тохсунньу 15-16 күннэригэр «Барыта – Кыайыы туһугар!» акцияҕа кыттыһан анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар ас, мал-сал хомуйан ыыттылар.
Үөрэх управлениетыгар кииннээн хомуйууга управление уонна 11 үөрэх тэрилтэтэ, атыттар нэһилиэктэринэн олохтоох дьаьалтатыгар туттардылар.
Ону таһынан Мүрү алаас иһинээҕи үөрэх тэрилтэлэрэ («Кэскил», “Сардаана”, “Мичил”, “Мичээр”, Мүрүчээнэ” , Мындаабатааҕы “Кэнчээри”, “Күнчээнэ” оҕо саадтара, Мүрү 1-кы, 2-с нүөмэрдээх оскуолалара, Мүрүтээҕи уолаттар гимназиялара уонна интерната) улууска хомуллубут үс куул собо балыгы ыраастаан, ыһаарылаан биэрдилэр.
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
Үөрэх управлениетыгар кииннээн хомуйууга управление уонна 11 үөрэх тэрилтэтэ, атыттар нэһилиэктэринэн олохтоох дьаьалтатыгар туттардылар.
Ону таһынан Мүрү алаас иһинээҕи үөрэх тэрилтэлэрэ («Кэскил», “Сардаана”, “Мичил”, “Мичээр”, Мүрүчээнэ” , Мындаабатааҕы “Кэнчээри”, “Күнчээнэ” оҕо саадтара, Мүрү 1-кы, 2-с нүөмэрдээх оскуолалара, Мүрүтээҕи уолаттар гимназиялара уонна интерната) улууска хомуллубут үс куул собо балыгы ыраастаан, ыһаарылаан биэрдилэр.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#БАРЫБИИРГЭ
✊ Уус Алданнааҕы суут тэрилтэтин кэлэктиибэ (бэрэссэдээтэл Нюргуяна Дьячковская) #мывместе #своихнебросаем аахсыйа чэрчитинэн байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан хаххалыыр сиэккэлэри туттардылар.

#барыбииргэ
«Оҕону оскуолаҕа тэрий» аахсыйа көмөтүн туттарыы саҕаланна👍
😍 Россиятааҕы «Биир ньыгыл Россия» баартыйата ыытар «Оҕону оскуолаҕа тэрий» аахсыйатынан улууспутугар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар бэлэх туттарыы бүгүҥҥүттэн саҕаланна.
📒 🖍 🎒 Улуус баһылыга Василий Аммосов уонна «Биир ньыгыл Россия» Уус Алданнааҕы салаатын сэкирэтээрэ Күннэй Рощина ыалларга ыалдьыттаан, оҕолорго үөрэх тээбириннэрин туттардылар, Василий Иванович оҕолору кытта кэпсэттэ, ситиһиилээх үөрэҕи баҕарда.
Бу аахсыйаҕа политическай баартыйа чилиэннэрэ, байыаннай дьайыыга кыттааччылаах улууспут нэһилиэктэрин дьаһалталара, Мүрү нэһилиэгин түөлбэлэрэ уонна тэрилтэлэртэн ветеринарнай управление кытынна.
Маннык көмө бэлэҕи улууспутугар барыта 110 ыал оҕото тутуоҕа.
✍️ Мария АРГУНОВА
✅ @uamurusahargata @ulusmedia
«Оҕону оскуолаҕа тэрий» аахсыйа көмөтүн туттарыы саҕаланна

Көмөбүт – уопсай сорукпут
Уус Алдан улууһун ытыктабыллаах олохтоохторо!
Билэргит курдук, билигин аан дойду үрдүнэн буола турар быһыы-майгы олус кытаатта, байыаннай дьайыыга биһиги улууспутуттан элбэх ыччат кытаанах туруулаһыыга сылдьар, оҕолорбут олохторун толук ууран туран дойдубут көҥүл, нус-хас, эйэлээх олох туһугар хорсуннук киирсэ сылдьаллар.
Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан биһиги, уус алданнар, инники күөҥҥэ сылдьар уолаттарбыт кыһалҕаларын быһаарарга көмөлөһүөхтээхпит диэн биир сүбэнэн быһаарыныы ылыммыппыт. Ол чэрчитинэн улууска «Эрэл» анал аһымал пуонда тэриллибитэ. Улуустан делегация хаста да баран биир дойдулаахтарбытын көрсөн, ирэ-хоро кэпсэтэн, бар дьоммут сүрэхтэрин тапталын иҥэрэн ыыппыт көмөлөрүн, кэргэттэрэ-аймахтара суруйбут истиҥ-иһирэх тыллаах суруктарын, илиилэрин сылааһын иҥэрэн астаабыт минньигэс астарын тириэрдибитэ. Ол уолаттар куттарын бөҕөргөтөн, күүстэригэр күүс уган, ханнык баҕарар кыргыһыыттан кыайыылаах тахсалларыгар тулхадыйбат тирэх буолбута саарбаҕа суох.
Бу кыһарҕаннаах кэмҥэ үлэни өссө күүһүрдэр, хас биирдии улуус олохтооҕо көхтөөх кыттыыны ылара ирдэнэр. Билигин инники кирбиигэ сылдьар байыастарбыт хорсун- хоодуот уолаттарбыт санаалара бөҕөх, бары ахтылҕаннаах дойдуларыгар кыайыы-хотуу кынаттаах, үөрүү-көтүү көтөллөөх, өрөгөй ырыа аргыстаах эргиллэн кэлэллэригэр халбаҥнаабат бигэ эрэллээхтэр.
Кыайыыны чугаһатар туһугар биһигиттэн өйөбүл, таптал уонна кыһамньы ирдэнэр. Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуоҕа! Ол туһугар бары бииргэбит! Норуот күүһэ – түмсүүгэ! Түмсүү түмүгэ – кыайыыга!
Бу маннык санаанан салайтаран, улуус Ытык сүбэтэ, бары биир киһи курдук, күннээҕи хамнаспытын «Эрэл» анал аһымал пуондаҕа түмүөххэ диэн биир дойдулаахтарбытын ыҥырабыт!
Ону таһынан бэйэтин сайаҕас баҕа санаатынан күүс-көмө оҥоруон баҕалаах дьону, улууспут тэрилтэлэрин, урбаанньыттарын эмиэ бу үтүө дьыалаҕа кыттыһарга ыҥырабыт!
Туора турумаҥ, холбоһуктаах күүһүнэн дойдубутун кыайыыга тиэрдиэххэ!
Уус Алдан улууһун Ытык сүбэтэ

✊Хас биирдии көмө – кыайыыны чугаһатар
Дойдубутугар буола турар байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар туох эмэ көмөнү уунан кыайыыны уһансар үтүө санаалаах дьон улууспут иһигэр күннэтэ көстөллөр. Ол курдук, улуустааҕы психологическай киин үлэһиттэрэ биллэрбит аахсыйаларыгар кыттыһан, Мүрү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, муҥхаһыт Василий Аргунов сабыс-саҥа илими бэлэх уунна.
Василий Васильевич бу бастакы көмөтө буолбатах. Кини маннык аахсыйаларга куруук көхтөөхтүк кыттар. Дойдубут чиэһин көмүскүүр дьайыыга, ыарахан усулуобуйаҕа түүннэри-күнүстэри тыын былдьаһа сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар көмө уҕарыахтааҕар, билигин күүһүрэр кэмэ кэллэ.
Онон көмөттөн туора турбат биир дойдулаахтарбыт үтүө үгэстэрин көрө сылдьан, кинилэри холобур оҥостон, илиибит, сүрэхпит сылааһын ууран, аахсыйаны көҕүлээн, тэрийэн ыытар дьоммут ыҥырыытын ылынан, ылсан иһэргитигэр улууспут дьонун-сэргэтин ыҥырабыт.

⏺ Дойдубутугар уустук кэмҥэ билигин барыбытыгар эппиэттээх, хас биирдии киһи Ийэ дойдубутун көмүскээччилэргэ тугунан эмит көмөлөстөрбүт диир кэм кэлэн турар.
Алтынньыга улуус дьаһалтата ыытар «Барыта Кыайыы туһугар» көмө аахсыйатыгар И.С. Портнягин аатынан Сыырдаах орто оскуолатын кэлэктиибэ кыттыста: оскуола үлэһиттэрэ өрбүт маскировочнай сиэккэбитин, буорту буолбат аһы, үлэһиттэртэн биир күннээх хамнас (77 000 солк.) хомуйан туттардыбыт.
Байыаннай дьайыыттан уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр, ил-эйэ олохсуйарыгар баҕарабыт.
✍️ Ньургуйаана Хорунова, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы